УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.58K subscribers
34.1K photos
3.13K videos
10 files
5.81K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

Улуус дьаһалтатын суһал ыстаабыгар ыам ыйын 18 күнүгэр уочараттаах мунньах буолла. Онно улууска COVID-19 хамсык ыарыыны утары вакцинация хампаанньатын күүһүрдүү туһунан тэрээһин үлэни ыытары дьүүллэстилэр. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Бастатан туран, улуус сиригэр-уотугар үлэлиир тэрилтэлэр салайааччылара бука бары ыам ыйын 20 күнүгэр диэри вакцинацияны ылыахтаах уонна ылбыт үлэһиттэри испииһэктээн, электроннай көрүҥүнэн [email protected] аадырыска уталыппакка ыыталларыгар этилиннэ.

Иккиһинэн, нэһилиэктэр баһылыктарыгар үлэлээбэт уонна дьиэҕэ олорор дьону эмиэ итинник арааран, испииһэктииллэригэр сорудахтаатылар. Ону таһынан хас биирдии нэһилиэнньэлээх пууҥҥа ыам ыйын 20 күнүттэн саҕалаан анал дьаһал тахсыар диэри вакцинацияны оҥорорго анаан эбии биирдии хоһу аныылларыгар этилиннэ. Онуоха Лөгөй, Байаҕантай, Бэрт Ууһун, Суотту, Дүпсүн, Курбуһах нэһилиэктэрин баһылыктарыгар иккилии хоһу хааччыйаллара ирдэнэр.

Үсүһүнэн, олохтоох нэһилиэнньэҕэ вакцинация туһунан сырдатар-иһитиннэрэр үлэни күүһүрдэргэ быһаарыы ылыннылар. I Өспөх, Өлтөх, Дүпсүн нэһилиэктэрин баһылыктарыгар бэйэни хааччахтааһыҥҥа хабыллыбыт дьону хонтуруоллууру күүһүрдэргэ эттилэр.

Ону сэргэ, уопсайынан, ыарыы тарҕаныытын бопсорго үлэни күүһүрдэргэ, баар балаһыанньаны тута суһал ыстаапка биллэрэн иһэргэ диэн ирдээтилэр.

Роспотребнадзор уонна ИДьМ улуустааҕы салаалара бэйэни хааччахтаан олорор гражданнары хонтуруоллуурга нэһилиэктэринэн кыттыгас рейдэлэри ыыталларыгар этилиннэ.

Ыам ыйын 20 күнүттэн анал дьаһал тахсыар диэри Мүрү нэһилиэгэр “Кэнчээри” эбии үөрэхтээһин киинин дьиэтигэр, Олоҥхо дьиэтигэр уонна Мындаабатааҕы сынньалаҥ киинин дьиэтигэр вакцинация пууннара тэриллиэхтэрэ.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#COVID19
#вакцинация
#коронавирус
#доруобуйахарыстыла
#суһалыстаапиһитиннэрэр
https://www.instagram.com/p/CPCU_ZCs0o-/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Өрөспүүбүлүкэ ураты харыстанар сирдэриттэн биирдэстэрэ – I Хоро нэһилиэгин Чараҥ бөһүөлэгин сиригэр-уотугар киирэр Нэлээн диэн хатыҥнаах чараҥ Мүрү алааһы киэргэтэн, симээн турар. Сыллата бу кэрэ сиргэ үгүс киһи сынньана, кэрэхсии мустар, сөҕөр-махтайар.

Оннук сынньалаҥ кэнниттэн сорохторо бөхтөрүн-сыыстарын ыһан, хаалларан бараллара да баар. Онон Чараҥ бөһүөлэгин олохтоохторо, чуолаан тэрилтэлэринэн арахсан, өрүү субуотунньукка тахсаллар.

Быйыл эмиэ ырааһырдыы үс ыйын чэрчитинэн нэһилиэк дьаһалтата территорияларынан тыыран, олохтоохтор Нэлээҥҥэ үс күннээх ыраастаныы субуотунньугун тэрийдилэр. Итиэннэ сылгылар алдьатан киирбит күрүөлэрин-хаһааларын өрөмүөннүүр сыалтан, олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырайыак чэрчитинэн, үйэлээх гына тимиринэн олбуордааһын үлэтэ саҕаланна.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#ырааһырдыыүсыйа
#чараҥ
#нэлээн
https://www.instagram.com/p/CPDWeKGMwnE/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Найахы нэһилиэгин ытык олохтооҕо Николай Николаевич Иванов (I) 1924 сыллаахха Нам улууһун Арбын нэһилиэгэр 17 оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Ворошилов аатынан колхуоска 1943 сыллаахха бэс ыйыгар биригээдэнэн Маамылы диэн күөлгэ балыктыы сылдьан, Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр ытык иэһин толоро ыҥырыллыбыта. Бурятия Даурия куоратыгар 210-с дивизияҕа, 649 стрелковай пуолкаҕа 1945 сылга диэри сулууспалаабыта. Бу сылдьан минометнай атаакаҕа төбөтүгэр ыараханнык бааһыран, госпитальга сыппыта. Бу кэмҥэ фашисткай Германия үлтүрүтүллэн, Кыайыы өрөгөйдөөбүтэ. Ол эрээри, илин милитаристскай Япония бөҕөргөтүллүбүт сэриилэрэ үлтүрүтүллэ иликтэрэ.

Онон үтүөрэн тахсаат даҕаны, 1945 сыл сайыныгар саллааттар фроҥҥа киирэллэрин туһунан бирикээһи туппуттара. Онон кинилэр чаастара сатыы, массыынанан, монгуоллар пуойастарынан айаҥҥа туруммуттара. Биир кэм дьоппуоннар сөмөлүөттэрэ буомбалыыра, буулдьа төбөлөрүн оройунан ыйылаан ааһара. Олус илистиилээх, куйаас кэмнэри туораан, Кытай сиригэр Кыайыыны көрсүбүттэрэ. Салгыы Даурияҕа байыаннай сэби-сэбиргэли харабыллыыр 120-с пуолкаҕа сулууспалаабыта.

Дойдутугар 1947 сыллаахха төннөн кэлэн, колхуос, сопхуос үлэтигэр үлэлээбитэ. Бочуоттаах сынньалаҥҥа Арбын оскуолатыгар оһох оттооччунан үлэлии сылдьан тахсыбыта. Дүпсүнтэн төрүттээх Д.Н. Рожинаны кэргэн ылан, үс оҕолонон, алта сиэннэнэн, үс хос сиэни көрөр үөрүүтүн биллэ.

Николай Николаевич 97 сааһыгар Найахыга кыыһа Александра Федорова дьиэ кэргэнин тапталыгар угуттанан, уһун үйэлэнэр дьолу билэн, этэҥҥэ олорор. Ытык бэтэрээн Аҕа дойду сэриитин 2-с степеннээх уордьанынан, Жуков, Японияны кыайыы иһин, 1941-1945 сс. тыылга килбиэннээх үлэтин иһин о.д.а. үбүлүөйдээх мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#бэлиэкүн
#бэтэрээн
https://www.instagram.com/p/CPE4hMLMn2z/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Улуус сиригэр-уотугар Өлүөнэ өрүскэ Арыы Тиит бөһүөлэгин аннынан билигин муус хойуутук устар. Сарсыарда 9 чаас 15 мүнүүтэлээх дааннайынан, уу таһыма Оҕуруоттаахха 818 см тэҥнэстэ (муҥутуура – 1051 см). Оттон Дьокуускай аннынан өрүс муустан ыраастаммыт, Кангаласс тумуһугар фарватер эмиэ ыраастанан эрэр. Бу туһунан улуус ыксаллаах быһыыга-майгыга хамыыһыйата иһитиннэрдэ.  

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#халаан2021
#суотту
https://www.instagram.com/p/CPE1GKDMh8Q/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

🔹 Представители 10 регионов Дальнего Востока собрались сегодня, 19 мая, в Хабаровске, чтобы обсудить возможности для самореализации молодёжи. В форуме «ProДФО – Хабаровский край» приняли участие Заместитель Председателя Правительства РФ – полномочный представитель Президента РФ в ДФО Юрий Трутнев и министр РФ по развитию Дальнего Востока Алексей Чекунков.

☑️ Подробно читайте на сайте: ulus.media

#улусмедиа #proдфо #хабаровск
https://www.instagram.com/p/CPC8CK0M6Vi/?utm_medium=share_sheet
👍🏼Тысячи жителей Якутии получат необходимую медицинскую помощь @minzdrav_sakha!

🏥Онкологический центр @oncosakha.ru в Якутске @ykt.city_2 будет достроен. Его возведение «заморозили» в пандемию, но в скором времени рабочие вернутся на объект.

✊🏼Кто добился выделения денег на важную стройку, узнаете из нашего видео (листай вправо)➡️

Подписывайтесь на аккаунт народной группы поддержки:

@za_danchikova
@za_danchikova
@za_danchikova

#Якутия
#ЗаГалинуДанчикову
#ОнкоЦентрЯКУТИЯ14
@dr.lenaafanaseva @tsur14 @sakhagov @nikolaev_aisen @aisenildarkhan @er_novosti @er_moscow @er_yakutia14 @er_yakutsk @gosduma_rf @er.gosduma @government_rf
https://www.instagram.com/p/CPAoHkPMr3_/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Улуус үрдүнэн быйылгы 2020-2021 үөрэх дьылыгар 9 кылааһы – 316, 11 кылааһы – 236 оҕо үөрэнэн бүтэриэхтэрэ. Нуучча тылын биридимиэтигэр 9 кылаас үөрэнээччилэрэ түмүктүүр собеседованиены, 11 кылаастар өйтөн суруйууну (аахпыттан суруйууну) этэҥҥэ туттаран, бары судаарыстыбаннай түмүктүүр аттестация эксээмэнигэр киириигэ көҥүлү ыллылар.

Дойду үрдүнэн эпидемиологическай ситуациянан ылыллыбыт миэрэлэргэ олоҕуран, Арассыыйа үөрэҕин министиэристибэтэ быйылгы 2021 сыллааҕы судаарыстыбаннай түмүктүүр аттестация ыытыллар бэрээдэгэр уларыйыылары киллэрдэ. Ол курдук, 9 кылаас үөрэнээччилэрэ сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэҥҥэ биридимиэти талбаттар. Аттестаты ылалларыгар нуучча тылын уонна математика биридимиэтигэр сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэннэри 16 эксээмэни тутар пууҥҥа толоруохтара. Маны таһынан биир биридимиэти талан, хонтуруолунай үлэни суруйуохтара.

Орто уопсай үөрэхтээһин бырагырааматын түмүктүүр судаарыстыбаннай аттестация икки көрүҥүнэн ааһыаҕа. Ол курдук, үрдүк үөрэххэ туттарсыан баҕалаах оҕо биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэҥҥэ нуучча тылын биридимиэтин булгуччу уонна туттарсар үөрэҕэр ирдэнэр талыы биридимиэти туттарар.

Оттон орто уопсай үөрэхтээһин бырагырааматынан аттестаты ылыан баҕалаах оҕо судаарыстыбаннай выпускной эксээмэҥҥэ нуучча тылын уонна математика биридимиэттэрин туттарар.

Сүрүн эксээмэннэр 11 кылаастарга ыам ыйын 25 күнүттэн от ыйын 2 күнүгэр диэри эксээмэни тутар 13 пууҥҥа ыытыллаллара былааннанар. Резервнэй күннэр от ыйын 12 күнүттэн от ыйын 17 күнүгэр диэри олохтоннулар.

“Тиһэх чуораан” тэрээһиннэр улуус үрдүнэн ыам ыйын 22 күнүгэр онлайн эрэһииминэн (дистанционно) ыытыллыахтара. Оскуоланы бүтэрээччилэр төрөппүттэригэр маассабай тэрээһиннэр, мустуулар бобуллалларын туһунан этилиннэ.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#тиһэхчуораан
#үөрэхэйгэтэ
#бииркэлимэксээмэн
https://www.instagram.com/p/CPCXAIusCHN/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Ыам ыйын 19 күнүгэр улуус дьаһалтатын Биир кэлим диспетчерскэй сулууспатын 12.00 чаастааҕы дааннайынан, Суотту нэһилиэгин сиригэр-уотугар Өлүөнэ өрүс мууһа уста сытар.

Онуоха Оҕуруоттаахха уу таһыма бүтэһик көрдөрүүгэ 114 см эбиллэн, 694 см тэҥнэһэр (муҥутуура – 1051 см), Арыы Тииккэ – 847 см (түөрт чаас иһигэр эбиллиитэ – 70 см, муҥутуура – 1040 см).

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#халаан2021
#суотту
https://www.instagram.com/p/CPCm7Qxsg4P/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Суотту нэһилиэгэр оскуола 220 миэстэлээх саҥа дьиэтэ тутулла турар, быйыл үлэҕэ киириэхтээх.

Улуус дьаһалтатын оробуочай бөлөҕө ыам ыйын 18 күнүгэр миэстэтигэр тутуу хаамыытын билистэ. Билиҥҥи туругунан, тутууга көҥдөйө бүтэн, тымныы уу уонна электричество ситимин тардыы, ону таһынан вентиляцияны таҥыы үлэтэ ыытыллар. Оттон насос станциятын уонна канализация тобохторо түһэр сирин оҥоруу түмүктэммит.

📌 “Оробуочай бөлөх салайааччыта – улуус баһылыга Алексей Федотов тутуу хаамыыта тэтимнээҕин, үлэ хаачыстыбалааҕын бэлиэтээтэ уонна улуус, нэһилиэк дьаһалтатын өттүлэриттэн тутуу графиктан хаалбатын туһугар хонтуруол өрүү баарын санатта. Инникитин тутуу бырайыагынан уонна оскуоланы сайыннарыы бырагырааматынан, Суотту оскуолатыгар аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттэһэр үөрэх саҥардыллыбыт көрүҥүнэн ыытыллыаҕын бэлиэтээтэ. Ол курдук, хас биирдии кэбиниэт, лаборатория, үөрэтэр хостор, муннуктар тус-туспа үөрэтэр киэптээх, соруктаах буолуохтара” – диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.

Салгыы бөлөх Суотту нэһилиэгэр киириигэ стела туруохтаах миэстэтигэр сырытта. Улууска 2022 сылга ыытыллыахтаах Саха сирин норуоттарын VIII-с спортивнай оонньууларын көрсө Суотту – Бороҕон уонна Бороҕон – Аллараа Бэстээх айан суоллара ааһар нэһилиэнньэлээх пууннарга киирии стелалары, бэлиэ миэстэлэри саҥардыы, тупсарыы үлэтэ былааннаммыта.

Билиҥҥи туругунан, Оҕуруоттаахха уонна Бэйдиҥэ, Матта икки ардыларыгар кыраныысса миэстэтигэр оҥоһуллуохтаах стелалар каркастара турда, матырыйаалы таһыы үлэтэ ыытыллар. Сүрүн үлэ, бэдэрээччит этэринэн, бэс ыйыттан саҕаланыаҕа.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#тутуу
#суотту
https://www.instagram.com/p/CPCk4A6Mk82/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

“Улуус хаһыатын ааҕабыт” аахсыйа салҕанан Байаҕантай нэһилиэгэр тиийдэ. Нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга Савва Егоров тыыл бэтэрээннэригэр Екатерина Семеновна Готовцеваҕа, Лука Лукич Андросовка, Николай Петрович Аммосовка улуус хаһыатын алта ыйга босхо суруттаран бэлэх уунна.

Бу курдук сурутуу аахсыйата нэһилиэктэри үксүлэрин хабан, дьаһалталар өйөбүллэринэн ааҕааччы ахсаанын эбэн иһэрэ үөрүүлээх. Мантан сиэттэрэн, улуус хаһыатын, Инстаграмҥа @muru.sahargata сирэйин уонна мюрюгазета.рф хаһыат анал сайтын сэргээччи, ааҕааччы кэҥээтин.

Салгыы сурутуу аахсыйатын I Хоро нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Василий Бурцев тэрийиэҕэ.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#улуусхаһыатынааҕабыт
#хаһыатбырайыага
#сурутуу
https://www.instagram.com/p/CPE-IoJs9cT/?utm_medium=share_sheet
Принимаем заказы на рекламу🎯 Только у нас есть доступ к информационному пространству каждого района РС(Я) через печатные, интернет издания и социальные сети💥

Вашу рекламу увидят:
📱В 110 страницах социальных сетей
💻В 36 сетевых изданиях
📰В 40 улусных газетах
📚В 5 общереспубликанских журналах и газетах
📯Через WhatsApp-рассылку в 33 улусах

Насчет сотрудничества:
📞710-108
📧[email protected]

#рекламаякутск #рекламаякутия #рекламаякт #сахапечать #ulusmedia #улусмедиа
https://www.instagram.com/p/CPFIOB9MW2p/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

📌 "Өрүс кытылыгар олорооччулар өрө тыыммыт курдук буоллубут.

📌 Бэҕэһээ киэһэ 6 чаас 30 мүнүүтэҕэ Суотту утары Үөдэй нэһилиэгэр Буденнай боротуокатыгар 1 туонналаах буомбаны эһэннэр, харыыны төлөрүттүлэр. Онон Эбэ мууһа билиэнтэн босхолонон, сүүрүккэ бас бэринэн, кудуххайдык бэйэтин дьаалатынан уһунна. Муус хадьырыйсар тыаһа, киргиэтээн айанныыра дэриэбинэттэн бэрт чуолкайдык иһиллэр.

📌 Билиҥҥи туругунан, Суотту анныгар күөллэргэ үрэҕинэн саҥа кутан эрэр. Бу үлүгэр киэҥ нэлэмэн сыһыылаах Суотту сирин уунан толоруох диэтэххэ, элбэх уу наада. Онон барыта этэҥҥэ буоларыгар, санаабыт бөҕөх, эрэлбит энчирээбэт!" – диэн Суоттуттан ааҕааччыбыт, ааптарбыт Оҕуруоттаах иһитиннэрдэ.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#суотту
#халаан2021
https://www.instagram.com/p/CPCL24XMEzZ/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Аҕыйах хонуктааҕыта Москваҕа төгүрүк суукка устата сүүрүүгэ Арассыыйа чөмпүйэнээтэ буолан ааста. Онно биир дойдулаахпыт – 100 км сүүрүүгэ Арассыыйа икки төгүллээх чөмпүйүөнэ Надежда Гоголева үрүҥ көмүс призер буолбутун истэн, биһиги, уус алданнар, олус үөрдүбүт. Онуоха Надяны өрөспүүбүлүкэҕэ үгүс киһи Нам улууһуттан сылдьар дии саныыр. Тоҕо диэтэргит, кини Намҥа кийиит буолан, хас да сыл онно олорбута, үлэлээбитэ, күрэхтэһиилэргэ Нам улууһун аатыттан кыттара. Онон бүгүн эһиэхэ, ааҕааччыларбытыгар, бэйэбит кыыспыт буоларын билиһиннэрэн, кинини кытта интервьюбутун сэргииргэ ыҥырабын. 

📌 – Бастатан туран, ситиһиигинэн эҕэрдэлиибин уонна, буоларын курдук, бастаан бэйэҕин билиһиннэр.

📌 – Баһыыба. Мин Элэһинтэн төрүттээхпин. Аҕам Михаил Михайлович Попов Элэһиҥҥэ олорор, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар. Ийэм Прасковья Ивановна 2014 сыллаахха суох буолбута. Чурапчыга успуорт оскуолатын бүтэрбитим уонна оччолорго СГУ физическэй култуура институтугар үөрэммитим.  Кэргэним Дьулустаан Алексеевич Намтан төрүттээх, быраас идэлээх, икки уол оҕолоохпут. Бэйэм полицияҕа үлэлиибин, миграция боппуруостарыгар отделга инспекторбын, полиция лейтенана званиелаахпын. 

📌 – Сүүрүүнэн хаһааҥҥыттан дьарыктаммыккыный уонна уһун дистанцияҕа сүүрүүгэ хайдах кэлбиккиний?

📌 – Оҕо эрдэхпиттэн сүүрүүнү сөбүлүүбүн. Улахан күрэхтэһиигэ аан бастаан 2014 сыллаахха – Намҥа ыытыллыбыт Саха сирин норуоттарын VI-с спортивнай оонньууларыгар кыттыбытым. Онтон дьэ утумнаахтык марафоҥҥа сүүрүүнэн үлүһүйбүтүм. Ити сыл маастар нуорматын толорбутум. Онтон дьэ били “аппетит приходит во время еды” диэн курдук, сүүрдэҕим аайы баҕам улааттар-улаатан испитэ. Арассыыйа маастарын нуорматын толорон баран, аны норуоттар икки ардыларынааҕы маастар буолбут киһи диэн санаа үүйэ-хаайа тутар. Инньэ гынан, сыал-сорук оҥостон, биэс төгүл холонон, алтыс сырыыбар 2018 сыллаахха ону толорбутум. Уопсайынан, уһун дистанцияҕа сүүрүүнү биһиэхэ, сахаларга, барсар эбит диэн санаа үөскээбитэ. Онон биһиги даҕаны маастар буолуохпутун, рекорд олохтуохпутун сөп эбит диэн, саҥаттан-саҥа кирбиилэри ылар санаам баһыйбыта.

Салгыытын комментарийдарга аах
https://www.instagram.com/p/CPF47c0MhBz/?utm_medium=share_sheet
📲📲📲

📌 Күндү улууспут олохтоохторо!

Ыам ыйын 28 күнүгэр 15.00 чаастан "Мүрү саһарҕата" хаһыат Инстаграмҥа @muru.sahargata сирэйигэр улуус социальнай көмүскэлгэ управлениетын исписэлиистэрин кытта БЫҺА БИЭРИИГЭ кыттарга ыҥырабыт.

Управление эппиэттээх үлэһиттэрэ – кылаабынай исписэлиис Илона Ивановна ВАРЛАМОВА уонна сүрүннүүр исписэлиис Вера Васильевна МАТВЕЕВА 3-тэн 7 саастарыгар диэри оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ ТӨЛӨБҮР туһунан кэпсиэхтэрэ, ыйытыыларга хоруйдуохтара📲

Ыйытыыларгытын нэдиэлэ устата 89644293039 нүөмэргэ ватсабынан уонна быһа эфир кэмигэр биэриэххитин сөп.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#социальнайтөлөбүр
https://www.instagram.com/p/CPHcyrOsxCO/?utm_medium=share_sheet
«Единая Россия» внесла законопроект о бесплатном подключении к газу

🔻В документе прямо прописано – доведение газа до участка будет проводиться без привлечения средств граждан, подчеркнул секретарь Генсовета партии Андрей Турчак в ходе совещания Президента России Владимира Путина с членами Правительства 19 мая.

📌 Подробнее 🔗 https://ulus.media/article/11431
https://www.instagram.com/p/CPHgGrYs8uK/?utm_medium=share_sheet
🔻Число просмотров онлайн-трансляций первого дня марафона "Новое Знание" превысило 5 млн

Более 5 млн просмотров набрали в первый день онлайн-трансляции марафона "Новое Знание" 🌐👏🏻 Об этом сообщила в четверг пресс-служба организаторов мероприятия.

https://ulus.media/article/11455
https://www.instagram.com/p/CPHgLi2MKGW/?utm_medium=share_sheet
Единственная эффективная защита от COVID-19 🦠— вакцинация.
🛡Защитите себя и своих близких — сделайте прививку!💉

🇷🇺 Зайдите на портал «gosuslugi.ru» и авторизуйтесь.
Ваша учётная запись должна быть подтвержденной.

🔹 Выберите услугу «Запись на приём к врачу».
В верхней строчке будет зеленое поле с формой для записи на вакцинацию. Нажмите на нее, заполните необходимые поля.

🔹 Либо на главной странице портала «gosuslugi.ru» нажмите на поле с картинкой "Защити себя и близких! Сделайте прививку от Covid-19"
Нажмите на нее, выберите "Записаться на вакцинацию". Далее заполните необходимые поля.

🔹 Укажите поликлинику и выберите удобную дату, время и запишитесь на прием.

📌 Не забудьте взять с собой паспорт, полис ОМС и СНИЛС.

Видео и фото-инструкция в карусели 👉👉👉

Кто может привиться, какие есть противопоказания, как проходит вакцинация, получение электронного сертификата подробнее на портале «gosuslugi.ru», а также по единому номеру телефона 122.

🛡 Защитить себя и своих близких легко и просто с порталом «gosuslugi.ru»!

Ссылка на услугу в актуальном, специальная вкладка "Ковид19"

Листай, сохраняй и делись! 🤗

(#Госуслуги14 #СахаСирэ #Якутия
https://www.instagram.com/p/CPHiq5oMXng/?utm_medium=share_sheet
https://www.instagram.com/p/CPHksbNs986/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн COVID-19 хамсык ыарыытынан ыалдьыы көрдөрүүтэ үрдүү турара бэлиэтэнэр. Улууспутугар хоруона хамсыгынан ыалдьыбыттары эмтииргэ эбии стационар арылынна. Бары олохтоохторго ирдэниллэр миэрэлэри тутуһуу күүһүрдүлүннэ. Манан сибээстээн, олохтоохтор хоруона хамсыгыттан харыстанар биир сүрүн суолбут – вакцина туһунан туох информацияны билэллэрин туоһуластыбыт.

📌 Валентина ФЕДОРОВА,
социальнай управление дьиэҕэ социальнай көмө салаатын сэбиэдиссэйэ:

📌 – Биһиги 41 үлэһиттээх тэрилтэ бары 100 бырыһыан вакцина ыллыбыт. Ол иһигэр эрдэ ыалдьа сылдьыбыт 3 киһи уонна икки медотвод баар. Бэйэм ковидынан ыалдьа сылдьыбытым, дьиэбэр олорбутум, алта ыйым ааһан, үтүөрэн баран ИФА анаалыһын туттараат, “ГамКовидВак” вакцинаны ылбытым, этэҥҥэ аһарыммытым. Билигин ыарыыбыт үһүс түһүмэҕэ кэллэ дииллэр, онон, мин санаабар, хас биирдии киһи патриоттуу санааттан даҕаны, уопсастыбаҕа куттал суоһаабатын туһугар быһыыны ылыахтарын наада. Биһиги үлэбитинэн сылдьар сирбит элбэх, онон быһыы кэнниттэн киһи эрэх-турах сананар. Билигин ватсабынан, социальнай ситимнэринэн араас информация кэлэр. Тус бэйэм ону ылыммаппын, тарҕаппаппын. Сөптөөх инфоромация хаһыат, СМИ нөҥүө бара турар. Урут-уруккуттан ханнык баҕарар тарҕанар вируснай ыарыыларга быһыы оҥоһуллан кэлбитэ. Биһиги грипполу, Мантууну ыла сылдьабыт, онон быһыы диэҥҥэ холкутук сыһыаннаһабын.

📌 Наталья СИДОРОВА,
“Мүрүчээнэ” оҕо уһуйаанын гигиенист үлэһитэ:

📌– Куйар ситимигэр вакцинация туһунан араас куһаҕан сурах тарҕанар, ону итэҕэйбэккэ тулалыыр чугас дьоҥҥун, биир идэлээхтэргин, бэйэҕин харыстыыр, ыарыыны тарҕаппат сыалтан вакцинаны ылыаҕыҥ диэн ыҥырабын. Тус бэйэм вакцинацияттан куттаммаппын, бары ыллахпытына эрэ бу аан дойдуну аймаабыт сүһүрдэр ыарыыны кыайыахпыт диэн санаалаахпын.

Салгыытын комментарийдарга эбэтэр хаһыат мюрюгазета.рф саайтыгар "Мнение" түһүмэххэ аах

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#санааситимэ
#COVID19
#вакцинация
https://www.instagram.com/p/CPIGx4esZTF/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Быйыл Уус Алдан улууһугар оҕо сайыҥҥы тэрээһиннээх сынньалаҥын хааччыйыыга барыта 19 үөрэх тэрилтэтэ 36 лааҕыры үс сезоҥҥа үлэлэтиэҕэ. Мантан 19 күнүскү, 4 стационарнай (хонуктаах) лааҕырдар аһыллыахтара.

Ол курдук, Бэйдиҥэ, Дүпсүн, Курбуһах, Лөгөй, Майаҕас, Найахы, Суотту, Сыырдаах, Танда, Хоноҕор, Мындааба, Уһун Күөл, Мүрү 1-гы №-дээх, Мүрү 2-с №-дээх орто оскуолалара, Мүрүтээҕи уолаттар гимназиялара, “Өркөн” оҕону эбии үөрэхтээһин киинэ, Е.Ф. Габышев аатынан оҕо спортивнай оскуолата, Мүрүтээҕи юннаттар станциялара, “Кэнчээри” эстетическэй киин лааҕырдары үлэлэтиэхтэрэ.

Сүрүннээн, лааҕырдар алта хайысханы тутуһан (техническэй, спортивнай, художественнай, экологическай, үлэ, үөрэх) 1180 оҕону хабан дьарыктыахтара. Күнүскү лааҕырдар – бэс ыйын 5 күнүттэн, хонуктаах лааҕырдар бэс ыйын 15 күнүттэн аһыллыахтара. Маны тэҥэ сайыҥҥы ыйдарга эбии үөрэхтээһин үс тэрилтэтэ (эбии үөрэхтээһин киинэ, оҕо спортивнай оскуолата, юннаттар станциялара) оҕо дьарыктаах буоларыгар, бириэмэлэрин туһалаахтык атааралларыгар араас  хайысханан дьарыктары ыытыахтара.

🖊️ Ирина Сивцева, улуус үөрэххэ управлениетын исписэлииһэ.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#сайыҥҥысынньалаҥ
#лааҕырдар
https://www.instagram.com/p/CPIJXT0sd5c/?utm_medium=share_sheet
🔻 В Госдуме в третьем, окончательном, чтении приняты поправки, подготовленные «Единой Россией» для реализации социальных положений Послания Президента. В числе новшеств — оплата больничного по уходу за ребенком родителям детей до семи лет включительно в размере 100% от заработка, рассказал первый заместитель руководителя фракции «Единой России» Андрей Исаев. Норма заработает с 1 сентября 2021 года.

🔻«На сегодняшний день существует страховой принцип оплаты больничного листа. Если стаж человека менее 6 месяцев, то оплата больничного составляет минимальный размер оплаты труда. Если от 6 месяцев до 5 лет — то 60% заработной платы. Если от 5 до 8 — 80%, и только начиная с восьми лет больничный лист полностью возмещает заработную плату. Дети до семи лет, как правило, бывают у молодых родителей с неполным стажем. Для них находиться на больничном по уходу за ребенком — существенные материальные потери для семьи», — подчеркнул Андрей Исаев.

📌 Подробнее 🔗 https://ulus.media/article/11333
https://www.instagram.com/p/CPIMy-SM0OW/?utm_medium=share_sheet