Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.35K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#сво #своихнебросаем

⭐️ "Бүлүү" рынок урбаанньыттара байыастарга анаан "Дойдум тыына" иистэнэр сыахха ис таҥас арааһын туттардылар.

"Номнуо хас да кэмпилиэк байыаннай дьайыыга сулууспалыы барар уолаттарбытыгар туттарылынна. Инники өттүгэр ыкса үлэлэһэрдии сүбэлэстибит. Рынок администратора Фаина Рафаэловна Семеноваҕа ыҥырыыбытын ылынан көмөлөспүтүгэр махталбытын биллэрэбит", - диир сыах салайааччыта Васма Иванова.

Ону тэҥэ Васма Васильевна убайа Вакапрону кытта бииргэ 10-с "в" кылааска үөрэммиттэр, 1976 сыллаахха И.Н.Барахов аатынан оскуоланы бүтэрбиттэр ааттарыттан, Аврора Ивановна Николаева көҕүлээһининэн, харчынан көмөлөрүн хомуйбуттарын аҕалан туттарда.

"Аврора Ивановналыын ону - маны сэһэргэһэн, ирэ-хоро сэлэстибит. Көрсүбэтэх ырааппыт. Аврора Ивановна хаххаланар сетка баайыытыгар көхтөөхтүк кыттан, кыайыы туһугар бэйэтин тус кылаатын киллэрсибитигэр махталбытын тиэрдэбит", - диэн Васма Иванова санаатын үллэһиннэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сво #своихнебросаем

"Туһалаах маллар" маҕаһыын хаһаайката ИП Айыына Алексеева бүгүн "Дойдум тыына" иистэнэр сыахха байыастарга анаан хаххаланар сетканы туттарда.

Инникитин бииргэ үлэлэһэрдии сүбэлэстибит. Амарах санаалаах эдэркээн кыыспытыгар истиҥ махталбытын тиэрдэбит.

Бары бииргэ КЫАЙЫЫГА!

Сонуннарга анаан "Дойдум тыына" иистэнэр сыах салайааччыта Васма Иванова.

@uoheebuluu
#СВО #көмө

🔸🔸🔸Балаҕан ыйын 27 күнүгэр өрөспүүбүлүкэбит күнүн көрсө, Москва, Санкт - Петербург куорат госпиталларыгар эмтэнэр биир дойдулаах ЭР ХОҺУУТТАРБЫТЫГАР анаан кыракый кэһии хомуйан оҥордубут. Сиһилии ⤵️⤵️⤵️

https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/erespyybylyke-kynyn-kerse-uolattarbytygar-kehii-yyttybyt/
#СВО

Нюрбинский штаб Комитета семей воинов Отечества продолжает оказывать всестороннюю поддержку семьям военнослужащих. Все поступающие запросы рассматриваются при содействии различных ведомств. Об этом сообщила Нюргуяна Михайлова, заместитель руководителя Якутского регионального штаба Комитета семей воинов Отечества.⤵️⤵️⤵️

https://верхневилюйск-газета.рф/nyurbinskij-ksvo-obedinyaet-usiliya-vedomstv-dlya-pomoshhi-semyam-voennosluzhashhih/
#сво #своихнебросаем

⭐️ Сэтинньи ыйга байыастарга тиксиэхтээх көмөнү бэлэмнээн саҕалаатылар

Байыаннай дьайыы буола турар сиригэр улуус салалтата гуманитарнай көмөнү илдьэ сэтинньи ыйга барыар диэри лоп курдук биир ый баар.

Бүгүн Ороһу нэһилиэгин "Күбэй" түмсүү ийэлэрэ, эбээлэрэ сылаас илиилэринэн баайбыт хаххаланар сеткаларын "Дойдум тыына" сыахха туттардылар.

Ону тэҥэ Константин Котоконов сэрии бэтэрээннэрин аатыттан кытыан хомуйан аҕалан туттарда.

"Кытыан уолаттарбытыгар арчыланалларыгар, эмтэнэллэригэр туһалааҕын билэн суһаллык аҕалла.
Сэтинньитээҕи сырыыга уолаттарбытыгар кэһии тиийэригэр кыһанан, туһалаах малы, таҥаһы хомуйан саҕалаатыбыт", - диэн иистэнэр сыах салайааччыта Васма Васильевна иһитиннэрдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#СВО

Бүөккэҕэ махталбыт муҥура суох

Алдьанан, ыһыллан турар массыыналарбытын маастарбыт Гаврильев Петр Прокопьевич кэлэн оҥорон, ыраастаан умунахтаан, массыыналарбытын тигинэччи үлэлэтэр кыахтанныбыт. Бүөккэбитигэр дьиэтигэр кыстыкка киирии тэрээһиннэриттэн, иискэ закаастарыттан бириэмэ булан кэлэн массыыналарбытын үлэлиир туруктаабытыгар махталбыт бастыҥын аныыбыт.

Бүөккэ сыах тэриллиэҕиттэн куруук иистэнэн көмөлөһөр уонна массыыналарбытын көрөн - истэн тыын киллэрэн үлэлэтэр, оҥорор. Нууччалыы өс хоһоонун курдук: "Рыбак рыбака видит из далека" дииллэрин курдук, идэ тэһитэ кэйэн билсибиппититтэн астынабыт. Эр киһиэхэ сэдэх идэлээҕэ сөхтөрөр.
Бииргэ түмүстэхпитинэ кыайыыга хайаан да кэлиэхпит!

Васма Иванова

@uoheebuluu
#СВО
Госпаблик Министерства труда Якутии сообщает, что правительство утвердило единый образец справки об участии в спецоперации.

С 1 ноября 2024 года ветераны специальной военной операции смогут получать справку об участии в СВО через портал «Госуслуги». Соответствующее постановление подписал Председатель Правительства России Михаил Мишустин.➡️➡️➡️

https://верхневилюйск-газета.рф/s-noyabrya-spravka-ob-uchastii-v-svo-budet-dostupna-na-portale-gosuslug/
#сво #СвоихНеБросаем

⭐️Үөһээ Бүлүүтээҕи "ДОЙДУМ ТЫЫНА" иистэнэр сыах коллективыгар салайааччы Васма Васильевнаҕа улахан махталбытын биллэрэбит.

Биһиги кылааспыт уола анал байыаннай дьайыыттан иккис төгүлүн уоппускатыгар кэлэн барарыгар байыаска наадалаах таҥаһы-сабы бэлэмнээн, ийэлии истиҥ, үтүө санааларынан алҕаан, толору рюкзактаах набору уолбутугар иккис төгүлүн туттардылар.

Ааспыкка кэлэ сылдьан плащ-палатка, подсумок олус наадатын тоһоҕолоон этиммитэ.

Бу маннык, билиҥҥи ыарахан кэмҥэ наһаа наадалаах, тыын боппуруоһунан ис санааларыттан дьарыктана сылдьар "Дойдум тыына" иистэнэр сыах Далбар Хотуттарыгар, эйэҕэс эбээлэригэр сиргэ тиийэ махталын биллэрэр.

Бу ыарахан кэмҥэ бары биир санаанан бэйэ-бэйэбитин өйөһөн, өйдөһөн сырыттахпытына ханнык да ыарахаттары туоруохпут, кыайыахпыт диэн күүстээх санаалаах, төрөөбүт дойдутугар кыл мүччү алгыстаах суола арыллан, эбэ барахсан долгуйа күүппүттүү арыллан биэрэн, Мэйигин нэһилиэгэр тахсан күүс, алгыс ылынан, кылааһын оҕолорун көрсөн айаннаата.

Мэйик оскуолатын 1993 сыллааҕы выпускниктара

@ueheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сво #СвоихНеБросаем

⭐️Байыастарга көмөҕө Техникум кыттыһар

Бүгүн Үөһээ Бүлүүтээҕи Техникум коллектива баайбыт хаххаланар сеткатын "Дойдум тыына" иистэнэр сыахха, салайааччы Васма Ивановаҕа аҕалан туттардылар. Бу үлэни дьахтар Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ольга Тумусова иилээн-саҕалаан оҥоттордо.

"Лицей коллективыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Бары бииргэ КЫАЙЫЫГА!" - диир Васма Васильевна.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сво #СвоихНеБросаем #КомсомолКүнэ

⭐️ Комсомоллуу үлэни - Кыайыы туһугар!

Аҕыйах хонуктааҕыта 10 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбит "Көмүс сүүтүк" сахалыы ииһи баһылаабыт түмсүү иистэнньэҥнэрэ байыастарга аналлаах таҥаһы-сабы тигэр "Дойдум тыына" иистэнэр сыахха Комсомол күнүнэн субуотунньуктаатылар. Ол курдук, иистэнньэҥнэргэ күүс-көмө буолан иистэрин ситэрдилэр, хаххаланар сетка баайдылар.

Биһиги байыастарбыт дойдуларыгар уоппускаҕа күүстээх, күүс-сэниэ ылына кэллэхтэринэ сүрэх сылааһын иҥэриммит таҥастары бэлэмнээн, илии тутуурдаах, өттүк харалаах ыытардыы иис үлэтэ тохтоло суох ньиргиччи барар.

Иистэнэр баҕалаах көмөҕө кыттыһар санаалаах дьоҥҥо бу сыах аана мэлдьи аһаҕас🙌

"Комсомоллуу күүстээх үлэ барыта Кыайыы туһугар" - диир улуус уопсастыбаннай түмсүүлэрин салайар Ирина Потапова.

"Көмүс сүүтүк" түмсүү салайааччыта Елена Петрова хоһоонунан эҕэрдэтин ыытар:

Эдэр сааспыт аргыһа
Эрчимнээх Комсомол
Эҕэрдэ төрөөбүт күҥҥүнэн,
Элиэнньин эппит суолунан
Элэс гыммыт эдэр сааспыт
Эрэллээх суолдьута эн этиҥ,
Үлэҕэ, үөрэххэ инники
Үрдүккэ, сырдыкка тардыһан
Үтүмэн сыллары аастахпыт,
Умайар сулуспут уостубат
Уот курдук сырдыктык
Өрүүтүн иннибэр угуйар,
Комсомол бу күндү билиэтэ
Кистэммит сүрэхпэр сылаастык ,
Албыны, түөкэйи ылыммат
Ааспыт олоҕум чаҕылхай,
Кэннибэр хааларым суобаһым
Күн курдук күлүмнүүр
Комсомол саастарым.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#муҥха #БарыБииргэ #сво #СвоихНеБросаем

⭐️ Харбалаахтар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин муҥха балыгынан күндүлээтилэр

Үөһээ Бүлүү Харбалааҕын Таай Күөлүгэр сэтинньи 1 күнүгэр 80-тан тахса киһи кыттыылаах дьоһуннаах муҥха буолан ааста.

Нэһилиэк баһылыга Константин Платонов: "Кэлбит дьон инчэҕэйдии иккилии куул собону үллэһиннилэр, уолаттар муҥханы халлаан хараҥарыар диэри таһаардылар. Инньэ гынан кэнники таһаарыыттан ким төһө кууллааҕынан, иһиттээҕинэн үллэстии буолла. Павлов Олимпий бураанынан кэлэн көмө буолан абыраата, анньыыһыттарга салайан, суоллаан биэрэн, хоппо таһан, дьоҥҥо тиэйсэн, маладьыастаата. Бураан суоҕа буоллар эстиэ эбиппит. Күөх Боллох Тойон күндүлээтэ, Таай Күөл Эбэбит балык бөдөҥүн, минньигэһин бэристэ. Дьон-сэргэ махтанан, үөрэн-көтөн тарҕаста. Муҥхалаах дьоммутугар Виктор Новиковка, Данил Платоновка махталбыт улахан. Бу курдук муҥхаҕа түмсэн, көхтөөхтүк сылдьар буолуохха, сахалар кыстыыр аспытын булунар төрүт үгэспитин умнубакка тута сылдьыахха. Барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны баҕарабын."

Күөх Боллох бэлэҕиттэн нэһилиэктэн анал байыаннай дьайыыга дойду туруктаах буоларын туруулаһа сылдьар буойун уолаттар дьиэ кэргэттэригэр, төрөппүттэригэр өлүүлээн бэристилэр. Итиэннэ нэһилиэк ытык кырдьаҕастарыгар, оҕолорун соҕотохтуу иитэр ийэлэргэ эмиэ ирээт балык тиксэн үөрүүлэрэ үгүс буолла.

Ороһу нэһилиэгэр Ольга Тумусова көҕүлээһининэн байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга, госпитальга эмтэниини ааһар буойуттарга балык арааһын астаан баһылыкка бэлэмнээн тиксэрэр үгэстээх. Кини дьаныардаах көмөтүгэр көмө буоллун диэн, Харбалаах нэһилиэгин дьаһалтатын аатыттан бу сырыыга айанныахтаах баһыылкатыгар балык үчүгэйиттэн талан ирээттээн тиксэрдилэр.

Ону тэҥэ харбалаахтар сэтинньи 8 күнүгэр бэлиэтээри олорор Николай Золотарев - Якутскай аатынан оскуола тэриллибитэ 105 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэригэр, сыл бүтэһигэр үлэҕэ киириэхтээх биллиилээх политическай деятель, улуу киһи Исидор Барахов аатынан култуура киинин арыллыытыгар ыалдьыттары айах тутар балыктарын ирээттээн хаһааннылар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат @ulusmedia_admin
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#СВО

Үтүө сарсыарданнан!

"Дойдум тыына" иистэнэр сыах Санкт-Петербург куоракка госпитальга эмтэнэ сытар уолаттарга анаан ыыппыт алгыстаах мөһөөччүктэрин волонтер Артем илдьэн туттарбыт👍👍👍 Салгыы уолаттарга тус бэйэлэригэр тиийиэ диэн бигэ эрэллээхпит🙌🙌🙌

@uoheebuluu
#СВО #СВОихнебросаем
#заботаобучастникахСВО

🔶 Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан биирдиилээн дьон, түмсүүлэр, тэрилтэлэр, үөрэх кыһалара «Барыта кыайыы туһугар!” диэн девизтээх түмсэн, араас хабааннаах көмөнү ким туох кыахтааҕынан, сатабыллааҕынан көмөлөһө олороллор.

Сиһилии 👈

@uoheebuluu @ulusmedia
#барыбииргэ #сво #своихнебросаем

⭐️ Бары бииргэ - Кыайыы туһугар!

Бүгүн Олоҥхо дьиэтигэр анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар байыастарга көмө оҥорор сыаллаах иһирдьэнэн-таһырдьанан атыы-эргиэн дьаарбаҥката турда.

Маҕаһыын, ырыынак сыанатынааҕар удамырга турбут тэрилтэлэр атыыларын дьон хамаҕатык атыыласта.

Дьаарбаҥкаҕа киирбит үп байыастарга көмө оҥорорго ананыаҕа. Санатар буоллахха, улууспут баһылыга Валерий Николаев салайааччылаах дэлэгээссийэ байыаннай дьайыы буола турар сиригэр бу ыйга айанныыр. Онуоха байыастар көрдөһүүлэринэн наадалаах тэриллэрин ылалларыгар эбии көмө буолар дьаарбаҥкаҕа кыттыбыт тэрилтэлэргэ, тоҥ ас-үөл атыытын тэрийбит бааһынай хаһаайыстыбаларга тэрийээччилэр махталларын тириэрдэллэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#СВО #СВОихнебросаем

Бүгүн киэһэ, Олоҥхо дьиэтигэр, улуус талба талааннаах дьонун-сэргэтин кэнсиэрэ буола турар. Кэнсиэркэ киирбит үп-харчы байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар көмө быһыытынан барыаҕа.

Кэнсиэр кэмигэр бэрт сэргэх аукцион буолла. Аукциоҥҥа улуус тэрилтэлэрэ туруорбут лоттарын көрөөччүлэргэ атыылаатылар. Лотка балык арааһа, күһүҥҥү заготовкалар, барыанньалар, тоҥ кус, баайыы наскылар о.д.а. турдулар.

Аукциону СӨ култууратын туйгуна Дария Яковлева ыытта, счетнай хамыыһыйа чилиэттэрэ бэлиэтэннилэр. Көрөөччүлэр көхтөөхтүк кыттан, ким хас сууманы эппитинэн лоту атыыластылар.

Киирбит үп байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар ананна. Аукцион атыытынан уонна биирдиилээн дьон көмөтүнэн уопсайа 191178 солк. хомулунна. Кэнсиэр билиэтин атыытынан 96600 солк. киирдэ. Тэрилтэлэр, предпринимателлэр атыы-эргиэн дьаарбаҥкаларын кытары барыта 318 328 солк. хомулунна👏👏👏

@uoheebuluu
#барыбииргэ #сво #своихнебросаем

⭐️ "Көмүс сүүтүк" түмсүү байыастарга көмөлөһө турар

Сахалыы төрүт ииһи баһылаабыт түмсүү иистэнньэҥнэрэ хас да түһүмэҕинэн угуунньа оҥоһуллар ньыматын барытын тутуһан, илиилэрин сылааһын иҥэрэн, биэс уон ахсааннаах угуунньаны таптайан, куурдан-хатаран, сирийэн, силигин ситэрэн "Дойдум тыына" иистэнэр сыахха туттардылар.

Угуунньа кыһыҥҥы кэмҥэ, ардахха, сиппэрэҥҥэ ааттаах тэрил. Саппыкы, берцы иһигэр оҕолорбут атахтара сиигирэн, илийэн ыалдьалларыттан харыстыыр.

"Эдэрдиин эмэнниин бары бииргэ кыттыһан, холбоһон кыһаннахпытына КЫАЙЫЫ БИҺИЭНЭ БУОЛУОҔА!", - диир байыастарга анаан иистэнэр сыах салайааччыта Васма Иванова.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#барыбииргэ #сво #своихнебросаем

⭐️ Бу күннэргэ "Үөһээ Бүлүү" хаһыат редактора Кристина Семенова уонна шеф-редактор Мария Васильева "Дойдум тыына" иистэнэр сыахха кэлэн иистэнэн, улахан ииһи түмүктэстилэр.

Улуус дьаһалтата анал байыаннай дьайыыга барарыгар 50 плащ-палатканы тигэргэ сорудахтаан, былааны таһынан толордубут.

“Сололоох эбиппит буоллар, манна кэлэн иистэнэрбит буоллар үлэ үмүрүйүөх эбит”, - диэн кыргыттар санааларын үллэһиннилэр.

Сыахха үксүн "Көмүс сүүтүк" түмсүү эбээлэрэ көмөлөһөллөр. Үлэлэриттэн быыс булан кэлэн иистэнээччилэр да бааллар. Ол курдук, Валентина Николаевна Яковлева кэнники кэмҥэ ис сүрэҕиттэн кэлэн иистэнэр. Зоя Петровна Поскачина сыах үлэлиэҕиттэн бастакы күнүттэн илиитин араарбакка тигэр. Кини иискэ үөрэнэн, туттара сыыдам. Наталья Николаевна Егорова биир тутаах үлэһит. Эмиэ хара ааныттан баар. Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор буолан, биир да күнү көтүппэккэ кэлэн иистэнэр, дьулуурдаах иистэнньэҥ.

Бу көмө барыта кыайыыны чугаһатарыгар саарбахтаабаппыт!

Сонуннарга анаан Васма Иванова

«Үөһээ Бүлүү» хаһыат
#СВО

"Түргэн табаардар- online" маҕаһыын хаһаайката Туйаара Трофимова бүгүн  50 ахсааннаах 💡💡💡 лампа аҕалан көмөлөстө.

Бу лампа💡💡💡 блиндажка туттарга ордук табыгастаах. Үөһэ иилэргэ аналлаах кулгаахтаах, сырдыга үс режимнээх, иитиллэр (иитэр тэрилэ баар), өстүөкүлэ буолбатах- куйаха, ыйааһына чэпчэки.

Туйаара: "Бары биир киһи курдук, биир сомоҕо буоллахпытына Кыайыыны ситиһиэхпит. Хата маннык кыра да буоллар көмө буолбуппуттан үөрэбин", - диэтэ.

Эрдэ туттарбытын кытта аахтахха 120 лампаны спонсордаан көмөлөстө.

Васма Иванова
@uoheebuluu
#барыбииргэ #сво #своихнебросаем

⭐️ Байыастарга анаммыт баһыылкалар алгыстаннылар

Улуус баһылыга Валерий Николаев салайааччылаах Үөһээ Бүлүү улууһун дэлэгээссийэтэ байыаннай дьайыы буола турар сиригэр баран эрэр. Маныаха улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Уйбаан Чыычаахап буойуттарга анаммыт баһыылкалары барытын боҕуруоскай оту уматан, сыт таһааран арчылаата, алгыстаах тылын иҥэрдэ.

Аэропорт салайааччыта Дмитрий Иванов, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Кирилл Гаврильев уонна дьаһалта дьыалаларын дьаһайааччы, улуус баһылыгын солбуйааччыта Михаил Егоров буолан улуус аатыттан хомуллубут көмөнү илдьэн опорнай пууннарынан тарҕатыахтара. Улууспут уолаттарын сирэй көрсөн туох-хайдах сылдьалларын билсиэхтэрэ.

"Дойдум тыына" иистэнэр сыах илиитин сылааһынан бэлэмнэммит толору маллаах, дурда-хахха буолар поащ-балааккалаах 50 алгыстаах мөһөөччүк, биирдии байыаска дьонноруттан аадырыстаммыт баһыылкалар, нэһилиэктэр, тэрилтэлэр, түмсүүлэр хомуйбут маллара, анаан-минээн оҥорбут хаххаланар сеткалара, оскуола оҕолоро бэлэмнээбит чүмэчилэрэ, ис сүрэхтэриттэн тахсар үтүө санааларын иҥэриммит суруктара, уруһуйдара, сойбот сонуннаах, истиҥ илдьиттээх "Үөһээ Бүлүү" улуус хаһыата, олус күндүргэппит тоҥ эттэрэ балык күндүтэ о.д.а. наадалаах мал-сал, ас-үөл бэлэмнэнэн айаннаан эрэр.

Төрөөбүт дойдуларыттан ыраах сылдьар уолаттарбытыгар, хорсун санаалаах эрэттэрбитигэр анаммыт баһыылкалар тиийэн күүстэригэр күүс эбэригэр, саппаҕырбыт санаалара киэҥ кыйданан өрө көтөҕүллэригэр, дойдубут дьоно биһиги күүтэллэр, эрэнэллэр диэн санаалара өссө бөҕөргүүрүгэр улахан көмөлөөх буолуо диэн олус эрэнэбит. Алгыс түспүт баһыылкалара тиийэн уолаттарбытын - хотойдорбутун арчылаатыннар, араҥаччылаатыннар. Алгыс баһа сыаланнын. Дом!

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Годдетства #СВО #Своихнебросаем

🔸🔸🔸Байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга күүс-көмө, өйөбүл буолар сыаллаах Үөһээ Бүлүү улууһун «Оҕо саас сирдьиттэрэ" федеральнай бырайыак уонна оҕо хамсааһыннарын оҕолоругар уонна иитэр үлэҕэ дириэктэр сүбэһиттэригэр, оҕо хамсааһыннарын тэрийээччилэригэр “Биһиги бииргэбит» ("Мы вместе") диэн аахсыйа сэтинньи уонна ахсынньы ыйдарга биллэриллибитэ.

➡️➡️➡️ https://верхневилюйск-газета.рф/bihigi-biirgebit-aahsyja5a-o5olorbut-kyttallar/

@uoheebuluu
@ulusmedia