Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.84K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#барыбииргэ

Биир санаанан хамсааһын салҕанар

Өрөспүүбүлүкэҕэ Украинаҕа ыытыллар анал байыаннай дьайыыларга сылдьар ыччаттарга араас көмө, өйөбүл аахсыйалар тэриллэн ыытыллаллар.


Олорго нэһилиэнньэ түмсэн, ким-төһө кыалларынан кыттыһар. Ол курдук, соторутааҕыта Дьэр нэһилиэгин олохтоохторо дьокутааттар (сал. Мария Аянитова) уонна дьахтар сэбиэтин (сал. Людмила Петрова) көҕүлээһиннэринэн "Дойдубут туһугар - биир санаанан" аахсыйаҕа кыттыһан, аҕыйах күн иһигэр маскировкаланар (харыстанар) сетканы баайан бүтэрэннэр Дьокуускай куоракка Көмө киинигэр туттаран уопсастыбанньык, “Якутия с тобой” хамсааһын салайааччыта Айыл Дьулурҕа нэһилиэк аатыгар махталын ыллылар. Кииҥҥэ киирэн туттарбыт киһинэн нэһилиэк киэн туттар уопсастыбанньыга, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, сетканы баайыы үлэтин ымпыгар-чымпыгар тиийэ баһылаабыт, куоракка анал үөрэҕи ааспыт Мария Боппосова буолар.

Сиhилии: https://ханаласгазета.рф/article/100129

Ольга Гермогенова, "Хаҥалас" хаһыат

@gazetahangalas
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#сво #барыбииргэ #своихне бросаем

⭐️ Сомоҕолоһуу күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ "Дойдум тыына" акция кэнсиэр

Дойду үрдүнэн ыытыллар "Бары бииргэ" акция чэрчитинэн анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар биир дойдулаах эр хоһууттарбытыгар ананар тэрээһин саҕаланна.

Бу кэнсиэртэн киирбит үп Олоҥхо дьиэтин иһинэн үлэлиир "Дойдум тыына" иистэнньэҥнэр түмсүүлэригэр бэриллиэҕэ.

Салайааччы Васма Иванова көҕүлээһининэн байыастарга анаан иистэнньэҥнэр сүрэхтэрин сылааһын ууран, сымнаҕас илиилэринэн тутан-хабан иистэммит алгыс иҥэриммит таҥастарын 2022 сылтан тигэллэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#сво #барыбииргэ #своихнебросаем

⭐️ Евгений Тихонов анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар оҕо сааһын доҕоругар анаабыт "Доҕорбор" ырыатын бу киэһэ улахан сыанаҕа сүрэхтээтэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#сво #барыбииргэ #своихнебросаем

⭐️ Ураты дьикти кэрэ куоластаах Наталья Ильина "Эхо любви" ырыаны толорон дьон сүрэҕин долгутта.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сво #барыбииргэ #своихнебросаем

⭐️ Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу Люция Тойтонова Сомоҕолоһуу күнүнэн эҕэрдэ тылын этэн туран, анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга баҕа өттүнэн көмө оҥоро олорор "Дойдум тыына" түмсүү иистэнньэҥнэргэ махтал тылларын анаата.

Үөһээ бүлүүлэр үтүө санаалаах бачыымы, кыра да үп көмө буоларын бэлиэтээн туран, өйүүллэригэр ыҥырар.

Бу күннэргэ дойдутугар уоппускаҕа кэлэ сылдьар И.Седалищев аатынан оҕо дьиэтин иитиллээччитэ, "Хатан" бөлөх барабаҥҥа оонньооччута Андрей Кириллиҥҥа улуус аатыттан үрүҥ көмүс харысхалы бэлэх уунна.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сво #барыбииргэ #своихнебросаем

⭐️ Улуус баһылыгын солбуйааччыта Люция Тойтонова хас биирдии иистэнньэҥҥэ улуус дьаһалтатын аатыттан махтал суруктаах бэлэхтэри туттарда.

Оттон иистэнньэҥнэр алгыстаах мөһөөччүктэрин Андрей Кириллиҥҥа үтүө тылларын анаан туран ытыс дохсун тыаһын ортотугар туттардылар. Плащ-балаакканы тута кэтэрдэн көрдүлэр. Дойду иннигэр ытык иэһин толорон этэҥҥэ эргиллэн кэлэригэр баҕа санааларын эттилэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сво #барыбииргэ #своихнебросаем

⭐️ СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Быыһыыр сулууспатын туйгуна, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү улуустарын көрдүүр-быыһыыр этэрээтин салайааччыта, "Морпех" позывнойдаах Михаил Ан бэйэтин ырыатын бэлэх уунна.

Анал байыаннай дьайыыга билигин сулууспалыы сылдьар төрөппүт уолугар буолаары турар разведчик күнүнэн эҕэрдэтин бу ырыатын нөҥүө тириэртэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#сво #барыбииргэ #своихнебросаем

⭐️ Норуот айымньытын киинигэр тыас-уус операторынан үлэлиир Ванесса Березкина "Кукушка" ырыаны ыллаан, анал байыаннай дьайыыга дойдубут туһугар сырдык тыыннарын дьоруойдуу толук уурбут эр санаалаах уолаттарбыт ааттарын үтүө өйдөбүллэригэр анаата.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#сво #барыбииргэ #своихнебросаем

⭐️ Андрей Иванов - Дьикти " дууһа кылын таарыйар "Уостубат өйдөбүл" ырыатынан аахсыйа кэнсиэри түмүктээтэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#СВО #барыбииргэ #своихнебросаем

⭐️ Сомоҕолоһуу күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгын дьаһалынан, Үөдүгэйдээҕи култуура киинигэр сынньалаҥ киэһэтэ тэриллибитэ.

Онно киирбит үбү - 25000 солкуобай уу харчыны анал байыаннай дьайыыга көмө быһыытынан улууспут уран тарбахтаах иистэнньэҥнэрин "Дойдум тыына" түмсүү салайааччытыгар Васма Ивановаҕа Үөдүгэйдээҕи култуура киинин дириэктэрэ Игорь Сортолов туттарда.👍👍👍

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#сво #барыбииргэ #своихнебросаем

⭐️ 2022 с. «Илии сылааһа» диэн аахсыйа чэрчитинэн иистэнэр сыах тэриллибитэ.

Манна анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар байыастарга араас наадалаах таҥаһы-сабы, малы-салы тигэллэр.

«Эр хоһуун» диэн байыаннай усулуобуйаҕа табыгастаах көстүүмү тигэллэр уонна баҕалаахтарга маастар-кылаас тэрийэллэр.

Бүгүн уонна сарсын биһиги улууска бу сыах салайааччыта Ирина Саввина иистэнэргэ баҕалаах дьону үөрэтэ, билиитин үллэстэ кэлэ сылдьар.

Улууспут көхтөөх ийэлэрэ, эбээлэрэ туора турбакка, Оҕо искусство оскуолатыгар мустан саллаат форматын тигэргэ үөрэнэллэр, бүгүн киэһэҕэ диэри иистэнэр былааннаахтар.

Сарсын эмиэ үөрэх, үлэ салҕаныа, эбии иистэнньэҥнэри тэҥҥэ иистэнэргэ ыҥыраллар!

Сонуннарга анаан Любовь Дмитриева.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#муҥха #БарыБииргэ #сво #СвоихНеБросаем

⭐️ Харбалаахтар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин муҥха балыгынан күндүлээтилэр

Үөһээ Бүлүү Харбалааҕын Таай Күөлүгэр сэтинньи 1 күнүгэр 80-тан тахса киһи кыттыылаах дьоһуннаах муҥха буолан ааста.

Нэһилиэк баһылыга Константин Платонов: "Кэлбит дьон инчэҕэйдии иккилии куул собону үллэһиннилэр, уолаттар муҥханы халлаан хараҥарыар диэри таһаардылар. Инньэ гынан кэнники таһаарыыттан ким төһө кууллааҕынан, иһиттээҕинэн үллэстии буолла. Павлов Олимпий бураанынан кэлэн көмө буолан абыраата, анньыыһыттарга салайан, суоллаан биэрэн, хоппо таһан, дьоҥҥо тиэйсэн, маладьыастаата. Бураан суоҕа буоллар эстиэ эбиппит. Күөх Боллох Тойон күндүлээтэ, Таай Күөл Эбэбит балык бөдөҥүн, минньигэһин бэристэ. Дьон-сэргэ махтанан, үөрэн-көтөн тарҕаста. Муҥхалаах дьоммутугар Виктор Новиковка, Данил Платоновка махталбыт улахан. Бу курдук муҥхаҕа түмсэн, көхтөөхтүк сылдьар буолуохха, сахалар кыстыыр аспытын булунар төрүт үгэспитин умнубакка тута сылдьыахха. Барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны баҕарабын."

Күөх Боллох бэлэҕиттэн нэһилиэктэн анал байыаннай дьайыыга дойду туруктаах буоларын туруулаһа сылдьар буойун уолаттар дьиэ кэргэттэригэр, төрөппүттэригэр өлүүлээн бэристилэр. Итиэннэ нэһилиэк ытык кырдьаҕастарыгар, оҕолорун соҕотохтуу иитэр ийэлэргэ эмиэ ирээт балык тиксэн үөрүүлэрэ үгүс буолла.

Ороһу нэһилиэгэр Ольга Тумусова көҕүлээһининэн байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга, госпитальга эмтэниини ааһар буойуттарга балык арааһын астаан баһылыкка бэлэмнээн тиксэрэр үгэстээх. Кини дьаныардаах көмөтүгэр көмө буоллун диэн, Харбалаах нэһилиэгин дьаһалтатын аатыттан бу сырыыга айанныахтаах баһыылкатыгар балык үчүгэйиттэн талан ирээттээн тиксэрдилэр.

Ону тэҥэ харбалаахтар сэтинньи 8 күнүгэр бэлиэтээри олорор Николай Золотарев - Якутскай аатынан оскуола тэриллибитэ 105 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэригэр, сыл бүтэһигэр үлэҕэ киириэхтээх биллиилээх политическай деятель, улуу киһи Исидор Барахов аатынан култуура киинин арыллыытыгар ыалдьыттары айах тутар балыктарын ирээттээн хаһааннылар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат @ulusmedia_admin
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM