#кутурҕан
“Үөһээ Бүлүү улууһа” МО дьаһалтата, V-с ыҥырыылаах дьокутааттар улуустааҕы Сэбиэттэрэ, улуус дьоно-сэргэтэ харааста, хомойо-хоргута иһиттибит ыар сураҕы: саха омук самныбат саргытын салайбыт, саҥа саҕахтарга сирдээбит, хахсаат-хаҕыс кэмнэргэ суон дурда, халыҥ хахха буолбут, олоҕун бүтүннүү Сахатын сирэ чэчирии сайдарыгар, сахатын ыччата ыыра кэҥииригэр, аныгы олох сайдыытын кытта тэҥҥэ хардыылыыр, ырааҕы, киэҥи, сырдыгы анаарар алгыстаах аартыгын арыйбыт улуу киһибит, бастакы Бэрэсидьиэммит Николаев Михаил Ефимович суох буолбутун...
Михаил Ефимович ССКП Үөһээ Бүлүү оройуоннаҕы кэмитиэ- тигэр 1970 с. ахсынньытыттан 1973 с. муус устарга диэри сэкирэтээринэн, салгыы 1975 с. алтынньытыгар диэри I-кы сэкирэтээринэн дьон өйүгэр -санаатыгар хатанан хаалар- дыы, үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах улахан салайаач- чы буолуу бастакы оскуола- тын ааспыта, буспута- хаппыта, сиппитэ-хоппута.
Үөһээ Бүлүүлэр үтүөтүн өйдүүллэр, үлэтин сыаналыыллар. Николаев М.Е. салайар кэмигэр оройуон өрөспүүбүлүкэҕэ биллэ сайдыбыта. Элбэхтэн аҕыйаҕы аҕыннахха: Исиидэр Бараахап аатынан, Үөдүгэй, Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү сопхуостар саҥан, бастыҥы олохтооһуҥҥа күүскэ үлэлээбиттэрэ, пятилетка сорудахтарын аһара толорбуттара, сири оҥорууга, оҕуруот аһын ыһыыга, ыччат сүөһүнү төлөһүтүүгэ, биир ынахтан үүтү ыаһыҥҥа урут ситиһиллибэтэх муҥутуур кирбиилэри ылбыттара. Суол оҥоһуутугар, тутууга болҕомто ууруллубута. Бэрэҕэ иккилии этээстээх уопсай дьиэлэр, “Найрамдал” киинэ тыйаатыра, 2 № орто оскуола, детдом дьиэлэрэ дьэндэспиттэрэ.
Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин 1974 сыл ыам ыйын 23 күнүнээҕи уурааҕынан өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы физиканы, математиканы дириҥэтэн үөрэтэр анал оскуола арыллыбыта.
Салҕыыта комментарийга⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️

🕯 Михаил Ефимович Николаев кэриэһигэр
Түҥкэтэх үйэ түгэҕиттэн
Муус болгуо дойдутугар
Көҥүл-босхо тыынарга,
Дьоһун дьолу тутарга
Булгуруйбат санаалаах,
Күн-көмүс ыралаах
Тоҥон-буһан олорбут
Үс сахаҥ бар дьонугар,
Олохторун киэргэтээри,
Кэскиллэрин тэнитээри
Охсуһуу муҥугар буспут,
Муҥу муннунан тыырбыт
Убайдарыҥ суолларын
Ыйаах тэҥэ батыспытыҥ!
Саҥа саха айанын ыырын,
Аартыктарын арыйаҥҥын
Өй-санаа киэҥ киэлитин,
Сайдыы-үүнүү үрдүгүн
Саҕахтарын булларбытыҥ.
Омук-омук бэртэриниин
Оллоон ууран кэпсэтэрдиин,
Сүбэ холбоон үлэлиирдиин,
Аар Айылҕабыт кэрэлэрин,
Киһитийэр үтүө үгэспитин
Аарыгырар Аан дойдуга
Алгыһынан таһаарбытыҥ,
Ааппытын ааттаппытыҥ!
Аар-саарга аатырдаҥҥын,
Саханы:"Мин сахабын!
Күн улууһабын!"-- дэппитиҥ!
Көҥүл санааны ииппитиҥ!
Уоттаах күн, ыраас халлаан,
Кыркаҕа суох хомурах,
Сымнаҕас күөх кырыс
Сири симиирин туххары
Таптыыр сахаҥ тылынан
Үйэлэргэ Эн аатыҥ
Уос номоҕор сылдьыахтын!
САБЫЙА
🕯 Михаил Ефимович Николаев кэриэһигэр
Түҥкэтэх үйэ түгэҕиттэн
Муус болгуо дойдутугар
Көҥүл-босхо тыынарга,
Дьоһун дьолу тутарга
Булгуруйбат санаалаах,
Күн-көмүс ыралаах
Тоҥон-буһан олорбут
Үс сахаҥ бар дьонугар,
Олохторун киэргэтээри,
Кэскиллэрин тэнитээри
Охсуһуу муҥугар буспут,
Муҥу муннунан тыырбыт
Убайдарыҥ суолларын
Ыйаах тэҥэ батыспытыҥ!
Саҥа саха айанын ыырын,
Аартыктарын арыйаҥҥын
Өй-санаа киэҥ киэлитин,
Сайдыы-үүнүү үрдүгүн
Саҕахтарын булларбытыҥ.
Омук-омук бэртэриниин
Оллоон ууран кэпсэтэрдиин,
Сүбэ холбоон үлэлиирдиин,
Аар Айылҕабыт кэрэлэрин,
Киһитийэр үтүө үгэспитин
Аарыгырар Аан дойдуга
Алгыһынан таһаарбытыҥ,
Ааппытын ааттаппытыҥ!
Аар-саарга аатырдаҥҥын,
Саханы:"Мин сахабын!
Күн улууһабын!"-- дэппитиҥ!
Көҥүл санааны ииппитиҥ!
Уоттаах күн, ыраас халлаан,
Кыркаҕа суох хомурах,
Сымнаҕас күөх кырыс
Сири симиирин туххары
Таптыыр сахаҥ тылынан
Үйэлэргэ Эн аатыҥ
Уос номоҕор сылдьыахтын!
САБЫЙА
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#кутурҕан
Биир дойдулаахпыт, култуура эйгэтин биир тутаах, чаҕылхай үлэһитэ Кузьмин Семен Семенович баара буоллар бүгүн 38 эрэ сааһын туолуохтаах этэ...😢🥺
Күндү доҕорбут, хаарыаннаах ыччаппыт, быдан дьылларга быраһаай😞😔
#сурутааччы 🎥
#үөһээбүлүүхаһыата

#сво #кутурҕан
🕯🕯🕯 Биир дойдулаахпыт, Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгиттэн төрүттээх Игнатьев Дмитрий Захарович Улуу Россияны көмүскүүр анал байыаннай дьайыыга сулууспатын иккис сылыгар кыргыһыы хонуутугар сырдык тыынын эйэлээх олох иһин толук уурда.
Дьиэ кэргэнигэр, аймахтарыгар, чугас дьонугар дириҥ кутурҕан🙏🙏🙏

#кутурҕан #сво
🕯 Үөһээ Бүлүү Намыттан төрүттээх Мегежекскай Николай анал байыаннай дьайыы толоонугар сырдык тыына быһынна...
Взвод хамандыырын солбуйааччыта, 2-с мотострелковай батальон 5-с мотострелковай ротатын 1-кы мотострелковай взвод 1-кы мотострелковай отделениетын хамандыыра, рядовой Мегежекскай Николай Алексеевич Донецкай народнай өрөспүүбүлүкэни босхолооһуҥҥа бойобуой сорудаҕы толоро сылдьан Авдеевка анныгар алтынньы 14 күнүгэр сырдык тыына быстыбытын туһунан биллэрик кэллэ.
Николай Нам нэһилиэгэр 1992 сыллаахха тохсунньу 14 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. "Кэнчээри" оҕо саадыгар иитиллэн, Нам орто оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. 9-с кылааһы Мэйиккэ бүтэрэн баран Дьокуускайдааҕы ГПТУ-10 автомеханик идэтигэр үөрэммитэ. Ыал буолан, 2 уол оҕоломмута, оҕолоро Аллараа Бэстээххэ 1-кы, 2-с кылааска үөрэнэллэр.
Анал байыаннай дьайыыга хантыраак баттаан барыар диэри бэйэтэ чааһынай урбаан биригээдэтин тэринэн, миэбэл оҥорор сыахтарга таһаҕаһы тиэйиинэн дьарыктаммыта.
Анал байыаннай дьайыыга бу сыл от ыйын 4 күнүгэр барбыта. Биир ый Алтай кыраайыгар учебкаламмыта уонна ДНР-га 114-с биригээдэҕэ киирэн барбыта. Онно 2014 сылтан сэриилэһэ сылдьар ротаҕа түбэспитэ. Сахалартан соҕотох этэ. Бастаан отделение командира оҥорбуттара, онтон взвод командирын солбуйааччыта буолбута. Бэйэтин кыанар, дьону түмэр буолан буолуо, бэйэтиттэн аҕа саастаах дьону илдьэ сылдьыбыта.
Авдеевка анныгар Террикону ыларга суох буолла...
Ийэтигэр, дьиэ кэргэнигэр, чугас дьонугар, доҕотторугар дириҥ кутурҕаммытын биллэрэбит.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

#кутурҕан #сво #далыр #своихнебросаем
Рядовой- пулеметчик Евсеев Михаил Афанасьевич 25.07.1990г.р. погиб 10 декабря 2023г. при выполнении воинской задачи на Украине в районе Старомайское🕯
Миичикпит тиһэх суолугар атаарарга убайа Василий Николаев сүүрэ-көтө сылдьар, эдьиийигэр ким төһө кыахтааҕынан көмөлөһүөххэйин🙏🏻Эдьиийин нүөмэрэ 89142276411 Лилия Анатольевна С. Сбербанк🙌🏻
@ulusmedia

#кутурҕан #үөһээбүлүү
Хаарыан уолбутун, ыччаппытын ахтан-санаан ааһыаҕыҥ😢
Семенов-Богданов Анатолий Александрович (20.02.1993 - 24.07.2023 сс.)🕯️🕯️🕯️
@ulusmedia
@uoheebuluu
Хаарыан уолбутун, ыччаппытын ахтан-санаан ааһыаҕыҥ😢
Семенов-Богданов Анатолий Александрович (20.02.1993 - 24.07.2023 сс.)🕯️🕯️🕯️
@ulusmedia
@uoheebuluu
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#кутурҕан #далыр
Хаарыаннаах ыччаппытын ахтан-санаан ааһыаҕыҥ😢🕯️
Евсеев Михаил Афанасьевич (25.07.1990 - 10.12.2023 сс.)🕯️🕯️🕯️
@ulusmedia
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Хаарыаннаах ыччаппытын ахтан-санаан ааһыаҕыҥ😢🕯️
Евсеев Михаил Афанасьевич (25.07.1990 - 10.12.2023 сс.)🕯️🕯️🕯️
@ulusmedia
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#кутурҕан #далыр
Оҕобутун, табаарыспытын Мичилбитин ахтан-санаан ааһыаҕыҥ😢🕯️
Винокуров Мичил Александрович (13.05.1995- 27.01.2023сс.)🕯️🕯️🕯️
🕯️🕯️🕯️
Түннүк нөҥүө күн көрөр,
Түннүк нөҥүө саас иһэр.
Арай, санаа быһаҕас,
Арай, дьолбут итэҕэс.
Харыан ыччат доҕорбут
Быстах буолла олоҕуҥ:
Хотой курдук көппүтүҥ,
Хотой буолан өлбүккүн.
Төрүт буоргар - Далырга
Харах уута тоҕунна:
Бар дьонуҥ халлааныттан
Күммүт кытта туллунна.
Күлүм-мичик аллайар
Күндү Мичил барахсан,
Санаам бүгүн быһаҕас,
Дьолум бүгүн итэҕэс.
Сааскы күннүүн күөрэйэ
Сылын ахсын эргиллэн:
Төрүт буоргар, дойдугар
Хотой буолан кэллэргин…
Николай Васильев - Харыйылаах уола, Кэнтик

#кутурҕан #помнимлюбимскорбим
🕯️🕯️🕯️
Бүгүн Үөһээ Бүлүү улууһугар кутурҕан күнэ🥺
Эйэлээх олох иһин сырдык тыыннарын толук уурбут хаарыан уолаттарбытын ахтар-саныыр күммүт...
Быдан дьылларга быраһаайдарыҥ!🕯️😢
🕯🕯🕯День траура в Верхневилюйске районе
Вечная Память нашим героям... Сыновьям... Братьям... Отцам... Дедам...

Үөһээ Бүлүү улууһа ыар сүтүктэннэ 🕯️
«Уолан», «Байанай» бөлөхтөр солиһа Ньургун Николаев баара-суоҕа 49 сааһыгар күн сириттэн күрэннэ😔
Быдан дьылларга быраһаай🕯️🕯️🕯️

🕯🕯 Күндү убаастыыр ытык киһибит "Душа России" национальнай бириэмийэ лауреата, "Гражданскай килбиэн" анал бэлиэ хаһаайына, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык сүбэтин бочуоттаах кырдьаҕаһа, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү улууһун Лөкөчөөн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ айылҕаттан айдарыылаах, сахалыы дириҥ толкуйдаах Кирилл Никонович Никифоров суох буолуута, культура үлэһиттэригэр тылынан сатаан этиллибэт ыар аһыыбыт, сүдү сүтүкпүт буолар.
Саха итэҕэлин, сиэрин-туомун, үгэстэрин этигэр-хааныгар иҥэриммит Алгысчыт, тыл сүмэтин баһылаабыт Ийэ олоҥхоһут, көмүс, мас ууһа, Саха АССР норуотун маастара, айдарыылаахтартан уһуйуллубут улуу эмчит буолар.
Киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт култуурнай нэһилиэстибэтин Олоҥхону суруйан "Айдааннаах айаннаах ала буурай аттаах Мохсоҕоллой Боотур", "Хабыр киирсиилээх Хабытта Бэргэн", "Күдэннээх кутуруктаах күдэн кугас аттаах Күн Эрбийэ бухатыыр" олоҥхолору айан бар дьонугар бэлэх ууммута. Кирилл Никонович бу үс айымньытын Үөһээ Бүлүүтээҕи норуот тыйаатыра Саха сиригэр аан бастакынан олоҥхо-испэктээк туруоран, уус-уран киинэ оҥорон үйэтиппиттэрэ.
Кини баай тыллаах-өстөөх олоҥхолоро, алгыстара, тойуктара атын омук дьонун кутун туппут дьиктилээхтэр. Кирилл Никонович Казахстаҥҥа түүр тыллаах омуктар Аан дойдутааҕы симпозиумнарын "Аар Хатыҥ Алгыһа" тойугунан арыйбыта, Япония Токио, Москва, Санкт-Петербург тыйаатырдарын үрдүк сыанатыгар дорҕоонноох тойугун дуораппыта. V Аан дойдутааҕы Альберт Бейст Лорд кэриэһигэр уонна казах аатырбыт ырыаһыта, мусукаана Джамбул Джабаевка аналлаах Евразия дойдуларын мусукааннарын, номохторун толорооччуларын истиигэ Саха сириттэн соҕотоҕун кыттар чиэскэ тиксибитэ уонна үйэ саас бэлиэтэ буолар түөскэ анньыллар казах ытык дьаралыгын туппута. Хотугу эргимтэ олохтоох омуктарын фольклорун толорооччулар Аан дойдутааҕы кэнгириэстэригэр Америка Калифорния штатын 9 куоратыгар олоҥхолоон, туойан араас омуктар талааннаахтарыгар иһитиннэрбит үтүөлээх.
Салгыыта ⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️

Биир дойдулаахпыт, Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Радомир Михайлович Никифоров Улуу Россияны көмүскүүр байыаннай дьайыыга сулууспатын иккис сылыгар кыргыһыы хонуутугар сырдык тыынын эйэлээх олох иһин толук уурда.
Радомир Михайлович байыаннай дьайыыга барыан иннинэ, киин балыыһаҕа сантехнигынан үлэлии-хамсыы сылдьыбыта.
Төрөппүттэригэр, кэргэнигэр, оҕолоругар, аймахтарыгар, чугас дьонугар дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит.

Forwarded from МО "Едюгейский наслег"
#кутурҕан
Үөдүгэйгэ кутурҕан күнэ. Анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт биир дойдулаахпыт, харахпыт далыгар улааппыт оҕо Сергей Афанасьевич Ильин эйэлээх олох туһугар сырдык тыына быһынна😔😔🕯🙏🙏🙏
Кини анал байыаннай дьайыыга командирынан сылдьыбыта. Анал бойобуой дьайыыга атаҕа араанньы буолан баран, табаарыстарын таһаартыы сылдьан күн сириттэн суох буолла.
Сергей төрөппүттэригэр Лидия Никифоровнаҕа, Афанасий Васильевичка, бииргэ төрөөбүттэригэр, бары аймахтарыгар дириҥ кутурҕаммытын тириэрдэбит, аһыыгытын тэҥҥэ үллэстэбит.
Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтата