Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.35K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#ойуурбаһаара

🌳🔥Үөдүгэйгэ Хампа диэн сиргэ турбут ойуур баһаарыгар нэһилиэк ыччаттара тута тиийэн умуруорар үлэлэри ыыттылар

Кинилэргэ улуустааҕы ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ тиийэн көмөлөстүлэр.

Билигин ойуур баһаара умулунна. Бу умуруоруллубут ойуур баһаарын салгыы маныахтара 🙌🙌

Ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ салгыы Кэнтиккэ тахсыбыт ойуур баһаарыгар суһаллык бардылар.

#Үөдүгэйсонуннара
#ойуурбаһаара

Кэнтик нэһилиэгин Мунньаҕа сиригэр тахсыбыт ойуур баһаара үрдүк күүрүүлээх уот ситимигэр кутталы суоһуур.

Үөһээ Бүлүү оройуонугар өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы бэс ыйын 29 күнүгэр биллэриллэн турар. Кини бүгүн улууска 4 баһаарданныбыт. Тыаллаах буолан уонна куйаас күннэр тураннар баһаардар иэннэрэ улаатан эрэр.

Быракаан үрэҕэр, нэһилиэктэн 12,4 км тэйиччи от ыйын 8 күнүгэр тахсыбыт ойуур баһаарыгар уопсайа 33 киһи үлэлии сылдьар. Манна билигин үлэһит илии көмөтө наада. Быракаан сиригэр тахсыбыт ойуур баһаарыгар 12 чааска сөмөлүөт көтөн баһаар иэнин көрүөхтээх. Ол кэннэ салгыы хайдах дьаһаналларын сүбэлэһиэхтэрэ.

Кэнтик сиригэр эмиэ бэҕэһээ, от ыйын 8 күнүгэр нэһилиэктэн 5 км тэйиччи ойуур баһаара турбута. Күн бүгүн манна 56 киһи үлэлии сылдьар. Бу ойуур баһаара 110 кВ кыамталаах үрдүк күүрүүлээх уот ситимигэр кутталы суоһуур буолан, итиэннэ нэһилиэккэ чугаһыан сөптөөх буолан, баһаары умуруоруу үлэтигэр суһаллык дьон наада буолла. Манан сибээстээн, улуус бары тэрилтэлэрин салайааччыларын ыҥыран, суһал сүбэ-мунньаҕы тэрийдилэр. Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Егор Иванов ойуур уота уот ситимигэр итиэннэ нэһилиэккэ суоһаабатын курдук күүстээх үлэ, түүн устата үлэлээбит дьон эстэрин учуоттаан, солбукка дьон тахсара наада буолбутун иһитиннэрдэ.

Кырыкый нэһилиэгиттэн 39 км тэйиччи Түҥ сиригэр эмиэ от ыйын 8 күнүгэр тахсыбыт ойуур баһаарын булалларыгар 4 га иэннээх ойууру сиэбит этэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ бу ойуур баһаар иэнэ 10 гектарга тиийдэ. Манна билигин 21 киһи үлэлии сылдьар.

Эрдэ биллэриллибит мобилизациянан 1 эрэ киһи кэлэн баҕа өттүнэн ойуур уотун умуруорууга үлэлии барбыт. Дьон баҕа өттүнэн кэлиитэ мөлтөх. Ойуур хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Павел Тимофеев мобилизациянан баһаарга үлэлии барар дьону тэрилтэлэр салайааччылара үчүгэйдик таҥыннаран, туттар тэриллээх ыыталларын санатта. Үс күҥҥэ аһыыр аһылыктаах буолаллара ирдэнэр. Баһаар миэстэтигэр аһыыр астарын улуус дьаһалтата хааччыйар. Оттон хамнастара, докумуоннарын туттарбыттарын кэннэ 5 үлэ күнүн иһигэр төлөнөр.

"Аленушка" оҕо сайдар киинин дириэктэрэ Александра Михайлова, улуус депутатын да быһыытынан, уһуйааннар ойуур баһаарыгар ыытар эр дьоно суох тэрилтэ буолалларын учуоттаан, аһынан-үөлүнэн көмөлөһөргө бэлэмнэрин этии быһыытынан киллэрдэ.

Бу мунньах бүтэрин саҕана Оҥхой сиригэр өссө биир термоточка баара бэлиэтэммитин иһитиннэрдилэр. Манна Оҥхойтон 10 киһи уоту саба тутардыы таҕыстылар диэн биллэрдилэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ойуурбаһаара

Кэнтик сиригэр тахсыбыт ойуур баһаара үрдүк күүрүүлээх уот ситимигэр тиийбэтин туһугар күүстээх үлэ барар.

Мунньаҕа сиригэр турбут ойуур баһаарыгар бүгүн "Үөһээ Бүлүү" хаһыаттан балаһыанньа хайдаҕын көрө тахса сырыттыбыт.

Бөөлүүн балаһа хастаран манаабыт сирдэрин тумна баран, ойуур уота өрүс үрдүн диэкинэн арҕаа өттүгэр барбыт. Үрдүк күүрүүлээх уот ситимин диэки баран иһэр. Билигин "Якутлесресурс" тэрилтэтэ баар күүһүн барытын Мунньаҕа арҕаа өттүгэр Быыкааны диэки бырахта. Көмөҕө олохтоохтор уонна улуустааҕы баһаарынай этэрээт байыастара тахсаннар, бу баһаарга уопсайа 60 киһи үлэлии сылдьар.

Булууктаах тыраахтарынан ойууру кыйа хастаран, өрүскэ диэри тиийиэхтээхтэр. Итиэннэ 10-ча миэтэрэ ойууру кэрдэн, уоту тутардыы ыраастыыр былааннаах хааллылар.

Оттон Мунньаҕа илин өттүгэр баар уот нэһилиэк диэки кэлэр кутталлаах. Бу куйааска ойуур баһаарыгар үлэлиир дьон сынньаныан, тыын ылыан эмиэ наада. Онуоха солбукка үлэһит илии тиийбэт курдук.

Кэнтик нэһилиэгин олохтоохторо, чуолаан кэрэ аҥаар өттө күн устата дьуһуурустубанан ас астаан дьаһалта дьиэтигэр тиксэрэ тураллар эбит. Буспут аһы тутатына баһаарга үлэлиир дьоҥҥо күҥҥэ үстэ, буортурбатын диэн утарынан, ким матассыыкылынан, ким массыынан илдьэ тураллар. Иһэр уунан эмиэ хааччыллан олороллор.

Ойуур баһаарыгар көмөҕө тахсыан баҕалаах дьону лесхоз дьиэтигэр күүтэллэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ойуурбаһаара

Кэнтик сиригэр турбут ойуур баһаарыгар түүҥҥү өттүгэр үлэлиирдии уонча киһи тэринэн баран эрэллэр.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ойуурбаһаара

Оҥхой нэһилиэгин Хомустаах сиригэр бүгүн турбут ойуур баһаарыгар 15 киһи үлэлии сылдьар.

Оҥхойтон 10 киһи баһаар тахсыбытын биллэрээттэрин кытта тута тахсыбыта. Онтон Далыр нэһилиэгиттэн 5 киһи тыраахтардаах көмөҕө кэлбитэ.

Бу киэһэ Оҥхойтон эбии олохтоохтор хомуллан тахсан эрэллэр. Мантан киэһэ бөртөлүөтүнэн Түҥ баһаарыттан 12 парашютиһы аҕалан быраҕыахтара.

Тыаллаах буолан уот кыайтара илик.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ойуурбаһаара

Үөһээ Бүлүү баһаардарыгар үлэһит илии тиийбэт

Быракаан, Кэнтик уонна Оҥхой нэһилиэктэригэр турбут ойуур баһаардарыгар мобилизация көмөтүнэн 200 кэриҥэ киһи үлэлии сылдьар. Ол эрэн, көмө син-биир ирдэнэр.

Бу ойуур баһаардарын иэнэ холбоон 1650 гектарга тэҥнэстэ.

Куйаас күннэр сатыылааннар, эбиитин тыаллаах буолан, уоту кыайа тута иликтэр.

Ойуур хаһаайыстыбатын, "Авиалесоохрана" үлэһиттэрэ, улуустааҕы баһаарынай этэрээт уонна муниципальнай баһаарынай чаастар байыастара, ону тэҥэ олохтоохтор, улуус киинин тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ баҕа өттүнэн көмөҕө тахсан күүстээх үлэ барар.

Улуус киинин уһуйааннара бурдук аһын астаан саҕалаатылар. Баһаарга үлэлиир дьоҥҥо анаан, лесхоз тэрилтэтигэр тиксэрэллэр.

Баһаар иэннэрэ олус улаатан, билигин да нэһилиэнньэттэн дьон көмөтө наада. Күнүстэри-түүннэри үлэлиир дьон солбуйсан тыын ыларын курдук үлэһит илии наада. Ойуур уотун бохсорго үөһэттэн көмө кэлэрэ буоллар диэн баһаарга үлэлии сылдьар дьон этэр.

Ойуур уотун умуруорууга үлэлии барыан баҕалаах дьон лесхоз дьиэтигэр суруттараргыьын күүтэллэр. Хас биирдии үлэлии барар киһи сөптөөхтүк таҥнан-саптан, туттар тэрилин, чуолаан сүгэ, күрдьэх курдук олус наадалаах тэриллэри туппутунан кэлэрэ ирдэнэр. Оҥу тэҥэ утары 3 күн устата аһыыр астаах, уулаах-хаардаах буолуохтаахтар. Биир күннээҕи хамнас илиигэ ылалларын 2900 солкуобайга тэҥнэһэр.

Өргүөт ойуурун баһаара Күһүтү туораата. Уот дэриэбинэҕэ тиийбэтин туһугар баҕа өттүнэн үлэлии тахсар күүстээх эр дьон көмөтө наада буолла диэн ЕДДС иһитиннэрдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ойуурбаһаара

Ойуур баһаара Быракаантан 5 км тэйиччи суолга тахсан эрэр

Уот суолга тахсыбатын туһугар күүстээх үлэ барар. Суолга таҕыстаҕына, Өргүөт нэһилиэгин диэки барар куттала улаатар.

Үөһээ Бүлүү баһаарынай этэрээтин 3 массыыната көмөҕө таҕыста. Дэриэбинэ кытыытыгар дьуһуурустубаҕа тураллар.

Дьокуускай куораттан баһаарынайдар көмөҕө иһэллэр.
Билигин 60-тан тахса киһи үлэлии сылдьар.

Ойуур баһаарыгар үлэлиир дьон көмөтө ирдэнэр. Көмөлөһүөн баҕалаах дьон лесхоз дьиэтигэр тиийэргитин күүтэллэр. Үчүгэйдик тэринэн, үс күҥҥэ аһыыр астаах, туттар тэриллээх тиийиэххитин наада.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ИннибитХотуБарыБииргэ
#ойуурбаһаара

🕊Бүгүн киин балыыһа кэлэктиибэ Үөдүгэйгэ ойуур баһаарын бохсо сылдьар дьоммутугар эмтэри, маарыла, инчэҕэй салфеткалары, кумаар эмтэрин, сиэккэлээх сэлээппэлэри аҕалан туттарда.

Дьоммут - сэргэбит өйөбүлэ бу ыарахан усулуобуйаҕа ойуур баһаарын умуруорууга үлэлии сылдьар дьоммутугар күүстэригэр күүс, сэниэ эбэр🙌

Махтанабыт, күүс-көмө, өйөбүл буолар дьоммутугар

Иннибит хоту бары бииргэ

#Үөдүгэйсонуннара
#ойуурбаһаара

Ойуур баһаардарыгар тэрилтэлэртэн дьон үлэлии тахсара ирдэннэ

Улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар ойуур баһаардарыгар нэһилиэнньэттэн дьону ыытыы боппуруоһун тула мунньах буолла.

Улуус баһылыга Валерий Николаев тэрилтэлэртэн 3 улахан ойуур баһаарыгар суһаллык эбии дьон үлэлии тахсыахтааҕын туһунан эттэ. Биирдии баһаарга 30-туу киһи тахсара ирдэнэр. Маныаха тэрилтэлэри биирдиилээн ыйан туран кубуота быһылынна.

Өргүөт, Үөдүгэй, Маҥаас, Быракаан нэһилиэктэригэр уонна Куду учаастагар ыксаллаах балаһыанньа биллэриллэн, бэлэмнээх буолуу кытаанах эрэсиимин ылыннылар.

Күн бүгүн улууска уопсайа 11049 гектар иэннээх 8 ойуур баһаара умайа турар. Манна уопсайа холбоон 226 киһи үлэлии сылдьар. Мантан баһаарынай химическэй станцияттан - 47, ойуур харыстабылын тэрилтэтиттэн - 3, баһаарынай парашютнай сулууспаттан - 12, десантнай баһаарынай сулууспаттан - 25, ыксаллаах быһыы-майгы сулууспатыттан - 12, улуустааҕы баһаарынай этэрээттэн 18 байыас, мобилизация көмөтүнэн баҕа өттүнэн 109 киһи тахсыбыт.

Ойуур хаһаайыстыбатын тэрилтэтин салайааччыта Павел Тимофеев киһи отой тиийбэтин, биирдии баһаарга 6-лыы, элбээбитэ 12-лии эрэ киһи үлэлии сылдьарын иһитиннэрдэ. Мобилизацияны күүһүрдэн, дьон тахсыытын хааччыйалларыгар ыҥырда. Бүгүн 14:00 чааска бөртөлүөт көтүүтэ былааннанар. Ойуур баһаардарыгар дьону илдьиэҕэ.

Баһаары умуруоруу үлэтигэр тахсар дьон сөптөөхтүк таҥнан-саптан, туттар тэриллээх, үс күҥҥэ аһыыр сухой пакеттаах, иһэр уулаах
Лесхоз тэрилтэтигэр эбэтэр олохтоох дьаһалтаҕа кэлэрбитин күүтэллэр. Биир күннээҕи хамнас илиигэ ыларынан 2900 солкуобайга тэҥнэһэр.

Күөх чээлэй ойуурдарбытын, халыҥ сис тыаларбытын уоттан өрүһүйүөххэ🙌

Ойуур - сир-дойду тыҥата буоларын умнумаҥ🙌


"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ойуурбаһаара #көмө

⭐️ Нам нэһилиэгин олохтоохторо ойуур баһаарыгар үлэлии сылдьар дьоҥҥо көмөлөрүн бородууктанан хомуйан, аҕалан ойуур хаһаайыстыбатын тэрилтэтигэр тиксэрдилэр.

@uohee_buluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ойуурбаһаара

Үөдүгэй сиригэр турбут ойуур баһаара уҥуортан маннык көстөр эбит

Подписчиктар ыыталлар

@uohee_buluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ойуурбаһаара

Кудуга ойуур баһаарын бохсууга күүстээх үлэ салҕанар. Үөдүгэйтэн бүгүн 18 буолан тахсан тыраахтыр тардыбыт минерализованнай балаһатын кэҥэтиигэ, чиҥэтиигэ тэтимнээх, эрчимнээх үлэ барда.

Иннибит хоту бары бииргэ бу курдук түмсүүлээхтик ойуур баһаарын умулуннарыыга үлэлэһиэҕиҥ 🙌

#Үөдүгэйсонуннара
#ойуурбаһаара

⭐️ Хоро нэһилиэгин дьаһалтата ойуур баһаарыгар үлэлиир дьоҥҥо гуманитарнай көмөнү ыытта.

Ол курдук, бородуукта арааһын бэлэмнээн Боотулуу нэһилиэгэр аадырыстаан ыыттылар.

Күн бүгүн Боотулуу нэһилиэгиттэн 6 киһи Сургуулук Түҥүгэр турбут ойуур баһаарыгар үлэлии сылдьар.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ойуурбаһаара

⭐️ Дүллүкү, Хомустаах, Хоро нэһилиэктэриттэн эр дьон түмсэн, Кырыкый сиригэр турбут ойуур баһаарыгар уоту бохсууга күүс-көмө буола бардылар.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ойуурбаһаара

Суукка устата 8 ойуур баһаарын тохтоттулар

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, уопсайа 105 тыһыынча га иэннээх ойуур баһаарын тохтоттулар: Алдаҥҥа - 3, Верхоянскайга - 1, Бүлүүгэ - 1, Кэбээйигэ-1, Мииринэйгэ - 1, Нерюнгрига – 1.

Бу туһунан сарсыардааҥы брифиҥҥэ СӨ «Авиалесоохрана» ГБТ салайааччыта Владимир Леонов иһитиннэрдэ.

Ону сэргэ бу кэмҥэ 3 тыһ. га иэннээх 4 ландшафтнай (айылҕа содулуттан) уонна 5 ойуур баһаара көһүннэ.

Ойуур уотун бохсооччулар көмөлөрүнэн 49 тыһыынча га иэннээх 8 ойуур баһаарын эргийэн, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар улуустарыгар хонтуруолга тутан тураллар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ 14 оройуон территориятыгар 66 ойуур баһаара умайа турар: Абыйга, Үөһээ Бүлүүгэ, Верхоянскайга, Бүлүүгэ, Горнайга, Эдьигээҥҥэ, Кэбээйигэ, Ленскэйгэ, Мииринэйгэ, Ньурбаҕа, Өлүөхүмэҕэ, Орто Халымаҕа, Сунтаарга уонна Уус-Дьааҥыга.

Ойуур уотун умуруорууга 1 680 киһи сылдьар, 166 тиэхиньикэ үлэлиир. Баһаартан сэрэхтээх буолуу дьыл кэмэ биллэриллиэ- ҕиттэн 2 399 783,91 га иэннээх сири ылбыт 849 ойуур баһаара тохтотулунна.

Күн бүгүн Саха сиригэр федеральнай уонна регионнааҕы таһымнаах ойуурдарга ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ олохтонон турар.

Оттон муниципальнай суолталаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ Бүлүү, Үөһээ Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Сунтаар уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар биллэриллэн турар.

Бэс ыйын 26 күнүттэн СӨ Ил Дарханын Ыйааҕынан өрөспүүбүлүкэ территориятыгар баһаартан сэрэхтээх буолуу оһуобай эрэсиимэ биллэриллэн турар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM