Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.35K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#иһитиннэрии

От ыйын 31 күнүгэр күнүс 12 чааска үөһэнэн көтө сылдьан кэтээн көрүү кэмигэр Туобуйа нэһилиэгиттэн 56 км тэйиччи сытар "Улахан Арбай" сиригэр ойуур баһаара турбута, 5 га иэннээх ойууру сиэбитэ бэлиэтэммитэ.

Улуус дьаһалтатын иһинэн үлэлиир Биир кэлим диспетчерскэй сулууспа үлэһиттэрэ иһитиннэрбиттэринэн, бүгүҥҥү күҥҥэ сарсыарда 9 чааска ойуур баһаарын иэнэ 50 гектарга тэҥнэспит. Уот алларанан күүскэ умайа турар.

Ойуур уотун умуруорууга 48 киһи тахсан үлэлии сылдьар. Ол иһигэр ойуур баһаарынай хамаандатыттан 12 парашютист, баһаарынай химическэй ыстаансыйа 19 үлэһитэ, десантнай баһаарынай хамаанда 17 үлэһитэ бааллар. Манна Ньурба улууһуттан 5, Бүлүүттэн 4 киһи көмөҕө сылдьаллар. Ойуур баһаарын умуруоруу үлэтин Василий Мойтохонов салайар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#иһитиннэрии

Россия Ис дьыалаҕа министиэристибэтин Үөһээ Бүлүүтээҕи отделын суолга сэрэхтээх буолуу судаарыстыбаннай инспекциятын начальнига Владислав Поскачин нэһилиэнньэҕэ туһаайыыта.

Суоппардар, сатыы сылдьан дьон истиилэригэр! Бэйэ-бэйэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһан, суолга сэрэххитин күүһүрдүҥ, ирдэнэр быраабылалары тутуһаргытын умнумаҥ!

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#иһитиннэрии

Нам нэһилиэгин уотун ситимигэр өрөмүөн үлэтэ ыытылларынан атырдьах ыйын 10 күнүгэр Балаҕаннаах, Нам, Ороһу нэһилиэктэригэр уот арахсыаҕа.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#иһитиннэрии

Туобуйа сиригэр турбут ойуур баһаарын атырдьах ыйын 6 күнүгэр умуруорбуттара.

Хаартыскаларга: ойуур баһаарыгар үлэ түгэннэрэ

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#иһитиннэрии

Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо!

Бүгүҥҥү күҥҥэ Бүлүү эбэни туоратыыга икки паром хаалан сүүрэ сылдьаллар. Бу күннэргэ сырыы тохтуурун биллэрэбит.

Эбэни туоратыыга билиҥҥи туругунан үс аэробот, биир аэроглиссер үлэлэрин саҕалыахтара.

Улуус дьаһалтатын ЕДД сулууспата
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#иһитиннэрии

Үөһээ Бүлүү аннынан Бүлүү эбэни туоруур суолга ахсынньы 22 күнүттэн 20 туонна уйуктаах тиэхиньикэҕэ көҥүл бэрилиннэ.

Бу туһунан "РИК Автодор" АУо Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалын дириэктэрэ Александр Васильев иһитиннэрдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#иһитиннэрии

Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин олохтоохторун истиилэригэр

Газ субсидиятын туһанан дьиэҕитигэр күөх төлөнү киллэттэриэххитин баҕарар буоллаххытына, эбэтэр 2015 сыл кэнниттэн бэйэҕит күүспүтүнэн олорор дьиэҕитигэр киллэриммит буоллаххытына, субсидия көмөтүнэн төлөттөрүөххүтүн сөп.

Быйылгы сылга газ субсидиятыгар уопсайа 1️⃣5️⃣ квота көрүлүннэ.

Ким субсидияны туһаныан баҕарар олохтоох дьаһалта дьиэтигэр 201 кабинекка кэлэн билсиҥ, эбэтэр 8 (41133) 41378 тел. номерынан ыйыталаһыҥ.

Олохтоох дьаһалта
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Планерка

"Сахатранснефтегаз" Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалын начальнига Иван Захаров гаас ситимин туттааһыныгар, техническэй обслуживание төлөбүрүгэр, гаас тардыытыгар уларыйыылар киирбиттэрин туһунан иһитиннэрдэ.

Бу туһунан видеоҕа көрүҥ, истиҥ.

Маны таһынан нэһилиэнньэни кытары үлэлиир техник үлэтин миэстэтэ аһаҕас турарын туһунан билиһиннэрдэ. Юридическэй, экономическай үөрэхтээх киһини үлэҕэ ыҥыраллар!

Быйылгы сылга газ субсидиятыгар 15 квота көрүлүннэ. Сиһилии: https://t.iss.one/uoheebuluu/19308

@uoheebuluu
#иһитиннэрии

Дойду үрдүнэн кутурҕан күнэ биллэриллибитинэн, Дьокуускай куоракка бу ый 26 күнүгэр "Сэргэлээх уоттара" култуура киинигэр ыытыллыахтаах биир дойдулаахтарбыт кэнсиэртэрэ тохтоото.

Маны таһынан, бүгүн "Эйгэ" сынньалаҥ паарката үлэтин тохтоторун биллэрдэ.

Бүгүҥҥү эбиэт кэннинээҕи тэрээһин - баянистар куонкурустара эмиэ буолбат.

@uoheebuluu
#иһитиннэрии

Үөһээ Бүлуү нэһилиэгэр уот ситимин подстанцияларыгар быстах өрөмүөн үлэлэрэ ыытыллалларынан сибээстээн, муус устар 22 күнүгэр сарсыарда 10 чаастан киэһэ 18:00 чааска диэри Үөдүгэй уулуссаларыгар уот арахсыыта буолуоҕа.

Ол курдук, Андреевскай, Интернациональнай, Попович аатынан, Солнечнай уулусса сорох өттүгэр, Андреева, Куду, М.Николаев аат., Газпром территориятыгар, Улгумда, Чиряев аат, Күүлэ, Полевая уул, Сайдыы, Кэскил переулоктарга, 50 лет ЯАССР сорох өттүгэр, Столичнай уонна 40 лет Победы уулуссаларга уот ситимэ арахсыаҕа.

Муус устар 23 күнүгэр Үөһээ Бүлүү уулуссаларыгар: Д.Спиридонов, Н.Егоров, Ф. Корякин, Н. Якутскай ааттарынан, Чараҥнаах, Күрдьэҕэлээх, Билиилээх, Энергетиков, Родион Ильин, М.Т. Егоров, Ойуунускай ааттарынан, Олимпийскай уул., Гурьевка микрооройуонугар, Ойуунускай переулогар, Гольдеров, С.Руфов, П.Тобуроков, Габышев ааттарынан, Речная переулокка, Сахатранснефтегаз, Туббольница, ВилюйАвтодор, АГЗС, Сортолова ИП, оҕо санаторийа, ОДьКХ АДС.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#иһитиннэрии

Үөһээ Бүлүү улууһун балыксыттарын истиилэригэр!

Саха сиринээҕи "Главрыбвод" ФГБ тэрилтэни кытта Үөһээ Бүлүү улууһа 2024 сылга лицензионнай (төлөбүрдээх) балыктыыр учаастакка балыктыырга анаан салгыы дуогабар түһэристэ.

Бүлүү өрүс 4350 - 4430 км диэри (Хоро нефтебазатын алын өттүттэн Нам нефтебазатын анныгар диэри) биэрэк уҥа, хаҥас өттүлэрин киллэрэн туран.

Балыктыырга анаан илим, муҥха, быһыт көҥүллэрин (путевка) балык араас көрүҥүгэр, ол иһигэр сыа балыкка (тугунок), хатыыска, тууччахха (нельма) биэриитин саҕалаабытын туһунан иһитиннэрэр.

Хатыыс балыкка лицензиялаах, күөгүнэн (закидушка) балыктааһын сааскы - күһүҥҥү месячниктарга көҥүл буолбутун санатабыт.

2024 сылга путевка сыаната 10 хонукка:
1. Хатыыс 3шт - 1300 солк ,
2. Тууччах 3шт - 900 солк,
3. Илим - 750 солк,
4. Муҥха (сыа балык) - 750 солк.

Саха сиринээҕи"ГЛАВРЫБВОД " ФГБ тэрилтэ Үөһээ Бүлүү улууһугар бэрэстэбиитэлэ Егоров Пантелеймон Прокопьевич

б.т. 89841070565
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#иһитиннэрии

Үөһээ Бүлүү аннынан Бүлүү эбэ мууһа бэҕэһээ киэһэ уһунна

Өрүскэ уу таһыма сарсыарда 8 чааска 1062 см тэҥнэспит (критическэй көрдөрүү 1450 см). 8 чаас иһигэр 63 см эбилиннэ.

Муус этэҥҥэ харгыһа суох бары турар, ол 10 баалга тэҥнэһэр диэн Үөһээ Бүлүүтээҕи Биир кэлим диспетчер сулууспата иһитиннэрэр.

Оттон Хоро нэһилиэгин аннынан гидрологическай пост сарсыарда 8 чааска 725 см көрдөрбүт. Кэнники биир чаас иһигэр 3 см эбиллибит.

Онтон билигин, 9 чаастааҕы көрдөрүүнэн, уу таһыма 6 см көҕүрээн, 719 см тэҥнэспит. Санатар буоллахха, Хоро аннынан критическэй көрдөрүү 935 см тэҥнэһэр.

"Олохтоохтор субуотунньугунан биэрэккэ намыһах өттүнэн кумахтаах кууллары бэлэмнээн харгыс оҥорбуттара. Улуустааҕы ГО уонна ЧС хамыыһыйатын быһаарыытынан көрүллүбүт үбүнэн өрүс суола сабыллыан аҕай иннигэр 6 массыына кумах кутуллубута. Субуотунньук күн нэһилиэк үгүс кэрэ аҥардара баррикада оҥоруутугар тахсан үлэлээбиттэрэ", - диэн Хоро нэһилиэгин баһылыга Альберт Иванов иһитиннэрдэ.

@uohee_buluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#иһитиннэрии

Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро нэһилиэгэр ыксаллаах быһыыга-майгыга бэлэм буолуу үрдүкү режимэ ыам ыйын 18 күнүгэр тохтотулунна. Бу туһунан Хоро нэһилиэгин баһылыга Альберт Иванов иһитиннэрдэ:

- Билигин Хоро аннынан Бүлүү эбэ уута түһэн, харан турбут муус хойуута ааста. Бүгүҥҥү күҥҥэ уу таһымын кээмэйдиир усулуобуйа суох, гидропостка муус анньан турар. Онон дьуһуурунайдар уу төттөрү үөһээ эрэ таҕыстаҕына диэн маныы сылдьаллар.

Санатар буоллахха, Хоро нэһилиэгэр ыам ыйын күнүттэн ыксаллаах быһыыга-майгыга бэлэм буолуу күүстээх режимэ биллэриллэн, Үөһээ Бүлүүттэн, Дүллүкүттэн, Оҥхойтон:
Үөһээ Бүлүүтээҕи көрдүүр быыһыыр сулууспаттан:
- Семенов Александр
- ⁠Семенов Борис
- Петров Айсиэн
- Алексеев Алберт
Дүллүкү нэһилиэгин аҕыйах ахсааннаах баһаарынай чаастан:
- Руфов Аркадий
- ⁠Руфов Александр
- ⁠Тобохов Степан
Оҥхой нэһилиэгин аҕыйах ахсааннаах баһаарынай чаастан:
- Сидоров Дмитрий
- ⁠Сергеев Степан
быыһыыр этэрээт Хороҕо тахсан ыксаллаах балаһыанньаҕа көмөҕө тахсардыы бэлэм олорбуттара.

"Олохтоох дьаһалта аатыттан, Хоро олохтоохторун аатыттан, тус бэйэм ааппыттан бу 17-18 күннэргэ кэлэн кэтээн манаан бэлэм олорбуккутугар улахан махталбытын тиэрдэбит", - диэн Хоро нэһилиэгин баһылыга Альберт Иванов махталын биллэрдэ.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#иһитиннэрии

Үөһээ Бүлүү улууһун лесничествота нэһилиэнньэҕэ биллэрэр!

Бэйэ туһатыгар туттуллар маһы бэлэмнээһиҥҥэ сайабылыанньаҕыт Госуслуга портал нөҥүө эрэ бэриллэрин иһитиннэрэбит.

Госуслугата суох лесничествоны кытары мас атыытын-эргиэнин дуогабарын түһэрсибэккит.

Онно ирдэнэр дөкүмүөннэр:
РФ гражданинын паспора,
ИНН,
СНИЛС,
ЕГРН выписката,
лесоделяна "АБРИС" схемата,
чэпчэтиинэн туһанар туһунан дастабырыанньа.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#иһитиннэрии

Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонун 15 ыстатыйатыгар олоҕуран, Үөһээ Бүлүү сиригэр-уотугао айылҕаҕа үүнэр сир аһын хомуйуу болдьохторо улуус баһылыгын уонна ойуур хаһаайыстыбатын салайааччыта илии баттааһыныннарынан бигэргэннилэр.

Ол курдук, хаптаҕаһы, дьэдьэни уонна биэ эмиийин от ыйын 16 күнүттэн, сугуну атырдьах ыйын 1 күнүттэн, моонньоҕону атырдьах ыйын 10-тан уонна отону атырдьах ыйын 25 күнүттэн хомуллара көҥүллэнэр.

Эрдэлээбит дьон эппиэтинэскэ тардыллыаххытын сөбүн сэрэтэбит.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#иһитиннэрии #кчс

Бэс ыйын 29 күнүттэн Үөһээ Бүлүү оройуонугар ойуур баһаарыттан сибээстээн ыксаллаах быһыы-майгы балаһыанньата биллэрилиннэ

Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Егор Иванов бэрэссэдээтэллээх улуус ыксаллаах быһыыга хамыыһыйатын быһаарыытынан, маннык балаһыанньа муниципальнай суолталаах ойуурдарга биллэрилиннэ.

Бүгүҥҥү күҥҥэ балаһыанньа хайдаҕын Үөһээ Бүлүүтээҕи ойуур хаһаайыстыбатын лесничейэ Павел Тимофеев иһитиннэрдэ:

- "Кырыкый нэһилиэгиттэн 44 км тэйиччи сиргэ - Түҥҥэ бэс ыйын 24 күнүгэр турбут ойуур уота бүгүҥҥү туругунан иэнэ 832 гектарга тиийдэ. Онтон 62 га верховой. Ойуур баһаарын умуруоруу үлэтигэр уопсайа 105 киһи үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Онтон 54 үлэһит Бүлүү, Ньурба улуустарыттан кэлэн көмөҕө тахсыбыттара. Мобилизация көмөтүнэн нэһилиэнньэттэн 23 киһи баҕа өттүнэн уоту умуруорууга үлэлии тахсыбыта. Баһаар соҕуруу өттө күүскэ умайар.

Билигин бу баһаарбытыгар икки критерий киирэн, улууспутугар бэҕэһээ ыксаллаах балаһыанньаны биллэрдибит.
Баһаарбыт иэнэ улаатан уонна ойуур баһаарын умулларар күүстэрбит 50 %-тан элбэх киһи баһаарга үлэлии сылдьалларынан сибээстээн."


Мантан сиэттэрэн, ыксаллаах балаһыанньа биллэриллибитин кэннэ ойуурга тахсыы, уоту оттуу, айылҕаҕа тахсан шашлыктааһын кытаанахтык бобулларын өссө төгүл санатабыт.

Улуус дьаһалтатын уурааҕар олоҕуран, нэһилиэктэр баһылыктара суһал хамсаныынан миэстэлэригэр ыстаап тэринэн, уоту умуруорар тэриллэринэн хааччынан, водоемнары уунан толору хааччыйан, баһаарынай сулууспа үлэһиттэрэ үлэлэрин күүһүрдэн, бэлэмнээх олороллоругар, баһаартан сэрэхтээх буолуу инструктаһын нэһилиэнньэҕэ тириэрдиини күүһүрдэргэ сорудахтанна.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
@uoheebuluu
@ulusmedia_admin
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#иһитиннэрии

Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторун, тэрилтэ салайааччыларын истиилэригэр!

Билигин икки саҥа ойуур баһаара таҕыста. Ол курдук, Маҥаас нэһилиэгиттэн 27 км тэйиччи сиргэ, Түҥ эбэ аттыгар тахсыбыт ойуур баһаарын иэнэ билигин 8 гектарга тэҥнэстэ.

Ону тэҥэ Үөдүгэй сиригэр - Баҕымахта үрэҕэр Кудуттан 10 км сиргэ ойуур умайан эрэр.

Бу баһаардар иэннэрэ улаата илигинэ олохтоохтор көмөлөрүнэн умуруорухха наада.

Билигин уоту кытта охсуһар тэрилтэлэр Кырыкый баһаарыгар сылдьаллар, онон сибээстээн ойуур баһаарыгар үлэһиттэр наада буоллулар. Үлэлии тахсар баҕалаах дьон Лесхоз тэрилтэригэр 84113341569 нүөмэргэ эрийэн, ол эбэтэр улуустааҕы ЕДДС 84113341501 нүөмэригэр эрийэн билсиҥ.

Күннээҕи хамнас кээмэйэ 2900 солкуобай.

Тыалбыт күүстээх буолан баһаардар улаатан эрэллэр, түргэн быһаарыы ылынар эрэйиллэр.

Олохтоох дьаһалта

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#иһитиннэрии

Үөһээ Бүлүү аннынан Бүлүү эбэҕэ сэрэтэр өҥнөөх лиэнтэлэринэн бэлиэлэри туруордулар.

Федеральнай суолталаах Ленин уулуссанан эбэҕэ түстэххитинэ маннык бэлиэлэри өйдөөн көрүҥ.

Бэлиэтэммит сирдэргэ киирэр кытаанахтык бобуллар. Улахан тиэхиньикэлэр кумаҕы хаһан, дириҥ чүөмпэлэри үөскэппиттэр. Биир маннык чүөмпэҕэ бэҕэһээ оҕолор былдьана сыспыттара.

Сэрэхтээх, болҕомтолоох буолуҥ! Төрөппүттэр сокуоннай саастарын ситэ туола илик оҕолоргутун көрүүтэ-истиитэ суох өрүскэ киллэримэҥ. Оҕолоргутун сэрэтиҥ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#иһитиннэрии

Үөһээ Бүлүү иһигэр маршрутнай автобус сырыытыгар уларыйыылар киирдилэр.

Ол курдук, автобус маршрута 27 тохтобуллаах:

1 Д/с Теремок
2 Сахатранснефтегазсбыт
3 Дорожный
4 ВВСОШ №1
5 магазин «Дьулуур»
6 рынок «Вилюй»
7 ВВСОШ №4
8 магазин «Перекресток»
9 Андреева
10 Ул. Чиряева
11 ВВСОШ№3
12 ЦРБ
13 Аптека №36
14 Строительная
15 Үөһээ Бүлүү
16 Авиаторов
17 ул. Михаила Алексеева
18 ВВРЛИ
19 Авиаторов
20 ВВСОШ №2
21 Виола
22 Центр занятости
23 РДК
24 Амбулатория
25 пер. 9 мая
26 Мааппа
27 Д/с Теремок.

Күн эргииринэн уонна утары сылдьар икки маршрутнай автобус сүүрэр.

Ону таһынан, сарсыардааҥы уонна киэһээҥи сырыы, ол эбэтэр автобус гаражтан тахсар уонна гаражка киирэр сырыытыгар кылгас быһа сырыынан сылдьар.

Сарсыардааҥы автобус маршрута:
Гараж – Теремок (Озерная – Карла Маркса – Ленина – Намский тракт – ул. Е.А. Борисова)

06:30 – Озерная 
1 автобус (по часовой)

Киэһээҥи автобус маршрута Теремок – Гараж (ул. Е.А. Борисова – Намский тракт – Ленина – Карла Маркса – Озерная)

19:15 - Теремок

2 автобус (по часовой) Вечерний маршрут Теремок – Гараж (ул. Е.А. Борисова – Намский тракт – Ленина – Карла Маркса – Озерная)
19:05 – Теремок 


Автобустар сырыыларын бириэмэтин уонна маршрутун сыһыарыллыбыт карточкаларга көрүҥ.

#МаршрутныйАвтобус
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#иһитиннэрии

1986 сылтан ыла түмүллүбүт докумуоннардаах улуус архыыба дьаһалта дьиэтиттэн көһөн, билигин Советская 8 (Сбербаан) дьиэтигэр иккис этээскэ үлэлии олорор.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM