#планерка
✅ Бүгүҥҥү улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи былаанныыр сүбэ-мунньаҕын улуус баһылыгын экономикаҕа уонна үпкэ солбуйааччыта Саргылаана Алексеева салайан ыытар. Сүбэ-мунньаҕы кутурҕан мүнүүтэттэн саҕалаата.
Ол курдук, Үөһээ Бүлүү улууһун "Дүллүкү" сопхуоска, "Дүллүкү"потребкооперацияҕа уонна "Дүллүкү нэһилиэгэ" МТ дьаһалтатын баһылыгынан таһаарыылахтык үлэлээбит туруу үлэһит, сатабыллаах салайааччы, улахан дьиэ кэргэн бигэ тирэҕэ, үлэ бэтэрээнэ, ССРС потребкооперациятын, СӨ тыа хаһаайыстыбатын туйгуннара, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Гражданскай килбиэн, Арассыыйа потребкооперациятыгар үтүө суобастаах үлэтин иһин бэлиэлэр хаһаайыннара, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Дүллүкү нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо АН ИВАН ИВАНОВИЧ бу дьыл бэс ыйын 11 күнүгэр уһун ыарахан ыарыыттан олохтон туораабытынан тэрилтэ салайааччылара сүһүөхтэригэр туран кэриэстээтилэр.
Улуус баһылыга Валерий Николаев Ньурба улууһугар үлэлиир.
✅ "Үөһээ Бүлүү" МТ баһылыгын солбуйааччыта Егор Михайлов бөһүөлэги ырааһырдыы үлэтин туһунан иһитиннэрии оҥордо.
Хас бээтинсэ аайы субуотунньуктар ыытыллаллар. Биирдиилээн тэрилтэлэр сыһыарыллыбыт территорияларын көрө-истэ, ыраастыы сылдьалларыгар ыҥырда.
Хаһаайыстыбалаах дьон сүөһүлэрин көрөллөрүгэр, улуус киинигэр бөх быраҕар миэстэлэринэн сылдьыбаттарын курдук дьаһаналларыгар эттэ.
Бэҕэһээ бөх быраҕар дьаамаҕа ынах түспүтүн курдук түбэлтэ хатыламматын туһугар сүөһүлэри улуус кииниттэн тэйиччи мэччирэҥҥэ ыытыахтарын наада.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка
✅ Ыһыахтар чугаһаан, боппуруостар сүрүннээн ырааһырдыы тула бараллар. Ол курдук, Үөдүгэй нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Дмитрий, Ефремов нэһилиэк иһигэр ырааһырдыы үлэтин туһунан иһитиннэрдэ.
"ОДьКХ" управляющай хампаанньа салайааччыта Богдан Прокопьев свалкаҕа ыытылла турар үлэ туһунан иһитиннэрдэ.
Экология тэрилтэтин суругар олоҕуран, улуус киин свалкатыгар киирии өттө ыраастаныахтаах. Экология тэрилтэтин иннигэр уонна "Кэрэчээнэ" чааһынай кафе аттыгар турбут дьааһыктары ыраастаабыттар. Бөх быраҕар дьааһыктар тулаларын эргиччи ыраастаан барбыттарын кэннэ 3 чааһынан төттөрү ыһыллар, толору бөх буолар.
@uoheebuluu
"ОДьКХ" управляющай хампаанньа салайааччыта Богдан Прокопьев свалкаҕа ыытылла турар үлэ туһунан иһитиннэрдэ.
Экология тэрилтэтин суругар олоҕуран, улуус киин свалкатыгар киирии өттө ыраастаныахтаах. Экология тэрилтэтин иннигэр уонна "Кэрэчээнэ" чааһынай кафе аттыгар турбут дьааһыктары ыраастаабыттар. Бөх быраҕар дьааһыктар тулаларын эргиччи ыраастаан барбыттарын кэннэ 3 чааһынан төттөрү ыһыллар, толору бөх буолар.
@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка
✅ Ойуур хаһаайыстыбатын сүрүн лесничейэ Павел Тимофеев ойуур баһаардарын балаһыанньатын билиһиннэрдэ. Улууска ойуур баһаара этэҥҥэ суох.
Профилактическай үлэлэр, рейдэлэр тохтоло суох ыытыллаллар. Ойуурга тахсыы бобуллан турар кэмигэр кыра кыһалҕалаахтар тахсыбаттарыгар ыҥырда. Айылҕаҕа тахсан баран уот оттубут дьону ыстарааптааҥ диэн сорудах бэриллибит.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Профилактическай үлэлэр, рейдэлэр тохтоло суох ыытыллаллар. Ойуурга тахсыы бобуллан турар кэмигэр кыра кыһалҕалаахтар тахсыбаттарыгар ыҥырда. Айылҕаҕа тахсан баран уот оттубут дьону ыстарааптааҥ диэн сорудах бэриллибит.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка
✅ Үөһээ Бүлүүтээҕи Ис дьыала отделын бэрээдэги бөҕөргөтөр салаа салайааччыта, полиция майора Владислав Поскачин улууска сокуону, бэрээдэги кэһии туругун туһунан иһитиннэрдэ.
Ааспыт нэдиэлэ устата дьуһуурунай чааска 44 араас ис хоһоонноох иһитиннэрии киирбит.
Онтон 5-һэ араас өрүттээх эт-хаан эчэйиитэ, түөкүннээһин - 8, уоруу - 1. Ону таһынан сокуоннайа суох ойуур маһын кэрдии 1 түгэнэ таҕыста. Буруйдаах миэрэҕэ тардыллыаҕа.
Нэдиэлэ иһигэр дьуһуурунай чааска 5 киһи тутуллан киирэн тахсыбыт. Манна общественнай миэстэҕэ бэрээдэги кэспит, сайабылыанньанан үҥсүү киирбит түгэнигэр тутуллаллар.
22 административнай боротокуол толоруллубут, ГАИ сотрудниктара 84 ыстараап боротокуолун суруйбуттар. Ол иһигэр 2 киһи арыгы испит туруктаах массыына ыыта сылдьан тутуллубут, ол аата суоппар бырааба суох хаалар буолбуттар.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Ааспыт нэдиэлэ устата дьуһуурунай чааска 44 араас ис хоһоонноох иһитиннэрии киирбит.
Онтон 5-һэ араас өрүттээх эт-хаан эчэйиитэ, түөкүннээһин - 8, уоруу - 1. Ону таһынан сокуоннайа суох ойуур маһын кэрдии 1 түгэнэ таҕыста. Буруйдаах миэрэҕэ тардыллыаҕа.
Нэдиэлэ иһигэр дьуһуурунай чааска 5 киһи тутуллан киирэн тахсыбыт. Манна общественнай миэстэҕэ бэрээдэги кэспит, сайабылыанньанан үҥсүү киирбит түгэнигэр тутуллаллар.
22 административнай боротокуол толоруллубут, ГАИ сотрудниктара 84 ыстараап боротокуолун суруйбуттар. Ол иһигэр 2 киһи арыгы испит туруктаах массыына ыыта сылдьан тутуллубут, ол аата суоппар бырааба суох хаалар буолбуттар.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка
✅ Улуус баһылыгын солбуйааччыта, дьаһалта дьыалаларын дьаһайааччы Михаил Егоров тэрилтэ салайааччыларыгар туһаайан иһитиннэрии оҥордо.
Ол курдук, улуус ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэ чэрчитинэн, маассабай көрдөрүүгэ кыттар үлэһиттэр киэһэ 19:00 чааска "Үс Хоһуун" стадиоҥҥа эрчиллэ кэлэллэр. Үлэһиттэр кыттыыларын салайааччылар хонтуруоллуулларыгар ыҥырда.
Тэрилтэлэр салайааччылара улуус ыһыаҕар ыҥырыылаах ыалдьыттарын улуус дьаһалтатын сүрүннүүр специалиһыгар Туяра Поскачинаҕа этэн, сүрүн испииһэккэ киллэттэрэргитигэр.
Ону тэҥэ, улуус Ыһыаҕа чугаһаабытынан, хас биирдии тэрилтэ үлэтин күүһүрдэригэр ыҥырда.
✅ "Эйгэ" муниципальнай тэрилтэ салайааччыта Мария Платонова иһитиннэрбитинэн, бэс ыйын 20 күнүгэр улуус киинин холбоһуктаах тэрилтэлэрэ Түгэхтэй алааһыгар уопсай субуотунньукка тахсыахтара. Онтон бэс ыйын 23 күнүн киэһэтигэр сыһыарыллыбыт миэстэлэринэн түһүлгэни киэргэтиэхтэрэ, чэчирдэри анньыахтара.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Ол курдук, улуус ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэ чэрчитинэн, маассабай көрдөрүүгэ кыттар үлэһиттэр киэһэ 19:00 чааска "Үс Хоһуун" стадиоҥҥа эрчиллэ кэлэллэр. Үлэһиттэр кыттыыларын салайааччылар хонтуруоллуулларыгар ыҥырда.
Тэрилтэлэр салайааччылара улуус ыһыаҕар ыҥырыылаах ыалдьыттарын улуус дьаһалтатын сүрүннүүр специалиһыгар Туяра Поскачинаҕа этэн, сүрүн испииһэккэ киллэттэрэргитигэр.
Ону тэҥэ, улуус Ыһыаҕа чугаһаабытынан, хас биирдии тэрилтэ үлэтин күүһүрдэригэр ыҥырда.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#ыһыах #спорт
⭐️ Мордьонноохоп оонньуулара
Үгэс курдук бэс ыйын 24-25 күннэригэр ыытыллар "Төрүт түөлбэм - дьоллоох дойдум" Үөһээ Бүлүү улууһун ыһыаҕар иккис төгүлүн ыытыллар күүстээх уохтаах, быһый уолаттарга бастыҥы быһаарар "МОРДЬОННООХОП ООННЬУУЛАРА" күрэххэ ыҥырабыт.
Кыттан бэйэтин тургутан, холонон көрүөн баҕалаах дьонтон сайаапкалары улуустааҕы спорт управлениетыгар 89142659005 нүөмэргэ эрийэн тиийэн биэрэргитин күүтэллэр.
Муҥутуур кыайыылаахха сүрүн бириис 200 тыһыынча солкуобай✊✊✊

Forwarded from Прокуратура Республики Саха (Якутия)
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#иһитиннэрии
✅ Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонун 15 ыстатыйатыгар олоҕуран, Үөһээ Бүлүү сиригэр-уотугао айылҕаҕа үүнэр сир аһын хомуйуу болдьохторо улуус баһылыгын уонна ойуур хаһаайыстыбатын салайааччыта илии баттааһыныннарынан бигэргэннилэр.
Ол курдук, хаптаҕаһы, дьэдьэни уонна биэ эмиийин от ыйын 16 күнүттэн, сугуну атырдьах ыйын 1 күнүттэн, моонньоҕону атырдьах ыйын 10-тан уонна отону атырдьах ыйын 25 күнүттэн хомуллара көҥүллэнэр.
Эрдэлээбит дьон эппиэтинэскэ тардыллыаххытын сөбүн сэрэтэбит.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Ол курдук, хаптаҕаһы, дьэдьэни уонна биэ эмиийин от ыйын 16 күнүттэн, сугуну атырдьах ыйын 1 күнүттэн, моонньоҕону атырдьах ыйын 10-тан уонна отону атырдьах ыйын 25 күнүттэн хомуллара көҥүллэнэр.
Эрдэлээбит дьон эппиэтинэскэ тардыллыаххытын сөбүн сэрэтэбит.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ыһыах
⭐️ Билиэттэр "Киновер" саала кассатыгар атыыга таҕыстылар🔥🔥🔥
Кытаатыҥ, тиэтэйиҥ, ыксааҥ, олох үчүгэй, астык бэлэхтэр күүтэллэр❤️
Култуура уонна духуобунай сайдыы департамена
Кытаатыҥ, тиэтэйиҥ, ыксааҥ, олох үчүгэй, астык бэлэхтэр күүтэллэр❤️
Култуура уонна духуобунай сайдыы департамена
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#чэпчэтиилээхсурутуу
⭐️ "Үөһээ Бүлүү" улуус хаһыатыгар сыл иккис аҥарыгар чэпчэтиилээх сурутуу бэс ыйын 20 күнүгэр диэри бара турар.
Почта дьиэтигэр тиийэн баара-суоҕа 548,16 солк. суруттардаххытына, почта үлэһиттэрэ аадырыскытыгар тиксэриэхтэрэ.
Ону тэҥэ Редакцияттан кэлэн ыларга эмиэ суруттуохха сөп. Манна сыаната 500 солкуобай буолар.
Өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар сурутуу туругун билиһиннэрэр буоллахха маннык:
1027 сурутааччылаах Мэҥэ-Хаҥалас улууһа бастакы миэстэҕэ сылдьар. Ол кэннэ Амма улууһа 732 сурутааччыланан, иккис миэстэтин хайа да улууска да биэрэ илик. Үһүс миэстэҕэ 712 сурутааччылаах Сунтаар улууһа турар. 689 ааҕааччыны угуйбут Нам улууһа Үөһээ Бүлүүнү ситэн, төрдүс миэстэҕэ таҕыста.
Үөһээ Бүлүү улууһун хаһыата 683 сурутааччылаах буолан бэһис миэстэҕэ тэбилиннэ.
Биһиги кэннэ Таатта (581), Чурапчы (530) уонна Ньурба (527) сылдьаллар.
Улууспут олохтоохторо, кытаатан, хаалбыт кэми баттаһа, "Үөһээ Бүлүү" хаһыакка суруттаран, үс бастыҥ көрдөрүүлээх улуус иһигэр киирэргэ кыахта биэриҥ диэн ыҥырабыт.
Ыһыаҕы көрсө чэпчэтиилээх сурутууну мүччү туппакка, чугас аймах-билэ дьоҥҥутугар, аҕам саастаахтарга, Дьиэ кэргэн сылынан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ соһуччу бэлэхтэ оҥоруҥ диэн ыҥырабыт.
Ону тэҥэ почта нөҥүө хайа баҕарар улуус хаһыатыгар суруттуохха сөп буолла. Ол курдук, атын куоракка, улууска олорор биир дойдулаахтарбыт, Үөһээ Бүлүүттэн тардыылаах дьон хаан-уруу "Үөһээ Бүлүү" хаһыаккытыгар суруттарыҥ диэн ыҥырабыт.
Редакция коллектива

#сво #своихнебросаем
⭐️ Улуустааҕы анал байыаннай дьайыыга барар оҕолору тэрийэн ыытар "Дойдум тыына" сыах бүгүҥҥү күнэ күүстээх үлэттэн саҕаланна.
Бүгүн манна Ороһуттан төрүттээх бииргэ төрөөбүттэр, Харбалаахтан Валентина Филиппова, Ороһуттан Надежда Котоконова, Үөһээ Бүлүүттэн Калиста Борисова СВО-ҕа сылдьар биир дойдулаахтарыгар Үөһээ Бүлүүттэн сылдьар оҕолорго үтүө санааланыы хамсааһын чэрчитинэн көмөҕө кэллилэр.
Сарсыардаттан сыах салайааччыта Васма Иванова ыйан-кэрдэн биэриитинэн байыаннай дьайыыга хорсуннук сылдьар уолаттарбытыгар плащ- палатка тигиитигэр ис сүрэхтэриттэн көмөлөһөллөр.
Илии сылааһынан тигиллибит плащ -палаткалар оҕолорбутугар сылаас дурда-хахха буоллуннар, дойдуларын сылаас тыына күүстэригэр күүс эбэн, этэҥҥэ эрэ сырыттыннар.
Бу бүгүҥҥү күн хамсааһына улууспутугар салҕана турдун, ким хаһан быыс буларынан, бу сыахха (Сбербанк дьиэтин үөһээ этээһигэр) кэлэн кыттыһаргытыгар, күүс-көмө буоларгытыгар ыҥырабыт.