#тыахаһаайыстыбата #үлэсыла
✅ Бугун, муус устар 26 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүтээҕи тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Сергей Иванов АГАТУ-ка үөрэнэр, быйыл зоотехник идэтин туоһулуур диплому ылыахтаах устудьуоннары кытта көрүстэ.
Көрсүһүүгэ Дүллүкү нэһилиэгиттэн төрүттээх Федор Иванову кытта кэпсэтэн, үөрэҕин бүтэрбитин кэннэ улууска тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар зоотехник миэстэтигэр үлэлии кэлэрин туһунан 5 сыллаах дуогабарга илии баттастылар.
Сергей Иванович анал үөрэхтээх зоотехник кэлэр буолла диэн үөрүүтэ үгүс.
Сонуннарга анаан Айсена Тимофеева
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#тыахаһаайыстыбата
✅ Тыа хаһаайыстыбатын управлениета нэһилиэнньэттэн сайаапка быһыытынан сибиинньэ оҕолоругар уонна кууруссаларга сакаас хомуйбута. Хатас сибиинньэ ферматыттан 2 ыйдаах сибиинньэ оҕолорун аҕалан бүгүн улуус киинигэр түҥэттилэр.
Уопсайа 110 сибиинньэ оҕото кэллэ. Онтон 10 свиноматканы КФХ сайаапкалаан ылла.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Уопсайа 110 сибиинньэ оҕото кэллэ. Онтон 10 свиноматканы КФХ сайаапкалаан ылла.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#тыахаһаайыстыбата
✅ Үөһээ Бүлүүтээҕи тыа хаһаайыстыбатын салалтатын салайааччыта Сергей Иванович Иванов уонна Үөдүгэй нэһилиэгин баһылыга Альберт Юрьевич Иванов "Чүүт" күөлүн алааһыгар тахсан отчуттары көрүстүлэр, кэпсэттилэр.
"Чүүт" алааһа Үөдүгэй нэһилиэгин олохтоохторо уруккуттан оттуур сирдэрэ буолар. Чүүккэ оройуон өттүттэн киирии суол анныгар сытар турба нөҥүө сатаан уу ааспакка уонна былырыын күүстээх ардахтар түһэннэр, күөл уута таһынан баран, дьон оттуур сирэ ууга былдьанна.
Сергей Иванов уонна Альберт Иванов бу турбаны көннөрөн, ууну ыытарга сөптөөх быһыыны ылыах буоллулар. Уу ылбатах өттүн көрдөххө, ото олус хойуутук үүммүт. Ол курдук, билиҥҥи кэмҥэ «Үөдүгэй» муниципальнай автономнай тэрилтэ Беларус тыраахтырынан оттуу сылдьааччыларга охсууга, хомуйууга, тиэйэн биэриигэ көмө оҥоро сылдьар.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
"Чүүт" алааһа Үөдүгэй нэһилиэгин олохтоохторо уруккуттан оттуур сирдэрэ буолар. Чүүккэ оройуон өттүттэн киирии суол анныгар сытар турба нөҥүө сатаан уу ааспакка уонна былырыын күүстээх ардахтар түһэннэр, күөл уута таһынан баран, дьон оттуур сирэ ууга былдьанна.
Сергей Иванов уонна Альберт Иванов бу турбаны көннөрөн, ууну ыытарга сөптөөх быһыыны ылыах буоллулар. Уу ылбатах өттүн көрдөххө, ото олус хойуутук үүммүт. Ол курдук, билиҥҥи кэмҥэ «Үөдүгэй» муниципальнай автономнай тэрилтэ Беларус тыраахтырынан оттуу сылдьааччыларга охсууга, хомуйууга, тиэйэн биэриигэ көмө оҥоро сылдьар.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#тыахаһаайыстыбата
✅ БАРЫ КҮҮҺҮ - ОККО!✊
Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Сергей Иванов өрүс уҥуоргу нэһилиэктэргэ тахсан от үлэтин билистэ, сири-уоту көрдө.
Оҥхой, Мэйик, Далыр нэһилиэктэригэр, Күүлэт, Маай учаастактарыгар сырытта.
- "Бу күннэргэ халлаан куйааран, от үлэтин үгэнэ, киһи бары окко сылдьар. Уулаах ходуһалар охсуллан, уулара түспүт. От үүнүүтэ үчүгэй. Руслан Иванович Николаевы көрүстүм, уулаах сирдэрин көрдөрдө, ол да буоллар сирбин барытын охсон ылар былааннаах.", - диэн сонуннаата.

✅ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Академиятын учуонайдарын кыттыылаах сүбэ-мунньах атырдьах ыйын 24 күнүгэр улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар буолла.
СӨ Наукаларын Академиятын сотрудниктара Луиза Бестинова, Ольга Парфенова, Антон Ван-Чу-Лин уонна Никита Деевич Архипов кытыннылар.
Сүбэ-мунньахха Үөһээ Бүлүү улууһун сылгыһыттарын кыһалҕаларын ырытыстылар, инники сайдыыны торумнаатылар.
Мунньаҕы улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Сергей Иванов салайан ыытта. Нэһилиэк баһылыктара, сылгы иитиитинэн дьарыктанар хаһаайыстыбалар салайааччылара уонна тыа хаһаайыстабатын специалистара кыттыыны ыллылар.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
СӨ Наукаларын Академиятын сотрудниктара Луиза Бестинова, Ольга Парфенова, Антон Ван-Чу-Лин уонна Никита Деевич Архипов кытыннылар.
Сүбэ-мунньахха Үөһээ Бүлүү улууһун сылгыһыттарын кыһалҕаларын ырытыстылар, инники сайдыыны торумнаатылар.
Мунньаҕы улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Сергей Иванов салайан ыытта. Нэһилиэк баһылыктара, сылгы иитиитинэн дьарыктанар хаһаайыстыбалар салайааччылара уонна тыа хаһаайыстабатын специалистара кыттыыны ыллылар.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#тыахаһаайыстыбата
⭐️ Харбалаах нэһилиэгин олохтооҕо крестьянскай-фермерскэй хаһаайыстыба салайааччыта Евгений Туманов балаҕан ыйыттан саҕалаан бэйэтин үбүнэн сип-панелынан 20 төбө ынах сүөһү турар хотонун тутта сылдьар.
7*10 кээмэйдээх хотону алтынньы ый ортото, сүөһү хотоҥҥо киирэр кэмигэр, үлэҕэ киллэрэрдии былааннанар.
Сонуннарга анаан Айсена Тимофеева
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
7*10 кээмэйдээх хотону алтынньы ый ортото, сүөһү хотоҥҥо киирэр кэмигэр, үлэҕэ киллэрэрдии былааннанар.
Сонуннарга анаан Айсена Тимофеева
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from "Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр" (Полина Николаева)
Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнүнэн эҕэрдэлиибин! Хорсун, сайдыыга бигэ сыаллаах, бөҕө туруктаах, кыһалҕаттан чаҕыйбат дьон бу эйгэни талаллар дии саныыбын.
Холобура бу хаартыскаҕа баар "ынах арыыта" эн остуолгар кэлэн туруоҕар диэри төһөлөөх көлөһүн тохторо буолуой? Эбэтэр ис миинэ. Урут ырыынактан 1 кг иһи 400 солк ыларбын ыарырҕатар этим. Билигин киилэ иһи атыыга таһаарарга баранар кыаҕы, ороскуоту ааҕан баран, санаам атын.
Сүөһү сааҕын ыраастааһынтан саҕалаан, оттооһуҥҥа, ынаҕы ыаһыҥҥа диэри... биир күн өрөбүлэ суох үлэ!!!
Москваҕа буолан ааспыт "Көмүс күһүн" быыстапкаҕа сахалар 48 кыһыл көмүс мэтээли ыллылар. Манна "Саха сүөһүтэ" тэрилтэ оҥорон таһаарар ынаҕын арыыта, Мэҥэдьэгин кымыһа, иһин үөрэтэ бастыҥнарынан ааттаннылар. Бу буоллаҕа дии дьону доруобай, хаачыстыбалаах, бэйэ аһынан хааччыйыы диэн.
Саха сирин олохтоохторун остуолларыгар куруутун сибиэһэй үрүҥ ас, эт, балык, сир аһа, үүнээйи дэлэйдик уурулларыгар туруулаһар ДЬОММУТУГАР махталбытын биллэриэҕиҥ❤️
#тыасирэ #тыахаһаайыстыбата

Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
СУС бырагыраамманан тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга өйөбүл харчы 2023 сылга 45%, ол эбэтэр 6.703.959 солкуобай төлөммүт.
Хаалбыт 7.893.592 солкуобай харчы төлөммөккө иэскэ турбут кыһалҕатын быһааран, улуус бюджетыттан үп көрөммүт бүгүҥҥү күҥҥэ 34 хаһаайыстыбаҕа толору харчылара төлөннө.
Билигин үүт туттарбыт тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга 2023 сыллааҕы тобох иэс 5.191.626 солкуобай харчы 38 үүт туттарааччыга төлөммөккө турарын быһаардыбыт. Бу хаалбыт иэһи толору төлүүргэ үлэ бара турар, салгыы инники өттүгэр маннык кыһалҕалары таһаарбакка, үүт туттарааччы утары үбүн-харчытын аахсарын курдук дьаһанан, саҥа механизм киллэрэн, үлэни ыытыахтаахпыт.
#ТыаХаһаайыстыбата
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev

Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин, нэһилиэктэр баһылыктарын кытта үүт тутуутугар саҥа сүүрээни киллэриигэ сүбэ мунньаҕы ыыттыбыт.
Үөһээ Бүлүү улууһа тыа хаһаайыстыбатын дьарыктанар улуус буоларынан быһыытынан, үүтү тутуу өлгөмнүк тэрийиигэ, сүөһү ахсаанын элбэтиигэ, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга, ыанар ынахтаах, үүт туттарар ыалга көмө харчы хас биирдиилэригэр чопчу тиийэригэр анаан саҥа этиилэри киллэрдибит.
Ол курдук, үүт туттарыытыгар тэрээһиннээх хаһаайыстыба уонна кэтэх ыал үүтүттэн тутулуга суох улуус бүддьүөтүттэн 1 лиитэрэ үүккэ 15 солкуобайы көрөр буоллубут. Үүт оҥорон таһаарааччыларга тэрээһиннээх хаһаайыстыбаттан уонна чааһынай ыалтан тутулуга суох 1 лиитэрэ үүтү 15 солкуобайга тутарыгар этии киллэрдибит.
Чааһынай ыал уонна үүт оҥорон таһаарааччы икки өттүттэн сүбэлэҥ түһэрсэн, сүөһү төбөтүгэр 39 тыһыынча солкуобайы ылбыт чааһынай ыал үүт туттарда5ына уопсайа 1 лиитэрэ үүккэ 30 солкуобайы ылар кыахтаныаҕа.
Онтон тэриллиилээх хаһаайыстыбалар 1 лиитэрэ үүккэ судаарыстыбаттан 65 солкуобайы ылар буоллахтарына, билигин эбии 30 солкуобайы эптэхпитинэ, уопсай үүт туттарар харчылара 1 лиитэрэҕэ 95 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ.
Бу үүт туттарааһыныгар ылыллыбыт саҥа механизымнар тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир-хамныыр, ынаҕы-сүөһүнү иитээччилэргэ күүс-көмө буолуо. Хас биирдии улууска ынаҕы иитээччи, үүт туттарааччы үлэлээбит, үүт туттарбыт харчытын аахсан сөптөөхтүк ыллаҕына, үлэтин түмүгэ сыаналаннаҕына тыа хаһаайыстыбата сайдыа, ынахтаах ыал элбиэ.
Салҕыы үүт тутааһынын сайыннаран, саҥардан, тыа хаһаайыстыбатын өрө көтөхтөхпүтүнэ үүттэн оҥоһуллан тахсар бэйэ бородууксуйата элбиэ диэн эрэллээхпин.

Улуус 10 нэһилиэктэрэ эрдэ сайаапкалары биэрбиттэринэн тыа хаһаайыстыбатыгар ирдэнэр, ыт, сылгы, ынах, сибиинньэ, дьиэ көтөрө аһыыр бородууксуйатын, ону тэҥэ нэһилиэнньэҕэ аналлаах ас бородууксуйатын утары сыанатыгар сакаастаабыппыт.
Ылыллыбыт бородууксуйа сыанатыгар нэһилиэктэринэн тиэйээһин сыаната киирэ сылдьарынан сибээстээн, тиэйэн аҕалыыта босхо буолла.
Ол курдук сакааспытын бэҕэһээ тиэйэн аҕалан, Маай, Боотулуу, Ороһу, Балаҕаннаах, Нам, Хоро, Хомустаах, Кырыкый, Мэйик, Сургуулук, Андреевскай нэһилиэктэринэн тиксэрдилэр.
Уопсайа 920 тыһыынча сууммаҕа 22 тонна бородууксуйа тиэллэн кэлэн, нэһилиэктэринэн тиксэрилиннэ.
#ТыаХаһаайыстыбата
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev
Ылыллыбыт бородууксуйа сыанатыгар нэһилиэктэринэн тиэйээһин сыаната киирэ сылдьарынан сибээстээн, тиэйэн аҕалыыта босхо буолла.
Ол курдук сакааспытын бэҕэһээ тиэйэн аҕалан, Маай, Боотулуу, Ороһу, Балаҕаннаах, Нам, Хоро, Хомустаах, Кырыкый, Мэйик, Сургуулук, Андреевскай нэһилиэктэринэн тиксэрдилэр.
Уопсайа 920 тыһыынча сууммаҕа 22 тонна бородууксуйа тиэллэн кэлэн, нэһилиэктэринэн тиксэрилиннэ.
#ТыаХаһаайыстыбата
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev
Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Үөһээ Бүлүү улууһун тыа хаһаайыстыбатын салайааччытын Гаврильев Кирилл Васильевиһы уонна ООО "Верхневилюйский" үүт-ас кэмбинээт дириэктэрин Алексеев Николай Ивановиһы кытта быйылгы 2024 сылга нэһилиэктэринэн үүт туттарааччылардыын хантыраак түһэрсиитэ бара турарын, үүт туттарыы былаанын, үүт тутар собуоттары саҥардааһын туһунан сүбэ мунньаҕы ыыттыбыт.
Николай Иванович ООО "Верхневилюйский" тэрилтэ үлэһиттэрин иннигэр хамнастарыгар иэстээҕин, ол иэһи сабарга үлэһиттэрдиин хамнастарын аахсарга бастатан туран үлэ ыытарын бэлиэтээн эттэ. Уонна инникитин хамнас тохтоло суох, уһатыллыбака төлөнүөхтээҕин биллэрдэ.
Кирилл Васильевич улуус үүт туттарааччылара, ынаҕы иитээччилэрэ, тэриллиилээх хаһаайыстыбалар үүттэрин харчытын, судаарыстыбаттан көрүллэр өҥөлөрү толору кэмигэр ылалларыгар үлэлиибит диэн мунньахха этиннэ.
#ТыаХаһаайыстыбата
#ҮүтТуттарыы
t.iss.one/ValeriNikolaev
Николай Иванович ООО "Верхневилюйский" тэрилтэ үлэһиттэрин иннигэр хамнастарыгар иэстээҕин, ол иэһи сабарга үлэһиттэрдиин хамнастарын аахсарга бастатан туран үлэ ыытарын бэлиэтээн эттэ. Уонна инникитин хамнас тохтоло суох, уһатыллыбака төлөнүөхтээҕин биллэрдэ.
Кирилл Васильевич улуус үүт туттарааччылара, ынаҕы иитээччилэрэ, тэриллиилээх хаһаайыстыбалар үүттэрин харчытын, судаарыстыбаттан көрүллэр өҥөлөрү толору кэмигэр ылалларыгар үлэлиибит диэн мунньахха этиннэ.
#ТыаХаһаайыстыбата
#ҮүтТуттарыы
t.iss.one/ValeriNikolaev
Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыа хаhаайыстыбатын миниистирин солбуйааччыны Афанасьев Николай Степановиһы кытта көрүстүбүт.
Көрсүһүүгэ Үөһээ Бүлүү улууһугар кормопроизводство бырагыраамма үлэтин, сылгы баазаларын тутуутун уонна тыа хаһаайыстыбатын өйүүргэ көрүллэр көмө саҥа механизымын - техникаларынан хааччыйааһыны былааннастыбыт.
Ону таһынан үүт туттарааһын былаанын, онтон да атын тыа хаһаайыстыбатын тыын боппуруостарын быһаарарга сыаллары-соруктары туруордубут.
#ТыаХаһаайыстыбата
#МинсельхозРСЯ
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev
Көрсүһүүгэ Үөһээ Бүлүү улууһугар кормопроизводство бырагыраамма үлэтин, сылгы баазаларын тутуутун уонна тыа хаһаайыстыбатын өйүүргэ көрүллэр көмө саҥа механизымын - техникаларынан хааччыйааһыны былааннастыбыт.
Ону таһынан үүт туттарааһын былаанын, онтон да атын тыа хаһаайыстыбатын тыын боппуруостарын быһаарарга сыаллары-соруктары туруордубут.
#ТыаХаһаайыстыбата
#МинсельхозРСЯ
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev
#тыахаһаайыстыбата
⭐️ Балаҕаннаах нэһилиэгэр "Сээс" тыа хаһаайыстыбатын өҥөнү оҥорор кооператива 100 төбө ыанар ынах турар хотонун туттарар.
Кооператив бэрэссэдээтэлэ Петр Кардашевскай Сергей Васильев салайар тутуу биригээдэтин кытары дуогабардаһан олорор. Биригээдэ хотону быйылгы сылга үлэҕэ киллэрэрдии, хаары-ардаҕы аахсыбакка, түргэн тэтимнээхтик үлэлии- хамсыы сылдьар.
@uohee_buluu
Кооператив бэрэссэдээтэлэ Петр Кардашевскай Сергей Васильев салайар тутуу биригээдэтин кытары дуогабардаһан олорор. Биригээдэ хотону быйылгы сылга үлэҕэ киллэрэрдии, хаары-ардаҕы аахсыбакка, түргэн тэтимнээхтик үлэлии- хамсыы сылдьар.
@uohee_buluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#тыахаһаайыстыбата
⭐️ Нэһилиэнньэ сайаапкатынан сибиинньэ оҕолоро уонна эбии аһылык кэлэн түҥэтилиннэ
Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын тэрийиитинэн сыллата нэһилиэнньэттэн түргэнник ситэр дьиэ кыылларыгар сайаапка хомуллар. Быйыл эмиэ "Хатастааҕы сибиинньэ пиэрмэтэ" ХЭТ-тэн боросуонактар кэллилэр. 15-30 кг ыйааһыннаах 70 сибиинньэ оҕолорун ыам ыйын 29 күнүгэр Харбалаах нэһилиэгиттэн саҕалаан Үөһээ Бүлүүгэ диэри айаннаан кэлэн тарҕаттылар.
Өрүс уҥуоргу нэһилиэктэр олохтоохторо утары бэйэлэрэ киирэн ыллылар.
Ону таһынан сайаапка быһыытынан 9 тонна сибиинньэ уонна куурусса комбикорма түҥэтилиннэ.
Балаҕаннаах нэһилиэгин специалиһа Чаҥый Одунча, Нам дьаһалтатын специалиһа Розалия Клиновицкая уонна Ороһу нэһилиэгин тыатын хаһаайыстыбатын специалиһа Василий Туралысов Дьокуускай куораттан айан тухары сибиинньэ оҕолорун көрөн-истэн, биэбэйдээн аҕаллылар.

✅ Нэһилиэнньэ сайаапкатынан куурусса кэлэн түҥэтилиннэ
Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын тэрийиитинэн сыллата нэһилиэнньэттэн түргэнник ситэр дьиэ кыылларыгар сайаапка хомуллар. Быйыл эмиэ Дьокуускайдааҕы птицефабрика кууруссалара кэллилэр.
1200 төбө бэс ыйын 1 күнүгэр Харбалаах нэһилиэгиттэн саҕалаан Үөһээ Бүлүүгэ диэри айаннаан кэлэн тарҕатылыннылар.
Өрүс уҥуоргу нэһилиэктэр олохтоохторо Үөһээ Бүлүүгэ утары бэйэлэрэ киирэн ыллылар.

#Тыахаһаайыстыбата
✅Үөһээ Бүлүү улууһун тыа хаһаайыстыбатын салалтатыгар билигин үүт тутааһыҥҥа, собуоттары үлэлэтээһиҥҥэ, от үлэтигэр бэлэмнээһиҥҥэ үгүс үлэ бара турар.
Быйылгы 2024 сыл үүт былаана 2559, 15 тоннаҕа тэҥнээх. Билиҥҥи туругунан, 425,212 тонна үүт туттарыллыбыт.
Сиһилии↩️↩️↩️
https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/saha-siriger-ulahan-yam-kemin-ygene-yehee-bylyy-uluuhugar-425212-tonna-yyt-tuttarylynna/

Улус Медиа
Саха сиригэр «улахан ыам» кэмин үгэнэ: Үөһээ Бүлүү улууһугар 425,212 тонна үүт туттарылынна.
Билигин Саха сиригэр «улахан ыам» кэмэ саамай үгэнигэр турар. Билиҥҥи туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 24 909 тонна кэриҥэ үүт ыанылынна. Бу сыллааҕы былаан 45% туолуута буолар. Саха сирин тыа...
#Тыахаһаайыстыбата
❇️Күүлэт учаастагар 140 кэриҥэ төбө саха ынаҕын туталлар
Күүлэт ферматыгар ааспыт сылга Кырыкый нэһилиэк Чапаев учаастагыттан 100 саха ынаҕын аҕалбыттара. Билигин ол кэлбит сүөһү төрөөн-үөскээн тэнийэн номнуо сүөһү төбөтүн ахсаана 140-ҥа тиийбит.
Күүлэттэр бэйэлэрин күүстэринэн улахан ферма хотонун, былырыын кыстык буолуон аҕай иннинэ тутан бүтэрэн киллэрбиттэрэ. Тыа хаһаайыстыбатын салаатыттан бэйэ күүһүнэн тутуллубут ферма хотонугар толук төлөнөрө күүтүллэр.
Саха ынаҕа диэн саха омук төрүттэниэҕитэн кыра сымса, тымныыны тулуһар кыыл буолар. Бэйэтэ аһын булунар кыыл буолан урут сахалар далыттан таһааран ыытан кэбиһэллэр. Ферма үлэһиттэрэ кэпсииллэринэн, саха ынаҕа тымныыга быдан тулуурдаах буолан тохсунньу томороон да тымныыларыгар таһырдьа аһыырын кэрэйбэт эбит.
Саха омуга баарын тухары сүөһүлээҕин, сылгылааҕын бары билэбит. Гражданскай сэрии иннинэ Саха сирин үрдүнэн 400 тыһыынча төбө саха сүөһүтэ баар эбит. Ол аата, хас ыал ахсын иккилии-үстүү сүөһүлээхтэр. Аны кыһын отторун-мастарын оҕуһунан тиэйэллэр. Саха сирин курдук тыйыс усулуобуйалаах дойдуга норуот бэйэтэ айан таһаарбыт боруодата буолар. Айылҕа бэйэбитигэр сөптөөҕү айдаҕа. Өбүгэлэрбит иитэн кэлбит ураты сүөһүлэрэ саха норуотун тугунан да кэмнэммэт баайынан буоларын өрүү өйдүү сылдьыах тустаахпыт.
“Үөһээ Бүлүү” хаһыат

💐Дьиэ көтөрүн иитэр Далбар Хотун – Марианна Евдокимова
Марианна Евдокимова бэйэтэ идэтинэн инженер-энергетик, билигин сынньалаҥҥа олорон бэйэ хаһаайыстыбатын сайыннарар. Кини дьиэтин тиэргэнигэр улахан хаһаайыстыбалаах: куурусса, кус, индейкэ уонна хонуу курупааскытын иитиитинэн дьарыктанар.
Сиһилии↩️↩️↩️
https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/die-keteryn-iiter-dalbar-hotun-marianna-evdokimova/

Дьиэ көтөрүн иитэр Далбар Хотун — Марианна Евдокимова
Марианна Евдокимова бэйэтэ идэтинэн инженер-энергетик, билигин сынньалаҥҥа олорон бэйэ хаһаайыстыбатын сайыннарар. Кини дьиэтин тиэргэнигэр улахан хаһаайыстыбалаах: куурусса, кус, индейкэ уонна...
Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Алтынньы 16-с күнүттэн Оҥхой нэһилиэгэр саха ынахтарыгар анаммыт хотон тутуута саҕаламмыта.
Бүгүн сарсыарда, сэтинньи 1-кы күнүгэр үлэ тэтимэ хайдах баран иһэрин бэдэрээтчит иһитиннэрдэ. Сир буора тоҥон, акылааты буорунан сабыы үлэтэ 10 хонукка уһаабытын бэлиэтээн эттэ. Хотон акылаатын икки эргиирдээннэр, буор кутан, остуолбалары туруоруу үлэтэ бүгүҥҥэннэн түмүктэнэн, салгыы өһүөлэри таһаарар үлэҕэ киирдилэр.
Санатан этэр буоллахха, алтынньы 7 күнүгэр Дьокуускай куоракка тыа хаһаайыстыбатын миниистиригэр Артем Александрович Александровка Үөһээ Бүлүү улууһун саха ынахтарыгар саҥа хотону тутууга сүбэ мунньах ыытыллыбыта.
Билиҥҥи туругунан "Саха ынаҕа" Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалыгар 28 улахан сүөһү, 10 борооску, 20 тарбыйах, 2 атыыр оҕус иитиллэр.
Мунньах түмүгэр Оҥхой нэһилиэгэр тутуллар 50 төбөлөөх хотон үбүлээһинин СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ өйүүрүн биллэрбитэ.
Бэдэрээтчит, олохтоох урбаанньыт Семенов Александр Николаевич, хотон тутуутун бэйэтин суотугар саҕалаата. Салгыы СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин өйөбүлүнэн үп көрүллэн бу сыл бүтүөр диэри хотон тутуута түмүктэнэн саха ынахтара кыстыкка саҥа хотоҥҥо киириэхтэрэ диэн кэтэһэбит.
#ТыаХаһаайыстыбата
#СахаЫнаҕа
#ЯкутскийСкот
#ВерхневилюйскийУлус