Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.35K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#харбалаах #достиженияДФО
#5летразвитияДФО

Үөһээ Бүлүүтээҕи «Мин биисинэһим” киин нөҥүө бэйэ дьарыктаах буолуутугар социальнай өйөбүлүнэн туһанан, бэйэлэрэ оҥорор өҥөлөрүн кэҥэтэн, ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар урбаанньыттар аҕыйаҕа суохтар.
Олортон биирдэстэрэ - Харбалаах нэһилиэгин ыччата Максим Иванов. Кини дьоҕус автосервис тэринэн, бэйэ дьарыгын бэрткэ саҕалаата.

Нэһилиэк олохтоохторо,
итиэннэ чугастааҕы нэһилиэктэр
суоппардара удамыр сыаналаах
тимир көлөнү өрөмүөннүүр өҥө
тэрилтэтэ баар буолуута -
бары өттүнэн табыгастааҕын
бэлиэтииллэр👍🏻

@ulusmedia
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#харбалаах #своихнебросаем #сво

Харбалаах нэһилиэгэр Николаевтар дьиэ кэргэттэригэр ыалдьыттаатыбыт 🏠
Ыал аҕата Иннокентий 2022 сыл алтынньы 10 күнүгэр байыаннай дьайыыга ыҥырыллыбыта, ол кэмтэн быстах уоппускатыгар иккитэ кэлэ сырытта.
Эдэр ыал саҥа дьиэлэрин сүрэхтэрин ууран туттубуттар, инникитин былааннара, баҕалара үгүс.
Кэргэнэ барбытын кэннэ, Рузанна дьиэтин бэйэтин күүһүнэн ситэринэн, Саҥа 2024 сылы саҥа дьиэҕэ көрсөрдүү тэринэр🎄

@ulusmedia
“Үөһээ Бүлүү” хаһыат
#баһылыкотчуота
#харбалаах

Улуус дьаһалтатын 2023 сыллаах үлэтин-хамнаһын отчуоттуур иккис бөлөх Харбалаах нэһилиэгэр үлэлии кэллэ.

Бөлөҕү быстах кэмҥэ баһылык эбээһинэһин толорооччу Люция Тойтонова салайар.


"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#баһылыкотчуота
#харбалаах

Бөлөх салайааччыта Люция Тойтонова Исиидэр Бараахап албан аатын үйэтитиигэ үлэ тиһигин быспакка барыахтааҕын этиннэ.

@ulusmedia
@uoheebuluu
#баһылыкотчуота
#харбалаах

Харбалаах нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Ольга Уларова улуус киинигэр таһар маршрутнай автобус сырыытын туоһуласта 🚌

@ulusmedia
@uoheebuluu
#баһылыкотчуота
#харбалаах

Оскуола дириэктэрэ Васмар Руфов саҥа оскуола тутуутун боппуруоһун сураста.
Бэлиэтээн эттэххэ, Харбалаах орто оскуолата 1969 сыллаах эргэ тутуу. Оскуолаҕа чугастыы сытар Тамалакаан, Ороһу нэһилиэктэриттэн тиийэ кэлэн, барыта оҕо 98 үөрэнэр.

Эппиэти биэрдэ улуустааҕы Промышленность уонна Тутуу управлениетын салайааччыта Николай Дмитриев👍🏻

@ulusmedia
@uoheebuluu
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#баһылыкотчуота
#харбалаах

Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор нэһилиэк олохтооҕо Прокопий Ноговицын өртөөһүн курдук сытыытык турар кыһалҕаны сураста.

@ulusmedia
@uoheebuluu
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#баһылыкотчуота
#харбалаах

Улуустааҕы социальнай харысхал управлениетын специалиһэ Михаил Дмитриевич Сибиряков 2024 сыл тохсунньу ыйтан киирбит уларыйыылар тустарынан иһитиннэрдэ👍🏻

@ulusmedia
@uoheebuluu
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#баһылыкотчуота
#харбалаах

Харбалаахтар 2023 сыллаах улуус үлэтин-хамнаһын "биһирииллэрин" биллэрдилэр👍🏻

@uoheebuluu
#Бырабыыталыстыбаотчуота
#Харбалаах

Бырабыыталыстыба отчуотун иккис бөлөҕө бүгүн Харбалаах дьонун-сэргэтин кытары көрсөр. Бөлөҕү Үп-харчы миниистирин солбуйааччы Николай Старостин салайар.

Үгэс быһыытынан, отчуот Улуу Россия уонна Саха сирин гимнэриттэн саҕаланна.

Мунньах үөрүүлээх түгэнтэн саҕаланна, ол курдук Харбалаах орто оскуолатын учууталыгар Мария Кузьминаҕа Үөрэх министиэристибэтин Бочуотунай грамотатын туттардылар.

@uoheebuluu
#Бырабыыталыстыбаотчуота
#Харбалаах

Харбалаах орто оскуолатын Васмар Руфов кэккэ боппуруостары ыйытта:
- интэриниэт тарифын көрүү, чэпчэтии
- оҕо босуобуйатын ийэлэргэ барыларыгар тэҥнээхтик анааһын
- ОДьКХ боппуруоһа
- Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы, онуоха үп-харчы анаарааһына
- Оскуола тутуута. Оскуола эргэрэн турар.
- Учебник атыылаһааһыныгар эбии үбүлээһин тоҕо көрүллүбэтий?
- Лааҕыр тэрийиитэ. Хамнас оскуола өттүттэн барар буолан, учууталлар стимулларыгар охсор. Эбии үп көрүллүөн наада
- Оҕолору сылаас аһылыгынан хааччыйыы бэрээдэктээһинэ
- Хамнас үрдээһинэ. Иитээччи хамнаһын үрдэтии.

@uoheebuluu
#Бырабыыталыстыбаотчуота
#Харбалаах

Босуобуйа туһунан хоруйга Социальнай харалта үлэһитэ Михаил Сибиряков хоруйдаата:

- Босуобуйа төлөөһүнэ федеральнай сокуонунан бигэргэнэр. Төрөппүттэр хамнастара дохуот алын кээмэйиттэн тахсар буоллаҕына, ол аата кинилэр бэйэлэрэ оҕолорун иитэр кыахтаахтар диэн.

@uoheebuluu
#Бырабыыталыстыбаотчуота
#Харбалаах


Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Егор Иванов:

- Оскуола тутуута приоритекка турар. Хас биирдии аварийнай туруктаах оскуолалаах нэһилиэккэ саҥа оскуола үлэҕэ киирэрин ситиһиэхтээхпит.

@uoheebuluu
#Бырабыыталыстыбаотчуота
#Харбалаах

Тыа хаһаайыстыбатын боппуруоһугар тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин үүнээйини көрүү-харайыы уонна мелиорация департаменын салайааччы Вячеслав Владимирович хоруйдаата.

- Бу боппуруоһунан анал хамыыһыйа дьарыктанар, боппуруоһу боротокуолга киллэрэн ыйыталаһыахпыт, - диэн эттэ.

@uoheebuluu
#Бырабыыталыстыбаотчуота
#Харбалаах

Олохтоохтору тыа хаһаайыстыбатын боппуруоһа ордук долгутар.

- Өртөөһүн
- Дулҕа оҥорооһуна
- Сүөһү төбөтүгэр көрүллэр субсидия харчыта

Департамент салайааччыта Вячеслав Гаврильев олохтоохтор этиилэрин боротокуолга киллэттэрдэ.

@uoheebuluu
#Бырабыыталыстыбаотчуота
#Харбалаах

Харбалаах нэһилиэгин баһылыга Константин Данилович Николай Прокопьевичка олохтоохтор ааттарыттан махтанан туран "Хас биирдии салайааччыга улуу киһибит Исидор Барахов сырдык мөссүөнэ ыйанан турарыгар баҕарабын", - диэн портретын бэлэх уунна уонна үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарда.

@uoheebuluu
#Харбалаах
#Оскуола

Бырабыыталыстыба отчуотун иккис бөлөҕө мунньах кэнниттэн оскуола иһ ин-таһын көрдүлэр-иһиттилэр.

Оскуола аварийнай туруктаах, муостата онон-манан түһэн, истиэнэтэ хамсаан оҕолорго, учууталларга кутталы үөскэтэр.

Дириэктэр Васмар Анастасьевич Руфов оскуола тутуутун үлэлиэҕиттэн туруорсар.

@uoheebuluu
@ulusmedia
#Харбалаах
#уһуйаан

Харбалаах уһуйаана - урукку УСПО маҕаһыынын дьиэтэ диэн баһылык кэпсээтэ.

Билиҥҥи туругунан, уһуйаан дьиэтэ аварийнай туруктаах. Истиэнэтэ суулла турар, муоста хамсыыр, түспүт, тэллэй үүнэн оҕолор доруобуйаларыгар охсор, олохторугар кутталы үөскэтэр.

Иитээччилэр: "биирдэ бу барыта сууллан хаалыа диэн куттанабыт" - дииллэрин истэн киһи сонньуйар.

Бырабыыталыстыба отчуотун иккис бөлөҕө баар балаһыанньаны кытары билистилэр.

@uoheebuluu
@ulusmedia
Бүгүн, бэс ыйын 20 күнүгэр Харбалаах нэһилиэгэр Үрүҥ тунах ыһыах күнэ.

Харбалаах ыһыаҕа саха норуота бары ытыктыыр, улуу суруйааччыбыт Николай Якутскай төрөөбүт өтөҕүн Дөлөгөй алааһыгар ыытыллар.

Ыһыахха Харбалаах нэһилиэгин олохтоохторо, ыалдьыттара түһүлгэҕэ үөрүүлэрин үллэстэ муһуннулар.

Улуус баһылыгын социальнай хайысхаҕа уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр солбуйааччы Анна Михайловна Уларова төрөөбүт дойдутун ыһыаҕар ыалдьыттаата уонна төрөппүттэрин ийэтин - тыыл уонна педагогическай үлэ бэтэрээнин Анна Ивановна, аҕатын - тыыл уонна үлэ бэтэрээнин, баһаарынай сулууспа бэтэрээнин, Харбалаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕун Михаил Акимович Уларовтар ааттарыттар анал стипендия быйылгы үөрэх сылын бастыҥ выпускнигар Николаев Алмазка туттарда.

Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо үрдүк ааты өр сыллаах үтүө суобастаах үлэтин иһин, улуус экэнэмиичэскэй, социальнай сайдыытыгар кылаатын иһин 91 саастаах ытык кырдьаҕаска Софья Евсеевна Филипповаҕа туттардым.

Харбалаах нэһилиэгин олохтоохторун, ытык мааны ыалдьыттарын Үрүҥ тунах ыһыаҕынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Баҕарабын уйгулаах сайыны, быйаҥнаах олоҕу, чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну!

#Харбалаах
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Иккис болдьоҕор талыллыбыт Харбалаах нэһилиэгин баһылыгын Константин Данилович Платоновы быыбарга кыайбытынан эҕэрдэлээтим. Константин Данилович салайар үлэҕэ элбэх уопуттаах, нэһилиэгин сайдыытын туһугар киэн былааннаах, эрчимнээх баһылык буолар. Кини "Биир ньыгыл Россия" партияттан бэйэтин кандидатуратын туруорунан иккис болдьоҕор баһылыгынан талыллыбыта чахчы дойдутугар бэриниилээх салайааччы буоларын көрдөрөр.

Константин Даниловичка салгыы нэһилиэгин сайыннарар үлэтигэр ситиһиилэри баҕарабын уонна төрөөбүт Харбалааҕын туһугар элбэх саҥа сүүрээни киллэрэр былааннаргын өйөөн, таһаарыылаах үлэни салҕыахпыт диэн эрэнэбин.

#Харбалаах
#ИннибитХотуБарыБииргэ
#ЕдинаяРоссия
#ВерхневилюйскийУлус.

t.iss.one/ValeriNikolaev