#Бырабыыталыстыбаотчуота
#Харбалаах
Харбалаах нэһилиэгин баһылыга Константин Данилович Николай Прокопьевичка олохтоохтор ааттарыттан махтанан туран "Хас биирдии салайааччыга улуу киһибит Исидор Барахов сырдык мөссүөнэ ыйанан турарыгар баҕарабын", - диэн портретын бэлэх уунна уонна үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарда.
@uoheebuluu

#Ороһу
Ороһу сынньалаҥ киинин дириэктэрэ Анна Артуровна оҕо сахалыы бырагырааманан оскуолаларга үөрэниэхтээҕин туруоруста.
Маныаха Николай Прокопьевич бу кыһалҕа сытыытык турарын бэлиэтээтэ. Үөрэх управлениета, министиэристибэтэ элбэхтик кэпсэтэн, толкуйдаан, араас кэмпириэнсийэлэри ыытан биир санааҕа кэлиэххэ сөбүн ыйда.

- Норуот педагогикатын музейын салайааччыта Раиса Васильева музей тутуутун туруоруста.
- Олохтоох Валентин Лебедкин баһаарынай чааска штат көрүллэрин көрдөстө
- СВО кыттыылаахтарыгар көмө харчыны анааһыны, льготалары көрөллөрүгэр этиннилэр

#Ороһу #СВО
Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар тустаах көмө бара турарын туһунан гражданскай оборона дьыалаларын миниистирин солбуйааччы Никита Павлов иһитиннэрдэ.
Нэһилиэнньэни кытары биирдиилээн үлэлэһэн, сүппүт байыастары көрдүүргэ, чаастарын хамандыырдарын кытары сибээскэ тахсан ыйыталаһаллар, сураһаллар эбит.
Никита Александрович: "Бэйэ-бэйэбитин харыстабыллаахтык сыһыаннаһыаххайыҥ. Интэриниэт ситимигэр кэлэр провокационнай видеоларга киирэн биэримэҥ, мэнээх тарҕатымаҥ. Кыайыыга эрэллээхпит! - диэтэ.

#бырабыыталыстыбаотчуота #Тамалакаан
Тамалакаан нэһилиэгин баһылыга Прокопий Иванов саҥа микрооройуону гаастааһыҥҥа эбии үп көрүллүө дуо диэн туруорсуутугар СӨ бырамыысыланнаһын уонна геологиятын миниистирин бастакы солбуйааччыта Михаил Кириллин эппиэттээтэ:
- Ити саҥа микрооройуоҥҥа учаастактаах элбэх оҕолоох ыалга уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар судаарыстыбаттан өйөбүллэр оҥоһуллаллар. Бырайыаккытын бүтэрэн, улуустан гаастааһын бырагырааматыгар киллэриигэ сайаапката ыытаарыҥ, - диэтэ.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Ороһу орто оскуолатын учуутала Федора Алексеевна Васильева саха оҕотун иитиитигэр санааларын этэн туран уонна Норуот педагогикатын музейа тутулларыгар баҕа санаалаах үп-харчы миниистирин солбуйааччытыгар Николай Прокопьевичка сабыс-саҥа буруолуу сылдьар "Норуот педагогикатыгар тирэҕирэн" кинигэни бэлэх уунна.
@uoheebuluu
#Ороһу
Ороһу орто оскуолатын учуутала Федора Алексеевна Васильева саха оҕотун иитиитигэр санааларын этэн туран уонна Норуот педагогикатын музейа тутулларыгар баҕа санаалаах үп-харчы миниистирин солбуйааччытыгар Николай Прокопьевичка сабыс-саҥа буруолуу сылдьар "Норуот педагогикатыгар тирэҕирэн" кинигэни бэлэх уунна.
@uoheebuluu
#бырабыыталыстыбаотчуота #Тамалакаан
Тамалакаан нэһилиэгин олохтоохторо тииһи эмтэниигэ суруттарыы бэрээдэгин, чуолаан тииһи пломбалатан баран, талоҥҥа тиксибэккэ мышьяктарын уһуннук илдьэ сылдьаллар. Хаттаан эмтэнэ барарга үгүс мэһэйдэри көрсөллөр. Маны бэрээдэктиэххэ сөп дуо диэн биир саамай сытыы боппуруоһу туруорустулар.
Ону тэҥэ профориентация боппуруоһун көтөхтүлэр. Ол туһунан хаһыаппыт кэлэр нүөмэригэр сиһилии ааҕаарыҥ.
Тамалакааннар СӨ бырабыыталыстыбатын үлэтин - хамнаһын 100% биһирииллэрин биллэрдилэр. Улууспут куратора Владимир Сивцев салгыы да Үөһээ Бүлүү сайдыытыгар бииргэ үлэлэҺиэхпит диэн этиитин сэҥээрэ, үөрэ иһиттилэр.

#Балаҕаннаах
Саха өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын ситэриилээх былааһын отчуота бүгүн түмүктүүр күнүн үлэлиир.
СӨ Экономикаҕа миниистирэ Петр Попов салайааччылаах
бастакы бөлөх Балаҕаннаах нэһилиэгин дьонун кытта көрсөн, кэккэ боппуруостар тула кэпсэттэ.
✅ Олохтоохтору бастакынан долгутар боппуруос - оскуола тутуута буолла. Оскуола бырайыага кэлбит 2024 сылга оҥоһуллара былааннанар, ол кэннэ тутуу үлэтэ былаан быһыытынан барыа диэн хоруй ылан дуоһуйдулар.
✅Балаҕаннаах оскуолата - улууска сылгы иитэр соҕотох агро-оскуола буолар. Онон баһылык Степан Дмитриев сылгыларын элбэтэр сыалтан, биэ ылыытыгар тирэх буолалларыгар туруоруста. Билиҥҥитэ 30 төбө сылгылаахтар.
✅Эдэр үлэһиттэргэ, чуолаан учууталларга, быраастарга олорор дьиэлэрин хааччыйыы кыһалҕата сытыытык турарын биллэрдилэр. Каадыр тиийбэтиттэн оскуолаҕа оҕо ахсаана аҕыйыырын баһылык Степан Иванович бэлиэтээн эттэ. Итиэннэ олохтоох дьаһалтаҕа экономист, спорт саалаҕа спорт-инструктор штаттарын туруоруста.
✅Олохтоох тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Одунча Чаҥый бүтэй тутарга, кымыһы оҥорууну сайыннарарга, ходуһаны туһаныыга кэккэ ыарахаттары ыйда. Оскуола биэтэ элбиирэ буоллар, оҕо доруобуйатын чэбдигирдэр киин тэриллэригэр баҕа баарын этиннэ.
Мунньах түмүгэр, СӨ үөрэх миниистирин солбуйааччы Алевтина Аргунова Үөрэх министиэристибэтин аатыттан өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьар оскуола завуһугар Ольга Васильевна Ботуеваҕа Бочуотунай кыраамататын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
Балаҕаннаах дьоно-сэргэтэ Бырабыыталыстыба ыытар үлэтин-хамнаһын биһирииллэрин биллэрэн, ытыас тыаһынан атаардылар.
@ulusmedia

#бырабыыталыстыбаотчуота
✅ СӨ судаарыстыбаннай былааһын толорор уорганнарын ааспыт 2023 сыллааҕы үлэтин отчуота Үөһээ Бүлүү уонна Үөдүгэй нэһилиэктэрин олохтоохторугар И.Н. Бойлохов аатынан оҕо искусство оскуолатын дьиэтигэр саҕаланна.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бырабыыталыстыбаотчуота
✅ СӨ былаас уорганнарын үлэтин Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Джулустан Борисов сырдатта.
Джулустан Анатольевич биир дойдулаахпыт, Үөһээ Бүлүүгэ төрөөбүт-үөскээбит киһи, 40-ча сыл устата Москва куоракка үлэлээн, ааспыт сылтан бэрэссэдээтэл солбуйааччытынан ананан үлэлии олорор.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Джулустан Анатольевич биир дойдулаахпыт, Үөһээ Бүлүүгэ төрөөбүт-үөскээбит киһи, 40-ча сыл устата Москва куоракка үлэлээн, ааспыт сылтан бэрэссэдээтэл солбуйааччытынан ананан үлэлии олорор.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бырабыыталыстыбаотчуота
✅ КУМИ дириэктэрэ Артем Филиппов хамнас боппуруоһун ыйытта. Специалистар орто хамнастара, төһө да стимулирующай чааһа эбиллибитин да үрдүнэн, хамнас алын кээмэйигэр тиийбэтин бэлиэтээн туран, үрдэтии боппуруоһун боротокуолга киллэрэллэригэр көрдөстө.
Артем Владимирович этиитэ боротокуолга киирдэ.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Артем Владимирович этиитэ боротокуолга киирдэ.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бырабыыталыстыбаотчуота
✅ 50 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбит Үөдүгэй нэһилиэгин "Сардаана" оҕо уһуйаана олус эргэ дьиэҕэ үлэлии олорор. Сэбиэдиссэй Марианна Стручкова саҥа дьиэ тутуутун боппуруоһа хайдах быһыылаахтык түргэтиэн сөбүн ыйытта.
"Үөрэх министиэристибэтин эбийиэктэрин тутууга бу оҕо саада 12-с миэстэҕэ сылдьар, бырайыагын, сметатын докумуоннара оҥоһулуннаҕына уочарата өссө инники тахсан биэриэҕэ" - диэн СӨ экономика миниистирэ Петр Попов хоруйдаата.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
"Үөрэх министиэристибэтин эбийиэктэрин тутууга бу оҕо саада 12-с миэстэҕэ сылдьар, бырайыагын, сметатын докумуоннара оҥоһулуннаҕына уочарата өссө инники тахсан биэриэҕэ" - диэн СӨ экономика миниистирэ Петр Попов хоруйдаата.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бырабыыталыстыбаотчуота
✅ Историческай билим доктора, "Бүлүү" экологическай түмсүү бэрэссэдээтэлэ Никита Архипов СӨ бэрэссэдээтэлин тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар солбуйааччыта миэстэтин сөргүтэллэригэр, этиитин боротокуолга киллэрэллэригэр көрдөстө.

✅ Үөдүгэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, "Иэйии" сынньалаҥ киинин дириэктэринэн 20-тэн тахса сыл үлэлээбит Виктория Павлова 280 миэстэлээх Үөдүгэйдээҕи сынньалаҥ киин тутуутун боппуруоһун туоһуласта.
Бу киин тутуута 68-с миэстэҕэ турар эбит. Бастакы уочаракка Хомустаахха култуура киинин тутуута сылдьар.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Бу киин тутуута 68-с миэстэҕэ турар эбит. Бастакы уочаракка Хомустаахха култуура киинин тутуута сылдьар.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бырабыыталыстыбаотчуота
✅ Үөрэх управлениетын салайааччыта Спиридон Борбуев тиэхиньикэ гааһынан хааччылыннаҕына субсидияланарын бэлиэтээн туран, балаһыанньатыгар метан гааһынан эрэ диэн ыйыллыбытын эттэ. Маныаха Бүлүү бөлөх улуустарыгар пропанынан эрэ хааччыллан олорорун ыйда. Метаны сэргэ пропан диэн киллэттэрэри курдук үлэлэтэллэригэр көрдөстө.
Учууталлар хамнастарын култуура, бибилэтиэкэ үлэһиттэрин хамнастарыгар тэҥнииллэригэр этиннэ.
Үөрэх эйгэтин эбийиэктэрин тутуутун, улуус дивиденин суумата баһа-атаҕа биллэрин бэлиэтээн туран, инвестиционнай бырагыраамаларга киллэрэллэригэр этиннэ.
М.А.Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэ таһымнаах лицей-интернат үлэҕэ, үөрэххэ көрдөрүүтэ улуус үөрэҕириитин уопсай көрдөрүүтүгэр холбуу тутан көстөрүгэр баҕа санаатын этиннэ.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Учууталлар хамнастарын култуура, бибилэтиэкэ үлэһиттэрин хамнастарыгар тэҥнииллэригэр этиннэ.
Үөрэх эйгэтин эбийиэктэрин тутуутун, улуус дивиденин суумата баһа-атаҕа биллэрин бэлиэтээн туран, инвестиционнай бырагыраамаларга киллэрэллэригэр этиннэ.
М.А.Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэ таһымнаах лицей-интернат үлэҕэ, үөрэххэ көрдөрүүтэ улуус үөрэҕириитин уопсай көрдөрүүтүгэр холбуу тутан көстөрүгэр баҕа санаатын этиннэ.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Бырабыыталыстыбаотчуота
✅ Харбалаах орто оскуолатын дириэктэрэ Васмар Руфов элбэх дьону долгутар тыын боппуруостарга тохтоон ааста. Ол курдук, эдэр салайааччы бастатан туран оҕону сааһыттан, кылааһыттан тутулуга суох босхо аһатыыны хааччыйарга үлэ тоҕо барбатын, үөрэх босуобуйалара, кинигэлэрэ федеральнай үптэн тоҕо көрүллүбэтин туоһуласта.
Итиэннэ оҕоҕо көрүллэр көмө харчы (билигин көрүллэр араас төлөбүрдэр, оҕоҕо төлөнөр босуобуйалар) төрөппүтүттэн тутулуга суох барыларыгар төлөнүөхтээҕин бэлиэтээтэ. Ыал баайа-дуола, дьиэтэ, тиэхиньикэтэ манна сабыдыаллыа суохтааҕын ыйда.
Маны сэргэ, Исиидэр Бараахап төрөөбүт дойдутугар 90 миэстэлээх орто оскуола уонна 40 миэстэлээх оҕо саада биир бастакынан тутуллуохтааҕын эттэ. Дириэктэр этэринэн, бырайыага бүтэн, государственнай экспертизаны ааспакка турарын санатта. Бу тутуу уочаракка үһүс миэстэҕэ турар. Боротокуолга киллэриэх, бу боппуруостар тула үлэ ыытыах буоллулар.
@ulusmedia
@uoheebuluu
Итиэннэ оҕоҕо көрүллэр көмө харчы (билигин көрүллэр араас төлөбүрдэр, оҕоҕо төлөнөр босуобуйалар) төрөппүтүттэн тутулуга суох барыларыгар төлөнүөхтээҕин бэлиэтээтэ. Ыал баайа-дуола, дьиэтэ, тиэхиньикэтэ манна сабыдыаллыа суохтааҕын ыйда.
Маны сэргэ, Исиидэр Бараахап төрөөбүт дойдутугар 90 миэстэлээх орто оскуола уонна 40 миэстэлээх оҕо саада биир бастакынан тутуллуохтааҕын эттэ. Дириэктэр этэринэн, бырайыага бүтэн, государственнай экспертизаны ааспакка турарын санатта. Бу тутуу уочаракка үһүс миэстэҕэ турар. Боротокуолга киллэриэх, бу боппуруостар тула үлэ ыытыах буоллулар.
@ulusmedia
@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Бырабыыталыстыбаотчуота
#Куду
✅ Олохтоох депутат Варвара Васильева Үөдүгэйтэн 28 км ыраах сытар Куду участагар күөх төлөн киирэ илигин бэлиэтээтэ. Кудуга 20 ыал олорор. Квартальнай котельнай хаьан тутуллуой диэн ыйытта.
Итиэннэ З0 миэстэлээх оскуола-саад тутуута хаһан быһаарыллыаҕын туоһуласта.
Отчуокка этиллибит боппуруостары, онно хоруйдары сиһилии улуус хаһыатыгар уонна Верхневилюйск-газета.РФ сайтпытыгар ааҕыаххыт.

#сво
✅ Анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар уол оҕолоох ийэ Валентина Тарасова араанньы буолбут байыастарга регионнааҕы биир кэмнээх көмө харчы биирдэ эрэ төлөнөрүн ыйан туран, иккистээн төхтөрүйэн араанньы буоллахтарына, федеральнай төлөбүр курдук, иккис төгүлүн төлөнүөхтээҕин ыйда. Бу боппуруоһу көрөллөрүгэр этиннэ.
Итиэннэ байыас ыал буолбатах, бэйэтэ төрөппүт оҕото суох буоллаҕына, ийэтин, аҕатын сэргэ бииргэ төрөөбүттэрин (Эдьиий, убай, балыс, быраат) анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар байыас дьиэ кэргэнин статуһугар киллэрэллэригэр этиннэ.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#сво
Итиэннэ байыас ыал буолбатах, бэйэтэ төрөппүт оҕото суох буоллаҕына, ийэтин, аҕатын сэргэ бииргэ төрөөбүттэрин (Эдьиий, убай, балыс, быраат) анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар байыас дьиэ кэргэнин статуһугар киллэрэллэригэр этиннэ.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бырабыыталыстыбаотчуота
✅ Ил Түмэн депутата Владимир Поскачин биир дойдулааҕа Джулустан Борисовы Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан анаммытыттан, ону тэҥэ эдэр миниистирдэр, салайааччылар үлэлэриттэн астынарын биллэрэн туран тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар ананар үбү-харчыны быһаччы тыа сиригэр - нэһилиэктэргэ биэрии боппуруоһун көрөллөрүгэр диэн этии киллэрдэ. Оччотугар өрөспүүбүлүкэ 400 нэһилиэгэ сайдыа, тыа дьонун олоҕо тупсуо, үлэтэ-хамнаһа таһаарыылаах буолуо этэ диэн бэлиэтээтэ.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM