#тыаолоҕо #сонун
🏃♂️ Бүгүн Далыр нэһилиэгэр Трудовой-81 лааҕыр Муус пааркатыгар олус сэргэх дьоро күн буолла.
Бастаан Бүттүүн дьиэ кэргэнинэн Аҕа күнүгэр анаммыт тэрээһиммит "Уоллаах аҕа" диэн кубулуйан, биэс хамаанда тэриллэн, олус истиҥник, доҕордуу тыыҥҥа барда.
Күрэх бастакы түһүмэҕэ уоллаах аҕа хайыһарынан эстафетаҕа кыттан, Далыр баһаарынай чааһын байыаһа алта оҕо аҕата уолаттарыттан улаханнара ахсыс кылаас үөрэнээччитэ Коляларыныын инники күөҥҥэ буоллулар.
Иккис түһүмэх эмиэ таһырдьа сыал ытыыта буолла. Эмиэ кыл мүччү биир очконан Ломпордуровтар хамаандаларын инники таҕыста.
Аҕалар тоҥуу хаары оймоон биэтэккэ тиийиилэрэ эмиэ ураты бэлэмнээх Матвей бастыырыгар тирэх буолла.
Дьиэҕэ киирэн хабылыкка илин-кэлин түсүһүүгэ Ломпордуровтар баар "ынаҕы" болдьоммут бириэмэҕэ барытын сымса, имигэс илиилэригэр ылыыларынан түмүктэннэ.
Ити курдук олус көргүөмнээх киирсии түмүгэр туох да саарбаҕа суох Коля, Матвей Николаевич Ломпордуураптар кыайыы өрөгөйүн биллилэр.
Иккис миэстэни олус тэрээһиннээхтик бэлэмнэнэн кэлбит дьиэ кэргэн - Лебедкиннэр күрэххэ киирбит уоллара Владик, аҕата Василий Васильевич хамаандалара ылла.
Үһүс бочуоттаах миэстэ Саввиновтар бырааттыы Сандал, Александр Багратионовичка тигистэ.
Бары кыттааччыларга дьоро күнү тэрийсибит ыытыспыт Ороһутааҕы К.С.Чиряев аатынан Норуот педагогикатын түмэлин туоһу суруктара, тэрийээччи Далыр оскуолатын Грамоталара туттарылыннылар.
Тэрээһин иккис чааһыгар "Ыал аҕатынан" диэн бэсиэдэни сэргээн истэн олорон санааларын этиннилэр. Ол курдук, Матвей Николаевич: "Эһиилгиттэн бу базаҕа Аҕа күнүгэр өрөспүүбүлүкэ күрэҕэр кыттарга анаан, нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы күрэҕи манна тэрийэллэрин, үөһээ олорор дьаһалтаҕа туруорсуоҕуҥ" диэбитин күргүөмнээх ытыс тыаһа доҕүһуоллаата.
Чахчыта да тыа сирин аҕатын кыаҕын киэҥ сиргэ дакаастыырыгар анаан маннык крэхтэргэ кыттарыгар күүс-көмө буолан Матвей Николаевич ыллыктаах этиитин өйүөҕүҥ диэн тарҕастыбыт.
Сонуннарга анаан Валентина Осипова, Ороһутааҕы Норуот педагогикатын түмэлин мэтэдииһэ.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#күөхмаай #тыаолоҕо
⭐️ Үлэ, Маай бырааһынньыгынан бүгүн Мэйик нэhилиэгэр тэрилтэнэн субуотунньук тэрилиннэ.
Кыайыы скверин хаарын ыраастаатылар. Детсад, сынньалаҥ киинин, ОДьКХ коллективтара, Иван Петрович салайааччылаах оскуола оҕолорун актива, олохтоохтор көхтөөх кыттыыны ыллылар. Субуотунньук кэннэ нэhилиэк баhылыга Иван Игоревич Яковлев, сынньалаҥ киинин дириэктэрэ Антонина Владимировна Алексеева көҕүлээhиннэринэн бары үлэлээбиттэргэ босхо шашлык түҥэттилэр. Бары бүгүҥҥү үлэ бырааhынньыгар сылдьыбыттар астынан тарҕастылар.
Киэhэ 7 чаастан концерт буоларын күүтэбит.
Сонуннарга анаан Валентина Попова
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Кыайыы скверин хаарын ыраастаатылар. Детсад, сынньалаҥ киинин, ОДьКХ коллективтара, Иван Петрович салайааччылаах оскуола оҕолорун актива, олохтоохтор көхтөөх кыттыыны ыллылар. Субуотунньук кэннэ нэhилиэк баhылыга Иван Игоревич Яковлев, сынньалаҥ киинин дириэктэрэ Антонина Владимировна Алексеева көҕүлээhиннэринэн бары үлэлээбиттэргэ босхо шашлык түҥэттилэр. Бары бүгүҥҥү үлэ бырааhынньыгар сылдьыбыттар астынан тарҕастылар.
Киэhэ 7 чаастан концерт буоларын күүтэбит.
Сонуннарга анаан Валентина Попова
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#күөхмаай #тыаолоҕо
⭐️ Эйэ, Үлэ, Маай бырааһынньыгын көрсө Оҥхой нэһилиэгин үлэһит тэрилтэлэрбит эр дьоно СВО- ҕа сылдьар биир дойдулаахтарбыт уолаттарын төрөппүттэригэр оттор мастарын мастаан, дьиэлэригэр утары киллэрэн биэрэр улахан субуотунньукка тоҕуоруһа муһуннулар.
Манна мустубут эр дьоммут бары биир киһи курдук күргүөмүнэн тахсан үлэни күүстээхтик үлэлээн, дьон махталын ыллылар. Ыам ыйын 1-күнүттэн 8 күнүгэр диэри тэрилтэлэрбит кэрэ аҥаардара, тэрилтэнэн арахсан, нэһилиэкпит СВО-ҕа сылдьар уолаттар төрөппүттэригэр, соҕотох олорор дьоммутугар, сэрии кэмин оҕолоругар биир нэдиэлэлээх декада биллэрэн, ким туох үлэҕэ көмөлөһүннэрэринэн тимуровскай үлэҕэ барардыы бэлэмнэр.
Бу курдук, дьылбыт төһө да хойутаатар, үлэлээн бар дьоммутугар көмөлөһүөхпүт. Оҥхойбут нэһилиэгин тэрилтэлэрэ бары бииргэ түмсэммит, үлэни кыайыахпыт диэн санаанан салайтаран, Күөх Маай бырааһынньыгынан биир дойдулаахтарбытын эҕэрдэлиибит! Бары тэрилтэлэрбит үлэһиттэригэр, салайааччыларыгар истиҥ махталбытын тириэрдэбит. Бу курдук бары бииргэ, биир сомоҕо буолуохха.✊✊✊
Сонуннарга анаан Мария Алексеева

#тыаолоҕо
⭐️ Бүгүн Ороһубут сынньалаҥ киинигэр түөлбэлэр икки ардыларыгар "Сатабыллаах саһыл саҕалаах" диэн ааттаах өтөрүнэн буолбатах дьоһуннаах тэрээһин буолан ааста.
"Саҥа Кустук", "Нукутта", "Эбэ", "Атах " түөлбэлэр илиилэригэр дьоҕурдаах дьоннорун оҥоһуктара остуолу тилийэ тэлгэтилиннэ, харах саатыыр бииртэн биир оҥоһук киһи сүргэтин көтөхтө, кинилэри кытта тэҥнэһиэх санааны киллэрдэ.
Аны дьиктини, кэрэни сатабыллаахтык оҥорор Данилова В.В. кылтан түү мээчиги оҥорорго, Руфова А.В. точканан уруһуйга, Туралысова Е.К бохо киэргэлгэ маастар-кылаас ыыттыллар. Атыыга-кутууга Котоконов К.Н. дьиэҕэ туттуллар мас оҥоһуктара, Котоконова Н.В., Уарова А.А. минньигэс тортара, Дордосова Л.В. сайын үүннэрбит оҕуруотун аһыттан кэнсиэрбэлэрэ, Данилова В.В. кылтан оҥоһуктара, Селясинова К.П идэһэ хаана, Алексеева А.Г. туойтан оҥоһуктара, Евсеева А.А. кыра оҕолорго сайдар буклет кинигэлэрэ, Бюлтясова В.З. уонна Прокопьева М.Ю. бурдук астара хамаҕатык атыыга бардылар. Маны тэҥэ кылтан ситии хатарга Галина Капитоновна Котоконова интэриэһинэй маастар-кылааһы ыытта. Эбэн этэр буоллахха, Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар Ороһу нэһилиэгиттэн 100 миэтэрэ кыл ситиини Галина Капитоновна хатан бэлэх ууммута.
Дьаарбаҥканы улуус аҕаларын түмсүүтүн салайааччыта Руфов А.В. ырыата киэргэтэн сүргэни көтөхтө.
"Саҥа Кустук" ытык саастааҕа Галина Ивановна ыытыллар тэрээһиннэргэ тиһигин быспакка олус көхтөөхтүк кыттарыттан үөрэбит. Инникитин этэҥҥэ сылдьан, тэрээһиннэргэ кытта туруо диэн эрэлбит улахан.
Ороһубут олохтоохторо инникитин өссө көхтөөх буолуоҕуҥ диэн тарҕастыбыт.
Сонуннарга анаан Галина Павлова, Нина Михайлова

⭐️ Үс нэһилиэк доҕордуу көрсүһүүтэ
Үөһээ Бүлүү улууһугар Сомоҕолоһуу сылыгар, СӨ Оҕо саас сылыгар, Россияҕа Дьиэ кэргэн сылыгар уонна төрөөбүт оройуоммут төрүттэммит күнүгэр ыаллыы олорор Туобуйа, Быракаан, Өргүөт нэһилиэктэрин олохтоохторо "Доҕордуу көрсүһүүнү" тэрийдибит.
Туобуйаттан 25 киһилээх делегация, Быракаан нэһилиэгэр тиийэн көхтөөх кыттыыны ылан кэллибит.
Быракаан нэһилиэгин култуура дьиэтин үлэһиттэрэ итии чэйдээх, толору астаах остуолунан ыраах айантан кэлбит Туобуйа олохтоохторун үөрэ-көтө көрүстүлэр.
Тэрээһин арыллыытыгар нэһилиэктэр бары парадтаан киирдибит. Үс нэһилиэк култууратын дьиэтин дириэктэрдэрэ нэһилиэктэринэн көһө сылдьан сыллата "Доҕордуу көрсүһүү" күнүн тэрийэр туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттастыбыт.
Салгыы волейбол күрэҕэр дьахталлар уонна эр дьон хамаандалара күрэхтэстилэр.
Бу кэмҥэ Быракаан нэһилиэгин олохтоохторо буфет үлэлэттилэр. Күрэх түмүгүнэн 1 м. - Өргүөт, 2 м. - Туобуйа, 3 м. - Быракаан буоллулар.
Теннискэ 1 м. - Өргүөт, 2 м. - Быракаан, 3 м. - Туобуйа.
"Весёлые астары" эстафетаҕа 1 м. - Өргүөт, 2 м. - Туобуйа, 3 м. - Быракаан.
Уопсай түмүккэ 1 миэстэ - Өргүөт, 2 миэстэ - Быракаан , 3 миэстэ - Туобуйа буоллулар.
Кыайыылаах хамаанда көһө сылдьар кубогынан уонна грамотанан наҕараадаланнылар.
Киэһэ өттүгэр культурнай тэрээһин буолла. Манна хас биирдии нэһилиэк олоҕун сырдатар видео көрдөрдүлэр.
Нэһидиэкэр эҕэрдэ нүөмэрдэри көрдөрдүлэр, көрдөөх оонньуулары ыыттылар. Доҕордуу көрсүһүү үҥкүү киэһэтинэн түмүктэннэ.
Түгэнинэн туһанан, бу күрэххэ көхтөөх кыттыыны ылбыт олохтоохторго махтал тылларын этэбит.
Маннык "Доҕордуу көрсүһүү" дьоро киэһэлэрэ хас сыл ахсын тэрээһиннээхтик аастыннар. Доҕордуу сыһыан бөҕөргүүрүгэр баҕарабыт.
Туругурдун Эйэ, Доҕордоһуу уонна бары биир сомоҕо буолан өрүү маннык түмсүүлээх буолуоҕуҥ.
Зинаида Абрамова, Туобуйатааҕы "Сайдам" сынньалаҥ киин дириэктэрэ

⭐️ Туобуйа нэһилиэгин олохтоохторо авиапортарын территориятыгар субуотунньуктаатылар.
Сайыҥҥы салгын сырыытыгар бэлэм буоллулар.
Кыралыын-улаханныын үлэҕэ күргүөмүнэн тахсыбыт туобуйаларга эҕэрдэ бастыҥа буолуохтун.✊✊✊
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Сайыҥҥы салгын сырыытыгар бэлэм буоллулар.
Кыралыын-улаханныын үлэҕэ күргүөмүнэн тахсыбыт туобуйаларга эҕэрдэ бастыҥа буолуохтун.✊✊✊
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#тыаолоҕо
⭐️ Мэйик нэһилиэгин олохтоохторун көҕүлээһининэн, хас биирдии киһи үп-харчы кыттыһан, нэһилиэккэ ыалдьыттары көрсөр бэлиэ миэстэ баар буолла.
Мэйик эр дьоно Александр Потапов салайыытынан бары кыттыһан, көмөлөөн, төрөөбүт дойдуга тапталы көрдөрөр бэлиэни оҥордулар.
@uoheebuluu