"Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр"
557 subscribers
915 photos
155 videos
4 files
113 links
👩🏻‍🌾 Бырайыак 2021 сыл кулун тутар 17 күнүгэр стартаабыта. Бииргэ буолуохха
Download Telegram
Хаҥалас улууһугар ыанар ынах төбөтүгэр 35 тыһ солк биэриигэ докумуон хомуйуута саҕаланна.

Бүгүн Хоточчу сэлиэнньэтигэр тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Пётр Марков докумуону хомуйар. Кини эппитинэн, Хоточчуга 35 кэтэх хаһаайыстыбалаах киһи баар. Кинилэр ортотунан 2-3 ыанар ынахтаахтар.

Ыанар ынахха көрүллэр субсидия бырагырааматын сэргииллэр.

- Икки өрүттээх. Бастакыта, дьон хаһаайыстыбатын кэҥэтэригэр, сүөһүтүн элбэтэригэр наадалаах. Сүөһүтүн тутан хаалар. Оттон иккиһэ - үүт туттарааһына аҕыйыыр. Мин санаабар, элбэх сүөһүлээхтэр үүт туттараллара ордук, оттон аҕыйах ыанар ынахтаахтар маннык субсидияны ылаллара сөптөөх, - диэтэ Марков.

Исписэлиис эппитинэн, былырыын субсидияны ылбыттар харчыларын сүөһү аһын бэлэмниир үлэҕэ, ол эбэтэр уматык, техника ылыытыгар туттубуттар.

Хоточчуга, бааһынай хаһаайыстыбалары кытта холбоон, уопсайа 500-тэн тахса ыанар ынах баар.

#яфермер #хоточчу #лпх #субсидия #тыасирэ #35тысяч #господдержка #дойнаякорова
"Дорообо. Эһиил 2024 сылга ыанар ынах төбөтүгэр харчы көрүллэрэ дуу? Тохтоото ду? Туох эмит информация биэрэр да министиэристибэ" диэн ыйытыы киирдэ.

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин эппиэтэ:

- Судаарыстыбаттан өйөбүл миэрэлэрин тириэрдиигэ араас көрүүлэр, механизмы уларытыыга этиилэр бааллар. Ол туһунан министиэристибэҕэ ырытыылар, дьүүллэһиилэр, кэпсэтиилэр бараллар.

Оттон бу ыйытыыга чуолкай эппиэт маннык - кэтэх хаһаайыстыбаларга ыанар ынах төбөтүгэр көрүллэр харчы 2024 сылга чуолкай баар буолуоҕа.

#лпх #господдержка #мсх
Российскай Федерация бырабыыталыстыбатын 2023 сыл алтынньы 25 күнүнээҕи 1782 №-дээх “Об утверждении общих требований к нормативным правовым актам, муниципальным правовым актам, регулирующим предоставление из бюджетов субъектов Российской Федерации, местных бюджетов субсидий, в том числе грантов в форме субсидий, юридическим лицам, индивидуальным предпринимателям, а также физическим лицам – производителям товаров, работ, услуг и проведение отборов получателей указанных субсидий, в том числе грантов в форме субсидий” уурааҕар олоҕуран, 2024 сылтан саҕалаан, тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларыгар көрүллэр туох баар судаарыстыбаннай бырагыраамаларынан ыытыллар куонкурустарга “ЭЛЕКТРОННЫЙ БЮДЖЕТ” диэн биир кэлим систиэмэнэн үлэлиирбит булгуччулаах.

Ол эбэтэр, холобур “Агростартап” куонкурсугар кыттааччы “Электронный бюджет” (ЭБ) порталга регистрацияланан сайаапкатын биэрэр. Урукку курдук кумааҕы тутан баран, минсельхоз көрүдүөрүгэр уочараттаан турааһын, күнү-дьылы барааһын тохтуур👍

Бүгүн бу тиэмэнэн Липецк куораттан, “Народная школа кооперации” салайааччыта Анатолий Коротаев семинар оҥордо. Олус интэриэһинэй уонна олус наадалаах дьыала эбит диэн тута этиэххэ наада.

Кини систиэмэҕэ тус сирэйгэ регистрацияны (физлицо, юрлицо) ааһыыттан саҕалаан, хайдах сайаапканы оҥорон, ЭЦП-нан баттаан ыытар туһунан инструкцияны көрдөрө-көрдөрө кэпсээтэ.

Холобур, куонкуруска кыайар түгэҥҥэр, аны бу “ЭБ” порталынан отчуоккун оҥороҕун. Хонтуруолланар түһүмэҕиҥ эмиэ манна баар. “Госуслуги” порталы кытта ыкса сибээстээх.

Уопсайынан биирдэ-иккитэ практикаланнахха олус табыгастаах систиэмэ эбит дии санаатым.

Тыа хаһаайыстыбатын ресурснай киинэ маннык семинардары ыытара дьон үлэтин сааһыланарыгар, былаанныырыгар олус наадалаах

#господдержка #апк #минсельхоз