Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыа хаhаайыстыбатын миниистирин солбуйааччыны Афанасьев Николай Степановиһы кытта көрүстүбүт.
Көрсүһүүгэ Үөһээ Бүлүү улууһугар кормопроизводство бырагыраамма үлэтин, сылгы баазаларын тутуутун уонна тыа хаһаайыстыбатын өйүүргэ көрүллэр көмө саҥа механизымын - техникаларынан хааччыйааһыны былааннастыбыт.
Ону таһынан үүт туттарааһын былаанын, онтон да атын тыа хаһаайыстыбатын тыын боппуруостарын быһаарарга сыаллары-соруктары туруордубут.
#ТыаХаһаайыстыбата
#МинсельхозРСЯ
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev

#тыахаһаайыстыбата
⭐️ Балаҕаннаах нэһилиэгэр "Сээс" тыа хаһаайыстыбатын өҥөнү оҥорор кооператива 100 төбө ыанар ынах турар хотонун туттарар.
Кооператив бэрэссэдээтэлэ Петр Кардашевскай Сергей Васильев салайар тутуу биригээдэтин кытары дуогабардаһан олорор. Биригээдэ хотону быйылгы сылга үлэҕэ киллэрэрдии, хаары-ардаҕы аахсыбакка, түргэн тэтимнээхтик үлэлии- хамсыы сылдьар.
@uohee_buluu

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#тыахаһаайыстыбата
⭐️ Нэһилиэнньэ сайаапкатынан сибиинньэ оҕолоро уонна эбии аһылык кэлэн түҥэтилиннэ
Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын тэрийиитинэн сыллата нэһилиэнньэттэн түргэнник ситэр дьиэ кыылларыгар сайаапка хомуллар. Быйыл эмиэ "Хатастааҕы сибиинньэ пиэрмэтэ" ХЭТ-тэн боросуонактар кэллилэр. 15-30 кг ыйааһыннаах 70 сибиинньэ оҕолорун ыам ыйын 29 күнүгэр Харбалаах нэһилиэгиттэн саҕалаан Үөһээ Бүлүүгэ диэри айаннаан кэлэн тарҕаттылар.
Өрүс уҥуоргу нэһилиэктэр олохтоохторо утары бэйэлэрэ киирэн ыллылар.
Ону таһынан сайаапка быһыытынан 9 тонна сибиинньэ уонна куурусса комбикорма түҥэтилиннэ.
Балаҕаннаах нэһилиэгин специалиһа Чаҥый Одунча, Нам дьаһалтатын специалиһа Розалия Клиновицкая уонна Ороһу нэһилиэгин тыатын хаһаайыстыбатын специалиһа Василий Туралысов Дьокуускай куораттан айан тухары сибиинньэ оҕолорун көрөн-истэн, биэбэйдээн аҕаллылар.

✅ Нэһилиэнньэ сайаапкатынан куурусса кэлэн түҥэтилиннэ
Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын тэрийиитинэн сыллата нэһилиэнньэттэн түргэнник ситэр дьиэ кыылларыгар сайаапка хомуллар. Быйыл эмиэ Дьокуускайдааҕы птицефабрика кууруссалара кэллилэр.
1200 төбө бэс ыйын 1 күнүгэр Харбалаах нэһилиэгиттэн саҕалаан Үөһээ Бүлүүгэ диэри айаннаан кэлэн тарҕатылыннылар.
Өрүс уҥуоргу нэһилиэктэр олохтоохторо Үөһээ Бүлүүгэ утары бэйэлэрэ киирэн ыллылар.
Сонуннарга анаан Айсена Тимофеева
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

#Тыахаһаайыстыбата
✅Үөһээ Бүлүү улууһун тыа хаһаайыстыбатын салалтатыгар билигин үүт тутааһыҥҥа, собуоттары үлэлэтээһиҥҥэ, от үлэтигэр бэлэмнээһиҥҥэ үгүс үлэ бара турар.
Быйылгы 2024 сыл үүт былаана 2559, 15 тоннаҕа тэҥнээх. Билиҥҥи туругунан, 425,212 тонна үүт туттарыллыбыт.
Сиһилии↩️↩️↩️
https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/saha-siriger-ulahan-yam-kemin-ygene-yehee-bylyy-uluuhugar-425212-tonna-yyt-tuttarylynna/

Улус Медиа
Саха сиригэр «улахан ыам» кэмин үгэнэ: Үөһээ Бүлүү улууһугар 425,212 тонна үүт туттарылынна.
Билигин Саха сиригэр «улахан ыам» кэмэ саамай үгэнигэр турар. Билиҥҥи туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 24 909 тонна кэриҥэ үүт ыанылынна. Бу сыллааҕы былаан 45% туолуута буолар. Саха сирин тыа...
#Тыахаһаайыстыбата
❇️Күүлэт учаастагар 140 кэриҥэ төбө саха ынаҕын туталлар
Күүлэт ферматыгар ааспыт сылга Кырыкый нэһилиэк Чапаев учаастагыттан 100 саха ынаҕын аҕалбыттара. Билигин ол кэлбит сүөһү төрөөн-үөскээн тэнийэн номнуо сүөһү төбөтүн ахсаана 140-ҥа тиийбит.
Күүлэттэр бэйэлэрин күүстэринэн улахан ферма хотонун, былырыын кыстык буолуон аҕай иннинэ тутан бүтэрэн киллэрбиттэрэ. Тыа хаһаайыстыбатын салаатыттан бэйэ күүһүнэн тутуллубут ферма хотонугар толук төлөнөрө күүтүллэр.
Саха ынаҕа диэн саха омук төрүттэниэҕитэн кыра сымса, тымныыны тулуһар кыыл буолар. Бэйэтэ аһын булунар кыыл буолан урут сахалар далыттан таһааран ыытан кэбиһэллэр. Ферма үлэһиттэрэ кэпсииллэринэн, саха ынаҕа тымныыга быдан тулуурдаах буолан тохсунньу томороон да тымныыларыгар таһырдьа аһыырын кэрэйбэт эбит.
Саха омуга баарын тухары сүөһүлээҕин, сылгылааҕын бары билэбит. Гражданскай сэрии иннинэ Саха сирин үрдүнэн 400 тыһыынча төбө саха сүөһүтэ баар эбит. Ол аата, хас ыал ахсын иккилии-үстүү сүөһүлээхтэр. Аны кыһын отторун-мастарын оҕуһунан тиэйэллэр. Саха сирин курдук тыйыс усулуобуйалаах дойдуга норуот бэйэтэ айан таһаарбыт боруодата буолар. Айылҕа бэйэбитигэр сөптөөҕү айдаҕа. Өбүгэлэрбит иитэн кэлбит ураты сүөһүлэрэ саха норуотун тугунан да кэмнэммэт баайынан буоларын өрүү өйдүү сылдьыах тустаахпыт.
“Үөһээ Бүлүү” хаһыат

💐Дьиэ көтөрүн иитэр Далбар Хотун – Марианна Евдокимова
Марианна Евдокимова бэйэтэ идэтинэн инженер-энергетик, билигин сынньалаҥҥа олорон бэйэ хаһаайыстыбатын сайыннарар. Кини дьиэтин тиэргэнигэр улахан хаһаайыстыбалаах: куурусса, кус, индейкэ уонна хонуу курупааскытын иитиитинэн дьарыктанар.
Сиһилии↩️↩️↩️
https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/die-keteryn-iiter-dalbar-hotun-marianna-evdokimova/

Дьиэ көтөрүн иитэр Далбар Хотун — Марианна Евдокимова
Марианна Евдокимова бэйэтэ идэтинэн инженер-энергетик, билигин сынньалаҥҥа олорон бэйэ хаһаайыстыбатын сайыннарар. Кини дьиэтин тиэргэнигэр улахан хаһаайыстыбалаах: куурусса, кус, индейкэ уонна...
Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Алтынньы 16-с күнүттэн Оҥхой нэһилиэгэр саха ынахтарыгар анаммыт хотон тутуута саҕаламмыта.
Бүгүн сарсыарда, сэтинньи 1-кы күнүгэр үлэ тэтимэ хайдах баран иһэрин бэдэрээтчит иһитиннэрдэ. Сир буора тоҥон, акылааты буорунан сабыы үлэтэ 10 хонукка уһаабытын бэлиэтээн эттэ. Хотон акылаатын икки эргиирдээннэр, буор кутан, остуолбалары туруоруу үлэтэ бүгүҥҥэннэн түмүктэнэн, салгыы өһүөлэри таһаарар үлэҕэ киирдилэр.
Санатан этэр буоллахха, алтынньы 7 күнүгэр Дьокуускай куоракка тыа хаһаайыстыбатын миниистиригэр Артем Александрович Александровка Үөһээ Бүлүү улууһун саха ынахтарыгар саҥа хотону тутууга сүбэ мунньах ыытыллыбыта.
Билиҥҥи туругунан "Саха ынаҕа" Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалыгар 28 улахан сүөһү, 10 борооску, 20 тарбыйах, 2 атыыр оҕус иитиллэр.
Мунньах түмүгэр Оҥхой нэһилиэгэр тутуллар 50 төбөлөөх хотон үбүлээһинин СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ өйүүрүн биллэрбитэ.
Бэдэрээтчит, олохтоох урбаанньыт Семенов Александр Николаевич, хотон тутуутун бэйэтин суотугар саҕалаата. Салгыы СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин өйөбүлүнэн үп көрүллэн бу сыл бүтүөр диэри хотон тутуута түмүктэнэн саха ынахтара кыстыкка саҥа хотоҥҥо киириэхтэрэ диэн кэтэһэбит.
#ТыаХаһаайыстыбата
#СахаЫнаҕа
#ЯкутскийСкот
#ВерхневилюйскийУлус

Оҥхой нэһилиэгэр саха ынахтарыгар аныммыт 50 төбөлөөх хотон тутуллан үлэҕэ киирдэ.
"Саха ынаҕа" СӨ генофоднай тэрилтэтин Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалыгар билиҥҥи туругунан уопсайа 51 төбө иитиллэр. Манна эбии бүгүн Горнай улууһун Маҕарас нэһилиэгиттэн 15 сүөһү кэллэ, сарсын Ньурба улууһун Акана нэһилиэгиттэн 10 сүөһү уонна эһиил 5 сүөһү Горнай улууһуттан кэлэрин кэтэһэбит.
Бырайыак быһыытынан хотон 50 төбөлөөх диэн да буоллар, саха ынаҕа атын боруода ынахтартан ураты дьүһүннээх буолан, уопсайа 80 саха сүөһүтэ батар хотоно тутулунна.
Хотон үөрүүлээх арыллыытыгар "Якутский скот" өрөспүүбүлүкэтээҕи генофоднай тэрилтэ салайааччыта Артемьев Александр Еремеевич үөрүүлээх түгэнинэн эҕэрдэлээтэ уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи филиал салайааччытыгар Пантелеймон Михайлович Дмитриевка хобо чуорааны үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Эҕэрдэ тылыгар Александр Еремеевич инникитин 120-130 сүөһүгэ тиийиэхтээхпит диэн сыал-сорук туруорда.
Оҥхойго тутуллубут хотон 5 сыл иһигэр саха ынахтарыгар анаммыт 10-с хотон буолла.
Саха ынаҕа инникитин биһиги улууспутугар өссө элбиэ, кэҥиэ диэн эрэлбит улахан.
"Якутский скот" өрөспүүбүлүкэтээҕи генофоднай тэрилтэ салайааччытыгар Артемьев Александр Еремеевичка өйөбүлгүт иһин истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Саха ынаҕын харыстыыр, элбэтэр сырдык сыаллаах тэрилтэҕит өссө сайда чэчирии турдун, үлэҕит таһаарыылаах, ситиһиилээх буоллун!