Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Forwarded from Дети Азии
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Участники VIII Игр «Дети Азии» продолжают снимать и выкладывать видео с моментов Игр🤩

На видео: Сборная Казахстана по боксу💪🏼

@childrenofasia
#ойуурбаһаара

Ойуур баһаара Быракаантан 5 км тэйиччи суолга тахсан эрэр

Уот суолга тахсыбатын туһугар күүстээх үлэ барар. Суолга таҕыстаҕына, Өргүөт нэһилиэгин диэки барар куттала улаатар.

Үөһээ Бүлүү баһаарынай этэрээтин 3 массыыната көмөҕө таҕыста. Дэриэбинэ кытыытыгар дьуһуурустубаҕа тураллар.

Дьокуускай куораттан баһаарынайдар көмөҕө иһэллэр.
Билигин 60-тан тахса киһи үлэлии сылдьар.

Ойуур баһаарыгар үлэлиир дьон көмөтө ирдэнэр. Көмөлөһүөн баҕалаах дьон лесхоз дьиэтигэр тиийэргитин күүтэллэр. Үчүгэйдик тэринэн, үс күҥҥэ аһыыр астаах, туттар тэриллээх тиийиэххитин наада.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Үөһээ Бүлүү улууһугар ойуур баһаардара от ыйын 13 күнүн туругунан:

Быракаан нэһилиэгин территориятыгар 3750 га иэннээх ойуур баһаара буола турар. Баһаары умуруорааһыҥҥа 68 киһи, ол иһигэр 19 Өргүөт нэһилиэгин олохтооҕо, 17 Быракаан нэһилиэгин олохтооҕо, 2 Дүллүкү нэһилиэгин олохтооҕо, 1 ПХС (пожарно-химическая станция), 8 ДПС, 6 ППС, 1 ОГПС үлэһиттэрэ, ону тэҥэ 15 техника үлэлииллэр. Минерализованнай балаһалары оҥоруу үлэтэ бара турар, БЕ-200 самолет, ону тэҥэ МИ-8 вертолет үөһээттэн ууну кутааһын үлэни ыыталлар.

Кэнтик нэһилиэгин территориятыгар 640 га иэннээх ойуур баһаарын утары 101 киһи, ол иһигэр 65 Кэнтик нэһилиэгин олохтоохторо, 3 ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ, 23 баһаарынай химическэй станция (ПХС) үлэһиттэрэ, 10 эбии көмөлөһөөччүлэр, ону тэҥэ 16 техника үлэлииллэр. Ойуур баһаара төгүрүллэн, уоту манааһын, минерализованнай балаһалары ыраастааһын үлэтэ бара турар.

Оҥхой нэһилиэгин Хомустаах сиригэр 885 га иэннээх ойуур баһаарын умуруорааһыҥҥа 110 киһи, ол иһигэр 80 олохтоох нэһилиэнньэттэн, 30 баһаарынай быыһыыр сулууспаттан уонна ойуур хаһаайыстыбатыттан үлэһиттэр, ону тэҥэ 11 техника үлэлииллэр. Ойуур баһаара төгүрүллэн манааһын үлэтэ барар.

Үөдүгэй нэһилиэгин территориятыгар "Муҥур күөл" диэн сиргэ 12 га иэннээх ойуур баһаара . Ойуур баһаарын умуруорууга 16 киһи, ол иһигэр 5 Үөдүгэй нэһилиэгин олохтоохторо, 1 Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин олохтооҕо, 5 Балаҕаннаах нэһилиэгин олохтоохторо, 3 Ньурба улууһуттан ПХС үлэһиттэрэ, 2 МЧС үлэһитэ таҕыстылар.

Быракаан нэһилиэгин территориятыгар буола тураар ойуур баһаара тыалтан күүһүрэн трассаҕа тахсара чугаһаабытынан сибээстээн эбии ойуур умуруорааччы дьону этэрээттэргэ кыттыһарга ыҥырабыт.

Күннээҕи төлөбүр 2900 солкуобай.
Билсэр нүөмэргит:
ЕДДС - 89141089557 - Владислав.

Күннэтэ ойуур баһаарын утары үлэлиир этэрээттэргэ кыттыһа турар, күнүстэри-түүннэри уоту манааччы, аһаҕас уоту умуруорааччы, уоту тутарга үлэни ыытааччы дьоммутугар истиҥник махтанабын.

Биир күүһүнэн турбут уоттары имири тохтоторго бары күүһү ууруоҕуҥ!

#ВерхневилюйскийУлус
#ЛесныеПожары

t.iss.one/ValeriNikolaev
#сво #своихнебросаем

⭐️ Оҕолор хаххалыыр сетка баайыытыгар көмөлөстүлэр

"Движение первых" диэн Трудовой лааҕырыгар сылдьыбыт 24 оҕо анал байыаннай дьайыыга баһыылка буолан барыахтаах хаххалыыр сетканы оҥорууга көмөлөстүлэр.
Түөрт сетканы баайан бүтэрдилэр.

Бары бииргэ - кыайыыга

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM