"Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр"
554 subscribers
911 photos
154 videos
4 files
113 links
👩🏻‍🌾 Бырайыак 2021 сыл кулун тутар 17 күнүгэр стартаабыта. Бииргэ буолуохха
Download Telegram
Хаҥалас улууһугар ыанар ынах төбөтүгэр 35 тыһ солк биэриигэ докумуон хомуйуута саҕаланна.

Бүгүн Хоточчу сэлиэнньэтигэр тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Пётр Марков докумуону хомуйар. Кини эппитинэн, Хоточчуга 35 кэтэх хаһаайыстыбалаах киһи баар. Кинилэр ортотунан 2-3 ыанар ынахтаахтар.

Ыанар ынахха көрүллэр субсидия бырагырааматын сэргииллэр.

- Икки өрүттээх. Бастакыта, дьон хаһаайыстыбатын кэҥэтэригэр, сүөһүтүн элбэтэригэр наадалаах. Сүөһүтүн тутан хаалар. Оттон иккиһэ - үүт туттарааһына аҕыйыыр. Мин санаабар, элбэх сүөһүлээхтэр үүт туттараллара ордук, оттон аҕыйах ыанар ынахтаахтар маннык субсидияны ылаллара сөптөөх, - диэтэ Марков.

Исписэлиис эппитинэн, былырыын субсидияны ылбыттар харчыларын сүөһү аһын бэлэмниир үлэҕэ, ол эбэтэр уматык, техника ылыытыгар туттубуттар.

Хоточчуга, бааһынай хаһаайыстыбалары кытта холбоон, уопсайа 500-тэн тахса ыанар ынах баар.

#яфермер #хоточчу #лпх #субсидия #тыасирэ #35тысяч #господдержка #дойнаякорова
Хаҥалас улууһун Хоточчутун олохтоохторугар муус барыыта куруук сэрэхтээх кэминэн биллэриллэр. 2010 сыллаахха улахан уу кэлэн, элбэх ыал хаһаайыстыбаларыгар хоромньу көрсүбүтэ. Ким эрэ көһөргө күһэллибитэ.

Ол кэмтэн саас буолла да, хоточчулар ууну манаабытынан бараллар. Өлүөхүмэ балаһыанньатын көрөн, онон барыллаан дьаһаналлар.

Бу күннэргэ отторун, сүөһүлэрин, сылгыларын үөһэ мырааҥҥа, дэриэбинэттэн 3 км тэйиччи, таһаардылар. Сэрэхтээх буолар ордук.

#хоточчу #халаануута2022
Аны туран маннык буолла🤩😋

Үүтү тутар тэрилтэ кыһыҥҥы кэмҥэ үлэтин тохтотто. Онтон ынахтар ыана тураллар.

Бизнес-былаанынан күн аайы дохуот киириэхтээх, барыта отчуоттанар. Онон арыылыырга уонна күөрчэхтииргэ сананныбыт. Мас ытыкпытын ылан, ытыйан бардыбыт.

Пиэрмэр үүтүн, этин бэйэтин остуолуттан атыылыырын көҥүллүүр сокуон тахсыбыта үчүгэйин👍🏻

Саҕалааһын баар, дьон атыыласта. Үчүгэй диэтилэр. Онон үөрэ-көтө астыырга.

#агростартап2022 #пиэрмэр #хоточчу
Дьэдьэн🍓😋

2021 сыллаахха Амма Болугуругар «Дьэдьэн ферматын» арыйыахха сөп эбит диэн оҥорбут бизнес-былааным олоххо киирбитэ буоллар, билигин хайдах салаллан иһиэ эбитэ буолла🤔 былаан туолуутугар өрө мөхсө сылдьар буолуом этэ😅

Үлэһиттэр, отчуоттар, атыыга батарыы... Сыал туолуутугар туруулаһыы💪🏼🤝🤞🏻👌🏻

Бүлүүгэ көтөр иитэр ферманы тэрийэбин диэн бизнес-былааннаах Мария үлэтэ өрө тахсыы бөҕө, киэн туттабын👍🏻🤩

Баҕар мин фермабар эмиэ «Болугурга Полинаҕа дьэдьэннии бардыбыт", - диэччи ахсаана күннэтэ эбиллэн иһиэ эбитэ буолуо👍🏻🤩🍓🏃🏻‍♀️🏃🏻

Ону дьылҕа-хаан атын суолу тэлэн биэрэн💞, билигин Хоточчуга сүөһү төбөтө эбиллэрин, үүт дэлэйэрин, үүт-эт ас хайдах минньигэстик астанарын үөрэтэ, олоххо киллэрсэ сылдьабын🧑🏼‍🌾👩🏻‍🌾🌿🌿🌿🐄🐂🐎🐖🐐🦃🥛🥩🥓

Онтон бу Сунтаартан кийииттээх буоллаххына, сылы эргиччи маннык аһыыгын диэн хаартыска👍🏻 Шурочкам ийэтэ Валентина Петровна сир астыырын да, ону кэһии гынан ыытарын да олус сөбүлүүр киһи😘

#тыасирэ #изгородавсело #хоточчу
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Сайын буолан, ыам эбиллэн, оҕуруот үлэтэ саҕаланан, уу олус наада кэмэ буолла.

Бэҕэһээҥиттэн саҕалаан дэриэбинэҕэ "водопровод" холбонно.

Сарсыарда уонна киэһэ биэрэллэр.

Тыа сирин уунан хааччыйыы бырагыраамата муниципалитеттар саамай сүрүн дьаһаллара буолар. 2000 сыллар саҕаланыыларыттан бу хайысхаҕа күүстээх үлэ барбыта, "Благоустройство" бырайыак чэрчитинэн.

Билигин "водопровода" суох ыал аҕыйах ини. Эһиэхэ, хайдаҕый?

#тыасирэ #хоточчу
Биир дьиэ кэргэн буолан эйэ дэмнээхтик сылдьаллар😍

Бөлөнөххө уочараттыы сылдьаллар😂

#хоточчу #тыасирэ
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн ойуурга тахса сырыттым😍

Киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин биир кыра муннугар тураммын айылҕа кэрэтин дьүһүйдүм❤️

#айылҕа #тыасирэ #хоточчу
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Фрезабыт кэллэ

Транспортнай хампаанньа эмиэ аара суолга тохтоон, туттарда. Дэриэбинэттэн тахсыыга, федеральнай трасса кытыытыгар киэҥ-куоҥ автостоянка баар буолан, абыранныбыт.

Фрезабытын 2,2-лээҕи Новосибирскайтан Гидросибтартан ыллыбыт. Туох да харгыһа суох👍🏻✊🏻 Сыаналара да чэпчэки курдук, табаарын арааһа да дэлэгэй.

Аҕалтарыытын ИП РЕПАЛО С.Ю. оҥордо👍🏻 атыттары кытта тэҥнээн көрдөххө, сыаната удамыр курдук.

"Саха сиригэр тиэйэр-таһар үлэни оҥорбуппут 10 сыл буолла. Сельхозтехника сүрүннээн. Эрдэ кэргэммин кытта бэйэбит таһарбыт, билигин суоппардары наймылаһабыт. Элбэх киһи биһигини билэр. Эҕэрдэ ыытабын. Икки сыл буолла Саха сиригэр сылдьыбатаҕым. Айылҕатын сөбүлүүбүт. Өлүөнэ эбэ кэрэ көстүүтүн ахтабыт😍", - диэтэ Светлана Юрьевна.

Массыынаҕа, кырдьык, от охсор, от мунньар, тыраахтыр көлөһөтө иҥин толору көстөр.

Кимиэхэ эмэ новосибирскайдар өҥөлөрө наада буоллаҕына - ыйытаарыҥ, контактарын биэриэҕим. Реклама буолбатах. Дьон туһаннын диэн информация

#тыасирэ #хоточчу #отмасүлэтэ
Бэтэрээ кыра бааһынаҕа олордубут эбиэспит бэҕэһээ киэһэ маннык туруктаммыт.

Хаһыска олордубуппутун чуолкай даататын өйдөөбөппүт эрээри, бэс ыйын 6 - 9 күннэрэ.

Иккис хаартыскаҕа бэс ыйын 21 күнүнээҕи туруга.

Тураҥнаахха баар бааһынаҕа бэс ыйын 27-28-29 күннэригэр эбиэс, судааҥка, просо олордуллубута. Ол диэки оттооччулар "Бэркэ үүнэн эрэр оккут", - диэн кэпсииллэр.

Сэбиэскэй кэмҥэ үүнүү бөҕө биэрэн турбут бааһына ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр быраҕыллыбытын, билигин чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытан эрэбит.

Регион салалтата оту үүннэриинэн дьарыктаныахха наада диэн этэн турар. Сөптөөх дьаһал. Оннук эрэ гыннахпытына үчүгэй оту ылан, сүөһүлэрбитин кыстатан, үүт ылан, дохуот аахсар кыахтаахпыт.

Хаһаайын билигин ардах быыһыгар-ардыгар арыыга оттуур. Саатар ардахпыт тохтоло суох кэлэн түс да түс. Бүгүҥҥүттэн биир нэдиэлэ кураан диэтилэр. Онон бары күүһү окко!!!

#тыасирэ #агробизнес #хоточчу
Халлаан үөрэхтээхтэрэ куйаар иһитиннэриитигэр таһаарбыттар. Отчут көрөн үөрэр халлаана, кыһын сүөһүлэригэр сиэтэр отун үрдүк хаачыстыбалаахтык бэлэмнээн ылыан наада.

Оттон норуот синоптига Тускул киин улуустарга итийиэ эрээри, сотору-сотору этиҥнээх ардах биллэн ааһыа диэн суруйбут. Дьэ, бу сэрэхтээх.

Ардах-самыыр быыһынан былаан 3/1 туолла. Былаан кырата 60 туонна, биир төбө кыстыырыгар ортотунан 2 тн наада диэн.

Арыыга оттуур хоточчулар быйыл окко эрдэ киирдилэр, паром эрдэ кэлэн көһөрөн👍🏻

Былырыын атырдьах ыйын 3 күнүгэр паром кэлбитэ. Биир ый ардах-самыыр аннынан күүстээхтик үлэлээн, былаан туолар-туолбута. Үксүн туустаан-тумалаан кээспиттэрэ.

Быйыл сүөһү төбөтө эбилиннэ. Онон бу күннэргэ халлаан эрэ туран биэрдэр диэн баҕа санаа баар🙌🏻☀️

Үүннэрбит оппутугар эрэл улахан🤞🏻🤞🏻🤞🏻

#тыасирэ #от2023 #хоточчу
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Оҕолор куораттан кэлэ сырыттылар. Үүннэрбит оккутун көрүөхпүт этэ диэн, чугастааҕы сиргэ баран кэллилэр.

Кийиит кыыс видеоҕа түһэрбит😍☀️👏🏻

Эбиэспит бүгүҥҥү туруга

#тыасирэ #хоточчу #сүөһүсиирото #кормозаготовка
Күн-дьыл туран биэрэн, Николаевтар дьиэ кэргэн отторун сороҕун бастыҥ хаачыстыбалаахтык ылан, дьиэлэрин таһыгар тиэнэллэр.

Аҕа баһылык Алексей Романович хотонун далыгар биэс оту кэбиспит.

Николаевтар кэтэх хаһаайыстыбалаахтар.

Хачыгыраччы куурбут оту атырдьаҕынан иилэн ылан, массыынаҕа чэпчэкитин элээрдэн иһэллэр. Харах хайгыы көрөр, кулгаах үөрэ истэр☀️🌿🌿🌿

#хоточчу #тыасирэ #от #букабарыокко
Бэҕэһээ киэһэ 8 чааска отчуттары массыынанан көрсөн ылыыга барса сырыттым.

Ойуурга сылдьыбатах биир ый буолбут, бу "атаҕы" кытта сайын оттоспотум да, сир астаабатым да...

Быйылгы арыыга оттооһун сезона бүттэ. Былырыын баччаларга саҥа саҕалаабыппыт, паром арыыга атырдьах ыйын 3 күнүгэр көһөрбүтэ, онтон уһун ардах түспүтэ.

Быйыл от бүтэһик күннэригэр халлаан туран биэрдэ арыыга былаан туолла. Аны бааһынабытыгар үүннэрбит оппут хаалла.

Кыстыкка бэлэмнэнэбит.

#тыасирэ #хоточчу #сайын2023
Бэлиэр атырдьах ыйа. Отчуттар былааннарын толорууну түмүктүүр күргүөмнээх күннэрэ.

Биһиги арыытааҕы оппут былаана туолла бүтэһик нэдиэлэҕэ күн-дьыл туран биэрэн абыраата.

Аны билигин үүннэрбит оппутун маныыбыт. Бүгүҥҥү турук:

1 от - просо
2 от - судааҥка
3 от - эбиэс

Бастакы хаартыскаҕа хаһаайын чугастааҕы кыра бааһынаны тургутар.

#кормозаготовка #сүөһүсиирото #хоточчу