"Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр"
555 subscribers
907 photos
153 videos
4 files
113 links
👩🏻‍🌾 Бырайыак үлэлээбитэ үһүс сыла. 2021 сыл кулун тутар 17 күнүгэр стартаабыппыт. ЯСИА-ҕа хас чэппиэр ахсын 15.30 чааска фермердар үлэлэрин, тыа сирин сайыннарыыга тосхоллор тустарынан нууччалыы тылынан суруйабыт. Манна - сахалыы. Бииргэ буолуохха
Download Telegram
Дьиэ кэргэн ферматын сайыннарыыга грант биэриитин уларытыылардаах Бэрээдэгэ таҕыста, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатынан бигэргэннэ. Докумуоҥҥа бэрэссэдээтэл Андрей Тарасенко илии баттаата.

Грант ылыыта куонкурус бэрээдэгинэн барар. Хамыыһыйа көрүүтүгэр сайаапканы кытта докумуоннары туттарыллар: сайаапка, пааспар, бааһынай хаһаайыстыбаны тэринии туһунан сөбүлэҥ, бизнес-план, презентация... барыта 18 пуун баар.

Сыаналааһын баалынан барар. Критерийдары карточкаларга көр.

#минсельхозрся #семейнаяферма #тыасирэ #агробизнес #якутия
"Агростартап" муҥутуур сууматын кээмэйэ 7 мөл солк буолуон сөп.

Ол туһунан РФ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин телеграм-ханаалыгар сурулунна. Бэҕэһээ "Норуот пиэрмэрэ" ассоциация чилиэннэрин кытта биэдэмистибэ салалтата көрүстэ.

Миниистири бастакы солбуйааччы Оксана Лут эппитинэн, пиэрмэрдэри уонна кооперацияны өйүүргэ көрүллэр суума быйыл улаатта, 12 млрд солк-тан 14 млрд солк-га тириэрдилиннэ. Бу "Агростартап" муҥутуур сууматын кээмэйин 7 мөл солк диэри улаатыннарыыга эмиэ кыах биэриэҕэ.

#агростартап #село #минсельхоз #сельскоехозяйство #агробизнес
РФ минсельхоһа иһитиннэрбитинэн, 2023 сылга Агростартап программанан Россияҕа 850-тан тахса бырайыагы өйүөхтэрэ.

Онно анаан дойду үрдүнэн 3 млрд солк тыырылынна.

Быйылгыттан эт-үүт оҥорон таһааран, тыа сиригэр дохуот аахсар, саҥа үлэ миэстэтин таһаарар туһунан бырайыактаахтарга муҥутуур суума 7 мөл солк быһылынна. Эрдэ бу суума 5 мөл солк этэ.

#агростартап #село #агробизнес #нацпроектпутина
Бэтэрээ кыра бааһынаҕа олордубут эбиэспит бэҕэһээ киэһэ маннык туруктаммыт.

Хаһыска олордубуппутун чуолкай даататын өйдөөбөппүт эрээри, бэс ыйын 6 - 9 күннэрэ.

Иккис хаартыскаҕа бэс ыйын 21 күнүнээҕи туруга.

Тураҥнаахха баар бааһынаҕа бэс ыйын 27-28-29 күннэригэр эбиэс, судааҥка, просо олордуллубута. Ол диэки оттооччулар "Бэркэ үүнэн эрэр оккут", - диэн кэпсииллэр.

Сэбиэскэй кэмҥэ үүнүү бөҕө биэрэн турбут бааһына ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр быраҕыллыбытын, билигин чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытан эрэбит.

Регион салалтата оту үүннэриинэн дьарыктаныахха наада диэн этэн турар. Сөптөөх дьаһал. Оннук эрэ гыннахпытына үчүгэй оту ылан, сүөһүлэрбитин кыстатан, үүт ылан, дохуот аахсар кыахтаахпыт.

Хаһаайын билигин ардах быыһыгар-ардыгар арыыга оттуур. Саатар ардахпыт тохтоло суох кэлэн түс да түс. Бүгүҥҥүттэн биир нэдиэлэ кураан диэтилэр. Онон бары күүһү окко!!!

#тыасирэ #агробизнес #хоточчу
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ бүгүн биллэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ сүөһү аһын бэлэмнээһин 100 % туолбут, ол эбэтэр 460 523 туонна от, 24 914 туонна сиилэс, 13 125 туонна сенаж бэлэмнэммит.

Күн-дьыл туран биэрдэ дииллэр хаһаайыстыбалаахтар.

Биһиги быйыл эмиэ былааммыт туолла. Эбии эбиэс, судааҥка, просо олордубуппутун хомуйдубут. Барытын суруйан испитим, онон ааҕааччыларым билэҕит. Бүгүҥҥү видеоҕа үлэ хаамыытын кылгастык таҥан оҥордум.

Үлэ бөҕө үлэлэннэ:

- Сиэмэ бурдугу, фрезаны Новосибирскайтан ылларбыппыт. Сеялканы бизнес-бырайыакпытынан, "Агростартап" программанан ылыммыппыт.
- Тураҥнаахха улуус дьаһалтата арендалаабыт 10 гектардаах быраҕыллыбыт бааһынаны чөлүгэр түһэрдибит. Күрүөлээһин саҕаланна.
- Барыта 20-чэ туонна оту былааннаабыппыт курдук ыллыбыт.

#тыасирэ #агробизнес #агростартап
Бүгүн "Үүт туттарыыта - 2023" бүттэ. Атын соҕотуопкалыыр тэрилтэлэри кытта тэҥнээтэххэ, биһиэнэ хойукка дылы үлэлээтилэр. Бу үүт туттаран дохуот аахсар ИП-га наһаа көмөлөөх 👍

Биһиги ыам ыйын 1 күнүттэн ыабыт үүппүтүн туттаран саҕалаабыппыт. Ол күнтэн сарсыардабыт "үүт сыата хаһый" диэнтэн саҕаланар😀🤭

Былаан туолла. Үүппүт сыата 6 %-тан түспэтэ кэнники икки ыйга. Бүгүн түмүктүүр күҥҥэ - 6.30%🤩

Үүт тутааччы Вераҕа, Любовь Петровнаҕа махтанабыт, эһиил көрсүөххэ диэри диибит👋🏻

#тыасирэ #агробизнес #үүт
Бүгүн тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэлиэн баҕалаах уонна үлэлии сылдьар дьоҥҥо олус элбэх информациялаах семинар буолла. Сарсын эмиэ буолар.

Бүгүн индивидуальнай предпринимателлэр, бааһынай хаһаайыстыбалар баһылыктара, нэһилиэктэр тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ, кэтэх хаһаайыстыбалаахтар, тыа сиригэр бизнес тэриниэн баҕалаахтар мустан, бааһынай хаһаайыстыбаны тэрийии, АПК-ны өйүүр механизмнар уонна инструменнар тустарынан, бухгалтерия учуотун, нолуок ханнык көрүҥэ ордук бу эйгэҕэ сөп түбэһэрин, онтон да атын информациялары иһиттилэр. Элбэх ыйытыыларыгар хоруйдары ыллылар.

Сэминээргэ онлайн кыттыы көрүҥэ эмиэ баар: https://vc.rcitsakha.ru/live/croapk. Сарсын холбонуоххутун сөп. Сарсыҥҥы бырагыраамаҕа бастыҥ практикалар тустарынан сиһилии кэпсиэхтээхтэр.

Тэрийээччилэринэн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, Агропромышленнай комплексы ресурснай хааччыйыы киинэ, Кемеровскай уобаластан бухгалтерскай учуот уонна экспертиза киинэ буолаллар.

#агробизнес #тыасирэ
Шарнирнай сетка харабыла буолбутум үчүгэйэ😁

Бүгүн арбуз кэһиилээх Горнай Мытааҕыттан Руслан Чемезов тиийэн кэллэ. 2011 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлиир ИП буолбут. Ол кэмтэн элбэх көлөһүн тоҕуннаҕа, тилэх хараардаҕа. "Билигин мин атахпар турдум. Этим бородууксуйатын бэйэм оҥорон таһаарар буолабын. Ол аата систиэмэлээх үлэ. Киһи толкуйа, кыаҕа муҥура суох. Сөпкө тэринэн үлэлиэххэ наада. Икки төгүл министиэристибэ гранын ылбытым, дьиэ кэргэн пиэрмэтигэр. Аны Агротуризмнаахпын", - диэн кэпсиир.

Русланы кытта биогааһы хотонтон оҥорон таһаарыы саамай табыгастаах буоларын, үлэһит илии тиийбэтин уо.д.а. элбэҕи кэпсэттибит.

Санаабытыҥ сатаннын, толкуйдаабытыҥ туоллун!!!

#тыасирэ #агробизнес