Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#ойуурбаһаара

Кэнтик сиригэр тахсыбыт ойуур баһаара үрдүк күүрүүлээх уот ситимигэр тиийбэтин туһугар күүстээх үлэ барар.

Мунньаҕа сиригэр турбут ойуур баһаарыгар бүгүн "Үөһээ Бүлүү" хаһыаттан балаһыанньа хайдаҕын көрө тахса сырыттыбыт.

Бөөлүүн балаһа хастаран манаабыт сирдэрин тумна баран, ойуур уота өрүс үрдүн диэкинэн арҕаа өттүгэр барбыт. Үрдүк күүрүүлээх уот ситимин диэки баран иһэр. Билигин "Якутлесресурс" тэрилтэтэ баар күүһүн барытын Мунньаҕа арҕаа өттүгэр Быыкааны диэки бырахта. Көмөҕө олохтоохтор уонна улуустааҕы баһаарынай этэрээт байыастара тахсаннар, бу баһаарга уопсайа 60 киһи үлэлии сылдьар.

Булууктаах тыраахтарынан ойууру кыйа хастаран, өрүскэ диэри тиийиэхтээхтэр. Итиэннэ 10-ча миэтэрэ ойууру кэрдэн, уоту тутардыы ыраастыыр былааннаах хааллылар.

Оттон Мунньаҕа илин өттүгэр баар уот нэһилиэк диэки кэлэр кутталлаах. Бу куйааска ойуур баһаарыгар үлэлиир дьон сынньаныан, тыын ылыан эмиэ наада. Онуоха солбукка үлэһит илии тиийбэт курдук.

Кэнтик нэһилиэгин олохтоохторо, чуолаан кэрэ аҥаар өттө күн устата дьуһуурустубанан ас астаан дьаһалта дьиэтигэр тиксэрэ тураллар эбит. Буспут аһы тутатына баһаарга үлэлиир дьоҥҥо күҥҥэ үстэ, буортурбатын диэн утарынан, ким матассыыкылынан, ким массыынан илдьэ тураллар. Иһэр уунан эмиэ хааччыллан олороллор.

Ойуур баһаарыгар көмөҕө тахсыан баҕалаах дьону лесхоз дьиэтигэр күүтэллэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ойуурбаһаара

Кэнтик сиригэр турбут ойуур баһаарыгар түүҥҥү өттүгэр үлэлиирдии уонча киһи тэринэн баран эрэллэр.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ойуурбаһаара

Оҥхой нэһилиэгин Хомустаах сиригэр бүгүн турбут ойуур баһаарыгар 15 киһи үлэлии сылдьар.

Оҥхойтон 10 киһи баһаар тахсыбытын биллэрээттэрин кытта тута тахсыбыта. Онтон Далыр нэһилиэгиттэн 5 киһи тыраахтардаах көмөҕө кэлбитэ.

Бу киэһэ Оҥхойтон эбии олохтоохтор хомуллан тахсан эрэллэр. Мантан киэһэ бөртөлүөтүнэн Түҥ баһаарыттан 12 парашютиһы аҕалан быраҕыахтара.

Тыаллаах буолан уот кыайтара илик.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Саха АССР үтүөлээх артыыскатын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыскатын, Былатыан Ойуунускай аатынан Государственнай Бириэмийэ Лауреата, биһиги биир дойдулаахпытын Зоя Петровна Багынанованы кытта улуус баһылыгын социальнай хайысхаҕа уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр солбуйааччы Анна Михайловна Уларова уонна улуус баһылыгын дьаһалта дьыалатын салайыыга солбуйааччы Михаил Михайлович Егоров көрүстүлэр.

Зоя Петровна Үөһээ Бүлүү улууһун Далыр нэһилиэгиттэн төрүттээх биһиги тумус туттар киһибит, билигин Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар айар-тутар үлэни ыытар. Бэйэтэ киинэ устар бөлөҕү тэрийэн, бу сыл атырдьах ыйыттан Мэйик нэһилиэгиттэн төрүттээх суруйааччы Василий Титов олоҕун туһунан уус-уран киинэни устар баҕалааҕын биллэрдэ. Киинэ Үөһээ Бүлүү улууһа төрүттэммитэ 90 сылыгар ананар.

Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын Валерий Валерьевич Николаев сорудаҕынан эһиилги үбүлүөйдээх сылга бэлэмнэнии саҕаланар.

Үбүлүөйдээх тэрээһиннэр чэрчитинэн, биһиги улууспут биир биллэр суруйааччытын үйэтитэр киинэ тахсыытын улуус дьаһалтата өйүүрүн биллэрдэ.

Зоя Петровна Багынановаҕа айар үлэтигэр ситиһиилэри баҕарабыт.

#Кино
#ЗояБагынанова
#ВерхневилюйскийУлус

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс сулууспата
#суһалсигнал

Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү олохтоохторо!

Бу күннэргэ улууспутугар Кэнтик, Оҥхой, Быракаан нэһилиэктэрин территорияларыгар ойуур баһаардара тураннар, ыксаллаах балаһыанньа үөскээтэ.

Кураан күннэр туралларынан уонна тыалыра турарынан баһаардар күүһүрэн иһэллэр. Кыайан тохтотуллубатахтарына нэһилиэктэргэ суоһуур кутталлаахтар.

Бу үс нэһилиэк эр дьоно уоту тохтотууга күнүстэри-түүннэри үлэлии сылдьаллар, ол эрээри тастан көмө олус наада буолла.

Онон убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү олохтоохторо, чуолаан бу нэһилиэктэргэ сыһыаннаахтар, маннык ыксаллаах күннэргэ дойдубутугар тахсан дьоммутугар-сэргэбитигэр көмө-ньыма буоларгытыгар ыҥырабыт!

Дойдубут барахсан чээлэй күөх айылҕата күл-көмөр буоларын бохсо охсуоҕуҥ, итинэн нэһилиэктэрбитигэр куттал суоһуурун халбарытыһыаҕыҥ!

Баһаардары умуруорууга барыан баҕалаахтары Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин дьаһалтатын 201 кабинетыгар кэтэһэбит.

Билсэр төл. нүөмэрэ: 89681551281 Ким Елена Сергеевна.

Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин дьаһалтата
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#суруйаллар

Почта уонна Ростелеком тэрилтэлэрин икки ардыгар турар эргэ ыскылаат дьиэтэ умайан эрэрин туһунан иһитиннэрии киирэн, баһаарынайдар умуруора таҕыстылар.

Баһаар тахсыбыт биричиинэтин быһааран, буруйдааҕы эппиэккэ тардыахтара.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн Дьокуускай куоракка Үөһээ Бүлүү улууһун бэрэстэбиитэлистибэтигэр анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга анаан гуманитарнай көмөнү хомуйуу чэрчитинэн Тамалакаан нэһилиэгин күтүөтүн, урбаанньыты, "Алтан" хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыба дириэктэрин Васильев Иннокентий Терентьевиһы кытта көрүстүбүт.

Иннокентий Терентьевич анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаах уолаттарбытыгар анаан 20 рацияны үбүлүүрүн биллэрдэ.

Улууспут күндү күтүөтүгэр Иннокентийга өйөбүлүн, уолаттарбытыгар көмөн, кыайыыга кылаатын иһин истиҥник махтанабыт!

Бары биир дойдулаахтарбытын кыайыы туһугар түмсүөҕүҥ, байыас уолаттарбытыгар көмөнү хомуйарга кыттыһыаҕыҥ диэн ыҥырабыт!

#СВОихНеБросаем
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
#сво #своихнебросаем

⭐️ Нам нэһилиэгиттэн Розалия Петровна Тарасова салайааччылаах "Ситим" түмсүү аатыттан 60 маҥан өҥнөөх харысхал дэйбиири уонна кытыаннаах, үрүҥ сиэллээх, туостаах, алгыстаах суруктаах ыраастанар, арчыланар 60 устуука набору дьаһалта үлэһиттэрэ "Дойдум тыына" иистэнэр сыахха аҕалан туттардылар.

Байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар буойуттарбытыгар тиийэн дурда-хахха буолуоҕа, араҥаччылыаҕа, харыстыаҕа🙌

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Бэс ыйын 29 күнүттэн Үөһээ Бүлүү улууһугар ойуур баһаардарынан сибээстээн суһал быһыы биллэриллибитэ.

Күннэтэ ойуур баһаарын утары охсуһууга олохтоох нэһилиэнньэ дьоно, ойуур харысхалын үлэһиттэрэ, техникалар үлэлииллэр.

Билиҥҥи туругунан, Кэнтик, Кырыкый нэһилиэктэригэр, Өргүөт уонна Быракаан гыраныыссатыгар, Далыр - Мэйик - Оҥхой нэһилиэктэрин гыраныыссатыгар ойуур баһаардара бэлиэтэннилэр.

Быракаан нэһилиэгиттэн 12 км тэйиччи сиргэ от ыйын 8 күнүгэр ойуур баһаара бэлиэтэммитэ. Ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа 44 киһи, 3 техника үлэлиир. Ойуур баһаарын биричиинэтэ - чаҕылхан.

Кэнтик нэһилиэгиттэн 5 км тэйиччи сиргэ ойуур баһаара от ыйын 8 күнүгэр бэлиэтэммитэ. Ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа 81 киһи, 3 трактор, 3 УАЗ үлэлиир. Баһаар биричиинэтэ - чаҕылхан.

От ыйын 9 күнүгэр күнүс 13:00 чааска Оҥхой нэһилиэгин Хомустаах сиригэр, Далыр уонна Мэйик гыраныыссатыгар ойуур баһаара бэлиэтэммитэ.
Баһаары умуруорааһыҥҥа 51 киһи, 8 техника үлэлиир.
Баһаар биричиинэтэ - биллэ илик.

Эрдэ биир күн иһигэр этиҥнээх чаҕылхан кэннэ 6 нэһилиэккэ ойуур баһаара тахсыбытын, тутатына умуруоран, уоту тохтотуллубута.

Билигин тыал күүһүрэн, кураан туран ойуур баһаара саҥа күүстэннэ. Ойуур харысхалын үлэһиттэрэ, олохтоох дьаһалта, олохтоох дьон күн түүн ойуур баһаарын утары үлэни ыыталлар.

Бүгүҥҥү туругунан өссө эбии икки термоточка булулунна: Дүллүкү уонна Хоро нэһилиэктэрин территорияларыгар. Дүллүкү нэһилиэгиттэн булуллубут ойуур баһаарын көрө дьоннор таҕыстылар.

Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо!

Ойуурга, тыаҕа таҕыстаххытына уоту туттарга сэрэхтээх буоларгытыгар ыҥырабыт! Биир сыыһа туттуу ойуурдарбытыгар улахан хоромньуну оҥорорун умнумаҥ!

#ЛесныеПожары
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev