#баһылыкотчуота
#Балаҕаннаах
Балаҕаннаах элбэх оҕолоох ийэтэ Туйаара Егорова элбэх оҕотунан ылыахтаах сэртипикээтин ылар кэмигэр оҕото сокуоннай сааһын туолбут буолан ыйыталаспытыгар, 50% харчынан биэрэбит диэбиттэр. Тоҕо оннук буолуохтааҕый диэн өр күүппүт ийэ мунаарарын биллэрдэ.
Олохтоохтор барыбытын долгутар анал быстах байыаннай дьайыыга улууска кубуотаны биэрии туһунан ыйыттылар.
Анал байыаннай дьайыыттан кэлбит дьоммутун көрсөргө, кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытары үлэлэһэргэ, өйүүргэ сүрүннүүр киин тэриллиэн наада эбит диэн санааларын этиннилэр.
Улуус меценаттара, урбаанньыттара анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттарга төһө көмөлөһөллөрүн туоһуластылар.
Үөһээ Бүлүүттэн анал байыаннай дьайыыга сураҕа суох сүппүт дьоҥҥо хайдах
быһаарыы оҥоһулларый диэн чуолкайдастылар.
Үүт харчыта быйыл тоҕо хойутаата диэн ыйыталастылар.
Бу кэпсэтиилэр тустарынан сиһилии хаһыаппыт кэлэр нүөмэригэр ааҕаарыҥ
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Балаҕаннаах нэһилиэгин олохтоохторо нэһилиэктэрин историятын үөрэтиигэ улахан болҕомтолорун уураллар. Өр сылларга дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччынан үлэлээбит оскуола киэн туттар учуутала Нина Спиридоновна Софронова Оленск куорат Балаҕаннаахха баар буола сылдьыбыт диэн гипотезаны дакаастаан, үөрэтэр оҕотунаан чинчийэннэр улуустааҕы научнай- практическай конференцияҕа кыттан былырыын үһүс миэстэ буолбуттара. Итиниэхэ Бурхалей Макаров салайааччылаах улуус устуоруктарын уонна краеведтарын түмсүүтэ бу сайын экспедиция оҥорбуттара. Нина Спиридоновна бу түмсүүгэ киирэн инникитин бииргэ үлэлиэхтэрэ.
Нэһилиэк баһылыга Степан Дмитриев нэһилиэк историятын үйэтитиигэ күүскэ ылсан үлэлэһэр. Руф Кардашевскай туһунан дакылаатынан былырыын Дьокуускайга буолбут устуоруктар уонна краеведтар научнай - практическай конференцияларыгар кыттан биһирэбили ылбыта.

Улуус дьаһалтатын 2023 сыллааҕы отчуотун 19 киһи иһиттэ.
Барыбытын долгутар анал байыаннай дьайыыга аналлаах үгүс боппуруос, этинии киирдэ, истиҥ кэпсэтии буолла.
Балаҕаннаахтар улуус дьаһалтатын ааспыт сыллааҕы үлэтин биһирииллэрин биллэрдилэр.

#Бырабыыталыстыбаотчуота
#Балаҕаннаах
Саха өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын ситэриилээх былааһын отчуота бүгүн түмүктүүр күнүн үлэлиир.
СӨ Экономикаҕа миниистирэ Петр Попов салайааччылаах
бастакы бөлөх Балаҕаннаах нэһилиэгин дьонун кытта көрсөн, кэккэ боппуруостар тула кэпсэттэ.
✅ Олохтоохтору бастакынан долгутар боппуруос - оскуола тутуута буолла. Оскуола бырайыага кэлбит 2024 сылга оҥоһуллара былааннанар, ол кэннэ тутуу үлэтэ былаан быһыытынан барыа диэн хоруй ылан дуоһуйдулар.
✅Балаҕаннаах оскуолата - улууска сылгы иитэр соҕотох агро-оскуола буолар. Онон баһылык Степан Дмитриев сылгыларын элбэтэр сыалтан, биэ ылыытыгар тирэх буолалларыгар туруоруста. Билиҥҥитэ 30 төбө сылгылаахтар.
✅Эдэр үлэһиттэргэ, чуолаан учууталларга, быраастарга олорор дьиэлэрин хааччыйыы кыһалҕата сытыытык турарын биллэрдилэр. Каадыр тиийбэтиттэн оскуолаҕа оҕо ахсаана аҕыйыырын баһылык Степан Иванович бэлиэтээн эттэ. Итиэннэ олохтоох дьаһалтаҕа экономист, спорт саалаҕа спорт-инструктор штаттарын туруоруста.
✅Олохтоох тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Одунча Чаҥый бүтэй тутарга, кымыһы оҥорууну сайыннарарга, ходуһаны туһаныыга кэккэ ыарахаттары ыйда. Оскуола биэтэ элбиирэ буоллар, оҕо доруобуйатын чэбдигирдэр киин тэриллэригэр баҕа баарын этиннэ.
Мунньах түмүгэр, СӨ үөрэх миниистирин солбуйааччы Алевтина Аргунова Үөрэх министиэристибэтин аатыттан өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьар оскуола завуһугар Ольга Васильевна Ботуеваҕа Бочуотунай кыраамататын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
Балаҕаннаах дьоно-сэргэтэ Бырабыыталыстыба ыытар үлэтин-хамнаһын биһирииллэрин биллэрэн, ытыас тыаһынан атаардылар.
@ulusmedia
@uoheebuluu