Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#сво #своихнебросаем

⭐️ Хоро нэһилиэгиттэн "Сэгэйэ" түмсүү байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар байыастарга анаан харысхаллары уонна инчэҕэй салпыаккалары иистэнэр сыахха туттардылар.

Оттон "Айылгы" түмсүүлэр 2 хаххалыыр сетканы анаан бэлэмнээбиттэр.

"Дойдум тыына" иистэнэр сыахха күннэтэ байыаннай дьайыы буола турар сиригэр сулууспалыы сылдьар уолаттарбытыгар ананан бэлэмнэммит мал-сал, таҥас-сап, туттар тэрил күннэтэ кэлэ турар. Бары биир санаанан салайтаран Кыайыы туһугар туруулаһабыт.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сво #своихнебросаем

⭐️ Улуус отоһуттара иистэнэр сыахха бэлэх оҥордулар

"Күүппэтэх өттүбүтүттэн көмө кэллэ. Саҥа үүнүү ҮӨРЭ ОТУН (кыа ото) хомуйан хатарбыттарын "Үнүгэс" отоһуттар бөлөхтөрүн ааттарыттан аҕалан туттардылар. Үөрэ отунан эмтэниэххэ да арчыланыахха да сөп. Бу курдук, сайын устата хомуйан, хатаран хааһаанан, УОЛАТТАРБЫТЫГАР ЫЫТТАХПЫТЫНА ТУҺАНЫАХ этилэр. Инникитин "Үнүгэстэри кытта үлэлэһэргэ сүбэлэстибит", - диэн "Дойдум тыына" иистэнэр сыах салайааччыта Васма Иванова сонунун үллэһиннэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сво #своихнебросаем

⭐️ Балаҕаннаах нэһилиэгин үтүө санаалаах кэрэ аҥаардара анал байыаннай дьайыыга Ийэ дойдуларын туһугар туруулаһа сылдьар хорсун уолаттарга анаан, мал-сал бэлэмнии сылдьаллар.

СИЭЛ УГУУННЬА сайыҥҥы өттүгэр бүтэй атах таҥаска уолаттарбыт атахтара куулуйарыттан харыстыыр. Берцы, саппыкы киһи атаҕын уутун обороруттан харыстыырын билэн, ийэлэрбит, эбээлэрбит угуунньа оҥороллор.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сво #своихнебросаем

⭐️ Оҕолор хаххалыыр сетка баайыытыгар көмөлөстүлэр

"Движение первых" диэн Трудовой лааҕырыгар сылдьыбыт 24 оҕо анал байыаннай дьайыыга баһыылка буолан барыахтаах хаххалыыр сетканы оҥорууга көмөлөстүлэр.
Түөрт сетканы баайан бүтэрдилэр.

Бары бииргэ - кыайыыга

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сво #своихнебросаем

⭐️ БАЙЫАСТАРГА 43 АЛГЫСТААХ МӨҺӨӨЧЧҮК БЭЛЭМНЭННЭ

Улуус баһылыга Валерий Николаев бу аҕыйах хонугунан анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр сулууспалыы сылдьар уолаттарбытын, биир дойдулаахтарбытын көрсө барар. Маныаха анаан улуус олохтоохторуттан аадырыстаммыт баһыылкалары тута олороллор.

"Дойдум тыына" иистэнэр сыах толору маллаах алгыстаах мөһөөччүктэри түүннэри-күнүстэри түбүгүрэн, бэлэмнээн бүтэрдилэр. 43 байыаска дойдуларыттан кэһии буолан тиийиэҕэ. Итиэннэ хас да ыччаты утары тэрийэн ыыттылар.

"Бары күүс-көмө, сүбэ буолбут түмсүүлэрбэр, биирдиилээн дьоммор баара махталбын тиэрдэбин. Биһиги күүспүт - түмсүүгэ! Уолаттарбыт Кыайыы кынаттаах этэҥҥэ эргиллэллэрин туһугар, бары күүһү - кыайыыга!", - дииллэр "Дойдум тыына" иистэнэр сыах салайааччыта Васма Иванова уонна улуус дьахталларын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ольга Тумусова.

Хас биирдии алгыстаах мөһөөччүккэ угуллубут "Үөһээ Бүлүү" улуус хаһыата байыаннай дьайыы буола турар сиригэр дойдуларыттан сибиэһэй салгыҥҥа тэҥнээх сонун буолан тиийдин.

Күндү биир дойдулаахтарбыт, сонуннаргытын, сэргэх суруйууларгытын улуус хаһыатыгар ыыта туруҥ диэн ыҥырабыт. Дойду көмүскэлигэр сылдьар байыастарбыт төрөөбүт дойдуларын, эһиги сонуннаргытын ааҕан сэргэхсийиэхтэрэ, ахтылҕаннарын таһааран күүстэригэр күүс, кыахтарыгар кыах эбиллиэҕэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сво #своихнебросаем

⭐️ Үөһээ Бүлүү байыастарыгар анаммыт баһыылка хомуллан, алгыстанан, айаннаан эрэр

Үөһээ Бүлүүттэн улуус баһылыга Валерий Николаев, баһылык солбуйааччыта, дьаһалта дьыалаларын дьаһайааччы Михаил Егоров, Үөдүгэй нэһилиэгин баһылыга Альберт Иванов анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр уолаттарбытын көрсө, билсэ, баһыылка тиксэрэ, от ыйын 21 күнүгэр командировкаланан айанныахтара.

Маныаха анаан иистэнэр сыах анаан-минээн тикпит толору маллаах алгыстаах мөһөөччүктэри бэлэмнээтэ, биирдиилээн байыастарга дьонноруттан  аадырыстаммыт баһыылкалары, тэрилтэлэр, нэһилиэнньэ көмөтүнэн бэлэмнэммит малы-салы хомуйдулар, спонсордар көмөлөрүнэн тиэхиньикэ, туттар тэрил атыыластылар.

Улуус Аҕа баһылыгар уонна ыраах айанныыр баһыылкаларга алгысчыт Трофим Миронов аал уот оттон айах тутта, сыт таһааран илбистээх тылларын иҥэрдэ.

Барыта Кыайыы туһугар диэн туран анаммыт улуус аатыттан көмөбүт тиийэн байыастар куттарын бөҕөргөттүн🙌

Байыаннай дьайыыга туох ханнык көмө оҥоһуллубутун "Үөһээ Бүлүү" хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕыҥ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сво #своихнебросаем

⭐️ "Дойдум тыына" иистэнэр сыахха көмө кэлэ турар

Ол курдук, "Сайыына" маҕаһыын хаһаайката Наталья Прокопьевна Муксунова 15 миэтэрэ фольгалаах плащ-палатка тигэр матырыйаалы спонсордаата.

"Үтүө санаалаах, амарах дууһалаах дьоммутугар махталбыт бастыҥын аныыбыт. Уолаттарбытыгар дурда-хахха буолан, өлөр өлүүттэн өрүһүйэригэр эрэнэбит", - диир иистэнэр сыах салайааччыта Васма Иванова.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сво #своихнебросаем

⭐️ Байыастарга ананар көмө тохтообот

«Online» маҕаһыын хаһаайката Туйаара Васильевна Трофимова
анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар байыастарга туһалаах буолуо диэн иитиллэр лаампалары спонсордаата.

"Бэйэтэ ис иһиттэн сырдыгынан, сылааһынан сыдьаайа сылдьар Туйаара маннык көмөнү оҥорбутуттан олуһун үөрдүм", - диир байыастарга анаан таҥас тигэр "Дойдум тыына" иистэнэр сыах салайааччыта Васма Иванова.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сво #своихнебросаем

⭐️ "Бүлүү" рынок урбаанньыттара байыастарга анаан "Дойдум тыына" иистэнэр сыахха ис таҥас арааһын туттардылар.

"Номнуо хас да кэмпилиэк байыаннай дьайыыга сулууспалыы барар уолаттарбытыгар туттарылынна. Инники өттүгэр ыкса үлэлэһэрдии сүбэлэстибит. Рынок администратора Фаина Рафаэловна Семеноваҕа ыҥырыыбытын ылынан көмөлөспүтүгэр махталбытын биллэрэбит", - диир сыах салайааччыта Васма Иванова.

Ону тэҥэ Васма Васильевна убайа Вакапрону кытта бииргэ 10-с "в" кылааска үөрэммиттэр, 1976 сыллаахха И.Н.Барахов аатынан оскуоланы бүтэрбиттэр ааттарыттан, Аврора Ивановна Николаева көҕүлээһининэн, харчынан көмөлөрүн хомуйбуттарын аҕалан туттарда.

"Аврора Ивановналыын ону - маны сэһэргэһэн, ирэ-хоро сэлэстибит. Көрсүбэтэх ырааппыт. Аврора Ивановна хаххаланар сетка баайыытыгар көхтөөхтүк кыттан, кыайыы туһугар бэйэтин тус кылаатын киллэрсибитигэр махталбытын тиэрдэбит", - диэн Васма Иванова санаатын үллэһиннэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сво #своихнебросаем

"Туһалаах маллар" маҕаһыын хаһаайката ИП Айыына Алексеева бүгүн "Дойдум тыына" иистэнэр сыахха байыастарга анаан хаххаланар сетканы туттарда.

Инникитин бииргэ үлэлэһэрдии сүбэлэстибит. Амарах санаалаах эдэркээн кыыспытыгар истиҥ махталбытын тиэрдэбит.

Бары бииргэ КЫАЙЫЫГА!

Сонуннарга анаан "Дойдум тыына" иистэнэр сыах салайааччыта Васма Иванова.

@uoheebuluu
#СВО #көмө

🔸🔸🔸Балаҕан ыйын 27 күнүгэр өрөспүүбүлүкэбит күнүн көрсө, Москва, Санкт - Петербург куорат госпиталларыгар эмтэнэр биир дойдулаах ЭР ХОҺУУТТАРБЫТЫГАР анаан кыракый кэһии хомуйан оҥордубут. Сиһилии ⤵️⤵️⤵️

https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/erespyybylyke-kynyn-kerse-uolattarbytygar-kehii-yyttybyt/
#СВО

Нюрбинский штаб Комитета семей воинов Отечества продолжает оказывать всестороннюю поддержку семьям военнослужащих. Все поступающие запросы рассматриваются при содействии различных ведомств. Об этом сообщила Нюргуяна Михайлова, заместитель руководителя Якутского регионального штаба Комитета семей воинов Отечества.⤵️⤵️⤵️

https://верхневилюйск-газета.рф/nyurbinskij-ksvo-obedinyaet-usiliya-vedomstv-dlya-pomoshhi-semyam-voennosluzhashhih/
#сво #своихнебросаем

⭐️ Сэтинньи ыйга байыастарга тиксиэхтээх көмөнү бэлэмнээн саҕалаатылар

Байыаннай дьайыы буола турар сиригэр улуус салалтата гуманитарнай көмөнү илдьэ сэтинньи ыйга барыар диэри лоп курдук биир ый баар.

Бүгүн Ороһу нэһилиэгин "Күбэй" түмсүү ийэлэрэ, эбээлэрэ сылаас илиилэринэн баайбыт хаххаланар сеткаларын "Дойдум тыына" сыахха туттардылар.

Ону тэҥэ Константин Котоконов сэрии бэтэрээннэрин аатыттан кытыан хомуйан аҕалан туттарда.

"Кытыан уолаттарбытыгар арчыланалларыгар, эмтэнэллэригэр туһалааҕын билэн суһаллык аҕалла.
Сэтинньитээҕи сырыыга уолаттарбытыгар кэһии тиийэригэр кыһанан, туһалаах малы, таҥаһы хомуйан саҕалаатыбыт", - диэн иистэнэр сыах салайааччыта Васма Васильевна иһитиннэрдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#СВО

Бүөккэҕэ махталбыт муҥура суох

Алдьанан, ыһыллан турар массыыналарбытын маастарбыт Гаврильев Петр Прокопьевич кэлэн оҥорон, ыраастаан умунахтаан, массыыналарбытын тигинэччи үлэлэтэр кыахтанныбыт. Бүөккэбитигэр дьиэтигэр кыстыкка киирии тэрээһиннэриттэн, иискэ закаастарыттан бириэмэ булан кэлэн массыыналарбытын үлэлиир туруктаабытыгар махталбыт бастыҥын аныыбыт.

Бүөккэ сыах тэриллиэҕиттэн куруук иистэнэн көмөлөһөр уонна массыыналарбытын көрөн - истэн тыын киллэрэн үлэлэтэр, оҥорор. Нууччалыы өс хоһоонун курдук: "Рыбак рыбака видит из далека" дииллэрин курдук, идэ тэһитэ кэйэн билсибиппититтэн астынабыт. Эр киһиэхэ сэдэх идэлээҕэ сөхтөрөр.
Бииргэ түмүстэхпитинэ кыайыыга хайаан да кэлиэхпит!

Васма Иванова

@uoheebuluu
#СВО
Госпаблик Министерства труда Якутии сообщает, что правительство утвердило единый образец справки об участии в спецоперации.

С 1 ноября 2024 года ветераны специальной военной операции смогут получать справку об участии в СВО через портал «Госуслуги». Соответствующее постановление подписал Председатель Правительства России Михаил Мишустин.➡️➡️➡️

https://верхневилюйск-газета.рф/s-noyabrya-spravka-ob-uchastii-v-svo-budet-dostupna-na-portale-gosuslug/
#сво #СвоихНеБросаем

⭐️Үөһээ Бүлүүтээҕи "ДОЙДУМ ТЫЫНА" иистэнэр сыах коллективыгар салайааччы Васма Васильевнаҕа улахан махталбытын биллэрэбит.

Биһиги кылааспыт уола анал байыаннай дьайыыттан иккис төгүлүн уоппускатыгар кэлэн барарыгар байыаска наадалаах таҥаһы-сабы бэлэмнээн, ийэлии истиҥ, үтүө санааларынан алҕаан, толору рюкзактаах набору уолбутугар иккис төгүлүн туттардылар.

Ааспыкка кэлэ сылдьан плащ-палатка, подсумок олус наадатын тоһоҕолоон этиммитэ.

Бу маннык, билиҥҥи ыарахан кэмҥэ наһаа наадалаах, тыын боппуруоһунан ис санааларыттан дьарыктана сылдьар "Дойдум тыына" иистэнэр сыах Далбар Хотуттарыгар, эйэҕэс эбээлэригэр сиргэ тиийэ махталын биллэрэр.

Бу ыарахан кэмҥэ бары биир санаанан бэйэ-бэйэбитин өйөһөн, өйдөһөн сырыттахпытына ханнык да ыарахаттары туоруохпут, кыайыахпыт диэн күүстээх санаалаах, төрөөбүт дойдутугар кыл мүччү алгыстаах суола арыллан, эбэ барахсан долгуйа күүппүттүү арыллан биэрэн, Мэйигин нэһилиэгэр тахсан күүс, алгыс ылынан, кылааһын оҕолорун көрсөн айаннаата.

Мэйик оскуолатын 1993 сыллааҕы выпускниктара

@ueheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сво #СвоихНеБросаем

⭐️Байыастарга көмөҕө Техникум кыттыһар

Бүгүн Үөһээ Бүлүүтээҕи Техникум коллектива баайбыт хаххаланар сеткатын "Дойдум тыына" иистэнэр сыахха, салайааччы Васма Ивановаҕа аҕалан туттардылар. Бу үлэни дьахтар Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ольга Тумусова иилээн-саҕалаан оҥоттордо.

"Лицей коллективыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Бары бииргэ КЫАЙЫЫГА!" - диир Васма Васильевна.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сво #СвоихНеБросаем #КомсомолКүнэ

⭐️ Комсомоллуу үлэни - Кыайыы туһугар!

Аҕыйах хонуктааҕыта 10 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбит "Көмүс сүүтүк" сахалыы ииһи баһылаабыт түмсүү иистэнньэҥнэрэ байыастарга аналлаах таҥаһы-сабы тигэр "Дойдум тыына" иистэнэр сыахха Комсомол күнүнэн субуотунньуктаатылар. Ол курдук, иистэнньэҥнэргэ күүс-көмө буолан иистэрин ситэрдилэр, хаххаланар сетка баайдылар.

Биһиги байыастарбыт дойдуларыгар уоппускаҕа күүстээх, күүс-сэниэ ылына кэллэхтэринэ сүрэх сылааһын иҥэриммит таҥастары бэлэмнээн, илии тутуурдаах, өттүк харалаах ыытардыы иис үлэтэ тохтоло суох ньиргиччи барар.

Иистэнэр баҕалаах көмөҕө кыттыһар санаалаах дьоҥҥо бу сыах аана мэлдьи аһаҕас🙌

"Комсомоллуу күүстээх үлэ барыта Кыайыы туһугар" - диир улуус уопсастыбаннай түмсүүлэрин салайар Ирина Потапова.

"Көмүс сүүтүк" түмсүү салайааччыта Елена Петрова хоһоонунан эҕэрдэтин ыытар:

Эдэр сааспыт аргыһа
Эрчимнээх Комсомол
Эҕэрдэ төрөөбүт күҥҥүнэн,
Элиэнньин эппит суолунан
Элэс гыммыт эдэр сааспыт
Эрэллээх суолдьута эн этиҥ,
Үлэҕэ, үөрэххэ инники
Үрдүккэ, сырдыкка тардыһан
Үтүмэн сыллары аастахпыт,
Умайар сулуспут уостубат
Уот курдук сырдыктык
Өрүүтүн иннибэр угуйар,
Комсомол бу күндү билиэтэ
Кистэммит сүрэхпэр сылаастык ,
Албыны, түөкэйи ылыммат
Ааспыт олоҕум чаҕылхай,
Кэннибэр хааларым суобаһым
Күн курдук күлүмнүүр
Комсомол саастарым.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#муҥха #БарыБииргэ #сво #СвоихНеБросаем

⭐️ Харбалаахтар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин муҥха балыгынан күндүлээтилэр

Үөһээ Бүлүү Харбалааҕын Таай Күөлүгэр сэтинньи 1 күнүгэр 80-тан тахса киһи кыттыылаах дьоһуннаах муҥха буолан ааста.

Нэһилиэк баһылыга Константин Платонов: "Кэлбит дьон инчэҕэйдии иккилии куул собону үллэһиннилэр, уолаттар муҥханы халлаан хараҥарыар диэри таһаардылар. Инньэ гынан кэнники таһаарыыттан ким төһө кууллааҕынан, иһиттээҕинэн үллэстии буолла. Павлов Олимпий бураанынан кэлэн көмө буолан абыраата, анньыыһыттарга салайан, суоллаан биэрэн, хоппо таһан, дьоҥҥо тиэйсэн, маладьыастаата. Бураан суоҕа буоллар эстиэ эбиппит. Күөх Боллох Тойон күндүлээтэ, Таай Күөл Эбэбит балык бөдөҥүн, минньигэһин бэристэ. Дьон-сэргэ махтанан, үөрэн-көтөн тарҕаста. Муҥхалаах дьоммутугар Виктор Новиковка, Данил Платоновка махталбыт улахан. Бу курдук муҥхаҕа түмсэн, көхтөөхтүк сылдьар буолуохха, сахалар кыстыыр аспытын булунар төрүт үгэспитин умнубакка тута сылдьыахха. Барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны баҕарабын."

Күөх Боллох бэлэҕиттэн нэһилиэктэн анал байыаннай дьайыыга дойду туруктаах буоларын туруулаһа сылдьар буойун уолаттар дьиэ кэргэттэригэр, төрөппүттэригэр өлүүлээн бэристилэр. Итиэннэ нэһилиэк ытык кырдьаҕастарыгар, оҕолорун соҕотохтуу иитэр ийэлэргэ эмиэ ирээт балык тиксэн үөрүүлэрэ үгүс буолла.

Ороһу нэһилиэгэр Ольга Тумусова көҕүлээһининэн байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга, госпитальга эмтэниини ааһар буойуттарга балык арааһын астаан баһылыкка бэлэмнээн тиксэрэр үгэстээх. Кини дьаныардаах көмөтүгэр көмө буоллун диэн, Харбалаах нэһилиэгин дьаһалтатын аатыттан бу сырыыга айанныахтаах баһыылкатыгар балык үчүгэйиттэн талан ирээттээн тиксэрдилэр.

Ону тэҥэ харбалаахтар сэтинньи 8 күнүгэр бэлиэтээри олорор Николай Золотарев - Якутскай аатынан оскуола тэриллибитэ 105 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэригэр, сыл бүтэһигэр үлэҕэ киириэхтээх биллиилээх политическай деятель, улуу киһи Исидор Барахов аатынан култуура киинин арыллыытыгар ыалдьыттары айах тутар балыктарын ирээттээн хаһааннылар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат @ulusmedia_admin
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#СВО

Үтүө сарсыарданнан!

"Дойдум тыына" иистэнэр сыах Санкт-Петербург куоракка госпитальга эмтэнэ сытар уолаттарга анаан ыыппыт алгыстаах мөһөөччүктэрин волонтер Артем илдьэн туттарбыт👍👍👍 Салгыы уолаттарга тус бэйэлэригэр тиийиэ диэн бигэ эрэллээхпит🙌🙌🙌

@uoheebuluu