Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#сво #своихнебросаем

⭐️ Сэтинньи ыйга байыастарга тиксиэхтээх көмөнү бэлэмнээн саҕалаатылар

Байыаннай дьайыы буола турар сиригэр улуус салалтата гуманитарнай көмөнү илдьэ сэтинньи ыйга барыар диэри лоп курдук биир ый баар.

Бүгүн Ороһу нэһилиэгин "Күбэй" түмсүү ийэлэрэ, эбээлэрэ сылаас илиилэринэн баайбыт хаххаланар сеткаларын "Дойдум тыына" сыахха туттардылар.

Ону тэҥэ Константин Котоконов сэрии бэтэрээннэрин аатыттан кытыан хомуйан аҕалан туттарда.

"Кытыан уолаттарбытыгар арчыланалларыгар, эмтэнэллэригэр туһалааҕын билэн суһаллык аҕалла.
Сэтинньитээҕи сырыыга уолаттарбытыгар кэһии тиийэригэр кыһанан, туһалаах малы, таҥаһы хомуйан саҕалаатыбыт", - диэн иистэнэр сыах салайааччыта Васма Васильевна иһитиннэрдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сво #СвоихНеБросаем

⭐️Үөһээ Бүлүүтээҕи "ДОЙДУМ ТЫЫНА" иистэнэр сыах коллективыгар салайааччы Васма Васильевнаҕа улахан махталбытын биллэрэбит.

Биһиги кылааспыт уола анал байыаннай дьайыыттан иккис төгүлүн уоппускатыгар кэлэн барарыгар байыаска наадалаах таҥаһы-сабы бэлэмнээн, ийэлии истиҥ, үтүө санааларынан алҕаан, толору рюкзактаах набору уолбутугар иккис төгүлүн туттардылар.

Ааспыкка кэлэ сылдьан плащ-палатка, подсумок олус наадатын тоһоҕолоон этиммитэ.

Бу маннык, билиҥҥи ыарахан кэмҥэ наһаа наадалаах, тыын боппуруоһунан ис санааларыттан дьарыктана сылдьар "Дойдум тыына" иистэнэр сыах Далбар Хотуттарыгар, эйэҕэс эбээлэригэр сиргэ тиийэ махталын биллэрэр.

Бу ыарахан кэмҥэ бары биир санаанан бэйэ-бэйэбитин өйөһөн, өйдөһөн сырыттахпытына ханнык да ыарахаттары туоруохпут, кыайыахпыт диэн күүстээх санаалаах, төрөөбүт дойдутугар кыл мүччү алгыстаах суола арыллан, эбэ барахсан долгуйа күүппүттүү арыллан биэрэн, Мэйигин нэһилиэгэр тахсан күүс, алгыс ылынан, кылааһын оҕолорун көрсөн айаннаата.

Мэйик оскуолатын 1993 сыллааҕы выпускниктара

@ueheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сво #СвоихНеБросаем

⭐️Байыастарга көмөҕө Техникум кыттыһар

Бүгүн Үөһээ Бүлүүтээҕи Техникум коллектива баайбыт хаххаланар сеткатын "Дойдум тыына" иистэнэр сыахха, салайааччы Васма Ивановаҕа аҕалан туттардылар. Бу үлэни дьахтар Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ольга Тумусова иилээн-саҕалаан оҥоттордо.

"Лицей коллективыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Бары бииргэ КЫАЙЫЫГА!" - диир Васма Васильевна.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сво #СвоихНеБросаем #КомсомолКүнэ

⭐️ Комсомоллуу үлэни - Кыайыы туһугар!

Аҕыйах хонуктааҕыта 10 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбит "Көмүс сүүтүк" сахалыы ииһи баһылаабыт түмсүү иистэнньэҥнэрэ байыастарга аналлаах таҥаһы-сабы тигэр "Дойдум тыына" иистэнэр сыахха Комсомол күнүнэн субуотунньуктаатылар. Ол курдук, иистэнньэҥнэргэ күүс-көмө буолан иистэрин ситэрдилэр, хаххаланар сетка баайдылар.

Биһиги байыастарбыт дойдуларыгар уоппускаҕа күүстээх, күүс-сэниэ ылына кэллэхтэринэ сүрэх сылааһын иҥэриммит таҥастары бэлэмнээн, илии тутуурдаах, өттүк харалаах ыытардыы иис үлэтэ тохтоло суох ньиргиччи барар.

Иистэнэр баҕалаах көмөҕө кыттыһар санаалаах дьоҥҥо бу сыах аана мэлдьи аһаҕас🙌

"Комсомоллуу күүстээх үлэ барыта Кыайыы туһугар" - диир улуус уопсастыбаннай түмсүүлэрин салайар Ирина Потапова.

"Көмүс сүүтүк" түмсүү салайааччыта Елена Петрова хоһоонунан эҕэрдэтин ыытар:

Эдэр сааспыт аргыһа
Эрчимнээх Комсомол
Эҕэрдэ төрөөбүт күҥҥүнэн,
Элиэнньин эппит суолунан
Элэс гыммыт эдэр сааспыт
Эрэллээх суолдьута эн этиҥ,
Үлэҕэ, үөрэххэ инники
Үрдүккэ, сырдыкка тардыһан
Үтүмэн сыллары аастахпыт,
Умайар сулуспут уостубат
Уот курдук сырдыктык
Өрүүтүн иннибэр угуйар,
Комсомол бу күндү билиэтэ
Кистэммит сүрэхпэр сылаастык ,
Албыны, түөкэйи ылыммат
Ааспыт олоҕум чаҕылхай,
Кэннибэр хааларым суобаһым
Күн курдук күлүмнүүр
Комсомол саастарым.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#муҥха #БарыБииргэ #сво #СвоихНеБросаем

⭐️ Харбалаахтар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин муҥха балыгынан күндүлээтилэр

Үөһээ Бүлүү Харбалааҕын Таай Күөлүгэр сэтинньи 1 күнүгэр 80-тан тахса киһи кыттыылаах дьоһуннаах муҥха буолан ааста.

Нэһилиэк баһылыга Константин Платонов: "Кэлбит дьон инчэҕэйдии иккилии куул собону үллэһиннилэр, уолаттар муҥханы халлаан хараҥарыар диэри таһаардылар. Инньэ гынан кэнники таһаарыыттан ким төһө кууллааҕынан, иһиттээҕинэн үллэстии буолла. Павлов Олимпий бураанынан кэлэн көмө буолан абыраата, анньыыһыттарга салайан, суоллаан биэрэн, хоппо таһан, дьоҥҥо тиэйсэн, маладьыастаата. Бураан суоҕа буоллар эстиэ эбиппит. Күөх Боллох Тойон күндүлээтэ, Таай Күөл Эбэбит балык бөдөҥүн, минньигэһин бэристэ. Дьон-сэргэ махтанан, үөрэн-көтөн тарҕаста. Муҥхалаах дьоммутугар Виктор Новиковка, Данил Платоновка махталбыт улахан. Бу курдук муҥхаҕа түмсэн, көхтөөхтүк сылдьар буолуохха, сахалар кыстыыр аспытын булунар төрүт үгэспитин умнубакка тута сылдьыахха. Барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны баҕарабын."

Күөх Боллох бэлэҕиттэн нэһилиэктэн анал байыаннай дьайыыга дойду туруктаах буоларын туруулаһа сылдьар буойун уолаттар дьиэ кэргэттэригэр, төрөппүттэригэр өлүүлээн бэристилэр. Итиэннэ нэһилиэк ытык кырдьаҕастарыгар, оҕолорун соҕотохтуу иитэр ийэлэргэ эмиэ ирээт балык тиксэн үөрүүлэрэ үгүс буолла.

Ороһу нэһилиэгэр Ольга Тумусова көҕүлээһининэн байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга, госпитальга эмтэниини ааһар буойуттарга балык арааһын астаан баһылыкка бэлэмнээн тиксэрэр үгэстээх. Кини дьаныардаах көмөтүгэр көмө буоллун диэн, Харбалаах нэһилиэгин дьаһалтатын аатыттан бу сырыыга айанныахтаах баһыылкатыгар балык үчүгэйиттэн талан ирээттээн тиксэрдилэр.

Ону тэҥэ харбалаахтар сэтинньи 8 күнүгэр бэлиэтээри олорор Николай Золотарев - Якутскай аатынан оскуола тэриллибитэ 105 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэригэр, сыл бүтэһигэр үлэҕэ киириэхтээх биллиилээх политическай деятель, улуу киһи Исидор Барахов аатынан култуура киинин арыллыытыгар ыалдьыттары айах тутар балыктарын ирээттээн хаһааннылар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат @ulusmedia_admin
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн анал байыаннай дьайыы байыаһын, биир дойдулаахпытын Аян Саргыдаевы кытта көрүстүм.

Аян дойдутугар уоппускаҕа кэлэ сылдьар. Аҕа дойдуну көмүскээччигэ - "Өрүү харысхаллаах буоллун, кыайыы кынаттаах дойдутугар эргиллэн кэллин", - диэн алгыс тылбытын этэн туран, Чап уустара оҥорбут саха быһаҕын "Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай ороуйуон дьаһалтатын аатыттан бэлэх туттардым.

Билигин Үөһээ Бүлүү улууһун үрдүнэн анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө хомулла турар. Күн ахсын биир дойдулаахтарбыт гуманитарнай көмөнү нэһилиэктэр дьаһалталарыгар, улуус дьаһалтатыгар кэлэн туттараллар. Ону сэргэ, улуус бүддьүөт үлэһиттэрэ биир күннээҕи хамнастары фондаҕа көмө гынан анаатылар.

Сэтинньи ый ортотугар Үөһээ Бүлүү улууһун делегацията гуманитарнай сырыыннан быйыл үһүс төгүлүн анал байыаннай дьайыы сиригэр барарга бэлэмнэнэ сылдьар.

#СВОихНеБросаем
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev