📰📰📰
⭕️ Оҕо суолга травматизмын сэрэтэр уонна суолга куттал суох буолуутун хааччыйар туһуттан оскуола сайыҥҥы сынньалаҥын кэмигэр ыам ыйын 12 күнүттэн бэс ыйын 13 күнүгэр диэри өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн “Болҕойуҥ – оҕолор!” диэн сэрэтэр үлэ бастакы этээбэ ыытыллар.
⭕️ Сыл саҕаланыаҕыттан муус устар бүтүөр диэри дааннайынан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор кыттыылаах 20 суол быһылаана бэлиэтэммит, ол түмүгэр 23 оҕо араас истиэпэннээх эчэйиини ылбыт.
📌 Ааспыт сыл туһааннаах кэмин кытта тэҥнээтэххэ, маннык суол быһылааннарын ахсаана бу таһымҥа хаалбыт.
📌 Онуоха былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, оҕо кыттыылаах суол быһылаана – 80% (5 түбэлтэттэн 9-ка диэри), оҕолору таһыы быраабылатын кэһии – 100% (2- 4), сатыы дьон туоруур сиригэр (пешеход) оҕоҕо массыына түһүүтэ, хараҥа кэмҥэ сокуоннай саастарын туола илик оҕо кыттыылаах суол быһылаана 3 бэлиэтэнэн – 200% (1- 3) үрдээтэ.
⭕️ Сылын ахсын саас сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор – велосипедистар, мотоциклистар, суоппардар уонна пассажирдар, скутеристар, о.д.а. кыттыылаах суол быһылаана элбиир.
📌 Ону таһынан, сааскы, сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр оҕолору кытта сибээстээх суолга саахал тахсыытын көрдөрүүтэ үрдүүр.
⭕️ Ытыктабыллаах төрөппүттэр, оҕолоргутугар, бэйэҕитигэр куттал суоһаабатын туһугар айаҥҥа болҕомтолоох буолуҥ уонна суол быраабылатын тутуһуу үтүө холобурун бэйэҕитинэн көрдөрүҥ!
⭕️ Убаастабыллаах суоппардар, сатыы дьон сылдьар сиригэр (пешеход) чугаһыыргытыгар түргэн тэтими намтатыҥ, олорор зоналарынан, тиэргэннээх территорияларынан айанныыргытыгар болҕомтолоох буолуҥ.
⭕️Сокуоннай сааһын ситэ илик оҕону массыынаҕа таһыыга быраабыланы тутуһан, анал кириэһилэлээх, тутар ременнээх айанныыргытын умнумаҥ. Оҕоҕо, бэйэҕэ куттал суох буолуутун хайаан да хааччыныҥ!
Уус Алдан улууһун ГАИ отдела.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#суолбыһылаана
#гаисэрэтэр
https://www.instagram.com/p/CO1fGqTMtmE/?utm_medium=share_sheet

Instagram