📰📰📰
⭕ Дьарыктаах буолуу сулууспата Уус Алдан улууһун нэһилиэнньэтэ дьарыга уонна үлэтэ суохтарын көмүскээбитэ номнуо 30 сыл буолла. Улуустааҕы нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинэ – федеральнай сулууспа административнай регламенын бэйэтин эйгэтигэр сыһыаннаах судаарыстыбаннай өҥөлөрү оҥорорго бары ирдэбиллэргэ хоруйдуур тэриллээх-тээбириннээх аныгы кэм тэрилтэтэ буолар. Бүгүн кииҥҥэ үрдүк квалификациялаах идэтийбит алта испи�сэлиис нэһилиэнньэни кытта үлэ хаа�чыстыбатын, таһымын үрдэтэр соруктаахтар. Иниспиэктэрдэр Мария Крылова, Анна Максимова, Матрена Ноговицына, Иннокентий Стручков, Антон Новогодин үтүө суобастаах үлэлэрин бэлиэтиэ этибит.
⭕ 30 сыл устата сулуус�пабыт нэһилиэнньэ дьарык�таах буо�ларын, хас биирдии киһи үлэ буларын, онон уопсастыбаҕа туһа�лаах киһи, бэйэтин идэтийбит кыаҕын олоххо киллэрэрин, оттон үлэни биэрээччи киниэхэ сөптөөх исписэлииһи буларын туһугар үлэлээн кэллэ.
📌 Ыстатыйаны сиһилии "Мүрү саһарҕата" хаһыат муус устар 16 күнүнээҕи 15-с нүөмэригэр эбэтэр хаһыат саайтыгар аах⏫⏫⏫
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#дьарыктаахбуолуу
#социальнайэйгэ
#үбүлүөй
https://www.instagram.com/p/CN3qQyVMpwZ/?igshid=z5v4t4ndbe7i

Instagram
📰📰📰
⭕ Кэптэни олохтоохторо Мария , Виктор Александровтар 1971 сыллаахха муус устар 10 күнүгэр сүрэхтэрин холбоон ыал буолбуттара. Үйэ аҥаара – эттэххэ дөбөҥ, бу сыллар усталарыгар олох араас очурдарын, үөрүүтүн, аһыытын иккиэн бииргэ санныларыгар сүгэн кэллэхтэрэ.
⭕ Ыал буолан түөрт уол оҕону күн сирин көрдөрөн, иитэн, үөрэттэрэн үлэһит, ыал аҕалара оҥорбут туохха да тэҥнэммэт ситиһиилэрэ, ону ситэрэн сиэннэр, хос сиэн эйэҕэс эбэтэ, элэккэй эһэтэ буолар дьолу биллилэр.
⭕ Мария Петровна Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун кэтэхтэн бүтэрэн, бухгалтер идэлээх, Виктор Иннокентьевич суоппар идэлээх, олоҕун 27 сылын тиэхиньикэҕэ анаабыт, 1993 – 2013 сылга диэри "Эрбэһин" бааһынай хаһаайыстыба тэринэн сүөһү, сылгы иитиитинэн дьарыктаммыта. Уолаттар аҕаларын утумнаан суоппардар.
⭕ Александровтар – Лөгөй нэһилиэгин бочуоттаах олохтоохторо. Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата элбэх оҕолоох ыалга болҕомто уурар сокуонугар олоҕуран уонна коммунистическай үлэ ударнига бэлиэлээх буолан, Мария Петровна 49 сааһыгар "Үлэ бэтэрээнэ" буолбута, 1974, 1987 сылларга Баатаҕай олохтоох сэбиэтин дьокутаатынан талыллан бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, 2006 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын бүтүн Сойуус үрдүнэн ыытыллыбыт биэрэпиһи үтүө суобастаахтык ыыппытын иһин мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Олоҕун ааҕар-суоттуур эйгэҕэ анаан үрдүк көрдөрүүлэрин иһин “Уус Алдан улууһугар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга кылаатын иһин”, “Нэһилиэк олоҕор актыыбынай кыттыытын иһин”, “Уус Алдан улууһугар култуураны сайыннарыыга кылаатын иһин” бэлиэлэр хаһаайкалара. Өр сыллаах үлэтэ сыаналанан, Виктор Иннокентьевич эмиэ "Үлэ бэтэрээнэ", "Партизан Заболоцкай аатынан сопхуос бочуоттаах механизатора", “Уус Алдан улууһугар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга кылаатын иһин” бэ�лиэлэрдээх.
⭕ Ытык ыалбыт, эһигини 50 сыл бииргэ сарын-сарыҥҥытыттан өйөнсөн кэлбит үбүлүөйдээх күҥҥүтүгэр эҕэрдэ үтүөтүн, баҕа санаа бастыҥын аныыбыт.
🖊️ Ульяна Бурнашева, уопс. кэрэсп.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#үбүлүөй
#кэптэни
https://www.instagram.com/p/COOy8XHMj2Z/?igshid=1wq25sv2zffro

⭕ Бүгүн СӨ норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо, 1978-1991 сс. партия райкомун сэкирэтээринэн үлэлээбит партия, үлэ бэтэрээнэ Зинаида Винокурова 80 сааһын бэлиэтиир. Кини туһунан Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө улуус хаһыатыгар анаан сэрии кыттыылаахтарын, тыыл үлэһиттэрин, сэрии кэмин оҕолорун үйэтитэр үлэтин туһунан көрсөн кэпсэппитим, онно киэҥ далааһыннаах үлэтин сөҕөн турардаахпын. Зинаида Дмитриевнаҕа доруобай этэҥҥэ сылдьарыгар, уһун олохтоноругар баҕарабын.
🖊️ Уопс. кэрэсп. Елена Сыроватская Зинаида Винокурованы кытта хаһыаппыт 2020 с. кулун тутар 6 күнүнээҕи 9-с нүөмэригэр тахсыбыт интервьютун хаһыат саайтыгар ааҕыҥ⏫⏫⏫
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#улуусдьоносэргэтэ
#үбүлүөй
https://www.instagram.com/p/COZ6LELMjdG/?igshid=g22larafvrki

⭕ Саха норуотун биллиилээх улуу киһитэ, учуонай, суруйааччы, суруналыыс, кыраайы үөрэтээччи В.В.Никифоров – Күлүмнүүр бу дьыл ыам ыйын 18 күнүгэр төрөөбүтэ 155 сыла туолар. Бу ыстатыйабын ити күҥҥэ аныыбын.
⭕ Саха норуотун чулуу киһитэ, өйдөөҕө, үөрэхтээҕэ бочуоттаах попечитель В.В. Никифоров олох сайдыыта үөрэҕириитэ суох буолбатын өйдөөн төрөөбүт Сахатын сиригэр үөрэхтээһин, норуоту сырдатар, култуураҕа тардар үрдүк сыаллаах үлэлэргэ өйүн-санаатын анаабыта, олоҕун сиэртибэлээбитэ. Кини сахаттан үөрэхтээх дьон үөрэнэн-иитиллэн тахсалларыгар өйөбүл-көмө буолбута. 19-с уонна 20-с үйэ кирбиилэригэр саҥа үөскээн эрэр саха интеллигенцията аҕа туттар, тирэх оҥостор киһитэ этэ.
⭕ В.В. Никифоров сахалыы тылынан үөрэх, сахалыы бэчээт сайдыытыгар, араас идэҕэ үөрэтэр үөрэх тэрилтэлэрин төрүттээһинигэр, тыа сиригэр араас хайысхалаах оскуолалар аһыллыыларыгар, саха дьадаҥытын оҕото үөрэхтэниитигэр тус бэйэтин үбүн-харчытын сиэртибэлээбит, үөрэхтээһиҥҥэ араас өрүттээх көҕүлүүр-тэрийэр үлэни ыыппыт, норуотун сайдыытын кэлэр кэскилин туһугар сүппэт үтүө дьыаланы оҥорбута, үлэтэ кэриэстэнэр, үйэтитиллэр. Улуу меценат аата өрүү астыктык, махталынан ахтыллар.
🖊️ Дүпсүнтэн кыраайы үөрэтээччи Марфа Ховрова бу ыстатыйатын толору "МС" хаһыат ыам ыйын 14 күнүнээҕи 19-с нүөмэригэр эбэтэр хаһыат мюрюгазета.рф саайтыгар "Истории" түһүмэххэ аах⏫⏫⏫
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#күлүмнүүр
#үбүлүөй
#дүпсүн
https://www.instagram.com/p/CO_rQt0sZqm/?utm_medium=share_sheet

⭕ Бүгүн – биллиилээх уопсастыбаннай судаарыстыбаннай диэйэтэл, ХХ – XXI-с үйэлэр кирбиилэригэр саха интеллигенциятын бас-көс киһитэ Василий Никифоров – Күлүмнүүр төрөөбүтэ 155 сыла.
⭕ Бэлиэ күҥҥэ сүдү киһи аатыгар сүгүрүйэн, өрөспүүбүлүкэ Ил Түмэнин иннигэр турар пааматынньыгар Судаарыстыбаннай Мунньах дьокутааттара, атын даҕаны салайааччылар, биир дойдулаахтарбыт, аймахтара сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
📌 "Салгыы Национальнай бибилэтиэкэҕэ мемориальнай дуоскатыгар эмиэ сибэкки дьөрбөтүн ууран, П.А.Ойуунускай аатынан литэрэтиирэ мусуойа Күлүмнүүргэ аналлаах Zoom-кэмпириэнсийэни ыытта", – диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#күлүмнүүр
#үбүлүөй
https://www.instagram.com/p/CPAd6qjMp8g/?utm_medium=share_sheet

Өнөр оскуолата үйэлээх үбүлүөйүн бэлиэтээтэ
Өнөр нэһилиэгэр ахсынньы 9 күнүгэр Россия Дьоруойа Михаил Стрекаловскай аатын сүгэр Өнөр орто оскуолатын 100 сылын бэлиэтиир дьоро күнэ "Дьоруойдар күннэригэр" түбэһиннэрэн ыытылынна. Үбүлүөй тэрээһиннэрэ Кыайыы болуоссатыгар Өйдөбүнньүк миитинтэн саҕаланна.
Үбүлүөйдээх күн биир бэлиэ түгэнинэн "Үөрэммит кыһабыт үйэлээх кэрдииһэ " диэн кинигэр сүрэхтэниитэ буолла.
Улуус баһылыга Алексей Федотов эҕэрдэ тылыгар Өнөргө саҥа оскуола-саад тутуута бигэргэнэн 2025 сылга үлэҕэ киириэхтээҕин туһунан иһитиннэрэн нэһилиэк олохтоохторун сүргэллэрин көтөхтө.
Бу күн математика учуутала Валентина Протопопова "РФ үөрэхтээһин уонна иитии бочуоттаах үлэһитэ" бэлиэнэн, алын сүһүөх кылаас учуутала Акулина Лукачевская "СӨ учууталлар Учууталлара" бочуоттаах бэлиэнэн, ОБЖ учуутала Юрий Протопопов СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин махталынан наҕараадаланнылар.
✍️ Варвара Парникова – Үүйэ, уопсас. кэрэсп. Өнөр
Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/82491

Кырачааннар көмүс уйалара буолбут “Мүрүчээнэбит” бастакы үбүлүөйүн дьоһун ситиһиилэрдээх көрсөбүт
Кырачааннары иитиигэ-үөрэтиигэ ураты көрүүлээх, айымньылаахтык үлэлиир педагогтардаах кэлэктиип үбүлүөйдээх биэс сылбытын дьоһун ситиһиилэрдээх көрсөбүт. Ол курдук 2020 сылга Бүтүн Арассыыйатааҕы “Детский сад года-2020”, “Детский сад: мир любви, заботы и внимания” көрүү-быыстапкаҕа, 2021 сылга өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сыл бастыҥ оҕо саада-2021”, 2022 сылга Бүтүн Россиятааҕы “Лучшие практики управления дошкольного образования” көрүү-күрэстэр кыайыылаахтара буолары ситистибит.
✍️ Анна Алексеева, бас иитээччи
Сиһилии: https://мюрюгазета.рфi/article/83449

Уус Алданнааҕы техникум 50 сылын бэлиэтээтэ
Үлэ араас эйгэтигэр орто анал үөрэхтээх үлэһиттэри бэлэмнээн таһаарар улууспут соҕотох техникума (дириэктэр Андрей Стрекаловскай) тэриллибитэ 50 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ.
Техникум 1972 сыллаахха Суоттутааҕа СПТУ-19 диэн аатынан Намнааҕы 2 №-дээх училище филиалын быһыытынан арыллыбыта. Бу сылларга педагогическай кэлэктиип 6000-тан тахса ыччаты автомобильнай транспорт, олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын, кыылы-сүөлү иитээччи, сыбааркаһыт, тыа хаһаайыстыбатын уонна нэһилиэнньэ харыстабылын үлэһиттэрин иитэн-үөрэтэн таһаарда.
Үбүлүөйү көрсө үйэлээх бэлэх – кинигэ бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэ эрэдээктэрэ – Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, кыраайы үөрэтээччи Павел Пермяков – Тэлэкэ.
Техникум кэлэктиибэ үрдүк профессиональнай таһымнаах үлэһиттэринэн, үөрэхтээһин аныгы баазатынан, инновационнай технологияларынан киэн туттар. Онон ситиһиилээх, таһаарыылаах саҥа исписэлиистэри үөрэтэн таһаарарга бэлэмнэр.
✍Ольга Шепелева
@murusahargata

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#үбүлүөй
💢 Үйэлээҕи түстүүр аналлаах Үһүс саас оскуолата 10 сылын туолла
Үһүс саас оскуолата тэриллибитэ 10 сылын усталаах-туоратыгар төһөлөөх элбэх талба талааннаах, үтүмэн баҕа санаалаах, инникилээх өйдөөх-санаалаах аҕам саастаах дьоммут бэйэ сөбүлүүр дьарыгын нөҥүө үйэлээҕи, инникилээҕи оҥорон, кэлэр көлүөнэ дьоҥҥо холобур буолардыы үүнэн-сайдан, үлэлээн-хамсаан кэлбиттэрэ буолуой?!
Үбүлүөйдээх тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар бу талааннаах дьоммут нэһилиэктэринэн сэлэлии хааман киирэн бэйэлэрин билиһиннэрдилэр. Хас биирдии нэһилиэккэ эҕэрдэ суруктар, биирдиилээн махтал суруктар, бочуотунай грамоталар улуус баһылыга Алексей Федотовтан, Мүрү нэһилиэгин баһылыгыттан Василий Аммосовтан, Бороҕон нэһилиэгин баһылыга Василий Алексеевтан туттарылыннылар. Үһүс көлүөнэ салайааччылара Дьокуускай куораттан уонна ыаллыы сытар Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан Людмила Заровняева-Стручкова кэлэннэр эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
Бу күн "Мүрү саһарҕата" эрэдээксийэ оҥорон бэлэмнээбит "10 сыл алыптаах аартыгы дабайан" альбом-кинигэ бэчээттэнэн тахсыбытын билиһиннэрэр үөрүүлээх түгэн тосхойдо.
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков: "Саха култууратын матырыйаалынай баайын-дуолун кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдэр үрдүк соруктаах дьон буолаҕыт. Биирдэ күлүм гынан көстөн ааһар үлэ буолбатах. Хас эмит үйэ устата саха омугун төрүт үгэстэрин хаалларар оҥоһуктар буолаллар. Ол гынан баран, бииртэн сэрэниэххэ. Атын омук оһуорун-мандарын кыбыппат туһугар кыраҕа буолуҥ. Оннооҕор учуонай-этнолог Улла Йохансен 1950 сыллардаахха, 19-20 үйэлэр алтыһыылырыгар, "Орнаментальное искусство якутов" диэн кинигэтигэр, Германияҕа быыстапкаҕа тиийэн турбут үлэлэри көрөн, үөрэтэн баран, 130-ча сыл аннараа өттүгэр саха орнаментальнай искусствотыгар таһыттан киирии үксээн эрэрин этэн турардаах. Онон күндү далбар хотуттар кыраҕы буолуҥ!" – диэн оруннаах этиитин
истээччилэр күүстээх ытыс тыаһынан доҕуһуоллаабыттара ылыммыттарын, сөптөөҕүнэн сыаналаабыттарын туоһута буолла.
✍️ Ольга Шепелева
✅ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/92529
@ulusmedia

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үбүлүөй
💢 Бороҕоннооҕу оҕо ускуустубатын оскуолата 65 сылын бэлиэтиир
65 сыл анараа өттүгэр Саха АССР миниистирдэрин Сэбиэтин 363 №-дээх бирикээһинэн Уус Алдан норуодунай дьокутааттарын оройуоннааҕы исполкомун 218 №-дээх быһаарыытынан муусука бастакы оскуолата Бороҕоҥҥо 40 оҕолоох, үс преподавателлээх Мүрү орто оскуолатын баазатыгар фортепиано уонна баян кылаастардаах аһыллыбыта.
Бу сыллар тухары барыта 16 дириэктэр, 100-тэн тахса преподаватель оҕолору үөрэтэн, кэрэҕэ уһуйан кэллилэр. Тыһыынчанан оҕо ускуустуба үс көрүҥэр муусука, уруһуй уонна үҥкүү салааларын үөрэнэн бүтэрэн сибидиэтэлистибэ ылбыта, 130-ча выпускник култуура уонна ускуустуба хайысхатынан үөрэхтэрин салҕаан, биллэр-көстөр исписэлиис буолан өрөспүүбүлүкэбитигэр, өрөспүүбүлүкэ таһыгар ускуустуба, култуура эйгэтигэр үлэлии-хамсыы сылдьар.
Оскуола дириэктэринэн ахсыс сылын СӨ култууратын туйгуна Гаврил Петухов, завуһунан 17-с сылын оскуола выпускницата, СӨ култууратын туйгуна Саргылана Бурцева, кылаабынай исписэлииһинэн уонна кэлэктиип боропсойууһун салайааччытынан Надежда Ширяева таһаарыылаахтык үлэлииллэр.
2015 с. Кэптэнигэ фортепиано, 2021 с. ырыа ансаамбылын кылааһа, 2018 с. Тандаҕа филиал аһыллан флейтаҕа, ырыа ансаамбылыгар оҕолору уһуйаллар, Майаҕаска хореография, Мындаабаҕа художественнай кылаастар аһыллыбыттара. Суотту филиала 1990 сыллаахтан ситиһиилээхтик үлэлиир.
Оскуолаҕа билигин 16 преподаватель барыта 254 оҕону муусука инструменнарыгар фортепианоҕа, флейтаҕа, норуот инструменнарыгар баяҥҥа, балалайкаҕа, домбраҕа, гитараҕа, фольклорга, ырыа ансаамбылыгар, уруһуй салаатыгар ”Живопись”, “Изобразительное искусство”, үҥкүү салаатыгар ”Хореографическое творчество” предпрофессиональнай 5 уонна 8 сыллааҕы, уопсай сайыннарыылаах үс сыллаах бырагыраамаларынан үөрэтэллэр.
Быйылгы үөрэх дьылыгар 44 выпускник оскуолабытын бүтэриэҕэ, олор истэриттэн ускуустуба хайысхатынан үөрэхтэрин салгыырга үс оҕо бэлэмнэнэ сылдьар.
✍️ Саргылана Бурцева, оскуола завуһа
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/96399
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia

💐 💐 💐 Россия журналистарын Союһун Саха сиринээҕи салаатын 15 сыл ситиһиилээхтик салайбыт, республика журналистара ытыктыыр салайааччыбыт Галина Алексеевна Бочкарева 65 сааһа уонна журналистика эйгэтигэр айымньылаах үлэтэ 44 сыла бэлиэтэнэринэн ити унньуктаах айан суолун тэлэригэр бастакы олугун саҕалаабыт уонна журналист быһыытынан куорсун анньыммыт кэрэ кэмнэриттэн хайыы үйэ умнуллан-төмнүллэн эрэр одоҥ-додоҥ өйдөбүллэри санаан-ахтан ааһыахпын баҕарабын.
P.s. Бэриллибит хаартыскалар Галина Бочкарева Уус Алдан оройуонун "Ленинскэй тэрийээччи" хаһыатыгар үлэлээбит кэмнэриттэн😍
Салгыытын манна аах👉 https://мюрюгазета.рф/ajymnylaah-ylen-algystaah-aartyga-arylla-syrdaatyn/
P.s. Бэриллибит хаартыскалар Галина Бочкарева Уус Алдан оройуонун "Ленинскэй тэрийээччи" хаһыатыгар үлэлээбит кэмнэриттэн
Салгыытын манна аах
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM