Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.35K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#Оҕосаассыла #Дьиэкэргэнсыла #Түмсүү сыла

Биһиэхэ, "Кустук" уһуйааҥҥа, Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха Республикатыгар Оҕо саас, Үөһээ Бүлүү улууһугар Түмсүү сылыгар аналлаах тэрээһин буолан ааста. Нэдиэлэ устата талба талааннаах педагогтарбыт уонна төрөппүттэрбит икки ардыларыгар маастар-кылаастар, төрөппүттэрбитигэр "Өркөн өй" ток-шоу, үрдүк күүрүүлээх "Көрдөөх стаартар", ырыа алыптаах дьоро киэһэтэ үрдүк тэрээһиннээхтик буолла.

Сиһилии ⤵️⤵️⤵️ https://верхневилюйск-газета.рф/dyllykytee5i-kustuk-o5o-saadygar-tereehinneeh-nediele-aasta/
#түмсүү #ИннибитХотуБарыБииргэ

Бүгүн биир дойдулаахпыт физико-математическай наука дуоктара, Саха сирин уопсастыбаннай лидерэ Иван Иванович Шамаев Ньурбаҕа кэлэн түөрт Бүлүү бөлөх улуустарын уопсастыбанньыктарын кытары көрсүһүү ыытта.Бу көрсүһүүгэ Бүлүү улууһуттан үс нэһилиэк баһылыктара, Сунтаартан Күндэйэ нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга үлэһиттэрин кытта, Ньурба Хаҥалаһын баһылыга кыттыыны ылбыттара киһини үөрдэр.

Үөдүгэй нэһилиэгиттэн "Ийэ тыл" түмсүүттэн Бурхалей Степанович Макаров уонна улуус Сэбиэтин дьокутаата Варвара Васильева, Куду оскуола - саадын дириэктэрэ Ия Иннокентьевна Парникова баран кыттыыны ыллылар.

Бу көрсүһүү түмүгүнэн, Бүлүү түбэтин "Тыа сирин кэскилэ" түмсүү тэрилиннэ. Салайааччынан - Ньурба улууһун олохтооҕо, Үөдүгэй нэһилиэгин күтүөтэ Алексей Николаевич Тихонов талылынна 👍👍👏👏👏

Бу түмсүү тыа сирэ эстибэтин туһугар араас хабааннаах үлэни иилиэхтээх