Олунньу 3 күнүгэр Москва куоракка Үөһээ Бүлүүтээҕи СБЕР салайааччыта Надежда Валериевна Николаева 2022 сыл түмүгүнэн Россия СБЕРын Байкаллааҕы подразделениетын кыайыылаах салайааччыта буолбут номинациятын тутта.👏👏👏💐💐💐
СБЕР Байкаллааҕы подразделениетыгар Чита, Иркутскай, Саха сирэ уонна Бурятия киирэллэр. Бүтүн Байкалтан, ол иһигэр Саха сириттэн Надежда Николаева соҕотоҕун ыҥырыллан, үс күннээх "Сбербанк" улахан тэрээһиннээх бизнес конференциятыгар кытынна.
Бу улахан кыайыытын үлэлиир коллективыгар, бэйэтин хамаандатыгар анаата❤️
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#тыаолоҕо #сонун
🏃♂️ Бүгүн Далыр нэһилиэгэр Трудовой-81 лааҕыр Муус пааркатыгар олус сэргэх дьоро күн буолла.
Бастаан Бүттүүн дьиэ кэргэнинэн Аҕа күнүгэр анаммыт тэрээһиммит "Уоллаах аҕа" диэн кубулуйан, биэс хамаанда тэриллэн, олус истиҥник, доҕордуу тыыҥҥа барда.
Күрэх бастакы түһүмэҕэ уоллаах аҕа хайыһарынан эстафетаҕа кыттан, Далыр баһаарынай чааһын байыаһа алта оҕо аҕата уолаттарыттан улаханнара ахсыс кылаас үөрэнээччитэ Коляларыныын инники күөҥҥэ буоллулар.
Иккис түһүмэх эмиэ таһырдьа сыал ытыыта буолла. Эмиэ кыл мүччү биир очконан Ломпордуровтар хамаандаларын инники таҕыста.
Аҕалар тоҥуу хаары оймоон биэтэккэ тиийиилэрэ эмиэ ураты бэлэмнээх Матвей бастыырыгар тирэх буолла.
Дьиэҕэ киирэн хабылыкка илин-кэлин түсүһүүгэ Ломпордуровтар баар "ынаҕы" болдьоммут бириэмэҕэ барытын сымса, имигэс илиилэригэр ылыыларынан түмүктэннэ.
Ити курдук олус көргүөмнээх киирсии түмүгэр туох да саарбаҕа суох Коля, Матвей Николаевич Ломпордуураптар кыайыы өрөгөйүн биллилэр.
Иккис миэстэни олус тэрээһиннээхтик бэлэмнэнэн кэлбит дьиэ кэргэн - Лебедкиннэр күрэххэ киирбит уоллара Владик, аҕата Василий Васильевич хамаандалара ылла.
Үһүс бочуоттаах миэстэ Саввиновтар бырааттыы Сандал, Александр Багратионовичка тигистэ.
Бары кыттааччыларга дьоро күнү тэрийсибит ыытыспыт Ороһутааҕы К.С.Чиряев аатынан Норуот педагогикатын түмэлин туоһу суруктара, тэрийээччи Далыр оскуолатын Грамоталара туттарылыннылар.
Тэрээһин иккис чааһыгар "Ыал аҕатынан" диэн бэсиэдэни сэргээн истэн олорон санааларын этиннилэр. Ол курдук, Матвей Николаевич: "Эһиилгиттэн бу базаҕа Аҕа күнүгэр өрөспүүбүлүкэ күрэҕэр кыттарга анаан, нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы күрэҕи манна тэрийэллэрин, үөһээ олорор дьаһалтаҕа туруорсуоҕуҥ" диэбитин күргүөмнээх ытыс тыаһа доҕүһуоллаата.
Чахчыта да тыа сирин аҕатын кыаҕын киэҥ сиргэ дакаастыырыгар анаан маннык крэхтэргэ кыттарыгар күүс-көмө буолан Матвей Николаевич ыллыктаах этиитин өйүөҕүҥ диэн тарҕастыбыт.
Сонуннарга анаан Валентина Осипова, Ороһутааҕы Норуот педагогикатын түмэлин мэтэдииһэ.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

#сонун
⭐️ Иван Егорович Николаев салайааччылаах "ИНБЛАВЕР" тэрилтэ үтүө көмө быhыытынан Үөhээ Бүлүү Сибэтиэй Ытык Үс аатынан Таҥаратын Дьиэтигэр территориятын тупсарыыга анаан 10 массыына кумаҕы киллэрдэ. Үөhээ Бүлүү сэлиэнньэтин кыраhыабай, тупсаҕай буоларын туhугар улэлии сылдьар тэрилтэбит үлэтэ хамнаhа тахсыылаах буоллун. Аҕабыыт Михаил махталын тириэрдэр.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сонун #годпедагогаинаставника
🏃♂️ Быйыл дойду үрдүнэн биллэриллибит Педагог уонна уһуйааччы сылынан улуус үөрэҕин тэрилтэлэринэн сылдьар мэкчиргэни биhиги оскуолаҕа Далыр орто оскуолата кэлэн туттарбыта. Биhиги оскуола Оҥхой оскуолатыгар туттарыахтаахпыт. Нэhилиэкпит билии бэлиэтин атаарар дьоһуннаах тэрээhинэ бэ5эhээ, муус устар 29 күнүгэр буолан ааста. Оскуола, детсад коллективтарыттан билигин биэнсийэҕэ олорор, үлэлии сылдьар бэтэрээннэри ыҥыран чиэстээтилэр, махтал суруктары, Педагог уонна уhуйааччы сылыгар анаан оҥотторбут бэлиэлэрин оскуола директора Анатолий Иванов, олохтоох дьаһалта аатыттан Данил Николаев грамоталары, сертификаттары туттартаатылар.
Торжественнай чаас кэнниттэн олус үчүгэй концерт буолла. Биhиги кыргыттарбыт үҥкүүһүттэрэ, ырыаhыттара кими баҕарар сөхтөрөр. Мустубут дьон бары да астынан, дуоhуйа сынньанан тарҕастылар.
Маннык кэрэ киэhэлэр Мэйиккэ тиhигин быспакка ыытыллаллар.
Сонуннарга анаан Валентина Попова
Комментарийга киирэн концертан видеолары, хаартыскалары көрүҥ
⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Торжественнай чаас кэнниттэн олус үчүгэй концерт буолла. Биhиги кыргыттарбыт үҥкүүһүттэрэ, ырыаhыттара кими баҕарар сөхтөрөр. Мустубут дьон бары да астынан, дуоhуйа сынньанан тарҕастылар.
Маннык кэрэ киэhэлэр Мэйиккэ тиhигин быспакка ыытыллаллар.
Сонуннарга анаан Валентина Попова
Комментарийга киирэн концертан видеолары, хаартыскалары көрүҥ
⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сонун
🏃♂️ Быйыл дойду үрдүнэн биллэриллибит Педагог уонна уhуйааччы сылынан улуус үөрэҕин тэрилтэлэринэн сылдьар "Мэкчиргэни" биhиги оскуолаҕа Далыр орто оскуолата кэлэн туттарбыта. Биhиги оскуола бүгүн ыам ыйын 4 күнүгэр Оҥхой сүрүн оскуолатыгар дириэктэрбитин Анатолий Анатольевиhы кытта 4 учуутал илдьэн үөрүүлээх быhыыга туттардыбыт.
Оҥхой оскуолатын коллектива, нэhилиэк олохтоохторо бу билии бэлиэтин олуһун долгуйа кэтэспиттэр. Эбиэт иннигэр икки оскуола учууталлара аhаҕас уруоктары, маастар-кылаастары, психологическай тренини ыыттылар. Оҕолор тэрээhини гиминэн саҕалаатылар, хорунан ырыа ыллаатылар.
Мэйик оскуолатын дириэктэрэ Анатолий Анатольевич Оҥхой оскуолатын дириэктэригэр Прасковья Васильевнаҕа баҕа санааларын этэн баран "Мэкчиргэтин" туттарда. Эбиэт кэнниттэн кулуупка нэhилиэк дьонун-сэргэтин иннигэр туттардыбыт, Оҥхой оскуолатын коллектива бэтэрээн настаабынньык учууталларыгар өйдөбүнньүк бэлиэлэри, махтал суруктары, нэhилиэк администрациятын аатыттан солбуйааччы баhылык Андрей Владимирович Тимофеев грамоталары, сертификаттары настаабынньыктарга туттардылар. Оҕолор, учууталлар, олохтоохтор күүстэринэн киэҥ ис хоhоонноох концерт буолла.
Оскуола коллектива түмүккэ настаабынньыктарын, ыалдьыттарын, нэhилиэк олохтоохторун, үөрэнээччилэрин минньигэс тордунан күндүлээтилэр.
Оҥхойдорго бары үчүгэйи-кэрэни, үлэлэригэр, үөрэхтэригэр үрдүк ситиhиилэри, чэгиэн доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну Мэйик оскуолатын коллективын, нэhилиэк олохтоохторун аатыттан тиэрдэбин. Дьоллоох буолуҥ, кэрэ дьоммут.
Сонуннарга анаан Валентина Попова
Комментарийга хаартыскалар бааллар, киирэн көрүҥ⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#сонун
⭐️ Бүлүү куорат ортотунан ааһар "Бүлүү" федеральнай суола асфалланан бүттэ.
Бүлүүлэр бүгүн суолларын үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар.
Сурутааччы устуута.
⭐️ В городе Вилюйске открыли участок федеральной дороги "Вилюй" после капитального ремонта.
Видео от подписчика.
Газета "Үөһээ Бүлүү"
Бүлүүлэр бүгүн суолларын үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар.
Сурутааччы устуута.
Видео от подписчика.
Газета "Үөһээ Бүлүү"
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сонун
⭐️ Бүөтүр Тобуруокап "Уонна хаһан" хоһоонун Орто-Халыма олохтооҕо, 76 саастаах үлэ бэтэрээнэ Мария Васильевна Явловская быысыпкалаабыт.
Кини Саха сирин быысыбайдаммыт улахан каартатыгар биир дойдулааҕын кытта Орто-Халыманы быысыбайдаан кыттыспыт биллэр үлэлээх.
Сонуннарга анаан Нина Саввинова
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Кини Саха сирин быысыбайдаммыт улахан каартатыгар биир дойдулааҕын кытта Орто-Халыманы быысыбайдаан кыттыспыт биллэр үлэлээх.
Сонуннарга анаан Нина Саввинова
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сонун
⭐️ Кырадаһын хоһооннор
Маннык ааттаах өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕи Петр Тобуруокап 105 сааһын көрсө Нам орто оскуолатын бэтэрээн учууттала тэрийэн турардаахтар.
Маныаха өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан араас ис хоһоонноох илиинэн оҥоһук үлэлэр киирбиттэрэ.
Бу көрөр панноларгыт Мэҥэ-Хаҥалас улууһуттан киирбит үлэлэр. Билигин бу үлэлэр бэтэрээн-учуутал Любовь Сидорова салайар оскуола түмэлигэр хараллан сыталлар.
Нина Саввинова