Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.34K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#сво #своихнебросаем

⭐️ Сэтинньи ыйга байыастарга тиксиэхтээх көмөнү бэлэмнээн саҕалаатылар

Байыаннай дьайыы буола турар сиригэр улуус салалтата гуманитарнай көмөнү илдьэ сэтинньи ыйга барыар диэри лоп курдук биир ый баар.

Бүгүн Ороһу нэһилиэгин "Күбэй" түмсүү ийэлэрэ, эбээлэрэ сылаас илиилэринэн баайбыт хаххаланар сеткаларын "Дойдум тыына" сыахха туттардылар.

Ону тэҥэ Константин Котоконов сэрии бэтэрээннэрин аатыттан кытыан хомуйан аҕалан туттарда.

"Кытыан уолаттарбытыгар арчыланалларыгар, эмтэнэллэригэр туһалааҕын билэн суһаллык аҕалла.
Сэтинньитээҕи сырыыга уолаттарбытыгар кэһии тиийэригэр кыһанан, туһалаах малы, таҥаһы хомуйан саҕалаатыбыт", - диэн иистэнэр сыах салайааччыта Васма Васильевна иһитиннэрдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сво #СвоихНеБросаем

⭐️Үөһээ Бүлүүтээҕи "ДОЙДУМ ТЫЫНА" иистэнэр сыах коллективыгар салайааччы Васма Васильевнаҕа улахан махталбытын биллэрэбит.

Биһиги кылааспыт уола анал байыаннай дьайыыттан иккис төгүлүн уоппускатыгар кэлэн барарыгар байыаска наадалаах таҥаһы-сабы бэлэмнээн, ийэлии истиҥ, үтүө санааларынан алҕаан, толору рюкзактаах набору уолбутугар иккис төгүлүн туттардылар.

Ааспыкка кэлэ сылдьан плащ-палатка, подсумок олус наадатын тоһоҕолоон этиммитэ.

Бу маннык, билиҥҥи ыарахан кэмҥэ наһаа наадалаах, тыын боппуруоһунан ис санааларыттан дьарыктана сылдьар "Дойдум тыына" иистэнэр сыах Далбар Хотуттарыгар, эйэҕэс эбээлэригэр сиргэ тиийэ махталын биллэрэр.

Бу ыарахан кэмҥэ бары биир санаанан бэйэ-бэйэбитин өйөһөн, өйдөһөн сырыттахпытына ханнык да ыарахаттары туоруохпут, кыайыахпыт диэн күүстээх санаалаах, төрөөбүт дойдутугар кыл мүччү алгыстаах суола арыллан, эбэ барахсан долгуйа күүппүттүү арыллан биэрэн, Мэйигин нэһилиэгэр тахсан күүс, алгыс ылынан, кылааһын оҕолорун көрсөн айаннаата.

Мэйик оскуолатын 1993 сыллааҕы выпускниктара

@ueheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сво #СвоихНеБросаем

⭐️Байыастарга көмөҕө Техникум кыттыһар

Бүгүн Үөһээ Бүлүүтээҕи Техникум коллектива баайбыт хаххаланар сеткатын "Дойдум тыына" иистэнэр сыахха, салайааччы Васма Ивановаҕа аҕалан туттардылар. Бу үлэни дьахтар Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ольга Тумусова иилээн-саҕалаан оҥоттордо.

"Лицей коллективыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Бары бииргэ КЫАЙЫЫГА!" - диир Васма Васильевна.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сво #СвоихНеБросаем #КомсомолКүнэ

⭐️ Комсомоллуу үлэни - Кыайыы туһугар!

Аҕыйах хонуктааҕыта 10 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбит "Көмүс сүүтүк" сахалыы ииһи баһылаабыт түмсүү иистэнньэҥнэрэ байыастарга аналлаах таҥаһы-сабы тигэр "Дойдум тыына" иистэнэр сыахха Комсомол күнүнэн субуотунньуктаатылар. Ол курдук, иистэнньэҥнэргэ күүс-көмө буолан иистэрин ситэрдилэр, хаххаланар сетка баайдылар.

Биһиги байыастарбыт дойдуларыгар уоппускаҕа күүстээх, күүс-сэниэ ылына кэллэхтэринэ сүрэх сылааһын иҥэриммит таҥастары бэлэмнээн, илии тутуурдаах, өттүк харалаах ыытардыы иис үлэтэ тохтоло суох ньиргиччи барар.

Иистэнэр баҕалаах көмөҕө кыттыһар санаалаах дьоҥҥо бу сыах аана мэлдьи аһаҕас🙌

"Комсомоллуу күүстээх үлэ барыта Кыайыы туһугар" - диир улуус уопсастыбаннай түмсүүлэрин салайар Ирина Потапова.

"Көмүс сүүтүк" түмсүү салайааччыта Елена Петрова хоһоонунан эҕэрдэтин ыытар:

Эдэр сааспыт аргыһа
Эрчимнээх Комсомол
Эҕэрдэ төрөөбүт күҥҥүнэн,
Элиэнньин эппит суолунан
Элэс гыммыт эдэр сааспыт
Эрэллээх суолдьута эн этиҥ,
Үлэҕэ, үөрэххэ инники
Үрдүккэ, сырдыкка тардыһан
Үтүмэн сыллары аастахпыт,
Умайар сулуспут уостубат
Уот курдук сырдыктык
Өрүүтүн иннибэр угуйар,
Комсомол бу күндү билиэтэ
Кистэммит сүрэхпэр сылаастык ,
Албыны, түөкэйи ылыммат
Ааспыт олоҕум чаҕылхай,
Кэннибэр хааларым суобаһым
Күн курдук күлүмнүүр
Комсомол саастарым.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#муҥха #БарыБииргэ #сво #СвоихНеБросаем

⭐️ Харбалаахтар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин муҥха балыгынан күндүлээтилэр

Үөһээ Бүлүү Харбалааҕын Таай Күөлүгэр сэтинньи 1 күнүгэр 80-тан тахса киһи кыттыылаах дьоһуннаах муҥха буолан ааста.

Нэһилиэк баһылыга Константин Платонов: "Кэлбит дьон инчэҕэйдии иккилии куул собону үллэһиннилэр, уолаттар муҥханы халлаан хараҥарыар диэри таһаардылар. Инньэ гынан кэнники таһаарыыттан ким төһө кууллааҕынан, иһиттээҕинэн үллэстии буолла. Павлов Олимпий бураанынан кэлэн көмө буолан абыраата, анньыыһыттарга салайан, суоллаан биэрэн, хоппо таһан, дьоҥҥо тиэйсэн, маладьыастаата. Бураан суоҕа буоллар эстиэ эбиппит. Күөх Боллох Тойон күндүлээтэ, Таай Күөл Эбэбит балык бөдөҥүн, минньигэһин бэристэ. Дьон-сэргэ махтанан, үөрэн-көтөн тарҕаста. Муҥхалаах дьоммутугар Виктор Новиковка, Данил Платоновка махталбыт улахан. Бу курдук муҥхаҕа түмсэн, көхтөөхтүк сылдьар буолуохха, сахалар кыстыыр аспытын булунар төрүт үгэспитин умнубакка тута сылдьыахха. Барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны баҕарабын."

Күөх Боллох бэлэҕиттэн нэһилиэктэн анал байыаннай дьайыыга дойду туруктаах буоларын туруулаһа сылдьар буойун уолаттар дьиэ кэргэттэригэр, төрөппүттэригэр өлүүлээн бэристилэр. Итиэннэ нэһилиэк ытык кырдьаҕастарыгар, оҕолорун соҕотохтуу иитэр ийэлэргэ эмиэ ирээт балык тиксэн үөрүүлэрэ үгүс буолла.

Ороһу нэһилиэгэр Ольга Тумусова көҕүлээһининэн байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга, госпитальга эмтэниини ааһар буойуттарга балык арааһын астаан баһылыкка бэлэмнээн тиксэрэр үгэстээх. Кини дьаныардаах көмөтүгэр көмө буоллун диэн, Харбалаах нэһилиэгин дьаһалтатын аатыттан бу сырыыга айанныахтаах баһыылкатыгар балык үчүгэйиттэн талан ирээттээн тиксэрдилэр.

Ону тэҥэ харбалаахтар сэтинньи 8 күнүгэр бэлиэтээри олорор Николай Золотарев - Якутскай аатынан оскуола тэриллибитэ 105 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэригэр, сыл бүтэһигэр үлэҕэ киириэхтээх биллиилээх политическай деятель, улуу киһи Исидор Барахов аатынан култуура киинин арыллыытыгар ыалдьыттары айах тутар балыктарын ирээттээн хаһааннылар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат @ulusmedia_admin
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн анал байыаннай дьайыы байыаһын, биир дойдулаахпытын Аян Саргыдаевы кытта көрүстүм.

Аян дойдутугар уоппускаҕа кэлэ сылдьар. Аҕа дойдуну көмүскээччигэ - "Өрүү харысхаллаах буоллун, кыайыы кынаттаах дойдутугар эргиллэн кэллин", - диэн алгыс тылбытын этэн туран, Чап уустара оҥорбут саха быһаҕын "Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай ороуйуон дьаһалтатын аатыттан бэлэх туттардым.

Билигин Үөһээ Бүлүү улууһун үрдүнэн анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө хомулла турар. Күн ахсын биир дойдулаахтарбыт гуманитарнай көмөнү нэһилиэктэр дьаһалталарыгар, улуус дьаһалтатыгар кэлэн туттараллар. Ону сэргэ, улуус бүддьүөт үлэһиттэрэ биир күннээҕи хамнастары фондаҕа көмө гынан анаатылар.

Сэтинньи ый ортотугар Үөһээ Бүлүү улууһун делегацията гуманитарнай сырыыннан быйыл үһүс төгүлүн анал байыаннай дьайыы сиригэр барарга бэлэмнэнэ сылдьар.

#СВОихНеБросаем
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
#СВО #СВОихнебросаем
#заботаобучастникахСВО

🔶 Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан биирдиилээн дьон, түмсүүлэр, тэрилтэлэр, үөрэх кыһалара «Барыта кыайыы туһугар!” диэн девизтээх түмсэн, араас хабааннаах көмөнү ким туох кыахтааҕынан, сатабыллааҕынан көмөлөһө олороллор.

Сиһилии 👈

@uoheebuluu @ulusmedia
#барыбииргэ #сво #своихнебросаем

⭐️ Бары бииргэ - Кыайыы туһугар!

Бүгүн Олоҥхо дьиэтигэр анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар байыастарга көмө оҥорор сыаллаах иһирдьэнэн-таһырдьанан атыы-эргиэн дьаарбаҥката турда.

Маҕаһыын, ырыынак сыанатынааҕар удамырга турбут тэрилтэлэр атыыларын дьон хамаҕатык атыыласта.

Дьаарбаҥкаҕа киирбит үп байыастарга көмө оҥорорго ананыаҕа. Санатар буоллахха, улууспут баһылыга Валерий Николаев салайааччылаах дэлэгээссийэ байыаннай дьайыы буола турар сиригэр бу ыйга айанныыр. Онуоха байыастар көрдөһүүлэринэн наадалаах тэриллэрин ылалларыгар эбии көмө буолар дьаарбаҥкаҕа кыттыбыт тэрилтэлэргэ, тоҥ ас-үөл атыытын тэрийбит бааһынай хаһаайыстыбаларга тэрийээччилэр махталларын тириэрдэллэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#СВО #СВОихнебросаем

Бүгүн киэһэ, Олоҥхо дьиэтигэр, улуус талба талааннаах дьонун-сэргэтин кэнсиэрэ буола турар. Кэнсиэркэ киирбит үп-харчы байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар көмө быһыытынан барыаҕа.

Кэнсиэр кэмигэр бэрт сэргэх аукцион буолла. Аукциоҥҥа улуус тэрилтэлэрэ туруорбут лоттарын көрөөччүлэргэ атыылаатылар. Лотка балык арааһа, күһүҥҥү заготовкалар, барыанньалар, тоҥ кус, баайыы наскылар о.д.а. турдулар.

Аукциону СӨ култууратын туйгуна Дария Яковлева ыытта, счетнай хамыыһыйа чилиэттэрэ бэлиэтэннилэр. Көрөөччүлэр көхтөөхтүк кыттан, ким хас сууманы эппитинэн лоту атыыластылар.

Киирбит үп байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар ананна. Аукцион атыытынан уонна биирдиилээн дьон көмөтүнэн уопсайа 191178 солк. хомулунна. Кэнсиэр билиэтин атыытынан 96600 солк. киирдэ. Тэрилтэлэр, предпринимателлэр атыы-эргиэн дьаарбаҥкаларын кытары барыта 318 328 солк. хомулунна👏👏👏

@uoheebuluu
#барыбииргэ #сво #своихнебросаем

⭐️ "Көмүс сүүтүк" түмсүү байыастарга көмөлөһө турар

Сахалыы төрүт ииһи баһылаабыт түмсүү иистэнньэҥнэрэ хас да түһүмэҕинэн угуунньа оҥоһуллар ньыматын барытын тутуһан, илиилэрин сылааһын иҥэрэн, биэс уон ахсааннаах угуунньаны таптайан, куурдан-хатаран, сирийэн, силигин ситэрэн "Дойдум тыына" иистэнэр сыахха туттардылар.

Угуунньа кыһыҥҥы кэмҥэ, ардахха, сиппэрэҥҥэ ааттаах тэрил. Саппыкы, берцы иһигэр оҕолорбут атахтара сиигирэн, илийэн ыалдьалларыттан харыстыыр.

"Эдэрдиин эмэнниин бары бииргэ кыттыһан, холбоһон кыһаннахпытына КЫАЙЫЫ БИҺИЭНЭ БУОЛУОҔА!", - диир байыастарга анаан иистэнэр сыах салайааччыта Васма Иванова.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#барыбииргэ #сво #своихнебросаем

⭐️ Бу күннэргэ "Үөһээ Бүлүү" хаһыат редактора Кристина Семенова уонна шеф-редактор Мария Васильева "Дойдум тыына" иистэнэр сыахха кэлэн иистэнэн, улахан ииһи түмүктэстилэр.

Улуус дьаһалтата анал байыаннай дьайыыга барарыгар 50 плащ-палатканы тигэргэ сорудахтаан, былааны таһынан толордубут.

“Сололоох эбиппит буоллар, манна кэлэн иистэнэрбит буоллар үлэ үмүрүйүөх эбит”, - диэн кыргыттар санааларын үллэһиннилэр.

Сыахха үксүн "Көмүс сүүтүк" түмсүү эбээлэрэ көмөлөһөллөр. Үлэлэриттэн быыс булан кэлэн иистэнээччилэр да бааллар. Ол курдук, Валентина Николаевна Яковлева кэнники кэмҥэ ис сүрэҕиттэн кэлэн иистэнэр. Зоя Петровна Поскачина сыах үлэлиэҕиттэн бастакы күнүттэн илиитин араарбакка тигэр. Кини иискэ үөрэнэн, туттара сыыдам. Наталья Николаевна Егорова биир тутаах үлэһит. Эмиэ хара ааныттан баар. Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор буолан, биир да күнү көтүппэккэ кэлэн иистэнэр, дьулуурдаах иистэнньэҥ.

Бу көмө барыта кыайыыны чугаһатарыгар саарбахтаабаппыт!

Сонуннарга анаан Васма Иванова

«Үөһээ Бүлүү» хаһыат
Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин кытта көрүстүм.

Судаарыстыбаттан, өрөспүүбүлүкэттэн, улуустан көрүллэр көмө көрүҥнэрин туһунан социальнай фонда салайааччыта Альбина Ивановна Николаева уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи нэһилиэнньэ социальнай харысхаллаах буолуутун киинин салайааччытын эбээһинэһин толорооччу Егомина Зоя Валентиновна иһитиннэрдилэр.

Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар туһуламмыт реабилитационнай бырагырааммалары Үөһээ Бүлүүтээҕи киин балыыһа сүрүн бырааһа Сардана Николаевна Павлова билиһиннэрдэ.

Үөһээ Бүлүүтээҕи нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин инспектора Обоева Наталья Николаевна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар ананан үлэлиир бырагырааммалары сырдатта, чуолаан үлэни булууга уонна профориентационнай курстарга үөрэнии туһунан кэпсээтэ.
Быйыл Үөһээ Бүлүү улууһугар дьарыктаах буолуу киин көмөтүнэн 8 анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа үлэҕэ киирбит, 3 киһи профкурстарга үөрэммит.

Төгүрүк остуол кыттыылаахтарыгар Үөһээ Бүлүү улууһун делегацията ДНР, ЛНР, Запорожье уобалаһыгар быйылгы икки гуманитарнай сырыыбыт туһунан сырдаттым. Ону тэҥэ, бу ый бүтүүтэ үһүс сырыыбытыгар бэлэмнэнии хайдах бара турарын кэпсээтим.

Хас биирдии байыас Аҕа дойдубут туһугар сүҥкэн кылаатын сыаналаан, өйдөөн тураммыт анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар кинилэр дьиэ кэргэттэригэр болҕомто уурар, көмө, өйөбүл буолар ытык эбээһинэспит.

Кыайыыга - бары бииргэ!

#СВОихНеБросаем

t.iss.one/ValeriNikolaev
Биир дойдулаах анал байыаннай дьайыы байыастарыгар гуманитарнай көмө Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторуттан, урбаанньыттарыттан, тэриллиилээх хаһаайыстыбаларыттан күннэтэ киирэ турар.

Ол курдук, Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгин урбаанньытыттан, МУП "Булунское" тэрилтэ дириэктэриттэн Лукин Руслан Семеновичтан анал фондаҕа Тикситтэн: 3 хатыыс 3 сордоҥ уонна 3 куул уомул балык киирдэ.

Киирбит балыктары Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын үлэһиттэрэ тоҥорон, астаан айаҥҥа бэлэмнээтилэр.

Руслан Семеновичка кыайыыга кылаатын, биир дойдулаах уолаттарбытыгар өйөбүлүҥ иһин ис сүрэхтэн махтанабыт!

Гуманитарнай көмөнү хомуйуу салҕанар.

#СВОихНеБросаем

t.iss.one/ValeriNikolaev
Дойдуларыгар отпускаҕа кэлэ сылдьар анал байыаннай дьайыы байыастарын кытта көрүстүм.

Биир дойдулаах байыас уолаттарбыт кылгас отпускалара бүтэн сотору кэминэн сулууспаларыгар барарга бэлэмнэнэ сылдьаллар.

Байыастарга харысхал буоллун, кыайыыны аҕаллын диэн Чап уустара оҥорбут саха быһаҕын уонна дойдуларын Үөһээ Бүлүү улууһун былааҕын туттардым.

Хайаан даҕаны кыайыы кынаттаах эргиллэн кэлэргитин кэтэһэбит!

#СВОихНеБросаем
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
#барыбииргэ #сво #своихнебросаем

⭐️ Байыастарга анаммыт баһыылкалар алгыстаннылар

Улуус баһылыга Валерий Николаев салайааччылаах Үөһээ Бүлүү улууһун дэлэгээссийэтэ байыаннай дьайыы буола турар сиригэр баран эрэр. Маныаха улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Уйбаан Чыычаахап буойуттарга анаммыт баһыылкалары барытын боҕуруоскай оту уматан, сыт таһааран арчылаата, алгыстаах тылын иҥэрдэ.

Аэропорт салайааччыта Дмитрий Иванов, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Кирилл Гаврильев уонна дьаһалта дьыалаларын дьаһайааччы, улуус баһылыгын солбуйааччыта Михаил Егоров буолан улуус аатыттан хомуллубут көмөнү илдьэн опорнай пууннарынан тарҕатыахтара. Улууспут уолаттарын сирэй көрсөн туох-хайдах сылдьалларын билсиэхтэрэ.

"Дойдум тыына" иистэнэр сыах илиитин сылааһынан бэлэмнэммит толору маллаах, дурда-хахха буолар поащ-балааккалаах 50 алгыстаах мөһөөччүк, биирдии байыаска дьонноруттан аадырыстаммыт баһыылкалар, нэһилиэктэр, тэрилтэлэр, түмсүүлэр хомуйбут маллара, анаан-минээн оҥорбут хаххаланар сеткалара, оскуола оҕолоро бэлэмнээбит чүмэчилэрэ, ис сүрэхтэриттэн тахсар үтүө санааларын иҥэриммит суруктара, уруһуйдара, сойбот сонуннаах, истиҥ илдьиттээх "Үөһээ Бүлүү" улуус хаһыата, олус күндүргэппит тоҥ эттэрэ балык күндүтэ о.д.а. наадалаах мал-сал, ас-үөл бэлэмнэнэн айаннаан эрэр.

Төрөөбүт дойдуларыттан ыраах сылдьар уолаттарбытыгар, хорсун санаалаах эрэттэрбитигэр анаммыт баһыылкалар тиийэн күүстэригэр күүс эбэригэр, саппаҕырбыт санаалара киэҥ кыйданан өрө көтөҕүллэригэр, дойдубут дьоно биһиги күүтэллэр, эрэнэллэр диэн санаалара өссө бөҕөргүүрүгэр улахан көмөлөөх буолуо диэн олус эрэнэбит. Алгыс түспүт баһыылкалара тиийэн уолаттарбытын - хотойдорбутун арчылаатыннар, араҥаччылаатыннар. Алгыс баһа сыаланнын. Дом!

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн сарсыарда байыастарбытыгар анаммыт баһыылкалары бэлэмнээн икки микроавтобуһунан Дьокуускай куоракка ыыттыбыт.

Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаммыт гуманитарнай көмөнү Үөһээ Бүлүү улууһун бары олохтоохторо көмөлөөн хомуйдулар.

Аны салгыы баһыылкалары Дьокуускай куораттан Москваҕа диэри айаҥҥа бэлэмниибит. Москва куоракка баһыылкаларбытын бэйэбит көрсөн ылан, анал байыаннай дьайыы зонатыгар опорнай пууннарынан биир дойдулаах байыастарбытыгар тиксэрэрдии былаанныыбыт.

Түмсүүннэн - кыайыыга!

#СВОихНеБросаем
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Анал байыаннай дьайыы зонатыгар Запорожье уонна Херсон уобаластарыгар, ону сэргэ Донецк республикатыгар гуманитарнай сырыыбытын түмүктээтибит.

5 күн иһигэр, сибээскэ тахсыбыт байыастарбытын кытта, уопсайа 51 биир дойдулаахтарбытын көрүстүбүт, баһыылкалары туттартаатыбыт.


Байыастар дойдуларын аһын тутан үөрүүлэрэ, биир дойдулаахтарыгар махталлара үгүс.
Үгэс быһыытынан, улууспут бүддьүөт үлэһиттэриттэн киирбит үбүнэн сэриигэ байыас олоҕун быыһыыр, харыстыыр кыахтаах техникалары: дрон утары тэриллэри, беспилотник утары тэриллэри (радиоэлектронная безопасность), квадрокоптердары, матаһыыкыллары, түүҥҥү прибордаты, тепловизордары ылан тиксэрдибит.

Сибээскэ кыайан тахсыбатах хоһууттарбытыгар баһыылкалары Новоазовск куоракка Саха Өрөспүүбүлүкэтин опорнай пуунугар хааллардыбыт. Опорнай пуун эппиэтинэстээх үлэһиттэрэ байыастары кытта биирдиилээн сибээскэ тахсан, бэрт сотору кэминэн баһыылкалары тиксэртиэхтэрэ.

Байыастар настарыанньалара бойобуой, дойдуларын сонунун истэн, баһыылкалары тутан санаалара көтөҕүллэн, олус сэргэх, сүр көтөҕөр көрсүһүүлэр аастылар.
Гуманитарнай көмөнү хомуйбут, ыыппыт бар дьонноругар махталларын биллэрэллэр.

Үөһээ Бүлүү улууһун делегациятын гуманитарнай сырыыта салҕанар.

#СВОихНеБросаем
#ГуманитарнаяПоездка
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Нэдиэлэ устата анал байыаннай дьайыы сиригэр гуманитарнай сырыыбыт чэрчитинэн 58 биир дойдулаах байыастарбытын көрүстүбүт.

Сэтинньи 22 күнүттэн Запорожскай уобаластан саҕалаан, Херсон уобалаһыгар, Донецк, Луганск республикаларыгар уонна Курскай, Белгородскай уобаластарга биир дойдулаахтарбытын көрсөн гуманитарнай баһыылкалары тириэртибит.

Быйылгы сылга үһүс гуманитарнай сырыыбытын күһүҥҥү идэһэ, муҥха кэнниттэн былааннаабыппыт. Онон байыастарбытыгар дойдуларын аһыттан, этиттэн, балыгыттан илдьэ кэлэн тиксэрдибит. Байыастар дойдуларыттан ахтылҕаннаах астарын тутан олус сэргэхсийдилэр.

Маны сэргэ, 6 шт. матаһыыкыл, 3 шт. тепловизор, 3 шт. түүҥҥү прицел, 10 шт. "Асель" дрон детектор, биирдии устуука "Капюшон" уонна "Ромашка" РЭБ станциялар, 3 шт. FPV видео-шлем Skyzone COBRA X V4, 1 устуука дрон сигналын күүһүрдэр тэрил Инкубатор 2.0, ону кытта Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин аатыттан, баһылык Силигиянов Максим Филиппович туттарбыт 4 устуука дроннарын байыастарга тиксэрдибит.

Сибээскэ кыайан тахсыбатах байыастарбытыгар баһыылкалары Саха Сирин опорнай пууннарыгар хааллардыбыт. Опорнай пуунун үлэһиттэрэ баһыылкалары чопчу тиксэриэхтэрэ.

Сулууспалыы сылдьар Эр хоһууттарбытын кытта көрсөн туруктарын, хааччыллыыларын, үлэлиир усулуобуйаларын билистибит. Үөһээ Бүлүүлэр олус түмсүүлээхтик, бэйэ бэйэлэрин кытта билсэн, кэпсэтэн тэҥҥэ сылдьалларыттан киэн тутуннубут.

Анал байыаннай дьайыы хонуутугар саа саадах тутан эйэлээх олох туһугар охсуһа сылдьар биир дойдулаахтарбытын өйөөн, биир санааннан салайтаран түмүстэхпитинэ, байыастарга күүстээх тыыл олохтоотохпутуна кыайыыга хайаан да кэлиэхпит!

Гуманитарнай көмөнү хомуйарга кыттыспыт Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторугар, тэрилтэлэригэр, урбаанньыттарыгар, биир күннээх хамнастарын пуондаҕа анаабыт бюджет үлэһиттэригэр кыайыыга кылааккыт иһин ис-сүрэхтэн махтанабыт.

2024 сылга үһүс гуманитарнай сырыыбытын түмүктээтибит.

Иннибит хоту бары бииргэ! Түмсүүннэн - кыайыыга!


#СВОихНеБросаем
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
#Годдетства #СВО #Своихнебросаем

🔸🔸🔸Байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга күүс-көмө, өйөбүл буолар сыаллаах Үөһээ Бүлүү улууһун «Оҕо саас сирдьиттэрэ" федеральнай бырайыак уонна оҕо хамсааһыннарын оҕолоругар уонна иитэр үлэҕэ дириэктэр сүбэһиттэригэр, оҕо хамсааһыннарын тэрийээччилэригэр “Биһиги бииргэбит» ("Мы вместе") диэн аахсыйа сэтинньи уонна ахсынньы ыйдарга биллэриллибитэ.

➡️➡️➡️ https://верхневилюйск-газета.рф/bihigi-biirgebit-aahsyja5a-o5olorbut-kyttallar/

@uoheebuluu
@ulusmedia