"Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр"
555 subscribers
907 photos
153 videos
4 files
113 links
👩🏻‍🌾 Бырайыак үлэлээбитэ үһүс сыла. 2021 сыл кулун тутар 17 күнүгэр стартаабыппыт. ЯСИА-ҕа хас чэппиэр ахсын 15.30 чааска фермердар үлэлэрин, тыа сирин сайыннарыыга тосхоллор тустарынан нууччалыы тылынан суруйабыт. Манна - сахалыы. Бииргэ буолуохха
Download Telegram
Бу хотон тыына олус сырдык, сылаас, мастара чиргэл тураллар.

Саҥардыллан, толору механизациялаах хотон буолан, үлэлии турарын ойуулаан көрөбүн: толору хороҕор муостаах 🐄🐄🐄🐂🐂🐂🐂, үлэһит дьон 👩🏻‍🌾🧑🏼‍🌾👨🏼‍🌾, олохтоох бородууксуйа🥛🧈🍗

Минсельхоһунан көрүллэр агрограннар быраабылаларыгар уларыйыылар киирдилэр. Дьаһал 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн олоххо киирэр. Бу туһунан сайтыгар сурулунна.

Тыа хаһаайыстыбатын кээпэрэтииптэригэр граны ылааччыларга ирдэнэр усулуобуйа судургутуйда. Билигин үлэ миэстэтин таһаарыыга хас 10 мөл солк суумаҕа буолла, эрдэ хас 3 мөл солк-га этэ.

«Дьиэ кэргэн пиэрмэтэ» граҥҥа үбү туттааһын хайысхата кэҥээтэ. Муниципальнай бас билиигэ баар тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах учаастагы атыылаһыыга үп ханнык эрэ чааһын туттуохха сөп. Үлэ миэстэтин таһаарыыга эмиэ хас 10 мөл солк диэн буолла. Эрдэ сууматтан тутулуга суох үс үлэ миэстэтин таһаарыллыахтааҕа.

Муҥутуур суумалар уларыйбатылар:
Дьиэ кэргэн пиэрмэтигэр – 30 мөл солк диэри. Кээпэрэтиипкэ — 70 мөл солк диэри.

#пиэрмэр #минсельхоз
"Агростартап" муҥутуур сууматын кээмэйэ 7 мөл солк буолуон сөп.

Ол туһунан РФ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин телеграм-ханаалыгар сурулунна. Бэҕэһээ "Норуот пиэрмэрэ" ассоциация чилиэннэрин кытта биэдэмистибэ салалтата көрүстэ.

Миниистири бастакы солбуйааччы Оксана Лут эппитинэн, пиэрмэрдэри уонна кооперацияны өйүүргэ көрүллэр суума быйыл улаатта, 12 млрд солк-тан 14 млрд солк-га тириэрдилиннэ. Бу "Агростартап" муҥутуур сууматын кээмэйин 7 мөл солк диэри улаатыннарыыга эмиэ кыах биэриэҕэ.

#агростартап #село #минсельхоз #сельскоехозяйство #агробизнес
Бүгүн биһиги тиэргэммитигэр👩🏻‍🌾🧑🏼‍🌾🐐🐄🐎

Хаһаайыстыба олохтоохторо этэҥҥэ кыстаан, сааскы чэбдик салгыҥҥа уһуннук дьаарбайар буоллулар. Сотору сайын буолуо. От да көҕөрөн эрэр.

Кулунчуктар, ньирэйдэр хаһаайыстыба инникилээҕин мэктиэлээн, ойуоккалаһа оонньууллар.

Арай козаларбытын буоһаппатыбыт. Манна биһиэхэ эрэ бааллар. Онон атыыр көрдөөн, атын сиргэ илдьиэхпитин наада. Саатар чугаһынан суохтар. Арай Уус Алдантан "кэлэн уларсыкка аны күһүҥҥэ диэри ылан барыҥ" диэн эрийбиттэрэ. Онно тиийиэххэ наада... Соло булуллубата.

Үүппүтүн туттаран эрэбит. "Абаансата" кэлбитэ. Онон үөрэ-көтө былааны толоробут✊🏻 харчы эрдэ бэриллэрэ - фермеры стимуллуур, мотивациялыыр, эппиэтинэстиир эбит. Өссө биир саамай суолталааҕа - сайыҥҥы үлэҕэ тэрээһин үлэтин суол баарына дьаһанан кэбиһэҕин👍🏻

Сорох улуустарга ыанар ынах төбөтүгэр 37 тыһ солк бэриллэр программата туолбут, онон ЛПХ-лар харчыларын ылан, эмиэ сайыннарын бэлэмнээх көрсөллөр.

Күн күнү солбуһан эмиэ биир кыстык этэҥҥэ ааста. Сотору сайын🌿🌞

#тыасирэ #минсельхоз
Быыстапка кэмигэр "Үлэ киһитэ" диэн хаартысканан куонкурус кыайыылаахтарын ааттара биллиэҕэ.

Барыта 20 улуустан уонна Дьокуускай куораттан үлэлэри туттубут. 30-тан тахса сайаапка киирдэ, саамай элбэх сайаапка Хаҥалас улууһуттан баар - алта киһи, диэн тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата эттэ.

Санатар эбит буоллахха, "Үлэ киһитэ" хаартысканан куонкурсу министиэристибэ ыам ыйын 1 күнүгэр биллэрбитэ. Үлэ сылыгар, тыа сирин сайыннарыыга ананар.

Бастакы миэстэҕэ - 30 тыһ.солк, иккискэ - 20 тыһ солк, үһүскэ - 10 тыһ солк.

Оттон МУҤУТУУР КЫАЙЫЫЛААХ - 50 ТЫҺ СОЛК ылыаҕа

#годтруда #минсельхоз #человектруда
Бүгүн эмиэ биир боротокуолга илии баттанна👍

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ 25-тэн элбэх ыанар ынахтаах хаһаайыстыбаларга субсидия көрөр бырагырааматын 2023 сыллааҕы түмүгүн таһаарда.

Бу бырагырааманы атыннык "финоздоровление" диэн ааттыыллар. Ол аата тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар хаһаайыстыба ороскуотун толуйуу судаарыстыба өттүттэн. Холобур үлэһит хамнаһа, гсм, от-мас тиэйиитэ-таһыыта, сапчаас иҥин курдук диэтилэр минсельхозка.

Сайаапка түһэрээччи Фермер-3 диэн отчуотун сыл саҕаланыыта туттарар. Онон көрөн, анал хамыыһыйа быһаарар.

Быйыл 181 сайаапка киирбититтэн 176 хаһаайыстыба субсидия ыларын туоһулуур боротокуол таҕыста.

"Маннык бырагыраамалар баар буолан биһиги тыйыс айылҕалаах Сахабыт сиригэр хаһаайыстыба тэринэн, бородууксуйа оҥорон, бэйэ аһын аһыыбыт, тыа сиригэр үлэ миэстэтин таһаарабыт", - диир уонтан тахса сыл пиэрмэрдээбит Светлана.

#тыасирэ #бэйэаһа #минсельхоз #судаарыстыбаөйөбүлэ
Российскай Федерация бырабыыталыстыбатын 2023 сыл алтынньы 25 күнүнээҕи 1782 №-дээх “Об утверждении общих требований к нормативным правовым актам, муниципальным правовым актам, регулирующим предоставление из бюджетов субъектов Российской Федерации, местных бюджетов субсидий, в том числе грантов в форме субсидий, юридическим лицам, индивидуальным предпринимателям, а также физическим лицам – производителям товаров, работ, услуг и проведение отборов получателей указанных субсидий, в том числе грантов в форме субсидий” уурааҕар олоҕуран, 2024 сылтан саҕалаан, тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларыгар көрүллэр туох баар судаарыстыбаннай бырагыраамаларынан ыытыллар куонкурустарга “ЭЛЕКТРОННЫЙ БЮДЖЕТ” диэн биир кэлим систиэмэнэн үлэлиирбит булгуччулаах.

Ол эбэтэр, холобур “Агростартап” куонкурсугар кыттааччы “Электронный бюджет” (ЭБ) порталга регистрацияланан сайаапкатын биэрэр. Урукку курдук кумааҕы тутан баран, минсельхоз көрүдүөрүгэр уочараттаан турааһын, күнү-дьылы барааһын тохтуур👍

Бүгүн бу тиэмэнэн Липецк куораттан, “Народная школа кооперации” салайааччыта Анатолий Коротаев семинар оҥордо. Олус интэриэһинэй уонна олус наадалаах дьыала эбит диэн тута этиэххэ наада.

Кини систиэмэҕэ тус сирэйгэ регистрацияны (физлицо, юрлицо) ааһыыттан саҕалаан, хайдах сайаапканы оҥорон, ЭЦП-нан баттаан ыытар туһунан инструкцияны көрдөрө-көрдөрө кэпсээтэ.

Холобур, куонкуруска кыайар түгэҥҥэр, аны бу “ЭБ” порталынан отчуоккун оҥороҕун. Хонтуруолланар түһүмэҕиҥ эмиэ манна баар. “Госуслуги” порталы кытта ыкса сибээстээх.

Уопсайынан биирдэ-иккитэ практикаланнахха олус табыгастаах систиэмэ эбит дии санаатым.

Тыа хаһаайыстыбатын ресурснай киинэ маннык семинардары ыытара дьон үлэтин сааһыланарыгар, былаанныырыгар олус наадалаах

#господдержка #апк #минсельхоз
Олохтоох аһы-үөлү дэлэтиигэ анаммыт быыстапка-дьаарбаҥка киин куоракка буолла. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанааччылар оҥорон таһаарар бородууксуйаларын атыылаатылар. Улуустартан элбэх фермер кытынна.

Оттон атыылаһар дьон сыана ыараабытын сөбүлээбэтэхтэрин биллэрдилэр. Ол туһунан социальнай ситимнэргэ суруйдулар, хаартыскалары тарҕаттылар.

Эн санааҕар 1 киилэ сүөһү этэ 1300 солк буолбута:

- Сөп
- Сыыһа

Хоруйдаргытын комментарийдарга суруйуҥ🙌🏻


#минсельхоз #местнаяпродукция