Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
22.4K photos
4.39K videos
9 files
3.97K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаах уолаттарбытыгар анаммыт гуманитарнай көмөнү хомуйуу чэрчитинэн Үөһээ Бүлүү улууһуттан төрүттээх урбаанньыттар кыайыы туһугар түмсэллэр.

Аҕыйах хонугунан Үөһээ Бүлүү улууһун делегацията анал байыаннай дьайыы сиригэр биир дойдулаахтарбытын кытта көрсө гуманитарнай сырыыннан айанныыр.

Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах урбаанньыттарбыт биир дойдулаахтарыгар анал көмөнү оҥороллор.

Ол курдук, бүгүн сахалыы иһити, малы оҥорон таһаарар "Көмүлүөк" хампаанньыйа кэллэктиибин аатыттан, биһиги биир дойдулаахпыт "Көмүлүөк" хампаанньыйа генеральнай директора Ольга Григорьевна Григорьева дрон үбүн уйунарын биллэрдэ.

Ольга Григорьевнаны Дьокуускай куоратка Үөһээ Бүлүү бэрэстэбиитэлистибэтигэр улуус баһылыгын экономикаҕа уонна финансаҕа солбуйааччы Саргылана Васильевна Алексеева уонна улуус баһылыгын дьаһалта дьыалатын салайыыга солбуйааччы Михаил Михайлович Егоров көрүстүлэр.

Көмө харчыны Ольга Григорьевна Михаил Михайловичка туттарда. Михаил Михайлович анал байыаннай дьайыыга иккис төгүлүн барар. Сарсыҥҥыттан айаҥҥа турунар. Туох баар хомуллубут байыастарга аналлаах маллар, тэриллэр бүгүн "Якутия" авиакомпанияҕа туттарылыннылар.

Ольга Григорьевнаҕа кыайыыга кылаатын киллэрбитигэр, биир дойдулаахтарыгар өйөбүлүн иһин истиҥник махтанабыт.

Үөһээ Бүлүү дьоно-сэргэтэ кыайыы туһугар бары түмсэбит.

#СВОихНеБросаем
#ВерхневилюйскийУлус

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс сулууспата
Муниципальнай хантыраагынан бөҕү мунньар бункер-накопительлар Үөһээ Бүлүү уонна Андреевскай сэлиэнньэлэригэр турдулар.

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр 10 бөх хомуйар бункер-накопитель: Николая Егорова, 45, М. Потапова, А.С. Пушкина, 22, Ворошилов, Үөһээ-Бүлүү, 5, Боруу Көлүйэ, Кентикский тракт, Дальняя, М. Алексеева 2а, Строительная. Интернациональная уулуссаларга турдулар.

Үөдүгэй нэһилиэгин, Андреевскай сэлиэнньэтигэр 4 бункер-накопитель турда: Солнечная, 50 лет ЯАССР уонна Күүлэ уулуссаларыгар.

Ону таһынан муниципальнай хантыраак чэрчитинэн кытаанах бытовой отходу харайар балаһааккалары өрөмүөннээһин үлэтэ ыытыллар.

Ол курдук, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр Кюрджегеляхская, 14, Ленина, 67/1, Октябрьская, 73, М. Потаповой-А.С, Пушкина, 22 уулуссаларыгар бытовой отходу харайар балаһааккалар өрөмүөннэнэллэр.

Ону тэҥэ Үөдүгэй нэһилиэгин Андреевскай сэлиэнньэтигэр Солнечная уонна Күүлэ уулуссаларыгар өрөмүөн үлэтэ ыытыллар.

#ТБО
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Быракаан нэһилиэгин территориятыгар 8500 га иэннээх ойуур баһаарыгар 96 киһи, 20 техника үлэлиир.

Быракаан, Өргүөт нэһилиэктэрин гыраныыссатыгар ойуур баһаара от ыйын 8 күнүгэр бэлиэтэммитэ. Халлаан туруга кураан, итии, тыаллаах буолан аҕыйах күн иһигэр уот элбэх иэннээх сири таарыйбыта. От ыйын 14 күнүгэр түспүт дохсун ардах кэнниттэн ойуур уота хаптайан, төгүрүллүбүтэ. Ол да буоллар, уот күүһэ улахана бэрт буолан саҥаттаан күөдьүйэн бу кураан күннэргэ өрө тахсан кэллэ. Быракаан нэһилиэгэр ойуур баһаара чугаһыыр куттала үөскээбитигэр Бе-200 самолет-амфибия уонна МИ-8 вертолет өҥөтүнэн туһаммыппыт.

Бүгүҥҥү туругунан Быракаан ойуурун баһаара үрэҕи туораан Быракаан нэһилиэгэр чугаһаабытынан, Тарын сиригэр буолбут ойуур баһаара улаатан Өргүөт нэһилиэгиттэн 10 км тэйиччи сиргэ тиийбитинэн, уот линиятыгар чугаһаабытынан сибээстээн икки Бе-200, самолет-амфибиялар кэлэн бүгүн үлэлээтилэр.

Үлэ сырыытынан ГАУ РС(Я) "Якутлесресурс" генеральнай директора Омуков Виктор Викторович Үөһээ Бүлүү улууһун оперативнай штаба ойуур баһаарын утарар үлэтин билсэ, көмөлөһө кэлэрин кэтэһэбит.

Ону тэҥэ Быракаан нэһилиэгэр баһаарынай пост тэриллэн үлэлиир.

Улууспутугар турбут ойуур баһаардарыгар Ньурба, Кэбээйи, Нам улуустарыттан, Дьокуускайтан уонна Жатайтан ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ көмөлөһөллөр. Ону тэнэ Тюмень уобалаһыттан ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ уоту утары охсуһууга кыттыһан үлэлии сылдьаллар.

Улуус олохтоохторун ойуур баһаарын утары үлэҕэ кыттыһаргытыгар ыҥырабыт.

🧿 Тылы сөпкө туттуоҕуҥ: отонноох үүнээйилэр сахалыы ааттара

🍓🫐 Саха сиригэр отонноох үүнээйи эгэлгэтэ үүнэр, от ыйын саҥатыттан, ортотуттан саҕалаан отон арааһа сиппитинэн барар. Айылҕа быйаҥа минньигэс амтанынан эрэ буолбакка, киһи доруобуйатыгар туһалаах битэмииннэринэн биллэр.

Отонноох үүнээйилэр сахалыы ааттарын сиһилии билсиэҕиҥ ⤵️

https://ulus.media/2024/07/21/tyly-sepke-tuttuo5un-otonnooh-yyneejiler-sahalyy-aattara/
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Быракаан нэһилиэгин "Быракаан үрэҕэ" сиригэр 8500 га иэннээх ойуур баһаарын утары охсуһууга Тюмень уобалаһыттан 25 Авиалесохрана десантниктара көмө үлэни ыыталлар. Уопсайа баһаары умуруорааһыҥҥа от ыйын 21 күнүн сарсыарда 09:00 чаас туругунан 111 киһи, 20 техника үлэлиир.

Тюмень уобалаһыттан баһаары утарар десантниктар 25 киһи Үөдүгэй нэһилиэгин Муҥур Үрэх сиригэр 1842 га иэннээх ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа үлэлииллэр. Уопсайа баһаары умуруорааһыҥҥа 57 киһи, 3 техника үлэлиир.

Бүгүн Үөдүгэй ойуурун баһаарын умуруора сылдьар десантниктары кытта миэстэтигэр көрсөн уоту утары үлэ былаанын сүбэлэстибит.

Сургуулук нэһилиэгин Түҥ сиригэр Маҥаас нэһилиэгиттэн 22 км тэйиччи, Сургуулук нэһилиэгиттэн 19 км тэйиччи турар ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа 23 киһи үлэлиир.

Нам нэһилиэгин Тарыҥ сиригэр Куду нэһилиэгиттэн 8 км тэйиччи, Өргүөт нэһилиэгиттэн 10 км тэйиччи турар 3775 га иэннээх ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа 42 киһи 4 техника үлэлиир.

Харбалаах нэһилиэгин Ньыкагы сиригэр 2450 га иэннээх ойуур баһаарын утары 25 киһи, 3 техника үлэлиир.

Оҥхой нэһилиэгин Хомустаах сиригэр турбут 909 га иэннээх ойуур баһаара тутуллан турар. Уоту манааһыҥҥа 32 киһи, 5 техника үлэлиир.

Бэҕэһээ, бүгүн 2 Бе-200 самолет-амфибиялар, вертолет улахан уоттары умуруорааһыҥҥа үлэни ыыттылар.

Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо!

Улууспутугар турбут ойуур баһаардарын бары күүһүнэн, көмөлөөн умуруоруоҕуҥ! Бар дьоммутун ойуур баһаарын умуруорар этэрээттэргэ кыттыһаргытыгар ыҥырабыт.

Күннээҕи төлөбүр 2900 солкуобай.
Билсэр нүөмэргит:
ЕДДС - 89141089557 - Владислав.

#ВерхневилюйскийУлус
#ЛесныеПожары

t.iss.one/ValeriNikolaev
От ыйын 15 күнүгэр бэлиэтэммит Нам нэһилиэгин Тарыҥ сиригэр турбут ойуур баһаара улаатан 5727 га иэннэннэ. Билиҥҥи туругунан ойуур баһаара Өргүөт нэһилиэгин территориятыгар киирэн, Өргүөт нэһилиэгиттэн 6 км чугас сиргэ тиийдэ. Ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа 47 киһи, 5 техника үлэлиир.

Ыксаллаах быһыы хамыыһыйатынан уонна олохтоох оперативнай штабынан Өргүөт нэһилиэгиттэн хат дьахталлары, инбэлииттэри, тыынар уорганнара ыарыһахтары, кырдьаҕас дьону, оҕолору куттала суох сиргэ Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр көһөрүү туһунан быһаарыныы ылылынна.

Өргүөт ойуурун баһаара кураан, тыаллаах күннэргэ улаатан бэриммэккэ турарынан сибээстээн уоту умуруорууга үлэһит дьон ирдэнэр.
Ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа кыттыһан, бары көмөлөөн ойуурдарбытын быыһыаҕыҥ!

Үөһээ Бүлүү улууһугар ойуур баһаардара от ыйын 22 күнүн туругунан:

Быракаан нэһилиэгин "Быракаан үрэҕэ" сиригэр 10.900 га иэннээх ойуур баһаарын утары 113 киһи, 21 техника үлэлиир. Ону тэҥэ икки күн устата самолет-амфибия Бе-200 үлэлээтэ.

Үөдүгэй нэһилиэгин Муҥур Үрэх сиригэр 2326 га иэннээх ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа 59 киһи, 4 техник үлэлиир. Үлэһит дьон тиийбэт. Ойуур баһаара Үөдүгэй нэһилиэгиттэн 10 км тэйиччи сиргэ турар.

Сургуулук нэһилиэгин Түҥ сиригэр Маҥаас нэһилиэгиттэн 22 км тэйиччи, Сургуулук нэһилиэгиттэн 19 км тэйиччи турар 5353 га иэннээх ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа 23 киһи үлэлиир. Эбии 30 киһи ирдэнэр.

Нам нэһилиэгин Тарыҥ сиригэр турбут баһаар улаатан Өргүөт нэһилиэгин территориятыгар киирдэ. Билиҥҥи туругунан Куду нэһилиэгиттэн 8 км тэйиччи, Өргүөт нэһилиэгиттэн 6 км тэйиччи сиргэ 5727 га иэннээх ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа 47 киһи 5 техника үлэлиир. Эбии 15 киһи тиийбэт. От ыйын 18, 21 күннэригэр самолет-амфибия Бе-200 үлэлээтэ.

Харбалаах нэһилиэгин Ньыкагы сиригэр 2450 га иэннээх ойуур баһаарын утары 29 киһи, 3 техника үлэлиир. Ойуур баһаара Харбалаах нэһилиэгиттэн 41 км тэйиччи, Быракаан нэһилиэгиттэн 40 км тэйиччи сиргэ турар. Үлэһит дьон, техника тиийбэт.