📰📰📰
⭕ Урбаанньыт Петр Копырин 18 гаа сиргэ күөх маассаҕа анаан эбиэс ыһарга бэлэмнэнэр. Ыам ыйын 9 күнүттэн саҕалаан бааһынатын сиигин саптара сылдьар. Улахан аҥаарын бүтэрэн, күн бүгүн түмүктүүр былааннаах.
⭕ Петр Николаевич төрдүс сылын бу бааһынаҕа үлэлиир. Бастакы сылыгар сирин аҥаарыттан 200-тэн тахса рулону ылбыта. Оттон былырыын, кураан буолан, үүнүүнү ылбатаҕын кэриэтэ.
⭕ Онуоха быйыл сир быдан сииктээх диэн үөрэр. Аны сиэмэтэ кэллэ эрэ, ыһыыны 15 хонугунан саҕалыыр былааннаах. Ыһыыга анаан бэйэ күүһүнэн, онтон-мантан быраҕыллыбыт, туһаттан тахсыбыт саппаастары булан, өрөмүөннээн, иһигэр уулаах тимир катогу, сири көбүтэр ыарахан диискэни оҥостубута үлэтигэр төһүү күүһүнэн буолар.
⭕ Онон улахан эрэл – өҥ дьыл туруутугар.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#тыахаһаайыстыбата
#ыһыыхампаанньата
https://www.instagram.com/p/COzmG7cMhf0/?utm_medium=share_sheet

⭕️ Оҕо суолга травматизмын сэрэтэр уонна суолга куттал суох буолуутун хааччыйар туһуттан оскуола сайыҥҥы сынньалаҥын кэмигэр ыам ыйын 12 күнүттэн бэс ыйын 13 күнүгэр диэри өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн “Болҕойуҥ – оҕолор!” диэн сэрэтэр үлэ бастакы этээбэ ыытыллар.
⭕️ Сыл саҕаланыаҕыттан муус устар бүтүөр диэри дааннайынан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор кыттыылаах 20 суол быһылаана бэлиэтэммит, ол түмүгэр 23 оҕо араас истиэпэннээх эчэйиини ылбыт.
📌 Ааспыт сыл туһааннаах кэмин кытта тэҥнээтэххэ, маннык суол быһылааннарын ахсаана бу таһымҥа хаалбыт.
📌 Онуоха былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, оҕо кыттыылаах суол быһылаана – 80% (5 түбэлтэттэн 9-ка диэри), оҕолору таһыы быраабылатын кэһии – 100% (2- 4), сатыы дьон туоруур сиригэр (пешеход) оҕоҕо массыына түһүүтэ, хараҥа кэмҥэ сокуоннай саастарын туола илик оҕо кыттыылаах суол быһылаана 3 бэлиэтэнэн – 200% (1- 3) үрдээтэ.
⭕️ Сылын ахсын саас сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор – велосипедистар, мотоциклистар, суоппардар уонна пассажирдар, скутеристар, о.д.а. кыттыылаах суол быһылаана элбиир.
📌 Ону таһынан, сааскы, сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр оҕолору кытта сибээстээх суолга саахал тахсыытын көрдөрүүтэ үрдүүр.
⭕️ Ытыктабыллаах төрөппүттэр, оҕолоргутугар, бэйэҕитигэр куттал суоһаабатын туһугар айаҥҥа болҕомтолоох буолуҥ уонна суол быраабылатын тутуһуу үтүө холобурун бэйэҕитинэн көрдөрүҥ!
⭕️ Убаастабыллаах суоппардар, сатыы дьон сылдьар сиригэр (пешеход) чугаһыыргытыгар түргэн тэтими намтатыҥ, олорор зоналарынан, тиэргэннээх территорияларынан айанныыргытыгар болҕомтолоох буолуҥ.
⭕️Сокуоннай сааһын ситэ илик оҕону массыынаҕа таһыыга быраабыланы тутуһан, анал кириэһилэлээх, тутар ременнээх айанныыргытын умнумаҥ. Оҕоҕо, бэйэҕэ куттал суох буолуутун хайаан да хааччыныҥ!
Уус Алдан улууһун ГАИ отдела.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#суолбыһылаана
#гаисэрэтэр
https://www.instagram.com/p/CO1fGqTMtmE/?utm_medium=share_sheet

Instagram
📰📰📰
⭕ Бээрийэ нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Петр Васильев ааспыт Улуу Кыайыы күнүнэн сэрии кэмин оҕолоругар, олохтоох ытык кырдьаҕастарга Мария Фёдоровна, Светлана Фёдоровна Васильеваларга, Анна Павловна Готовцеваҕа, Егор Ильич Васильевка улуус хаһыатыгар сыл аҥаардааҕы сурутууну олохтоох дьаһалта аатыттан босхо тэрийдэ.
⭕ Петр Васильевич “Улуус хаһыатын ааҕабыт” аахсыйаҕа кыттыһарга тута сөбүлэҥин биэрэн, өйөөн, бу үтүө бачыымы олохтообут 15-с нэһилиэгинэн буолла.
⭕ Салгыы аахсыйабытыгар Байаҕантай нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Савва Егоров кыттыһан, сурутууну тэрийиэҕэ.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#сурутуу
#улуусхаһыатынааҕабыт
https://www.instagram.com/p/CO1tyDuMCqY/?utm_medium=share_sheet

⭕ Ааспыт ый бүтэһик күнүгэр СӨ Ил Дархана А.С. Николаев РФ Конституциятыгар сөп түбэһиннэрэн, СӨ Конституциятыгар уларытыылары киллэриини оҥорор туһунан сокуон бырайыагын Ил Түмэҥҥэ киллэрэн турар. Бу күннэргэ ону дьүүллэһии бара турар. Биһиги улууспут дьокутааттара бырайыагы дьүүллэһэн баран, санааларын маннык үллэһиннилэр:
📌 Степан БОЧКАРЕВ,
улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта
улуус Мунньаҕын дьокутаата:
📌 – Мин 38-с ыстатыйа 10-с пуунугар агропромышленность диэн тылы аҥаардас тыа хаһаайыстыбата диэн тылга уларытыыны соччо биһирээбэппин. Арассыыйа Конституциятыгар тыа хаһаайыстыбата диэн сурулла сылдьар. Ити өйдөбүлэ кэрэгэй. Тыа хаһаайыстыбата диэн оҥорон таһаарыы эрэ буоллаҕа. Оттон агропромышленнай комплекс диэн тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннааҕы барытын хабар. Ол курдук, тиэхиньикэнэн хааччыллыы, ону өрөмүөннээһин, каадыры үөрэттэрии, хаһаайыстыбалары каадырынан хааччыйыы барыта киирэр. СӨ Конституциятыгар ити уруккуттан сурулла сылдьар. Онон итини оннунан хаалларар туһунан санаабын этэбин.
📌 Иннокентий ИВАНОВ,
улуус дьаһалтатын нэһилиэктэри кытары үлэҕэ отделын салайааччыта:
📌 – Конституция 97-с ыстатыйатыгар 3-с пуун диэни эбии киллэрбиттэрин биһирээтим. Урут олохтоох салайыныы былааһын арааран этэллэр этэ. Оттон билигин судаарыстыбаннай былаас сорҕотун быһыытынан ылынан, өссө үрдэтэн биэрдилэр дии саныыбын. Судаарыстыбаннай былаас сорох хайысхаларын толоро сылдьар былаас тустаах былаас сорҕото буолуохтааҕа сөптөөхтүк этиллибит.
Аны 101-с ыстатыйаҕа олохтоох салайыныы былаастара көрсүбүт ороскуоттарын суутунан эбэтэр суута да суох толуйуу (компенсация) ылар бырааптаахтар диэн киирэн биэрдэ. Ити эмиэ сөптөөх. Холобур, хоруона хамсыгын пандемиятын кэмигэр олохтоох салайыныы тэриллиилэрэ көрсүбүт ороскуоттара сороҕо төлөннө.
Салгыытын комментарийдарга аах⏬⏬⏬ эбэтэр "МС" хаһыат ыам ыйын 14 күнүнээҕи 19-с нүөмэригэр уонна хаһыат мюрюгазета.рф саайтыгар "Мнение" түһүмэххэ көр⏫⏫⏫
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#санааситимэ
#конституция
https://www.instagram.com/p/CO129rwsKFh/?utm_medium=share_sheet

⭕ Бүгүн Өнөр нэһилиэгэр биир ураты суолталаах күн ааста. Аан дойду үрдүнэн Дьиэ кэргэн күнүн көрсө Өнөр нэһилиэгин биир тутаах, холобур оҥостор элбэх оҕолоох ыала Вера Петровна Атласова уонна Николай Михайлович Ушницкай бур-бур буруо таһааран ыал буолан олорбуттара 50 сылын туолан, кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээтилэр. Хамсык ыарыы төһө да күчүмэҕэйдэри көрүһүннэрдэр, былааннаммыт тэрээһиҥҥэ оҕолоро, сиэннэрэ, чугас ыаллара түмсэн, тэрээһин бэрт сэргэхтик ааста.
⭕ Вера Петровна – өр сылларга ыанньыксытынан, Николай Михайлович тырахтарыыһынан үлэлээн, чэрдээх илии күүстээҕин эт хааннарынан билбит дьон. Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга төһө даҕаны 85 сааһын аастар, тимир көлө үрдүгэр сылдьара билигин да олус үөрдэр. Ыал ийэтэ – ытык саастаах далбар хотун – мааны асчыт, оҕуруоччут буолан, кэнчээри ыччакка холобур буолар. Кэргэнниилэр бэйэлэрин үтүө холобурдарынан алта оҕону иитэн, элбэх сиэн, хос сиэн тапталлаах эбэтэ, эһэтэ буолаллар.
⭕ Бу күн эҕэрдэҕэ кыттыһан, алгыс аан тылы Өнөр нэһилиэгин баһылыга Николай Лукачевскай саҕалаата. Ону тэҥэ кырдьаҕастар түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ Любовь Борисова, өр сылларга эн-мин дэһэн олорор ыаллара Любовь Максимова, нэһилиэк социальнай үлэһитэ Октябрина Протопопова улуустааҕы управление эҕэрдэтин, нэһилиэк дьаһалтатын специалиһа Туяра Бурнашева улуустааҕы ЗАГС отделын эҕэрдэ суругу, сэмэй бэлэхтэри туттардылар. Өссө төрөппүт оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ махтал тылларын этэн түһүлгэни киэргэттилэр. Оттон атын сиргэ олорор аймахтара аныгы үйэ сиэринэн ZOOM платформанан быһа сибээскэ тахсан, дьоро күҥҥэ кыттыстылар.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#дьиэкэргэнкүнэ
#өнөрнэһилиэгэ
#кыһылкөмүссыбаайба
https://www.instagram.com/p/CO5Akh3sumO/?utm_medium=share_sheet

⭕ Түүлээх нэһилиэгин тэрилтэлэрэ бэйэлэрин территорияларын, киин уулуссаны ыраастааһыҥҥа бүгүн улахан субуотунньукка таҕыстылар.
⭕ Итини таһынан, өрүскэ киирэр суолга баар свалканы астарыы, ыраастааһын үлэтэ буолла.
⭕ Түөлбэлэр эмиэ олорор сирдэринэн тахсан, ыраастааһыҥҥа кыттыстылар. Ол курдук, "Сарыал" түөлбэ арочнай гараж таһыгар хас эмэ сылы быһа мунньуллан сыппыт тимири, бөҕү, уулуссатын кытыытын, тас өттүн хомуйууга күүстээхтик үлэлээтэ.
⭕ Ону таһынан иһэр, туттар ууну баһар сирбитигэр – Сатаҕай эбэҕэ тиийэр суолга уу туран хаалбытын мотопомпанан бырахтардылар.
⭕ Манна даҕатан билиһиннэрдэххэ, нэһилиэккэ уу баһар массыынаны ППМИ бырагыраамаҕа киирсэн ылбыппыт. Онно суоппарынан Андрей Неустроев үлэлиэхтээх.
🖊️ Туяра Ушницкая, уопсас. кэрэсп.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#түүлээхнэһилиэгэ
#ырааһырдыыүсыйа
#субуотунньук
https://www.instagram.com/p/CO5Y_pIsLNx/?utm_medium=share_sheet

⭕ Быйылгы сылтан тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сорох хайысхалара улууска бэрилинниллэр. Ол курдук сир үлэтигэр туораахтаах култуураны ыһыыга минеральнай уоҕурдууну атыылаһыы, бааһынаны паардааһын, хортуоппуйу, оҕуруот аһын үүннэрээччилэргэ аһы-үөлү оҥорон таһаарыы бырагырааматынан үбүлээһин управление нөҥүө оҥоһуллар буолуоҕа. Быйылгы сылга сири кытта үлэлэһэр хаһаайыстыбаларга 15 мөл. 569 тыһ. солк. субсидия бэрилиннэ. Бу үбүлээһинтэн хаһаайыстыбалар ыһыы сиэмэтин, уоҕурдууну, тиэхиньикэ уматыгын, саппаас чаастары ылыннылар. Былырыын хортуоппуй үүнүүтэ мөлтөх буолан, быйыл сиэмэ хортуоппуйу атыылаһыыга, таһаҕастааһын ороскуотун сабыныыга 1 мөл. солк. көрүлүннэ.
⭕ Быйылгы сылга уопсайа 3372,17 гектарга култуурунай үүнээйи ыһыллара былааннанар. Мантан 1270,67 гааҕа – бурдук, ол иһиттэн 274 гааҕа – сэлиэһинэй, 996,67 гааҕа эбиэс ыһыллыаҕа. Биирдиилээн хаһаайыстыбаларга тохтоотоххо, “Биэттэ-АГРО” ХЭТ 550 гектарга ыһарыттан 67 гаата – сэлиэһинэй, 483 гаата – эбиэс. Дмитрий Илларионов бааһынай хаһаайыстыбата 510 гаа ыһыылаах. Бу иһиттэн сэлиэһинэйэ – 188 гаа, эбиэһэ – 322 гаа. Оттон Иннокентий Портнягин хаһаайстыбата 210,67 гааҕа ыһыаҕа. Мантан 19 гаата – сэлиэһинэй, 191,67 гаата – эбиэс. Туораахтаах култура сиэмэтин 100% улуус иһиттэн хааччынан олоробут. Ол быһыытынан ааспыт сыллааҕы хомууртан 199,5 тн сиэмэни ыһыыга диэн уурунан олоробут.
⭕ Быйылгы сылга хаары типтэрии үлэтэ 1100 гааҕа ыытылынна. Бу үлэ көдьүүһүн быйылгы сайын көрдөрүөҕэ. Сопхуос саҕана күүскэ ыытыллар үлэ этэ. Билигин бааһына онтон иҥэриммит сиигин саптарыы үлэтэ бара турар.
⭕ Сүөһүгэ эбии аһылык быһыытынан араас үүнээйи ыһыллыаҕа. Уопсайа 1870,7 гааҕа ыһыы барара былааннанар. Ол курдук, 1286,6 гааҕа – эбиэс, 154,3 гааҕа – судан ото, 15 гааҕа – подсолнух, 10 гааҕа – горох, 10 гааҕа – вика эбиэс булкааһыга, 40 гааҕа – элбэх сыллаах от уонна онно эбии 354,8 гаа урукку сыллардааҕы элбэх сыллаах от ыһыылара баар. Эбии аһылыкка наадыйыыбыт – 239,73 тн.
Салгыытын комментарийдарга аах⏬⏬⏬ Ыстатыйа "МС" хаһыат ыам ыйын 14 күнүнээҕи 19-с нүөмэригэр уонна хаһыат мюрюгазета.рф саайтыгар эмиэ тахсыбыта⏫⏫⏫
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#ыһыыхампаанньата
https://www.instagram.com/p/CO9HbOiM0KL/?utm_medium=share_sheet

⭕ Ыччат киһи, бүгүн эйиэхэ билиһиннэрэр киһим – эн үөлээннээҕиҥ, биир көлүөнэ дьон буолаҕыт. Үрдүк үөрэхтээх, дьоһун үлэлээх, сонун көрүүлэрдээх Александра Босикова. Мантан салгыы киниттэн ылбыт интервьюбун ааҕаргар сүбэлиибин.
📌 – Эдэр киһи буоларгынан, Александра диэн ыҥырабын. Бастатан туран, бэйэҥ тускунан хаһыат ааҕааччыларыгар билиһиннэр эрэ.
📌 – Мин Дүпсүн бөһүөлэгэр олорор үс кыыс оҕолоох Александра Гаврильевна уонна Сергей Захарович Босиковтар үһүс кыыстара буолабын. Эдьиийдэрим Екатерина – юрист, Туяра быраас идэлээхтэр, Дүпсүн орто оскуолатын үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбиттэрэ. Мин Дүпсүн орто оскуолатыгар тохсус кылааһы бүтэрэн баран, Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интэринээккэ математика хайысхалаах кылааска үөрэнэн, лицейи 2012 сыллаахха туйгуннук бүтэрбитим. Салгыы ХИФУ математика уонна информатика институтугар үөрэнэ киирбитим. Бакалавриаты – 2017 сыллаахха, магистратураны 2019 сыллаахха иккиэннэрин кыһыл дипломнардаах бүтэрбитим.
📌 – Сэрэйдэхпинэ, устудьуоннуур сылларгар туйгуннук үөрэнэр устудьуоннар кэккэлэригэр сырыттаҕыҥ буолуо.
📌 – Билиибин хаҥатарга өрүү кыһаллабын. Үһүс куурустан саҕалаан научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ, сэминээрдэргэ кыттар этим. Бөлөхпөр үөрэх чааһыгар эппиэттиир эбээһинэстээҕим. Ону тэҥэ институт, университет, төрөөбүт бөһүөлэгим уопсастыбаннай олоҕор кыттарым. Дүпсүн орто оскуолатыгар математика учууталынан үлэлээбит СӨ үөрэҕириитин туйгуна, убаастыыр учууталым П.Э. Иванова аатыгар ыытыллар олимпиадаҕа устудьуоннуур эрдэхпиттэн спонсордыыбын, дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлиибин. МГУ кыһыҥҥы уонна сайыҥҥы математическай оскуолатыгар хаста да баран үөрэммитим билиибин хаҥатыыбар элбэҕи биэрбитэ. Физика уонна математика салаатыгар наука хандьыдаата Э.И. Шамаев салалтатынан суруйбут үлэлэрбит научнай сурунаалларга бэчээттэммиттэрэ.
🖊️ Уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн Елена Сыроватская интервьютун толору "МС" хаһыат ыам ыйын 14 күнүнээҕи 19-с нүөмэригэр эбэтэр хаһыат мюрюгазета.рф саайтыгар "Истории" түһүмэххэ аах⏫⏫⏫
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#аныгыкэмыччата
#сайдамсаас
https://www.instagram.com/p/CO9O8tNMujG/?utm_medium=share_sheet

⭕ Ханна баҕарар эдэр дьон үлэни хамсатааччыларынан, сэргэх олох тэһиинньиттэринэн буолаллар. Ол сиэринэн, “Мүрүчээнэ” оҕо уһуйаанын эдэр үлэһиттэрэ тэрилтэлэрин иһинэн эрэ буолбакка, нэһилиэк, улуус ыытар тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттар түмсүүнэн буолаллар.
⭕ Барыга бары көхтөөх сыһыаннаах буолан, эдэр дьон үлэлэрэ-хамнастара даҕаны таһаарыылах буолан иһэр. Бу нэһилиэккэ биир улахан кэлэктиипкэ барыта 40-ча эдэр дьон үлэлиир.
⭕ Кинилэр “Тускун” диэн түмсүү тэринэн, салайааччынан иитээччи идэлээх Евдокия Борисова анаммыта. Биир сүрүн тэрээһиннэригэр, улуус үөрэхтээһинин управлениета тэрийэр күрэхтэһиилэригэр ситиһиилээхтик кыттан, саахымакка, “Сонор” оонньуутугар, педагогическай маастарыстыбаны үрдэтии куонкурустарыгар, оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин ситимин араас тэрээһиннэригэр, күрэхтэһиилэригэр бириистээх миэстэлэргэ тиксэллэр.
🖊️ Суруналыыс Екатерина Захарова бу суруйуутун толору "МС" хаһыат ыам ыйын 14 күнүнээҕи 19-с нүөмэригэр эбэтэр хаһыат мюрюгазета.рф саайтыгар аах⏫⏫⏫
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#сайдамсаас
#көхтөөхыччат
#мүрүчээнэуһуйаан
https://www.instagram.com/p/CO9Q2Q2Mhky/?utm_medium=share_sheet

⭕⭕⭕
⛱☀️ 15 мая 2021 года за путевки в детский лагерь родителям будут возвращать половину стоимости. Список мест детского отдыха, а их больше сотни, уже утвержден Ростуризмом. А значит, осталось только выбрать подходящий лагерь. На каких условиях можно получить кэшбек - рассказываем об этом.
#посланиепрезидента14
https://www.instagram.com/p/CO9nm7bsIaM/?utm_medium=share_sheet

⭕ Ыам ыйын 10 күнүттэн 16 күнүгэр диэри улууска COVID-19 инфекциятыгар сыстан ыалдьыы 28 түгэнэ Бороҕоҥҥо, Балыктаахха, Уһун Күөлгэ, Кэптэнигэ, Бэйдиҥэҕэ, Эһэлээххэ, Мындаабаҕа, Баатаҕайга, Оҕуруоттаахха, Хомустаахха, Тулунаҕа, Дүпсүҥҥэ, Элэһиҥҥэ бигэргэннэ. Бу туһунан улуус дьаһалтатын суһал ыстааба иһитиннэрбитин дьаһалта пресс-сулууспата биллэрдэ.
⭕ Ыалдьыбыт дьону кытары алтыспыт 121 киһи бэйэни хааччахтаан, дьиэлэригэр медиктэр кэтээн көрүүлэригэр олороллор.
⭕ Ыам ыйын 17 күнүнээҕи туругунан, улуус киин балыыһатын инфекционнай салаатыгар 12 киһи сытан эмтэнэр, о.и. ыарахан туруктааҕа – 2, орто ыарахан – 1, орто – 2, этэҥҥэ – 7. Оттон провизорнай салааҕа уопсайа 5 киһи баар.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#covid19
#доруобуйахарыстабыла
https://www.instagram.com/p/CO9qELesicT/?utm_medium=share_sheet

⭕ Судаарыстыбаннай уонна олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын тэрилтэлэрин үлэһиттэригэр COVID-19 утары быһыыны ыллахтарына, ол күн уонна сарсыныгар өрөбүл күн бэриллэр буолбута, онуоха хамнастара төлөнөрүн туһунан өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев ыам ыйын 9 күнүгэр ыйаахха илии батаабыта. Ыйаах сарсыҥҥы күнүттэн, о.э. ыам ыйын 10-тан күүһүгэр киирбитэ.
📌 “Онон үлэнэн хааччыйааччылар кэлэктиибинэй дуогабардарыгар уларытыылары киллэрэллэрэ ирдэнэр. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыалдьыы көрдөрүүтэ үрдүү турар, оттон өлүү ахсаана 634 киһиэхэ тэҥнэспитин туһунан иһитиннэрдилэр. Онон эрэгийиэн баһылыга вакциянация тэтимин күүһүрдэргэ эттэ.
📌 Улууспутугар суһал ыстаап ыам ыйын 17 күнүнээҕи иһитиннэриитинэн, вакцинация бастакы түһүмэҕинэн 2065 киһи хабылынна, оттон иккис түһүмэҕи 1880 киһи ылла”, – диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата биллэрдэ.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#covid19
#вакцинация
https://www.instagram.com/p/CO9tAF5MltF/?utm_medium=share_sheet

⭕ Бороҕоннооҕу РЭС сайыҥҥы этиҥнээх кэмҥэ бэлэмнэнэн, былааннаах үлэни ыытарын кэмигэр улуус киинигэр Бороҕоҥҥо сарсын уонна өйүүн анал графигынан уот арахсыыта буолуоҕун иһитиннэрэр.
⭕ Ол курдук, ыам ыйын 18 күнүгэр сарсыарда 10.00 чаастаан күнүс 12.00 чааска диэри “Ветстанция” 10/0,4кВ күүрүүлээх КТП араарыллан, ветеринарнай станцияҕа уот суох буолуоҕа.
⭕ Онтон күнүс 13.00 чаастан 15.00 чааска диэри “Маяк” 10/0,4кВ күүрүүлээх КТП-га үлэ ыытылларынан, Строителей уулусса 1 – 23, 2 – 26 нүөмэрдээх дьиэлэригэр, Дальняя уулусса дьиэлэригэр, Аржаков аатынан уулусса 2 -16, 3, 5, 5/1 №№-гэр, Пушкин аатынан уулусса 21, 38 №№-гэр уот арахсыаҕа.
⭕ Ыам ыйын 19 күнүгэр маннык үлэ “Бааһына” 10/0,4кВ күүрүүлээх КТП-га ыытыллыаҕа, онуоха сарсыарда 10.00-тан күнүс 12.00 чааска диэри Ленин аатынан уулусса 111 – 132, 141 – 171 №№-гэр, Аммосов аатынан уулусса 22 – 54, 17 – 45 №№-гэр, Кыайыы 40 сыла уулуссаҕа 18 – 52, 21 – 57 №№-гэр уонна Федоров-Мунду уулуссатыгар 18 – 32, 19 – 29 №-дээх дьиэлэргэ уот суох буолуоҕа.
⭕ Эмиэ ити күн "Восточная" 10/0,4кВ күүрүүлээх КТП-га үлэ оҥоһулларынан, күнүс 13.00 чаастан 15.00 чааска диэри Ленин аатынан уулусса 84 -100, 131 – 139 №№-гэр, Пушкин аатынан уулусса 33, 34, 34а, 30, 32, Аммосов аатынан уулусса 1 – 15, 2 – 18 №№-гэр, Кыайыы 40 сыла уулусса 1 – 17, 2 – 16 уонна Лонгинов аатынан уулусса 100 – 123 №№-гэр уоту араарыахтара.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#бороҕоннооҕурэсиһитиннэрэр
https://www.instagram.com/p/CO91PfxsJCg/?utm_medium=share_sheet

⭕ Улуус сиригэр-уотугар Алдан өрүскэ муус этэҥҥэ ааста. Уу үрдээһинэ Чэриктэйгэ 748 см тиийэ сырытта, оттон муҥутуур көрдөрүү 1062 см тэҥнэһэр. Өрүс эстиитигэр бэлэмнэнэн, нэһилиэктэргэ дьон быстах кэмҥэ олорор сирдэрэ уонна ынах сүөһү хааччаҕа бэлэмнэнэн турбута.
📌 "Мантан салгыы аны Өлүөнэ өрүс сүнньүгэр сытар нэһилиэнньэлээх пууннары хонтуруоллааһын күүһүрэр. Бу нэһилиэктэргэ эмиэ бары миэрэлэр тутуһуллан, бүгүҥҥүттэн суукканы эргиччи дьуһуурустубалар олохтоннулар, Биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа (ЕДДС-ка) иһитиннэриилэр түөртүү чаас буола-буола киирэ тураллара ирдэниллэр", – диэн улуустааҕы ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын эппиэттээх сэкэрэтээрэ Николай Лугинов иһитиннэрдэ.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#суһалыстаапиһитиннэрэр
#халаан2021
https://www.instagram.com/p/CO94AdIsU6G/?utm_medium=share_sheet

🔊 Сегодня, 17 мая, Глава Республики Саха (Якутия) Айсен Николаев выступит с обращением к якутянам по поводу эпидемиологической ситуации с новой коронавирусной инфекцией.
Обращение будет транслироваться на телеканалах НВК «Саха», «Якутия 24» и радио «Тэтим».
Смотрите Обращение Ил Дархана в 20:20 часов по якутскому времени на телевизионных каналах НВК «Саха» и «Якутия 24», а также слушайте на радио «Тэтим».
Пресс-служба Главы Республики Саха (Якутия) и Правительства Республики Саха (Якутия)
Фото Марии Васильевой
https://www.instagram.com/p/CO99vD_sdRe/?utm_medium=share_sheet

📌 Суоттуттан видео🙌
⭕ Эбэ барахсан, аҕыс ыйдаах мууһун өрө көтөҕөн, иннигэр түбэспити барытын тоҕо солоон, кудуххайдык хоту устар сүдү күүһэ сүрүкэтин!
⭕ Кини бэйэлээх, муустарын көтөҕөн тыаһаан-ууһаан, хабырыйсан, кыра ычалаах киһи уйулҕата хамсыах айылаах...
⭕ Билиҥҥи туругунан, Саха сирин өрүстэрэ этэҥҥэ курдуктар. Ол эрэнэри, сэрэҕи сүтэрэн, ыһыктынар сатаммат. Харыы хаһан баҕарар буолан, кутталы үөскэтиэн сөп.
⭕ Айылҕа уһуктар модун күүһүн сүгүрүйэ көрсүөххэ🙏🙏🙏
🖊️ Оҕуруоттаах.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#халаан2021
https://www.instagram.com/p/CO_kanCnwHa/?utm_medium=share_sheet

⭕ Саха норуотун биллиилээх улуу киһитэ, учуонай, суруйааччы, суруналыыс, кыраайы үөрэтээччи В.В.Никифоров – Күлүмнүүр бу дьыл ыам ыйын 18 күнүгэр төрөөбүтэ 155 сыла туолар. Бу ыстатыйабын ити күҥҥэ аныыбын.
⭕ Саха норуотун чулуу киһитэ, өйдөөҕө, үөрэхтээҕэ бочуоттаах попечитель В.В. Никифоров олох сайдыыта үөрэҕириитэ суох буолбатын өйдөөн төрөөбүт Сахатын сиригэр үөрэхтээһин, норуоту сырдатар, култуураҕа тардар үрдүк сыаллаах үлэлэргэ өйүн-санаатын анаабыта, олоҕун сиэртибэлээбитэ. Кини сахаттан үөрэхтээх дьон үөрэнэн-иитиллэн тахсалларыгар өйөбүл-көмө буолбута. 19-с уонна 20-с үйэ кирбиилэригэр саҥа үөскээн эрэр саха интеллигенцията аҕа туттар, тирэх оҥостор киһитэ этэ.
⭕ В.В. Никифоров сахалыы тылынан үөрэх, сахалыы бэчээт сайдыытыгар, араас идэҕэ үөрэтэр үөрэх тэрилтэлэрин төрүттээһинигэр, тыа сиригэр араас хайысхалаах оскуолалар аһыллыыларыгар, саха дьадаҥытын оҕото үөрэхтэниитигэр тус бэйэтин үбүн-харчытын сиэртибэлээбит, үөрэхтээһиҥҥэ араас өрүттээх көҕүлүүр-тэрийэр үлэни ыыппыт, норуотун сайдыытын кэлэр кэскилин туһугар сүппэт үтүө дьыаланы оҥорбута, үлэтэ кэриэстэнэр, үйэтитиллэр. Улуу меценат аата өрүү астыктык, махталынан ахтыллар.
🖊️ Дүпсүнтэн кыраайы үөрэтээччи Марфа Ховрова бу ыстатыйатын толору "МС" хаһыат ыам ыйын 14 күнүнээҕи 19-с нүөмэригэр эбэтэр хаһыат мюрюгазета.рф саайтыгар "Истории" түһүмэххэ аах⏫⏫⏫
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#күлүмнүүр
#үбүлүөй
#дүпсүн
https://www.instagram.com/p/CO_rQt0sZqm/?utm_medium=share_sheet

⭕ Биһиги норуот дириҥ политическай историялаахпыт. Онтукайбытын хайдах эрэ билиҥҥэ диэри үчүгэйдик билиммэт, бэйэбитин сэнэнэр курдукпут. Итинник баай историялаах, төрүт култууралаах, үгэстээх, олоҥхо курдук улуу эпостаах, өбүгэлэрдээх омук хайдах да сэнэниэн табыллыбат.
⭕ Ол эрээри манна дьону буруйдуур тутах. Итиннэ история кырдьыгын саһыарбыт, кистээбит урукку систиэмэ сыыһата эмиэ баар. Саха сиригэр сэбиэскэй былаас олохтоммут бастакы сылларыттан саҕалаан, бастакы саха интеллигенциятын бэрэстээбитэллэрин ыыппыт үлэлэрин, оҥорбут дьыалаларын, кинилэр ааттарын тумнуу, умнуу саҕаламмыта. Аҥаардас Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин көмөтүнэн киһи-хара буолбут норуот курдук муҥурданан кэлбит өйбүт-санаабыт саҥардыы дьэ уларыйан эрэр. Маннык күүстээх идеология хам хатаабыт иһитиннэриилэрэ, билиҥҥэ диэри чөмчөкөбүтүгэр ааспаттыы-арахпаттыы сымала курдук сыста сырыттаҕа. Идеология күүһэ итиннэ сыттаҕа.
⭕ Итини этэн туран, 2021 сыл ыам ыйын 18 күнүгэр биллэр общественнай-политическай деятель, ХIХ үйэ бүтэһигэр, ХХ үйэ саҕаланыытыгар Саха сирин либеральнай-демократическай интеллигенциятын лидерэ Василий Никифоров – Күлүмнүүр төрөөбүтэ 155 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиибит.
⭕ Василий Никифоров – Күлүмнүүр хаайыллыбытын кэнниттэн 60 сыл буолан баран биирдэ, кини үтүө аата дьонугар эргиллибитэ. Ити кэм устата Күлүмнүүр аатын истибэтэх, нэһилиэстибэтин кытта билсибэтэх, кинини кытта бииргэ үлэлээбит-хамсаабыт бастакы саха интеллигенциятын бэрэстэбиитэллэрин билбэт-көрбөт хас да көлүөнэ дьон үүнэн тахсыбыттара.
📌 Чып кистэлэҥҥэ тутуллубут аат күөрэйиитэ
⭕ Василий Никифоров – Күлүмнүүрү юридическай уонна политическай өттүнэн реабилитациялыыр кыах уларыта тутуу уонна өрөспүүбүлүкэ суверенитеты ылынар кэмигэр аан бастаан үөскээбитэ. Реабилитациялыыр туһунан ыспыраапканы 1992 сыллаахха олунньу 4 күнүгэр байыаннай прокуратура киллэрбитэ.
Салгыытын комментарийдарга эбэтэр хаһыат мюрюгазета.рф саайтыгар "Истории" түһүмэххэ аах⏬⏫⏬
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#күлүмнүүр
https://www.instagram.com/p/CO_vsLUs15s/?utm_medium=share_sheet

Инфографика Ulus.Media. Как реализуются нацпроекты в Якутии 📊📈📉
🔺По инициативе Президента РФ Владимира Путина в 2018 году разработаны национальные проекты.
🔺В Якутии на сегодняшний день из предусмотренных на нацпроекты в 2021 году средств в размере 45,4 млрд руб., уже освоено 4,4 млрд руб.
🔺Наиболее капиталоёмкими национальными проектами в республике являются: нацпроект «Жилье и городская среда», «Демография», «Безопасные и качественные автомобильные дороги», «Здравоохранение» и «Образование».
🔺Глава республики Айсен Николаев 2021–2030 годы объявил Десятилетием здоровья и поставил задачу вхождения Якутии в число регионов России с наибольшей продолжительностью жизни.
🔺В рамках Десятилетия здоровья в республике большое внимание будет уделено строительству двух медицинских объектов.
🔺Другое важнейшее направление - это расселение граждан из аварийного жилья. В Якутии самый большой в стране объем жилья, который будет расселен по нацпроекту, - 16% от всего объема в стране. На реализацию национального проекта «Жилье и городская среда» до конца 2024 года предстоит переселить 61 тысячу человек из 1 миллиона 142 тысяч квадратных метров аварийного жилья. За период 2019-2020 гг. переселено 6 884 гражданина из 141,8 тыс. кв.м. аварийного жилья.
📌 «На национальные проекты из федерального бюджета выделяются огромные средства. Президент страны Владимир Путин подчеркивает, что нацпроекты должны быть нацелены на результат – на повышение качества жизни людей. Совершенно недопустимо, когда при их реализации допускаются нарушения, особенно коррупционного характера. Мы должны уделить особое внимание контролю за соблюдением условий получения и расходования средств, включая межбюджетные трансферты, сроков доведения их до адресатов. Это важнейшие направления нашей с вами работы», – напомнил Глава.
🔺Более подробно о ходе реализации нацпроектов в Якутии смотрите в инфографике "Ulus.Media" 👉
#улусмедиа #инфографика #нацпроекты
https://www.instagram.com/p/CPAAAluMran/?utm_medium=share_sheet

⭕ Бүгүн – биллиилээх уопсастыбаннай судаарыстыбаннай диэйэтэл, ХХ – XXI-с үйэлэр кирбиилэригэр саха интеллигенциятын бас-көс киһитэ Василий Никифоров – Күлүмнүүр төрөөбүтэ 155 сыла.
⭕ Бэлиэ күҥҥэ сүдү киһи аатыгар сүгүрүйэн, өрөспүүбүлүкэ Ил Түмэнин иннигэр турар пааматынньыгар Судаарыстыбаннай Мунньах дьокутааттара, атын даҕаны салайааччылар, биир дойдулаахтарбыт, аймахтара сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
📌 "Салгыы Национальнай бибилэтиэкэҕэ мемориальнай дуоскатыгар эмиэ сибэкки дьөрбөтүн ууран, П.А.Ойуунускай аатынан литэрэтиирэ мусуойа Күлүмнүүргэ аналлаах Zoom-кэмпириэнсийэни ыытта", – диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#күлүмнүүр
#үбүлүөй
https://www.instagram.com/p/CPAd6qjMp8g/?utm_medium=share_sheet

⭕ Дүпсүннээҕи 8 N-дээх "Кэскил" уһуйаан педагога, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СР үөрэҕириитин туйгуна, Дүпсүн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Парасковья Прибылых көҕүлээһининэн 5 -с төгүлүн улуус уһуйааннарын, төрөппүттэрин ортолоругар викторинаны ыытарбыт үтүө үгэскэ кубулуйда. Быйыл В.В. Никифоров-Күлүмнүүр төрөөбүтэ 155 сылын көрсө ыыппыт викторинабытыгар барыта 13 уһуйаантан 18 киһи кыттынна. Ол курдук, кыттааччы ахсаана үксээн иһэрин уонна эдэр педагогтар, төрөппүттэр кыттыылара сыллата көхтөнөн иһэрин үөрэ-көтө бэлиэтиибит.
⭕ Тургутук кыттыылаахтара бары кэриэтэ сөптөөх эппиэттэри биэрбиттэрэ хайҕаллаах, онон ыытар күрэспит сыллата кыттааччылар интэриэстэрин тардар эбит диэн сыаналыыбыт.
⭕ Барытыгар сөптөөх эппиэти биэрбит Кылаайы (Түүлээх) уһуйаанын иитээччитэ Виктория Петухова 1-кы миэстэни ылары ситистэ. Оттон иккис миэстэни Бороҕонтон "Мичил" уһуйаан төрөппүтэ Евдокия Губарева, Бээди уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Прасковья Ушницкая үллэһиннилэр. Үһүс миэстэҕэ Танда уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Мария Федорова уонна Кылаайы уһуйаанын методиһа Любовь Волкова таҕыстылар.
⭕ Бэлиэтиир буоллахха, уһуйааммыт кэлэктиибэ Күлүмнүүр төрөөбүтэ 155 сылын көрсө үгүс өрүттээх үлэни ыытар. Ол курдук, Парасковья Прибылых өрөспүүбүлүкэтээҕи НПК-ҕа кыттан – 2-с миэстэни, кэлэктиип нэһилиэккэ ыытыллыбыт онлайн квиз-оонньууга кыттан бастакы миэстэни ылары ситистибит.
⭕ Маны таһынан Парасковья Гаврильевна "Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр – төрөөбүт түөлбэм киэн туттар киһитэ" диэн оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго биир дойдулаахтарын олоҕун, айар үлэтин туһунан билиһиннэрэр, ону сэргэ үөрэтэр уопутун түмэн таһаартарбыт кинигэтин сүрэхтээтэ.
🖊️ Александра Молокотина, Дүпсүннээҕи "Кэскил" уһуйаан сэбиэдиссэйэ
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#дүпсүн
#күлүмнүүр
https://www.instagram.com/p/CPEyc3Ds8dR/?utm_medium=share_sheet