Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#ойуурбаһаара

Ойуур баһаардарыгар тэрилтэлэртэн дьон үлэлии тахсара ирдэннэ

Улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар ойуур баһаардарыгар нэһилиэнньэттэн дьону ыытыы боппуруоһун тула мунньах буолла.

Улуус баһылыга Валерий Николаев тэрилтэлэртэн 3 улахан ойуур баһаарыгар суһаллык эбии дьон үлэлии тахсыахтааҕын туһунан эттэ. Биирдии баһаарга 30-туу киһи тахсара ирдэнэр. Маныаха тэрилтэлэри биирдиилээн ыйан туран кубуота быһылынна.

Өргүөт, Үөдүгэй, Маҥаас, Быракаан нэһилиэктэригэр уонна Куду учаастагар ыксаллаах балаһыанньа биллэриллэн, бэлэмнээх буолуу кытаанах эрэсиимин ылыннылар.

Күн бүгүн улууска уопсайа 11049 гектар иэннээх 8 ойуур баһаара умайа турар. Манна уопсайа холбоон 226 киһи үлэлии сылдьар. Мантан баһаарынай химическэй станцияттан - 47, ойуур харыстабылын тэрилтэтиттэн - 3, баһаарынай парашютнай сулууспаттан - 12, десантнай баһаарынай сулууспаттан - 25, ыксаллаах быһыы-майгы сулууспатыттан - 12, улуустааҕы баһаарынай этэрээттэн 18 байыас, мобилизация көмөтүнэн баҕа өттүнэн 109 киһи тахсыбыт.

Ойуур хаһаайыстыбатын тэрилтэтин салайааччыта Павел Тимофеев киһи отой тиийбэтин, биирдии баһаарга 6-лыы, элбээбитэ 12-лии эрэ киһи үлэлии сылдьарын иһитиннэрдэ. Мобилизацияны күүһүрдэн, дьон тахсыытын хааччыйалларыгар ыҥырда. Бүгүн 14:00 чааска бөртөлүөт көтүүтэ былааннанар. Ойуур баһаардарыгар дьону илдьиэҕэ.

Баһаары умуруоруу үлэтигэр тахсар дьон сөптөөхтүк таҥнан-саптан, туттар тэриллээх, үс күҥҥэ аһыыр сухой пакеттаах, иһэр уулаах
Лесхоз тэрилтэтигэр эбэтэр олохтоох дьаһалтаҕа кэлэрбитин күүтэллэр. Биир күннээҕи хамнас илиигэ ыларынан 2900 солкуобайга тэҥнэһэр.

Күөх чээлэй ойуурдарбытын, халыҥ сис тыаларбытын уоттан өрүһүйүөххэ🙌

Ойуур - сир-дойду тыҥата буоларын умнумаҥ🙌


"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
💎 Как устроиться на работу в АО «Алмазы Анабара»?

О компании «Алмазы Анабара» в Якутии знают все. Подробнее о трудоустройстве в компанию - смотрите в обзоре 👆
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Тыахаһаайыстыбата

💐Дьиэ көтөрүн иитэр Далбар Хотун – Марианна Евдокимова

Марианна Евдокимова бэйэтэ идэтинэн инженер-энергетик, билигин сынньалаҥҥа олорон бэйэ хаһаайыстыбатын сайыннарар. Кини дьиэтин тиэргэнигэр улахан хаһаайыстыбалаах: куурусса, кус, индейкэ уонна хонуу курупааскытын иитиитинэн дьарыктанар.

Сиһилии↩️↩️↩️

https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/die-keteryn-iiter-dalbar-hotun-marianna-evdokimova/
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Голосуем за ЯКУТИЮ на всероссийском конкурсе "Семья года":

https://vk.com/write-224305407

🫱🏼‍🫲🏼 Пишем "начать", выбираем ДФО, РС (Я). До 31 июля. Важен голос каждого!
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
https://vk.com/write-224305407

⭐️ Нашим Валерии, Константину Владимировым с дочкой Сандаарой выпала большая честь представить Якутию на Всероссийском конкурсе «Семья года-2024»!🤩🙏🏼

Давайте поддержим молодую семью из Нюрбинского района и отдадим свой голос

Инструкция:
1. По ссылке заходишь ВКонтакте
2. Далее в чат-боте нажимаешь кнопку «начать»
3. Выбрать регион
4. Показать следующий список ФО
5. Дальневосточный ДФО
6. Республика Саха (Якутия)
7. Проголосовать

И ура! Ваш голос засчитан 😊🤝 Спасибо за поддержку✊🏼👍🏼

Ссылка для голосования ⬇️⬇️⬇️
https://vk.com/write-224305407
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from НВК САХА
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
🌦ТУСКУЛ БИЛГЭТЭ

Тарас Тарасов-Тускул от ыйын 20-25 күннэригэр Саха сиригэр хайдах күн-дьыл буоларын анаарыыта☀️🌨🌱

@nvk_sakha
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Ил Дархан эксээмэни муҥутуур баалга суруйбут үөрэнээччилэри чиэстээтэ

Бүгүн, от ыйын 19 күнүгэр, Саха сиригэр Оҕо саас сылынан биир кэлим эксээмэни (ЕГЭ), түмүктүүр судаарыстыбаннай аттестацияны (ГИА) үрдүк баалга туттарбыт үөрэнээччилэри, ону тэҥэ бүтүн Россиятааҕы олимпиада призердарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга наҕараадалаатылар.

«Оҕолорбут ситиһиилэрин тэҥҥэ үллэстэр үтүө тэрээһиннэргэ сылдьан мин Сахабыт сирэ сырдык инникилээх диэн үөрэ саныыбын. Биһиги кинилэр үгүс сыраларын уурбут үрдүк ситиһиилэринэн киэн туттабыт. Ис сүрэхпиттэн оҕолор төрөппүттэригэр, уһуйааччыларыгар махтанабын. Эһиги кинилэргэ бэйэҕит билиигитин, үөрүйэххитин, уопуккутун, кыаххытын, тапталгытын тиэртигит», - диэн Айсен Николаев эттэ.

Ил Дархан үрдүк ситиһиилээх оҕолорго 100 тыһыынча солкуобай туттарда.

@nvk_sakha
#ойуурбаһаара #көмө

⭐️ Нам нэһилиэгин олохтоохторо ойуур баһаарыгар үлэлии сылдьар дьоҥҥо көмөлөрүн бородууктанан хомуйан, аҕалан ойуур хаһаайыстыбатын тэрилтэтигэр тиксэрдилэр.

@uohee_buluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ойуурбаһаара

Үөдүгэй сиригэр турбут ойуур баһаара уҥуортан маннык көстөр эбит

Подписчиктар ыыталлар

@uohee_buluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Үөһээ Бүлүү улууһугар ойуур баһаардара от ыйын 20 күнүн, сарсыарда 09:00 туругунан:

Быракаан нэһилиэгин территориятыгар 5380 га иэннээх ойуур баһаарын утары уопсайа 82 киһи, 20 техника үлэлиир. Минерализованнай балаһаны оҥоруу үлэтэ бара турар. Уот тутуллан турар.

Кэнтик нэһилиэгин территориятыгар 585 га иэннээх ойуур баһаара төгүрүлүннэ (локализован). Баһаары манааһыҥҥа уопсайа 15 киһи, ону тэҥэ 5 техника үлэлиир. Уоту манааһын үлэтэ бара турар.

Оҥхой нэһилиэгин Хомустаах сиригэр 904 га иэннээх ойуур баһаара төгүрүлүннэ (локализован). Уоту манааһыҥҥа уопсайа 32 киһи, ону тэҥэ 5 техника үлэлиир. Тиһэх уоту умуруоруу, манааһын үлэтэ бара турар.

Үөдүгэй нэһилиэгин территориятыгар "Муҥур күөл" диэн сиргэ 875 га иэннээх ойуур баһаарын умуруорууга уопсайа 29 киһи, 3 техника үлэлиир.

Сургуулук нэһилиэгиттэн 26 км тэйиччи сытар Түҥ диэн сиргэ ойуур баһаара 1725 га иэннээх. Ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа уопсайа 13 киһи үлэлиир.

Нам нэһилиэгин Тарыҥ сиригэр Өргүөттэн 14 км тэйиччи сытар сиргэ ойуур баһаара бүгүҥҥү туругунан 1360 га иэннээх. Ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа 8 киһи, 1 трактор Т-150 үлэлиир. От ыйын 18 күнүгэр БЕ-200 самолет-амфибия уоту умуруорааһыҥҥа үлэлэспитэ. Минерализованнай балаһаны оҥоруу, уоту манааһын, утары уоту ыытыы үлэтэ бара турар.

Харбалаах нэһилиэгин Ньыкакы үрэҕэр турбут ойуур баһаарын иэнэ бүгүҥҥү туругунан 234 га. Ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа 25 киһи, 3 техника үлэлиир.

Кэнтик нэһилиэгэр Тоҥуо сиригэр тахсыбыт 6 га иэннээх саҥа ойуур баһаарын ГБУ РС(Я) Авиалесохрана инструктора Дмитриев Дь.В. салайааччылаах 6 киһилээх этэрээт умуруорурда.

Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо!

Улууспутугар турбут ойуур баһаардарын бары күүһүнэн, көмөлөөн умуруоруоҕуҥ!

Нэһилиэк баһылыктара, тэрилтэ салайааччылара!

Улууспутугар турбут ойуур баһаардарын умуруорааһыҥҥа кыттыһан, дьону хомуйууга, наадалаах малларынан хааччыйыыга күүс-көмө буоларгытын ыҥырабыт!

Биир күүһүнэн турбут уоттары имири тохтоторго бары күүһү ууруоҕуҥ!

#ВерхневилюйскийУлус
#ЛесныеПожары

t.iss.one/ValeriNikolaev