Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.35K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#УлууКыайыыкүнүнкөрсө

Билигин Үөдүгэй дьаһалтатын уонна кулуубун тиэргэнигэр турар Кыайыы пааматынньыгын 1975 сыллаахха, Улуу Кыайыы 30 сылыгар анаан туруорбуттара.
Бу пааматынньыгы Ороһу нэһилиэгин күтүөтэ худуоһунньук - скульптор Петр Степанович Григорьев оҥорбутун туһунан докумуоҥҥа суруллар. Нэһилиэкпит чулуу суоппара Степан Иванович Аксееков Дьокуускайтан ГАЗ-53 массыынанан оччотооҕу куһаҕан суолга- иискэ ханна да түһэн, буксуйан көрбөккө аҕалбыта. Икки Кыайыы пааматынньыгын аҕалбытым, Үөдүгэйгэ уонна иккиһин Нам нэһилиэгэр аҕалбытым диэн ахтыытыгар кэпсээн хаалларбыт.
Бу пааматынньыгы оччотооҕу Үөдүгэй нэһилиэгин ыччаттара Прокопий Васильев, Семен Семенов, Трофим Сортолов, Иван Адамов, Семен Варламов, Василий Николаев, уо. д. а. үс күнү быһа кутан оҥорбуттара.Пааматынньыгы тутуспут Прокопий Васильев этэринэн, бу Кыайыы пааматынньыгын Илин Эҥэртэн худуоһунньук - скульптор Семен Прокопьев оҥорбут. Бу автордар инникитин өссө чуолкайданыахтара.

#Үөдүгэйсонуннара
#Улуукыайыыкүнүнэн

Бүгүн Үөдүгэйгэ Кыайыы искибиэригэр "Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!"-Аҕа дойду сэриитигэр эйэлээх олох иһин олохторун толук уурбут буойуттарга сүгүрүйүү буолла.

Улуу Кыайыы күнүнэн эҕэрдэ тылы Үөдүгэй нэһилиэгин баһылыга А. Ю. Иванов, Үөдүгэй ыччатын аатыттан Үөдүгэйдээҕи култуура киинин дириэктэрэ И. Е. Сортолов, улуус бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн өр сылларга үлэлээбит СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ И. Е. Чычахов эттилэр.

Уоттаах сэриигэ түөрт таайа сылдьыбыт Ю. Н. Прокопьев аатынан спортивнай орто оскуола дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччыта Н. Н. Иванова таайдарын туһунан аҕынна , СӨ култууратын туйгуна, "Дьүөгэ" түмсүү салайааччыта В. В. Павлова эҕэрдэлээн туран түмсүү кыттыылааҕар, сэрии тулаайаҕар А. П. Ивановаҕа сэмэй бэлэҕин туттарда.

#Үөдүгэйсонуннара
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#Улуукыайыыкүнэ

Саха сирин үрдүнэн Кыайыы гимнэ буолбут Петр Одорусов тылларыгар, Николай Бойлохов мелодиятыгар "Тыыннаахтар умнубат сыллара" ырыаны көй салгыҥҥа көччөх гына көтүппүт Анна Петровна Иванова бар дьонугар 53-с сылын бу ырыаны ыллаан дуоратта, Кыайыы күнүн өрөгөйүн үрдэттэ 👍👍👏👏👏

Мустубут ыалдьыттар бары биир киһи курдук бу ырыаны ылластылар

#Үөдүгэйсонуннара
#киэнтуттабыт #кимдаумнуллубаттуохдаумнуллубат

Үөдүгэйтэн анал байыаннай дьайыыга баран, эйэлээх олох туһугар сырдык тыыннарын толук уурбут биир дойдулаах буойуттарбытыгар Иван уонна Александр Сагайдактарга, Александр Герасимовка сүгүрүйэн, кинилэр мөрсүөннэрин Үөдүгэй нэһилиэгин килбэйэр киинигэр, "Саха АССР 50 сыла" уонна "Марфа Потапова" аатынан уулуссалар быһа охсуһууларыгар туруордулар.

Нэһилиэкпит, улууспут дьоно-сэргэтэ, ыччата, оҕото өрүү кинилэр хорсун-хоодуот холобурдарыгар сүгүрүйүө, кинилэр ааттарын умнуо суоҕа!

#Үөдүгэйсонуннара
#ситиһии #ырыакүнэ

Үөдүгэй олохтооҕо, ырыаһыт, мелодист Евгений Тихонов "Наследники победы" анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи патриотическай ырыалар автордарын күрэҕигэр кыттан "Доҕорбор" диэн ырыатынан 2-с степеннээх Лауреат үрдүк аатын ылла 🏆👍👍👏👏

Бу эйэлээх олоҕу ырыанан уһансар улахан, өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэҕигэр 1-кы миэстэни -Алексей Калининскай, 2-с миэстэни Евгений Тихонов, 3-с миэстэни Николай Андросов ыллылар 🌟🌟🌟

Евгений Тихоновы эҕэрдэлээн биэриэҕиҥ

#Үөдүгэйсонуннара
#спорт

Бүгүн Бүлүү бөлөх улуустарын бэтэрээннэрин спартакиадатыгар кытта кэлбит Бүлүү улууһун бэтэрээннэрин дэлэгээссийэтин Үөдүгэй уонна Харбалаах нэһилиэктэрин дьаһалталара Чыбыыдаҕа баран көрүстүлэр.

Үөһээ Бүлүү үтүө - мааны, ыалдьытымсах сиригэр, "Үс Хоһуун" спорт уораҕайыгар арыаллаан аҕаллылар. Бүлүү түбэтин бэтэрээннэригэр спорт бырааһынньыга - спартакиада арыллыытынан эҕэрдэлээтилэр 👏👏👏

#Үөдүгэйсонуннара
#ыһыаххабэлэм

🌿 бүгүн Үөдүгэй нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ, оҕото, ыччата күргүөмүнэн кэлэн түһүлгэҕэ бэлэмнэнэн бардылар.

Үөдүгэйгэ Үрүҥ тунах ыһыах чугаһаан, оҕо - аймах дьиэрэҥкэйинэн, улахан дьон сүүрүү, хаамыы икки ардынан сылдьар сырдык, кэрэ түбүктэрдээх күннэрэ үүннүлэр👍👍

Бэс ыйын 21 күнүгэр Кудуга барыгытын Ефрем Николаевич Андреев төрөөбүтэ 115 сылыгар аналлаах Үөдүгэй нэһилиэгин ыһыаҕар ыҥырабыт 🙌🙌🙌

#Үөдүгэйсонуннара
#ойуурбаһаара

🌳🔥Үөдүгэйгэ Хампа диэн сиргэ турбут ойуур баһаарыгар нэһилиэк ыччаттара тута тиийэн умуруорар үлэлэри ыыттылар

Кинилэргэ улуустааҕы ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ тиийэн көмөлөстүлэр.

Билигин ойуур баһаара умулунна. Бу умуруоруллубут ойуур баһаарын салгыы маныахтара 🙌🙌

Ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ салгыы Кэнтиккэ тахсыбыт ойуур баһаарыгар суһаллык бардылар.

#Үөдүгэйсонуннара
#ситиһии

💠Бүгүн Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев эрэгийиэннээҕи уонна федеральнай таһымнаах грантовай күрэхтэр кыайыылаахтарын кытары көрүстэ.

Бу көрсүһүүгэ алта грант кыайыылаахтара тыл эттилэр. Ол иһигэр Үөһээ Бүлүүттэн О. Д. Федорова аатынан кииннэммит бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Тамара Саввинова бэйэтин бырайыагын туһунан кэпсээтэ. Кини Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьан, "Ситис" коммерческайа суох тэрилтэ аатыттан кыттан, "Чехов сахалыы тылынан" диэн испэктээги туруоруутун бырайыага кыайыылаах буолбута 👍👍🌟💫💫💫

Санатан эттэххэ, сылын ахсын ыытыллар культурнай инициативалар пуондаларын Граныгар Үөһээ Бүлүү улууһа аан бастакытын кыайбыта бэлиэтэнэр.

#Үөдүгэйсонуннара
#ИннибитХотуБарыБииргэ

🕊Үөдүгэйгэ Муҥур үрэх диэн сиргэ турбут ойуур баһаарыгар сылдьар дьоммутугар бүгүҥҥүттэн аһы-үөлү, утары туттар малы хомуйан саҕалаатыбыт.

Үөдүгэй нэһилиэгин тэрилтэлэрэ : 7 нүөмэрдээх "Остуоруйа", 4 нүөмэрдээх "Сардаана" оҕо уһуйааннарын, аптека кэлэктииптэрэ, биирдиилээн дьонтон Кудуттан Валентина Васильева, 1978 сыллаахха И. Н. Барахов аатынан орто оскуола 10"б" уонна 10 "в" кылаас выпускниктара, биир бастакынан бэрэски, хобуорас, лэппиэскэ, алаадьы астаан, буорту буолбат астары- кэнсиэрбэлэри, ыраас ууну, кофе, үүт, ону тэҥэ былаат, маарыла, кумаар эмтэрин, инчэҕэй салфеткалары, о. д. а. атыылаһан аҕаллылар.

Бу ойуур баһаарыгар көмө салҕанар. Сарсын үлэ чааһыгар Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтатыгар аҕалан туттарыаххытын сөп.

Бүгүн көмө акцияҕа кыттыбыт күндү дьоммутугар ис сүрэхпититтэн махтанабыт. Өрүү маннык бэйэ - бэйэни өйөһөр күүстээх түмсүүлээх буолуоҕуҥ 🙌

Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтата

#Үөдүгэйсонуннара
#ИннибитХотуБарыБииргэ

🕊Үөдүгэйгэ Муҥур үрэх диэн сиргэ турбут ойуур баһаарын умуруорууга дьону ыытыы уонна көмө оҥоруу салҕанар.

Нэһилиэкпит киэн туттар "Дьүөгэ" бэтэрээн дьахталларын түмсүүтэ, салайааччы Виктория Васильевна Павлова, 11000 солкуобайы бородууктаҕа, утары туттар малы-салы атыылаһарга диэн аҕалан туттардылар. Ону тэҥэ Лариса Никифоровна Николаева ойуур баһаарын бохсууга үлэлэһэ сылдьар дьоммутугар көмө аҕалла👍👍👍

Нэһилиэкпит кыһалҕатыгар сүрэхтэринэн - быардарынан "ыалдьар" күндү дьоммутугар барҕа махталбытын тириэрдэбит ❤️❤️❤️

Иннибит хоту бары бииргэ🙌🙌🙌

#Үөдүгэйсонуннара
#ИннибитХотуБарыБииргэ
#ойуурбаһаара

🕊Бүгүн киин балыыһа кэлэктиибэ Үөдүгэйгэ ойуур баһаарын бохсо сылдьар дьоммутугар эмтэри, маарыла, инчэҕэй салфеткалары, кумаар эмтэрин, сиэккэлээх сэлээппэлэри аҕалан туттарда.

Дьоммут - сэргэбит өйөбүлэ бу ыарахан усулуобуйаҕа ойуур баһаарын умуруорууга үлэлии сылдьар дьоммутугар күүстэригэр күүс, сэниэ эбэр🙌

Махтанабыт, күүс-көмө, өйөбүл буолар дьоммутугар

Иннибит хоту бары бииргэ

#Үөдүгэйсонуннара