"Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр"
554 subscribers
911 photos
154 videos
4 files
113 links
👩🏻‍🌾 Бырайыак 2021 сыл кулун тутар 17 күнүгэр стартаабыта. Бииргэ буолуохха
Download Telegram
Айылҕа министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, көҥүлэ суох сиргэ массыынаттан бөҕү бырахтахха - ыстараап. Кыра да буоллун, улахан да буоллун.

Бэрээдэги кэспиккэ - административнай эппиэтинэс, Кодекс 8.2 ыстатыйата 3.1-3.4 чаастара.

Ыстараап киһиэхэ — 10-15 тыһ солк, дуоһунастаах сирэйгэ — 20-30 тыһ. солк. юридическай сирэйгэ — 30-50 тыһ. солк.

Оттон бөҕү улахан таһаҕас тиэйэр массыынанан, бырысыабынан, тыраахтарынан аҕалан кутар буоллахха, ыстыраап киһиэхэ 40-50 тыһ.солк., дуоһунастаах сирэйгэ 60-80 тыһ.солк., тэрилтэҕэ 100-120 тыһ.солк.

#айылҕа #экология
Итэҕэй-итэҕэйимэ.

Бастакы хаартыскаҕа Чурапчы сэл., 2022 сыл, муус устар 8 күнэ.

Иккис хаартыскаҕа Чурапчы сэл., 2023 сыл, муус устар 8 күнэ.

Олохтоох суруналыыс Сэмэн Жендринскай бэлиэтээһин хаартыската айылҕа сылынан араастаһыытын дьэҥкэтик көрдөрөр.

Бу күннэргэ "баччаларга былырыын оннук этэ, маннык этэ" диэн кэпсэтиилэргэ - эппиэт буоллун диэн Сэмэнтэн ылан таһаардым. Сүүстэ мөккүспүттээҕэр, биирдэ көрбүт ордук.

Сэмэҥҥэ махтал, болҕомтолоох суруналыыска🙌🏻🤝

#сахасирэ #айылҕа #күндьыл #чурапчы
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн ойуурга тахса сырыттым😍

Киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин биир кыра муннугар тураммын айылҕа кэрэтин дьүһүйдүм❤️

#айылҕа #тыасирэ #хоточчу
Уус Алдан улууһун Суотту олохтооҕо, 2019 сыллааҕы Агростартап кыайыылааҕа Милена Варламова күн-дьыл уларыйыыта хаһаайыстыбаны тэрийиигэ олус оруоллааҕын өссө икки сыллааҕыта биэрбит интервьютугар бэлиэтээбитэ.

"Сарсыарда күммүт таһырдьа хас кыраадыс буолбутун көрүүттэн саҕаланар", - диэбитэ.

Ол курдук Милена бүгүн "Кыраайыттан кыраайа" диэн бэлиэтээһинин соцситим нөҥүө кэпсээтэ.

Бастакы хаартыскаҕа - бэс ыйын 25 күнэ 2023 сыл, иккис хаартыскаҕа - тохсунньу 18 күнэ 2023 сыл.

Сахам сирин таптыыбын: өҥүрүк куйааһын, томороон тымныытын☀️🌿💨❄️

#сахасирэ #айылҕа #уусалдан
Бу - бириис. Айсен бирииһэ🤩💥💫☀️

Саха сирин эдэр фермердэрин бөлөҕөр булт сезона арылла илигинэ “Сааскы кус” диэн куонкурус ыыттыбыт. Оонньуубут да уратылаах – кынаттааҕы көрбүт эрэ буолуохтааххын, видео ирдэнэр.

Биэс үлэ киирбититтэн КЫАЙЫЫЛААХ биллибитэ ыраатта эрээри, сааскы тэриир ыган, бастыҥмыт өр сибээскэ тахсыбакка сырытта. Бүгүн да төлөпүөнэ арахса сылдьар.

Онон, быыһыгар-ардыгар бэйэтин туһунан кылгастык кэпсээбитин суруйдахха маннык:

- Мин Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр олоробун. Ыалбын, 3 оҕолоохпут. Сүөһү иитиигэ ИП тэринэн, үлэлиибин. Ыанар ынаҕым 25 буолла.

Сайын ынахтарбар чаһы иилэбин. Онон ханна сылдьалларын чопчу билэн тиийэбин. Үлэни чэпчэтиигэ маннык тэриммитим үс сыл буолла.

Быйылгыттан бааһына оҥостон, сүөһү эбии аһын үүннэрэр былааннаахпын.

Бииргэ төрөөбүт бырааттарбын сүөһүгэ сыһыарар сыалтан, сүөһү биэртэлээбитим. Тыа сиригэр хаһаайыстыба хайаан да наада.

Айсены эҕэрдэлиибит🤩💫

Салгыы кыттааччылар видеоларын таһаарыаҕым.

#тыасирэ #айылҕа #хаһаайыстыба
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Суор тоҕо маннык кырыктаах көтөрүй? Өлбүтү, сытыйбыты сиир буолбатах этэ дуо? Тыыннаах сүүрэ сылдьар кууруссаларга тоҕо саба түһэрий? Өссө элбэх буолан сылдьан.

Сунтаартан Даша суруйар:

Сылын аайы эрэйдииллэр. Кустарбытын, кууруссаларбытын тыыннаахтыы тутан илдьэн үссэнэллэр. Быйыл ыалым 4 кууруссатыттан үһүн туппуттараҕ Соҕотох хаалбыт кууруссаны тэлгэһэбэр бэйэм көтөрдөрбөр холбообуппун, син биир суордар чуолаан ол ыалым кууруссатын талан ыллылар. Элиэлэр күн аайы кэлэн халаахтаан, айдааран, элиэтээн сылаталлар.

Айылҕа дьикти, тыынар тыыннааҕа өссө дьикти...

Үөһэ суруллубут ыйытыыларга ким хоруйдуур? Комментарийдарга күүтэбин.

#айылҕа #тыынартыыннаах