Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын салалтата кэлэр ыйга анал байыаннай дьайыы хонуутугар уолаттарбытын кытта көрсө барарыгар бэлэмнэнии саҕаланна.
Бүгүн мунньахха Луганск, Донецк, Запорожье, Херсон уобаластарыгар дойдуларын көмүскүү сылдьар уолаттарбытыгар көмө тиийэрин курдук былааннаан, сибээскэ тахсан, туох көмө наадатын билсэн баран күүскэ үлэлиэхтээхпит диэн сыал сорук туруордубут.
Сотору кэминэн анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөнү, өйөбүлү ыытыан баҕалаахтарга анал биллэрии тахсыаҕа.
#ИннибитХотуБарыБииргэ
t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн мунньахха Луганск, Донецк, Запорожье, Херсон уобаластарыгар дойдуларын көмүскүү сылдьар уолаттарбытыгар көмө тиийэрин курдук былааннаан, сибээскэ тахсан, туох көмө наадатын билсэн баран күүскэ үлэлиэхтээхпит диэн сыал сорук туруордубут.
Сотору кэминэн анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөнү, өйөбүлү ыытыан баҕалаахтарга анал биллэрии тахсыаҕа.
#ИннибитХотуБарыБииргэ
t.iss.one/ValeriNikolaev
Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Улууска социальнай эбийиэктэри, суоллары тутуу туһунан мунньах тэрилиннэ.
Быйылгы сылга Көтөрдөөх-Багадя суолун реконструкциятыгар 64 мөл. 150тыс, Боотулуу-Харбала (Тыалаччыма үрэхтэн Чонороҕо диэри) 36 мөл. 256 тыс. көрүллүбүтэ.
Ону таһынан улуус киинигэр:
Үөдүгэй нэһилиэгэр Ю.М. Максимов аатынан уулусса уонна П. П. Андреева аатынан переулок өрөмүөнүгэр 3 мөл. 712 тыс., В.В. Васильев уонна Е.В. Адамова аатынан уулуссалар өрөмүөннэригэр 3 мөл. 534 тыс. көрүллэн, сотору кэминэн үлэ саҕаланарын кэтэһэбит. Нам нэһилиэгэр: Комсомольскай, Хомустаах, Механизатор уулуссаларын өрөмүөнүгэр 5 мөл. 204 тыс. көрүллэр буолла.
Бу көрүллүбүт үптэр, улууспутугар суол кыһалҕатын кыралаан быһаарарбытыгар улахан көмө буолаллар. Суол диэн сайдыы тирэҕэ буоларын өйдөөн туран, хаачыстыбалаах үлэ барарын ситиһиэхпит.
Оскуолалар тутууларыгар: Харбалаах нэһилиэгэр 90/40 миэстэлээх оскуола-оҕо уһуйаана тутуутун урукку бырайыагын көннөрөн, саҥа бырайыак үлэтэ бара турар.
Үөдүгэй нэһилиэгин, Андреевскай сэлиэнньэтигэр «Универсальный комплекс спортивных единоборств" тутуута 2022 сылтан үбүлээһинэ тохтоон турбутун, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталстыбатын, Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич өйөөһүнүнэн уонна Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын туруорсуутунан өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан - 102,7 мөл. солк., оройуон бюджетыттан - 3,1 мөл.солк, уопсайа 105,8 мөл. 2024 сылга үбүлэнэрин ситиспиппит. Билигин смета оҥорооһунугар үлэ бара турар.
Дойду Президиэнэ Владимир Путин биллэрбитинэн, национальнай бырайыактар тиһиктэрин быспакка салҕаналлар. Ону таһынан үөрэх тэрилтэлэрин хапытаалнай өрөмүөннэрин оҥорууга национальнай бырайыак нөҥүө көмө көрүллэринэн сибэстээн улуус оскуолаларын өрөмүөннээһиҥҥэ үлэлииргэ сүбэлистибит.
Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамматынан дьиэлэри тутууга былааннаһыы үлэтин саҕалыырга үлэ хамыыһыйатын тэрийэн ыытары сорудахтаатым
#ҮөһээБүлүү

Үөһээ Бүлүү улууһун инфраструктуратын сайдыытын уонна тутуу салалтатын салайааччытын Хобусаров Роман Иннокентьевиһы уонна салалта үлэһиттэрин кытта улууска хапытаалынай өрөмүөнү ирдиир эбийиэктэр туһунан мунньахтаатыбыт.
Мунньахха бастатан туран оҕо уһуйааннара, оскуолалар хапытаалынай өрөмүөннэниэхтээхтэрин эттим. Дойду Президиэнэ Владимин Путин туһаайан этиитигэр оҕо уһуйааннарыгар оскуолаларга, хапытаалынай өрөмүөн оҥоһулларыгар Дойду үрдүнэн 400млрд.солк. көрүллэрин биллэрбитэ. Бу бырагыраамма чэрчитинэн, биһиги улууспут хаалсыбакка тэтимнээхтик өрөмүөнү эрэйэр үөрэхтээһин эбийиэктэрин саҥардары ситиһиэхтээхпит.
#ҮөһээБүлүү
#ИннибитХотуБарыБииргэ
t.iss.one/ValeriNikolaev
Мунньахха бастатан туран оҕо уһуйааннара, оскуолалар хапытаалынай өрөмүөннэниэхтээхтэрин эттим. Дойду Президиэнэ Владимин Путин туһаайан этиитигэр оҕо уһуйааннарыгар оскуолаларга, хапытаалынай өрөмүөн оҥоһулларыгар Дойду үрдүнэн 400млрд.солк. көрүллэрин биллэрбитэ. Бу бырагыраамма чэрчитинэн, биһиги улууспут хаалсыбакка тэтимнээхтик өрөмүөнү эрэйэр үөрэхтээһин эбийиэктэрин саҥардары ситиһиэхтээхпит.
#ҮөһээБүлүү
#ИннибитХотуБарыБииргэ
t.iss.one/ValeriNikolaev
Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Үөһээ Бүлүү улууһун култуура салалтатын саҥа салайааччытын Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх култуура үлэһитин, култуура уонна үөрэҕэрии туйгунун Айталина Михайловна Мойтохонованы кытта көрсөн улуус култууратын эйгэтигэр ыытыллар үлэ кэнсиэпсийэтин сүбэлэстибит.
Бүгүн култуура үлэһиттэригэр салайааччыны билсиһиннэрии буолла. Үлэһиттэри кытта көрсүһүүгэ Айталина Михайловна үлэтин былааннарын билсиһиннэрдэ уонна култуура үлэһиттэрин түмсэн, улуус баһылыгын үлэлиир бырагыраамматыгар тирэҕирэн, биир көрүүннэн, суолунан тэҥҥэ сайдыаҕыҥ, үлэлиэҕиҥ диэн ыҥырда.
#Культура
#ҮөһээБүлүү
#ИннибитХотуБарыБииргэ
t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн култуура үлэһиттэригэр салайааччыны билсиһиннэрии буолла. Үлэһиттэри кытта көрсүһүүгэ Айталина Михайловна үлэтин былааннарын билсиһиннэрдэ уонна култуура үлэһиттэрин түмсэн, улуус баһылыгын үлэлиир бырагыраамматыгар тирэҕирэн, биир көрүүннэн, суолунан тэҥҥэ сайдыаҕыҥ, үлэлиэҕиҥ диэн ыҥырда.
#Культура
#ҮөһээБүлүү
#ИннибитХотуБарыБииргэ
t.iss.one/ValeriNikolaev
Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Российскай Федерация Госдуматын депутата, доруобуйа харыстабылыгар госдума кэмитиэтин бастакы солбуйааччыта, биир дойдулаахпыт Федот Семенович Тумусов Үөһээ Бүлүү улууһугар үлэ сырыытынан кэллэ.
Федот Семеновиһы кытта көрсүһүүгэ улууска былааннанар уонна ыытыллар үлэлэри сырдаттыбыт.
Федот Семенович дойдутун Үөһээ Бүлүү улууһун кытта ыкса үлэлэһэргэ, госдума депутатын быһыытынан өйүүргэ бэлэмин биллэрдэ.
Үлэ сырыытынан бүгүн, сарсын доруобуйа харыстабылыгар баар боппуруостарга үлэлэһэрэ, балыаһа үлэтин, кыһалҕаларын кытта билсиһэрэ былааннанар.
#ГосдумаРФ
#ҮөһээБүлүү
#ИннибитХотуБарыБииргэ
t.iss.one/ValeriNikolaev
Федот Семеновиһы кытта көрсүһүүгэ улууска былааннанар уонна ыытыллар үлэлэри сырдаттыбыт.
Федот Семенович дойдутун Үөһээ Бүлүү улууһун кытта ыкса үлэлэһэргэ, госдума депутатын быһыытынан өйүүргэ бэлэмин биллэрдэ.
Үлэ сырыытынан бүгүн, сарсын доруобуйа харыстабылыгар баар боппуруостарга үлэлэһэрэ, балыаһа үлэтин, кыһалҕаларын кытта билсиһэрэ былааннанар.
#ГосдумаРФ
#ҮөһээБүлүү
#ИннибитХотуБарыБииргэ
t.iss.one/ValeriNikolaev
Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун муниципальнай тэриллиилэрин баһылыктарын, депутаттарын уонна дьаһалталар үлэһиттэрин Олохтоох бэйэни салайыныы күнүнэн Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Тыа сирин тупсаҕай оҥорууга, сайыннарыыга, элбэх тыын кыһалҕалары миэстэтигэр быһаарыыга туһалаах, суолталаах үлэлэри күннэтэ ыыталлар улуустар уонна нэһилиэктэр баһылыктара, депутаттара уонна дьулуурдаах үлэһиттэрэ.
Олохтоох бэйэни салайыныы 2003 сылтан Арассыыйа үрдүнэн үлэҕэ киирбитэ. Онтон ыла муниципальнай тэриллиилэр сайдыы суолунан инники диэки дьулуһаллар.
Нэһилиэктэр баһылыктара, депутаттара РФ Президиэнэ Владимир Путин, Саха Сирин Ил Дархана Айсен Николаев уонна Бырабыыталыстыба ыытар үлэлэрин сөпкө өйдөөн, онно күүс буолан, билиҥҥи үйэ ирдиир түргэн тэтимиттэн хаалсыбакка, бары биир өйгө-санааҕа түмсэммит, элбэх өрүттээх үлэни дьон-сэргэ туһугар дьоһуннаахтык ыытары ситиһиэхтээхпит!
Күндү кэллиэгэлэр, бу күн эһиэхэ баҕарабын тулуурдаах буолууну. Талбыт суолгутуттан, нэһилиэнньэ туһугар үлэлииргэ торумҥутун туора турбакка, эппиэтинэстээх үлэҕэ сылдьаргытын өйдөөн, инники сайдыыга бэйэҕит кылааткытын киллэрэргэ кыһаллан, Үөһээ Бүлүү дьоллоох олоҕун туһугар түмсэммит үлэлиэҕиҥ!
Эһиэхэ сыралаах үлэҕит, тыа сирин олоҕо тупсаҕай буоларыгар кыһамньыгыт иһин ис сүрэхтэн махтанабын!
Түмсүөҕүҥ! Үлэлиэҕиҥ! Ситиһиилээх буолуоҕуҥ!
Эҕэрдэни кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев.
#ҮөһээБүлүү
#ТүмсүүСыла
#ИннибитХотуБарыБииргэ
#ДеньМестногоСамоуправления

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах нэһилиэгин олохтоохторугар анаан Дойду Президиэнэ Владимир Путин итэҕэллээх киһитэ - "Сахафильм" дириэктэрэ, СР культуратыгар биллэр-көстөр сулус Алексей Егоров - Өркөн босхо сольнай кэнсиэрин бэлэхтээтэ.
Эрдэ эппит тылыгар туран, бөдөҥ общественна-политическай деятель, Саха Республикатын Автономиятын төрүттэспит дьонтон биирдэстэрэ, биһиги, үөһээ бүлүүлэр биир дойдулаахпыт Исидор Никифорович Барахов төрөөбүт нэһилиэгин дьонугар - Харбалаах олохтоохторугар Республика күнүнэн эҕэрдэлээн туран, ырыа дьоро киэһэтин бэлэхтээбитигэр махтаныах тустаахпыт.
#ИннибитХотуБарыБииргэ
#ВместеСПрезидентом

Forwarded from МО "Едюгейский наслег"
#ИннибитХотуБарыБииргэ
🕊Үөдүгэйгэ Муҥур үрэх диэн сиргэ турбут ойуур баһаарыгар сылдьар дьоммутугар бүгүҥҥүттэн аһы-үөлү, утары туттар малы хомуйан саҕалаатыбыт.
Үөдүгэй нэһилиэгин тэрилтэлэрэ : 7 нүөмэрдээх "Остуоруйа", 4 нүөмэрдээх "Сардаана" оҕо уһуйааннарын, аптека кэлэктииптэрэ, биирдиилээн дьонтон Кудуттан Валентина Васильева, 1978 сыллаахха И. Н. Барахов аатынан орто оскуола 10"б" уонна 10 "в" кылаас выпускниктара, биир бастакынан бэрэски, хобуорас, лэппиэскэ, алаадьы астаан, буорту буолбат астары- кэнсиэрбэлэри, ыраас ууну, кофе, үүт, ону тэҥэ былаат, маарыла, кумаар эмтэрин, инчэҕэй салфеткалары, о. д. а. атыылаһан аҕаллылар.
Бу ойуур баһаарыгар көмө салҕанар. Сарсын үлэ чааһыгар Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтатыгар аҕалан туттарыаххытын сөп.
Бүгүн көмө акцияҕа кыттыбыт күндү дьоммутугар ис сүрэхпититтэн махтанабыт. Өрүү маннык бэйэ - бэйэни өйөһөр күүстээх түмсүүлээх буолуоҕуҥ ✊🙌
Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтата
#Үөдүгэйсонуннара

🕊Үөдүгэйгэ Муҥур үрэх диэн сиргэ турбут ойуур баһаарын умуруорууга дьону ыытыы уонна көмө оҥоруу салҕанар.
Нэһилиэкпит киэн туттар "Дьүөгэ" бэтэрээн дьахталларын түмсүүтэ, салайааччы Виктория Васильевна Павлова, 11000 солкуобайы бородууктаҕа, утары туттар малы-салы атыылаһарга диэн аҕалан туттардылар. Ону тэҥэ Лариса Никифоровна Николаева ойуур баһаарын бохсууга үлэлэһэ сылдьар дьоммутугар көмө аҕалла👍👍👍
Нэһилиэкпит кыһалҕатыгар сүрэхтэринэн - быардарынан "ыалдьар" күндү дьоммутугар барҕа махталбытын тириэрдэбит ❤️❤️❤️
Иннибит хоту бары бииргэ🙌🙌🙌✨✨✨

#ойуурбаһаара
🕊Бүгүн киин балыыһа кэлэктиибэ Үөдүгэйгэ ойуур баһаарын бохсо сылдьар дьоммутугар эмтэри, маарыла, инчэҕэй салфеткалары, кумаар эмтэрин, сиэккэлээх сэлээппэлэри аҕалан туттарда.
Дьоммут - сэргэбит өйөбүлэ бу ыарахан усулуобуйаҕа ойуур баһаарын умуруорууга үлэлии сылдьар дьоммутугар күүстэригэр күүс, сэниэ эбэр✊🙌
Махтанабыт, күүс-көмө, өйөбүл буолар дьоммутугар ✨✨✨
Иннибит хоту бары бииргэ
#Үөдүгэйсонуннара
#ойуурбаһаара
🕊Бүгүн киин балыыһа кэлэктиибэ Үөдүгэйгэ ойуур баһаарын бохсо сылдьар дьоммутугар эмтэри, маарыла, инчэҕэй салфеткалары, кумаар эмтэрин, сиэккэлээх сэлээппэлэри аҕалан туттарда.
Дьоммут - сэргэбит өйөбүлэ бу ыарахан усулуобуйаҕа ойуур баһаарын умуруорууга үлэлии сылдьар дьоммутугар күүстэригэр күүс, сэниэ эбэр✊🙌
Махтанабыт, күүс-көмө, өйөбүл буолар дьоммутугар ✨✨✨
Иннибит хоту бары бииргэ
#Үөдүгэйсонуннара
Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Саҥа талыллыбыт Кэнтик нэһилиэгин баһылыгын Федотов Сергей Петровиһы кытта көрсөн бастакы үлэ кэпсэтиитин ыыттым. Сергей Петрович өр сылларга Кэнтик нэһилиэгин дьаһалтатыгар үлэлээбит киһи быһыытынан Кэнтик нэһилиэгэ сайдарыгар элбэх бэйэтэ көрүүлэрдээҕин, былааннааҕын үллэһиннэ.
Кэнтик нэһилиэгин саҥа талыллыбыт баһылыгын Сергей Федотову үгүс дьон эрэлин ылан кыайбытынан эҕэрдэлээн ситиһиилэри баҕардым.
#Кэнтик
#ҮөһээБүлүү
#ЕдинаяРоссия
#ИннибитХотуБарыБииргэ
t.iss.one/ValeriNikolaev
Кэнтик нэһилиэгин саҥа талыллыбыт баһылыгын Сергей Федотову үгүс дьон эрэлин ылан кыайбытынан эҕэрдэлээн ситиһиилэри баҕардым.
#Кэнтик
#ҮөһээБүлүү
#ЕдинаяРоссия
#ИннибитХотуБарыБииргэ
t.iss.one/ValeriNikolaev
Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Иккис болдьоҕор талыллыбыт Харбалаах нэһилиэгин баһылыгын Константин Данилович Платоновы быыбарга кыайбытынан эҕэрдэлээтим. Константин Данилович салайар үлэҕэ элбэх уопуттаах, нэһилиэгин сайдыытын туһугар киэн былааннаах, эрчимнээх баһылык буолар. Кини "Биир ньыгыл Россия" партияттан бэйэтин кандидатуратын туруорунан иккис болдьоҕор баһылыгынан талыллыбыта чахчы дойдутугар бэриниилээх салайааччы буоларын көрдөрөр.
Константин Даниловичка салгыы нэһилиэгин сайыннарар үлэтигэр ситиһиилэри баҕарабын уонна төрөөбүт Харбалааҕын туһугар элбэх саҥа сүүрээни киллэрэр былааннаргын өйөөн, таһаарыылаах үлэни салҕыахпыт диэн эрэнэбин.
#Харбалаах
#ИннибитХотуБарыБииргэ
#ЕдинаяРоссия
#ВерхневилюйскийУлус.