"Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр"
555 subscribers
907 photos
153 videos
4 files
113 links
👩🏻‍🌾 Бырайыак үлэлээбитэ үһүс сыла. 2021 сыл кулун тутар 17 күнүгэр стартаабыппыт. ЯСИА-ҕа хас чэппиэр ахсын 15.30 чааска фермердар үлэлэрин, тыа сирин сайыннарыыга тосхоллор тустарынан нууччалыы тылынан суруйабыт. Манна - сахалыы. Бииргэ буолуохха
Download Telegram
https://dzen.ru/video/watch/66207293cae932444e19876a?share_to=link

Сахам сирин сарсыардата биэриигэ АГРОСТАРТАП туһунан кэпсээтилэр. "Билигин бэрээдэк бэрэбиэркэни ааһан, оҥоһулла сылдьар. Куонкуруспут бэс ыйыгар буолара буолуо", - диэтэ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сүөһүнү иитиигэ, племенной үлэҕэ, кэпэрээссийэҕэ уонна бааһынай хамсааһыныгар департаменын салайааччытын солбуйааччы Айаал Тимофеев.

#агростартап #тыасирэ
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун кытта быһа кэпсэтиитэ буола турар.

"Моя первая профессия» бырайыак туһунан эттэ. Үс хайысха баарыттан инники күөҥҥэ тутуллан тыа хаһаайыстыбатын эйгэтэ этилиннэ. Олус сэргии иһиттим.

Билигин тыа сиригэр кадр тиийбэт диэн, араас быһаарыылары толкуйдуубут. Онно маннык судаарыстыбаттан өйөбүллээх дьаһаллар олоххо киириилэрэ, оҕо кыра сааһыттан үлэҕэ уһуйулларыгар туһалаах буолуоҕа дии саныыбын.

#тыасирэ #минбастакыидэм
Хаҥалас улууһугар "Баһылык гранынан" биллибит дьаһал олохтоох нэһилиэнньэ оройуон бааһынай хаһаайыстыбалара оҥорон таһаарбыт эттэринэн, үүттэринэн, оҕуруот астарынан хааччыллалларыгар ананар.

Атын улуустарга холобур буолар хаҥаластар ыллыктаах тэрээһиннэрин туһунан суруйуубун "Саха сирэ" хаһыат муус устар 26 күнүгэр биир балаһанан таһаарбыт. Кэллиэгэлэрбэр махтал☀️🙌🏻👍

Ааҕыҥ, сэргээҥ, улуускутугар тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар ыытыллар дьаһалларга кыттан иһиҥ👍🌿

#тыасирэ #хаҥаластар
Бу - бириис. Айсен бирииһэ🤩💥💫☀️

Саха сирин эдэр фермердэрин бөлөҕөр булт сезона арылла илигинэ “Сааскы кус” диэн куонкурус ыыттыбыт. Оонньуубут да уратылаах – кынаттааҕы көрбүт эрэ буолуохтааххын, видео ирдэнэр.

Биэс үлэ киирбититтэн КЫАЙЫЫЛААХ биллибитэ ыраатта эрээри, сааскы тэриир ыган, бастыҥмыт өр сибээскэ тахсыбакка сырытта. Бүгүн да төлөпүөнэ арахса сылдьар.

Онон, быыһыгар-ардыгар бэйэтин туһунан кылгастык кэпсээбитин суруйдахха маннык:

- Мин Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр олоробун. Ыалбын, 3 оҕолоохпут. Сүөһү иитиигэ ИП тэринэн, үлэлиибин. Ыанар ынаҕым 25 буолла.

Сайын ынахтарбар чаһы иилэбин. Онон ханна сылдьалларын чопчу билэн тиийэбин. Үлэни чэпчэтиигэ маннык тэриммитим үс сыл буолла.

Быйылгыттан бааһына оҥостон, сүөһү эбии аһын үүннэрэр былааннаахпын.

Бииргэ төрөөбүт бырааттарбын сүөһүгэ сыһыарар сыалтан, сүөһү биэртэлээбитим. Тыа сиригэр хаһаайыстыба хайаан да наада.

Айсены эҕэрдэлиибит🤩💫

Салгыы кыттааччылар видеоларын таһаарыаҕым.

#тыасирэ #айылҕа #хаһаайыстыба
Саха сирин фермердэрин бөлөҕөр тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын, тыа сирин туһунан элбэҕи кэпсэтэбит.

Бөлөххө үксүлэрэ эдэрдэр. 30 - 40 саастаах төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилээх, үөрэхтэнэн, кэргэннэнэн, алаһа дьиэ туттан, оҕо-уруу тэнитэн олохсуйбут эр дьон 👍 Бааллар быраас, учуутал, экэнэмиис идэлэрин фермерскай эйгэҕэ уларыта туппут кэрэ аҥардар, кэргэннэрин кытта тэбис-тэҥҥэ улахан хаһаайыстыба тэриммиттэр👍

Биир тылынан СИР ХАҺААЙЫТТАРА❤️

Бу сырыыга уочараттаах тиэмэбит "Хайдах төрүөх үчүгэйий? Оҕус оҕото дуу, искусственнай сиэмэлээһинтэн төрөөбүт ньирэй дуу?" диэн буолла.

Кэпсэтиини суруйбуппун кэллиэгэлэрим "Саха сирэ" хаһыакка бэҕэһээҥи нүөмэргэ таһаардылар. Махтанабын👍👋🏻

#ньирэй #тыасирэ
Бүгүн Саха сиригэр сайылык күнэ🌿🌱☀️🐄🐂

Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров сайылык күнүнэн эҕэрдэтэ таҕыста. Онно сурулларынан, ыам ыйын 15 күнүнээҕи туругунан, бары көрүҥ хаһаайыстыбаларга 191,5 тыһ. ынах сүөһү баар, ыанар ынаҕа – 70,8 тыһ. төбө. Итинтэн быйыл сайылыктааһыҥҥа 41 223 төбө сүөһү хабыллар, ол иһигэр 18 831 ыанар ынах.

Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ 348 сайылыктааҕыттан (үүтү оҥорон таһаарыыга - 332, субан сүөһүнү төлөһүтүүгэ хайысхалаах – 16), мэхэньисээссийэлээх, ынах ыыр установкалааҕа - 255 сайылык. ЛЭП лииньийэтигэр холбоммута – 273 сайылык, диисэли туһанара – 45, күн батарыайалааҕа – 6, моно генератордааҕа – 6, уота суох олороро – 5 сайылык.

Сайылык - үөрбүт-көппүт ыанньыксыт кыргыттары, бостуук уолаттары, түптэ унаар буруотун, ыраас салгыны, тарбыйах мэниктээһинин, ыанньыйбыт ынаҕы, атыыр оҕус айаатааһынын санатар.

#тыасирэ #сайылык
Бу Федот Семенов - Горнай улууһугар тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэлиир. Быраҕыллыбыт бааһыналары чөлүгэр түһэрэн бурдук да үүннэрэр, сүөһүлээх, сылгылаах, аны туран нэһилиэнньэҕэ куурусса, сибиинньэ аҕалан атыылыыр уонна инкубаторга көтөрү таһааран тарҕатар. Тыа сирэ аныгы тиэмпэнэн сайдарыгар саҥа ньыманы киллэрэр👍

Кини тэрийиитинэн Үөһээ Бүлүү, Томпо, Горнай, Амма уонна биһиги буолан Новосибирскайтан шарнирнай сетка аҕаллыбыт. Биһиэхэ сүөкээтибит, трасса кытыытыгар саамай чугас олорор, сакаасчыттарга арыый киин сир буолан.

Федот бэҕэһээ кэлэн сеткаларын тиэнэн барда👍

Хас биирдии айанньыкка суоллааҕы бэлиэтээһиннэр баар буолаллар. Федот туох диэбитин хаартыскаларга көрүҥ.

Күнүс 2 чааска Дьокуускайтан турунан баран киэһэ 8 чааска биһиэхэ кэллэ. Онтон төннөрүгэр 11-һи ааһыыта "Пароммар киирдим, аны манна паром туоларын кэтэһэн олоробут", - диэтэ😀

"Горнайым суола үчүгэйин, хаһан баҕарар аһаҕас. Туох да иҥнигэһэ суох куруук айанныыгын", - диэтэ👍

#тыасирэ #өлүөнэмуостата
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Маннык эмиэ баар🙌🏻

Наһаа бэрт кэмҥэ олоробут. Ким туохха дьоҕурдааҕынан, хайдах кыахтааҕынан, сатабыллааҕынан тэринэн олорор. Саамай үчүгэйэ - тугу аһыаххын баҕараргын бэйэҥ сиргэр-уоккар көрөн-истэн, иитэн, төрөлүтэн, идэһэлэниэххин сөп. Ким да ону бопсубат👍

Тыа сиригэр түргэнник ситэр салааны дьон иитэрин сөбүлээтэ. Улуус аайы сайынын көтөр, сибиинньэ иитэллэр. Үйэлэр кирбиилэригэр бастакы президеммит Михаил Ефимович Николаев олоххо киллэрбит "Дьиэ кэргэн экономиката" тосхол билигин да көдьүүһүн сүтэрбэт.

#тыасирэ #федотгорный #семейнаяэкономика
Шарнирнай сетка харабыла буолбутум үчүгэйэ😁

Бүгүн арбуз кэһиилээх Горнай Мытааҕыттан Руслан Чемезов тиийэн кэллэ. 2011 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлиир ИП буолбут. Ол кэмтэн элбэх көлөһүн тоҕуннаҕа, тилэх хараардаҕа. "Билигин мин атахпар турдум. Этим бородууксуйатын бэйэм оҥорон таһаарар буолабын. Ол аата систиэмэлээх үлэ. Киһи толкуйа, кыаҕа муҥура суох. Сөпкө тэринэн үлэлиэххэ наада. Икки төгүл министиэристибэ гранын ылбытым, дьиэ кэргэн пиэрмэтигэр. Аны Агротуризмнаахпын", - диэн кэпсиир.

Русланы кытта биогааһы хотонтон оҥорон таһаарыы саамай табыгастаах буоларын, үлэһит илии тиийбэтин уо.д.а. элбэҕи кэпсэттибит.

Санаабытыҥ сатаннын, толкуйдаабытыҥ туоллун!!!

#тыасирэ #агробизнес
СЕЛОтерапия😀👍🌿

Сарсыарда 5 чаастан туран, ынах көрдөөн, ыам саҕаланар.

Онтон мин үлэм - индюктары аһатааһын, оҕурсуларбын көрөөһүн, үүт барар иһитин бэлэмнээһин, уу ылааһына, ыһык астааһын🌿☀️🙌🏻

Итини барытын 9 чааска диэри бүтэриэхтээхпин👍🤩 онтон чаастаах үлэм саҕаланар.

Сибиэһэй салгын, чуумпу сарсыарда, бөтүүк хаһыыта, бостуук сайдыыр саҥата.

Ол туһунан Аймахтар бөлөхпүтүгэр ыыппыппар, эдьиийим Эрэлэ маннык суруйбут:

Бу олоххо ❤️таптал❤️күүһэ киһини ханна тиэппэтэҕэ, иппэтэҕэ, сирдээбэтэҕэ буолуой!?

Урут балтыбын түһээн да баттаппат буоларым: бу курдук фермер хаһаайыстыбатыгар убанан сүөһү, үүнээйи көрөн тиргиллэ сылдьыа диэн😅😂
Киһи олоххо элбэххэ үөрэнэр уонна сайдар киһи сайдар.
Сайдар киһи хаһан баҕарар истиҥи эрэ иитэн иннин хоту быыс -хайаҕас булан дьулуруйан уонна дьулурутан иһэр буолар.

#СЕЛОтерапия #тыасирэ #барытакэрэ