Хаҥалас улууһугар ыанар ынах төбөтүгэр 35 тыһ солк биэриигэ докумуон хомуйуута саҕаланна.
Бүгүн Хоточчу сэлиэнньэтигэр тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Пётр Марков докумуону хомуйар. Кини эппитинэн, Хоточчуга 35 кэтэх хаһаайыстыбалаах киһи баар. Кинилэр ортотунан 2-3 ыанар ынахтаахтар.
Ыанар ынахха көрүллэр субсидия бырагырааматын сэргииллэр.
- Икки өрүттээх. Бастакыта, дьон хаһаайыстыбатын кэҥэтэригэр, сүөһүтүн элбэтэригэр наадалаах. Сүөһүтүн тутан хаалар. Оттон иккиһэ - үүт туттарааһына аҕыйыыр. Мин санаабар, элбэх сүөһүлээхтэр үүт туттараллара ордук, оттон аҕыйах ыанар ынахтаахтар маннык субсидияны ылаллара сөптөөх, - диэтэ Марков.
Исписэлиис эппитинэн, былырыын субсидияны ылбыттар харчыларын сүөһү аһын бэлэмниир үлэҕэ, ол эбэтэр уматык, техника ылыытыгар туттубуттар.
Хоточчуга, бааһынай хаһаайыстыбалары кытта холбоон, уопсайа 500-тэн тахса ыанар ынах баар.
#яфермер #хоточчу #лпх #субсидия #тыасирэ #35тысяч #господдержка #дойнаякорова

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
✅✅✅👩🏻🌾🧑🏼🌾👨🏼🌾
2023 сылга тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар бүддьүөттэн көрүллэр үбүлээһин кээмэйэ улаатыаҕа. Ол курдук, бырабыыталыстыба 11 млрд 543 мөл. солк. көрбүт эбит буоллаҕына, бу үбүлээһин кээмэйэ өссө 2 млрд 600 мөл. солк. эбиллиэҕэ.
Туһааннаах соругу Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар судаарыстыбаннай бүддьүөт барылын көрүү мунньаҕар туруорда.
Ил Дархан сылгыны үөрдээн иитиигэ субсидия кээмэйин улаатыннарар туһунан сорудахтаахта. 2022 сыллаахха субсидия кээмэйэ төбөҕө 1,5 тыһ. солкуобайтан 3 тыһ солк диэри улааппыта. 2023 сылга субсидия кээмэйин 5 тыһ. солк. диэри улаатыннарар туһунан этилиннэ.
Айсен Николаев тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга үүт субсидиятын 50 солкуобайтан 60 солкуобайга диэри улаатыннарары эттэ.
Кэтэх хаһаайыстыбаларга субсидияны 37 тыһ. солк. диэри улаатыннарыы былааннанар. Санатан эттэххэ, саҥа механизмынан ыанар ынахха 35 тыһ. солк. субсидия көрүллэр.
Бу туһунан СИА суруйда.
#субсидия #тыасириндохуота