#УлууКыайыыкүнүнкөрсө
Бүгүн, Улуу Кыайыы күнүн көрсө, 4-с нүөмэрдээх "Сардаана" оҕо саадын бэлэмнэнии бөлөҕүн иитиллээччилэрэ иитээччилэрин кытары Кыайыы болуоссатыгар кэлэн ыалдьыттаатылар.
Оҕолор Кыайыы туһунан хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр, пааматынньыкка сибэкки дьөрбөлөрүн уурдулар. Иитээччилэр бу күн суолтатын кэпсээн, быһааран биэрдилэр.
Быйыл "Сардаана" оҕо саадыгар 19 выпускник баар. Оҕолор аны күһүн бастакы кылааска киирээри бэлэмнэнэллэр.
@uoheebuluu

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#УлууКыайыыкүнүнкөрсө
"Аленушка" оҕо саадын дьааһыла саастаах кырачааннар бөлөхтөрө Кыайыыны уһансыбыт хос эбэлэрин, эһэлэрин сырдык мөссүөннэрин аҕалан "Бессмертнай полк" оҥордулар.
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат⭐️

#УлууКыайыыкүнүнкөрсө #ааҕааччыларбытсуруйаллар
"Ньургуһун" оҕо саадын иитиллээччитэ, 6 саастаах Саввинов Эркин Айан-Уола былыргы хаартысканы үтүгүннэ.
Кырачаан Эркиҥҥэ ❤️ баттааҥ
@uoheebuluu
"Ньургуһун" оҕо саадын иитиллээччитэ, 6 саастаах Саввинов Эркин Айан-Уола былыргы хаартысканы үтүгүннэ.
Кырачаан Эркиҥҥэ ❤️ баттааҥ
@uoheebuluu
#УлууКыайыыкүнүнкөрсө
Бүгүн М.Т.Егоров аатынан 2 нүөмэрдээх оскуола оҕолоро улуустааҕы История уонна этнография түмэлигэр түмэл уруогар сырыттылар.
Улуустааҕы бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Иван Чычахов байыаннай кэмнэр тустарынан кэпсээтэ, архыыптан сэрии кэминээҕи үс муннук суруктары көрөн-истэн билиилэрэ кэҥээтэ.
Уруок иккис чааһыгар Улуу Кыайыы экспозициятын көрдүлэр, онно баар материаллар биирдиилээн историяларын иһиттилэр-көрдүлэр.
Оҕолор олус көхтөөхтөр. "Бу сэрии туохтан буолбутуй?" - диэн ыйытык бөҕөлөр. Билигин буола турар байыаннай дьайыыны эмиэ ыйыталастылар. "Украина диэн ханна баарый?", "Тоҕо биһигини абааһы көрөллөрүй?"- диэн ыйытыктарга хоруй ыллылар.
Сонуннарга анаан Изабелла Саввинова

#УлууКыайыыкүнүнкөрсө #ОкнаПобеды
Улуус тэрилтэлэрэ өрөгөйдөөх бырааһынньыгы көрсө киэргэнэллэр. Бу Үөдүгэй нэһилиэгин модельнай библиотекатын түннүктэрэ😍😍😍

Биэнсийэнэн уонна олоххо-дьаһахха көмөнөн хааччыйыы пуондатын Үөһээ Бүлүүтээҕи килийиэн сулууспатын дьиэтин түннүктэрин, тулатын маннык курдук киэргэттилэр😍
Күрүөлэригэр үлэһиттэр Кыайыыны уһансыбыт эбэлэрин, эһэлэрин сырдык мөссүөннэрин ыйаабыттара туспа фотогалерея буолла👏👏👏

Д.С.Спиридонов аатынан 4-с нүөмэрдээх орто оскуола үөрэнээччилэрэ Павлова Асель, Павлов Алеша түннүктэрин уруһуйдаан киэргэппиттэрин көрүҥ😍
Кыайыыны аҕалбыт эһэлэрин хаартыскаларын киэн тутта тутан тураллар.

Forwarded from МО "Едюгейский наслег"
#УлууКыайыыкүнүнкөрсө
🎗Кыайыы пааматынньыгын кэннинэн Улуу Кыайыы төгүрүк сылларыгар анаан турбут сэргэлэр бааллар.
Бу сэргэлэртэн иккитин нэһилиэкпит талааннаах киһитэ, убайбыт Прокопий Егорович Васильев оҥорбута. Тарбаҕар талааннаах, уруһуйдьут, уус, сатаабатаҕа диэн суох, барытыгар дэгиттэр киһини дэлэҕэ, норуот таптаан, билинэн Худуоһунньук Проня диэн ааттыа дуо?
Биһиги бүгүн убайбыт Прокопий Егорович историяҕа хаалар дьоһуннаах оҥоһуктарын - сэргэлэрин туһунан киэн тутта кэпсиибит👍👍👍👏👏👏
Үөдүгэйбит историятыгар дьоһун суолу-ииһи хаалларса, кылааккын киллэрсэ сылдьаргынан нэһилиэгиҥ дьонугар холобур буолаҕын👍✊🙌
#Үөдүгэйсонуннара

Билигин Үөдүгэй дьаһалтатын уонна кулуубун тиэргэнигэр турар Кыайыы пааматынньыгын 1975 сыллаахха, Улуу Кыайыы 30 сылыгар анаан туруорбуттара.
Бу пааматынньыгы Ороһу нэһилиэгин күтүөтэ худуоһунньук - скульптор Петр Степанович Григорьев оҥорбутун туһунан докумуоҥҥа суруллар. Нэһилиэкпит чулуу суоппара Степан Иванович Аксееков Дьокуускайтан ГАЗ-53 массыынанан оччотооҕу куһаҕан суолга- иискэ ханна да түһэн, буксуйан көрбөккө аҕалбыта. Икки Кыайыы пааматынньыгын аҕалбытым, Үөдүгэйгэ уонна иккиһин Нам нэһилиэгэр аҕалбытым диэн ахтыытыгар кэпсээн хаалларбыт.
Бу пааматынньыгы оччотооҕу Үөдүгэй нэһилиэгин ыччаттара Прокопий Васильев, Семен Семенов, Трофим Сортолов, Иван Адамов, Семен Варламов, Василий Николаев, уо. д. а. үс күнү быһа кутан оҥорбуттара.Пааматынньыгы тутуспут Прокопий Васильев этэринэн, бу Кыайыы пааматынньыгын Илин Эҥэртэн худуоһунньук - скульптор Семен Прокопьев оҥорбут. Бу автордар инникитин өссө чуолкайданыахтара.

Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Егор Иванов эдэр ыччаты кытары буойун спортсменнар Д.К.Докторов-Бычырдаан, В.И.Степанов-Буучугурас, А.П.Васильев-Мордьонноохоп мэҥэ таастарыгар сибэкки дьөрбөлөрүн уурдулар.
Киэн туттабыт, сүгүрүйэбит!

Улуустааҕы норуот тыйаатырын артыыстара "Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат" тыйаатырдыы дьүһүйүүнү аһаҕас халлаан анныгар, Үс хоһууннарбыт мэҥэ таастарын иннигэр көрдөрдүлэр.

#УлууКыайыыкүнүнкөрсө #Свечапамяти #Өйдөбүлтөлөнө
Бүтүн Россиятааҕы "Өйдөбүл төлөнө" аахсыйа төлөннөөх уоттаах факелы улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иван Чычахов тутан кэлэн чүмэчилэр уоттарын уматта.
Факелы байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, киэн туттар киһибит Михаил Ан күөрэччи тутан Кыайыы болуоссатыгар диэри хааман кэллэ. Кинилиин тэҥҥэ улуус баһылыгын солбуйааччылара Анна Уларова, Егор Иванов, улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдэтэлэ Николай Николаев хаамтылар. Кэннилэриттэн сүүһүнэн ыччат, улахан дьон сэлэлии хааман кэллэ.
Кыайыы болуоссатыгар кэлэн эҕэрдэ тыллары эттилэр, история быыһын сэгэтэн ыччакка кэпсээтилэр. Оскуола оҕолоро хоһоон ааҕан иһитиннэрдилэр.
"Өйдөбүл төлөнө" аахсыйа кыттааччылара пааматынньыкка чүмэчилэри ууран эйэлээх олох иһин Кыайыыны уһансыбыт буойуннарга сүгүрүйэллэрин биллэрдилэр.

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#УлууКыайыыкүнүнкөрсө
"Сказка" оҕо саадын иитиллээччилэрэ, бэлэмнэнии бөлөҕүн оҕолоро күн бэҕэһээ Кыайыы пааматынньыгар сылдьан сибэкки дьөрбөлөрүн уурдулар. Ырыа ыллаан, хоһоон ааҕан ньиргиттилэр.
Суох буоллун сэрии, суох буоллун өлүү, туругур Эйэ, Эйэ, Эйэ!
Салгыы видеону көрөргүтүгэр ынырабыт👍