Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.35K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#Оҕосаассыла #Годдетства

Бүгүн, СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Афанасий Ноев суруналыыстары кытары көрүстэ. Буолаары турар Бэчээт күнүнэн эҕэрдэлээтэ.

Афанасий Иванович эппитинэн, быйыл Култуура министиэристибэтэ оҕолор театральнай искусстволарын сайдыытыгар улахан болҕомтону ууруоҕа.

Мантан сиэттэрэн, хас оскуола аайы анал куруһуоктар арыллан, оҕолор талааннарын арыйарга, саҥа ааттары таһаарарга, кэрэҕэ, үтүөҕэ угуйарга учууталлар, оскуола салалтата үлэлэһиэ диэн эрэбилин биллэрдэ.

Бу ый бүтэһигэр үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин кытары улахан мунньах былааннанар.

@uoheebuluu
#спорт #оҕосаассыла

⭐️ Тымныы Моруос оҕонньор бирииһигэр көҥүл тустуу көбүөрэ

2013-2016 сылларга төрөөбүт оҕолор Моруос бирииһин иһин күрэхтэстилэр.

Кыайыылаахтар тустарынан сиһилии "Үөһээ Бүлүү" хаһыакка ааҕыаххыт.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#уолоҕоноруоткэскилэ #оҕосаассыла #дьиэкэргэнсыла #всейсемьей

Уол оҕолор аҕаларын кытары бииргэ күрэхтэһэ, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэллэрин, өйөһөллөрүн көрөр астык👍🏼👍🏼

Бэйэни билиһиннэрии, үс төгүл ыстаныы, ойбонтон уулааһын, мохсуо быраҕыы, көрдөөх эстафета - күрэх түһүмэхтэрэ.

@uoheebuluu
@ulusmedia
#уолоҕоноруоткэскилэ #оҕосаассыла #дьиэкэргэнсыла #всейсемьей

Күрэхтэһии түмүктэннэ. Кыайыылаахтар билиннилэр.

3м - Львовтар "Аленушка" уһуйаантан, 2м - Васильевтар "Остуоруйа", 1м - Борисовтар "Теремок».

@uoheebuluu
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#уолоҕоноруоткэскилэ #оҕосаассыла #дьиэкэргэнсыла

Кыайыылаах, 6 саастаах Никита Борисов бастакы интервьютун биэрдэ👏🏻👏🏻👏🏻

Кырачааны эҕэрдэлиибит👏🏻👏🏻👏🏻

@uoheebuluu
#оҕосаассыла #төрүттыл

⭐️ Туобуйа орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ саха тылын нэдиэлэтин оһуохайынан арыйдылар.

Сонуннарга анаан Туобуйаттан Мария Абрамова

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Оҕосаассыла #Дьиэкэргэнсыла #Түмсүү сыла

Биһиэхэ, "Кустук" уһуйааҥҥа, Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха Республикатыгар Оҕо саас, Үөһээ Бүлүү улууһугар Түмсүү сылыгар аналлаах тэрээһин буолан ааста. Нэдиэлэ устата талба талааннаах педагогтарбыт уонна төрөппүттэрбит икки ардыларыгар маастар-кылаастар, төрөппүттэрбитигэр "Өркөн өй" ток-шоу, үрдүк күүрүүлээх "Көрдөөх стаартар", ырыа алыптаах дьоро киэһэтэ үрдүк тэрээһиннээхтик буолла.

Сиһилии ⤵️⤵️⤵️ https://верхневилюйск-газета.рф/dyllykytee5i-kustuk-o5o-saadygar-tereehinneeh-nediele-aasta/
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#оҕосаассыла #уһуйаан

⭐️ "Аленушка" оҕо сайдар киинэ төрүттэммитэ 35 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиэҕэ

Бэлиэ сыл чэрчитинэн төрөппүттэргэ "Аленушка"
диэн куукула күрэҕин биллэрбитэ. Манна уопсайа 26 үлэ киирбит.

Көрүҥ, сэргээҥ, хайдахтаах курдук кэрэ куукулалары оҥорбуттарый?

Куонкурус түмүгүн уһуйаан үбүлүөйдээх тэрээһинигэр, муус устар 4 күнүгэр Оҕо искусство оскуолатын үрдүк сыанатыгар таһаарыахтара.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Дьиэкэргэнсыла, #Оҕосаассыла

⭐️ ЧОЛБОН ӨЙ КҮРЭҺЭ

Дьиэ кэргэнинэн ааҕыыны көҕүлүүр сыаллаах өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс кулун тутар 14 күнүгэр О.Д.Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа ыалдьыттыыр.

Кыттыыны ылыахтара:
"Чолбон" сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов - Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ, Россия суруйааччыларын Сойууһун бырабылыанньатын сэкиритээрэ,СӨ култууратын уонна Бэчээтин туйгуна, СӨ "Норуотарга эйэни уонна доҕордоһууну бөҕөргөтүү иһин" бэлиэ хаһаайына, Казахстан Евразиятааҕы университетын "Лев Гумилев" мэтээл хаһаайына, "Наш современник" сурунаал Юрий Кузнецов аатынан бириэмийэтин лауреата," Золотой Витязь"норуоттар икки ардыларынааҕы ll-с поэзия турнирын призера, поэт, публицист, тылбаасчыт, кыраайы үөрэтээччи.

Туйаара Павлова, "Чолбон" сурунаал эппиэттиир сэкиритээрэ, СӨ култууратын туйгуна, суруналыыс.

Ангелина Шадринова - Суоһааны ,"Чолбон" сурунаал эрэдээксийэтин Сүбэтин чилиэнэ, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, поэт, прозаик, суруналыыс.

Бу күн сарсыардаттан улуустан талыллыбыт бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэттэр "ЧОЛБОН" сурунаал редакцията ыытар күрэһэр кыттыахтара, билиилэрин тургутуохтара.

Кыттааччыларга туоһу суруктар, бириистэр туттарыллыахтара. Кыайыылаах дьиэ-кэргэн өрөспүүбүлүкэ таһымыгар улуус чиэһин көмүскүөҕэ.

Күнүс 15.00 чаастан "ЧОЛБОН" сурунаал үлэһиттэрин кытта атах тэпсэн олорон "ТӨГҮРҮК ОСТУОЛ" ыытыллыаҕа.

Саха тыллаах, таптыыр "ЧОЛБОН" сурунаалын тула санааларгытын сайа этэ, сүбэ- соргу буола төгүрүк остуолга кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт!
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#оҕосаассыла #дьиэкэргэнсыла

⭐️Өрөспүүбүлүкэҕэ быйыл номнуо 2000 оҕо төрөөтө

Кулун тутар 12 күнүгэр Саха сиригэр 2000 нүөмэринэн бэриллибит оҕо төрөөбүтүн туоһу суругу Таатта улууһун Гражданскай турук аактатын толорор уорганыгар толордулар. Октябрьскай нэһилиэккэ кыыс оҕо эбилиннэ👏👏👏💐💐💐

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#оҕосаассыла #дьиэкэргэнсыла

⭐️ Чолбон өй күрэһэ Үөһээ Бүлүүгэ кэллэ

Кинигэ, сурунаал ааҕыытын сөбүлүүр дьарык оҥостубут улууспут 9 дьиэ кэргэнэ бу күрэскэ кытыннылар.

Гаврил Гаврилович Андросов, "Чолбон" сурунаал бас эрэдээктэрэ, Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ, Россия суруйааччыларын Сойууһун бырабылыанньатын сэкиритээрэ, СӨ култууратын уонна бэчээтин туйгуна, СӨ "Норуоттарга эйэни уонна доҕордоһууну бөҕөргөтүү иһин" бэлиэ хаһаайына, Казахстан Евразиятааҕы университетын "Лев Гумилев" мэтээл хаһаайына, "Наш современник" сурунаал Юрий Кузнецов аатынан бириэмийэтин лауреата, "Золотой Витязь"норуоттар икки ардыларынааҕы ll-с поэзия турнирын призера, поэт, публицист, тылбаасчыт, кыраайы үөрэтээччи уонна
Ангелина Николаевна Шадринова - Суоһааны, "Чолбон" сурунаал эрэдээксийэтин Сүбэтин чилиэнэ, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, поэт, прозаик, суруналыыс дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр.

Өй оонньуутун "Чолбон" сурунаал эппиэттиир сэкиритээрэ, СӨ култууратын туйгуна, суруналыыс Туйаара Степановна Павлова ыытта.

Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Анна Уларова баһылык аатыттан кыттааччыларга уонна ыалдьыттарга махтанан туран, күрэһи тэрийээччилэргэ улуус баһылыга Валерий Николаев аатыттан эҕэрдэ суруктары туттарда.

Күрэс хайдах ааспытын уонна Үөһээ Бүлүү улууһун аатыттан өрөспүүбүлүкэҕэ муус устар 11 күнүгэр ыытыллыахтаах күрэскэ хайа нэһилиэк дьиэ кэргэнэ кытта барар буолбутун туһунан сиһилии Николай Васильев - Харыйалаах Уола суруйуутугар улуус хаһыатын сайтыгар ааҕыаххыт.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#оҕосаассыла

"Басхан" күрэх кыттааччылара улуус салалтатыттан Егоров Михаил Михайловиһы кытары көрсөн, "Саха омук эрэлэ - уол оҕо" диэн тиэмэлээх төгүрүк остуолга кытыннылар.

Уолаттар бэйэлэрин санааларын этинэр, туруорсар, саха омугу аатын ааттатар дьон буола улаатыахтара диэн эрэл баар. Маныаха маннык куонкурустар уолаттарбытын өй-билии өттүнэн сайыннараллар👍

@uoheebuluu
#оҕосаассыла

Ура! Сааскы каникул саҕаланна🎉🎉🎉

Бу Н.Бойлохов аатынан Оҕо искусство оскуолатын художественнай кылааһын үөрэнээччилэрэ Амина Петрова, Кюннэй Васильева /сал.М.Б.Баянаева/ уруһуйдара

@uoheebuluu
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#Дьиэкэргэнсыла #Оҕосаассыла #Всейсемьей

К.С.Чиряев аатынан норуот педагогикатын киинэ ыыппыт «Мин эбээм, ийэм айар дьоҕурдаах, талба талааннаах» улуустааҕы кэтэхтэн куонкуруска 1 миэстэни ылбыт Ю.Н.Прокопьев аатынан 3-с нүөмэрдээх орто оскуола 2-с кылааһын үөрэнээччитэ Марина Огочонова талааннаах эбээлээх ийэтин туһунан кэпсиирин истиҥ, сэргээҥ.

Маринаҕа лайкта туруоруохха❤️❤️❤️

@uoheebuluu @ulusmedia
#күрэх #оҕосаассыла

🏃‍♂️ Бүгүн, муус устар 7 күнүгэр Н.И.Бойлохов аатынан оҕо искусство оскуолатыгар икки сылга биирдэ ыытыллар IX регионнааҕы “Сааскылаана” үҥкүү күрэҕэ үрдүк тэрээһиннээхтик буолан ааста.

Сүрүн тэрийээччилэр “Сааскылаана” оҕо образцовай үҥкүү ансаабылын салайааччылара - СӨ Үөрэҕэриитин, култууратын туйгуна Сардаана Иванова уонна хореография кылааһын бастакы категориялаах учуутала Уйгулаана Павлова буолаллар.

Быйылгы күрэх Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо сылыгар ананна. Күрэх оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо саастарынан арахсан ыытылынна.

Оҕолорго уопсайа 30 нүөмэринэн 285 кыттааччы, улахан дьоҥҥо 9 нүөмэринэн 74 кыттааччы күөн көрүстүлэр.

Ол курдук, Ньурба улууһуттан, Үөһээ Бүлүү, Нам, Дүллүкү, Хоро, Харбалаах, Кырыкый, Далыр, Сургуулук нэһилиэктэрин оскуолаларыттан, уһуйааннарыттан, сынньалаҥ кииннэриттэн үҥкүү ансаамбыллара кыттыыны ыллылар.

Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо сылыгар дьиэ кэргэнинэн кыттыбыт Игнатьевтарга бастакы үрдэл уонна «Бастыҥ үҥкүүһүт дьиэ кэргэн” диэн анал аат иҥэрилиннэ.

«Кылаан Чыпчаал” үрдүк аатын оҕолорго Ньурба улууһун “Сир симэхтэрэ” үҥкүү бөлөҕө “Күөрэгэй” диэн үҥкүүтүнэн ылла, салайааччы Седалищева А.Г. уонна Н.И. Бойлохов аатынан оҕо искусство оскуолатын директора Анптолий Иванов туруорбут 5000 суумалаах сертификаты тутта.

Улахан дьоҥҥо “Норуот айымньытын киинэ” МАТ “Тосхол” үҥкүү коллектива, салайааччы Июлия Петрова, «Кылаан чыпчаал” үрдүк аатын ылла уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи култуура уонна духовнай сайдыы департамена туруорбут 5000 суумалаах сертификатын бэлэх ылла.

Нам нэһилиэгин “Намыына” общественнай түмсүү коллектива, тэриллибитэ 30 сылын көрсө, П.Н.Тобуроков аатынан сынньалаҥ киинэ туруорбут бирииһин ылла.

Күрэххэ биирдиилээн спонсордаабыт күндү дьоммутугар - СӨ култууратын туйгунугар Татьяна Спиридоноваҕа уонна Сардаана Ильиноваҕа махталбытын тиэрдэбит.

Кыттааччылар бары миэстэҕэ, номинацияҕа тигистилэр, үөрэн-көтөн тарҕастылар.

Сонуннарга анаан Анастасия Данилова

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэнсиэр #оҕосаассыла

Бүгүн, Н.И.Бойлохов аатынан оҕо искусство оскуолатыгар И.Н.Барахов аатынан 1-кы нүөмэрдээх орто оскуола үөрэнээччилэрин сылы түмүктүүр отчуоттуур эҕэрдэ кэнсиэрэ буола турар.

Оскуола дириэктэрэ Семен Михалев оҕолору, төрөппүттэри кэлэн иһэр Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ, оҕолор ситиһиилэрин билиһиннэрдэ. Билиҥҥи туругунан, оскуолаҕа 26 комплект кылааска уопсайа 640 оҕо үөрэнэр. Оҕолор үөрэххэ үгүс ситиһиилэринэн үөрдэллэр, маны таһынан талааннарынан араас улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарга инники миэстэлэргэ сылдьаллар.

@uoheebuluu
#оҕосаассыла

Ороһу орто оскуолатыгар РФ "Дьиэ кэргэн", Саха сиригэр "Оҕо саас" сылыгар оскуола, библиотекарь Доминика Константинова тэрийиилэринэн, К.С.Чиряев аатынан норуот педагогикатын киинин үлэһиттэрэ, Д.С. Спиридонов аатынан 4#-х орто оскуола оҕо хамсааһынын тэрийээччитэ Раиса Спиридонова, улуустааҕы үөрэх салалтатын специалиһа Калиста Борисова кыттыылаах К.С.Чиряев "Кинигэ үөрэтээччи уонна иитээччи" ыстатыйатын тула төгүрүк остуол буолла. Киин методиһа Ф. А. Васильева оҕону иитиигэ дьиэ кэргэнинэн ааҕыы улахан суолтаны ыларын бэлиэтээтэ. Раиса Спиридонова төрөппүттэрэ оҕолорун иитиитигэр сүрүн болҕомтону ааҕыыга уурбуттарын, Калиста Борисова ааҕыы киһини уһун үйэлиирин туһунан, учууталлар Сардаана Васильева, Галина Габышева оҕону кинигэ ааҕыытын нөҥүө талаанын сайыннарыы туһунан бэрт сонун, интэриэһинэй иһитиннэриилэри оҥордулар.

Сонуннарга Калиста Борисова

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#оҕосаассыла

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат бэҕэһээ телеграм-ханаалыгар суруйбутун курдук, бэс ыйын 7 күнүгэр улууспутугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин гражданнарын туруктарын аакталарын толорор уорган үлэһиттэрин сэминээрэ ыытыллыбыта.

Бүлүү бөлөх улуустарын ГТАС үлэһиттэрэ биир күннээх үөрэхтээһиннэрин чэрчитинэн Доҕордоһуу скверигэр "Оҕо саас аллеятын" арыйан туран, уопсайа 40 хатыҥ маһы олордуу акциятыгар кыттыстылар. Мастары Ойуур хаһаайыстыбатын тэрилтэтин салайааччыта Павел Тимофеев аҕалан биэрдэ.

Аахсыйаҕа "Сааскылаана" оҕо образцовай ансаамбыл сайыҥны лааҕырын иитиллээччилэрэ, Оҕо искусствотын оскуолатын үлэһиттэрэ, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Анна Уларова, Саха сирин ГТАС салалтатын салайааччыта Дария Слепцова, Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Егор Михайлов, Оҕо искусствотын оскуолатын дириэктэрэ Анатолий Иванов кыттыыны ыллылар.

Улуустааҕы ГТАС салаатын салайааччыта Татьяна Кардашевская иһитиннэрбитинэн, хас биирдии киһи олоҕун историятын докумуонунан арыаллааһын кини төрүөҕүттэн, регистрацияланыаҕыттан саҕаланар. Бу дьоһуннаах акция ити санаанан салайтаран ыытылынна уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар ананна.

Санатар буоллахха, бу аахсыйа бүтүн дойду үрдүнэн ыытыллар. Ким баҕалаах бары кыттыһыан сөп.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#оҕосаассыла

🏃‍♂️ Нам оскуолатын иһинэн сылын аайы үлэлиир Мария Павлова салайааччылаах "Быйаҥ", Сардаана Иванова дьарыктыыр "Сааскылаана" оҕо эстетическэй лааҕыра үлэлэрин саҕалаатылар.

Оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын туһалаахтык атааралларыгар сүрүн болҕомто ууруллар. Элбэх оҕолоох ыал оҕолоро болҕомто киинигэр сылдьаллар.

Сонуннарга анаан Надежда Мутукова

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM