Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.35K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Forwarded from "Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр" (Полина Николаева)
Дьиэ кэргэн ферматын сайыннарыыга грант биэриитин уларытыылардаах Бэрээдэгэ таҕыста, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатынан бигэргэннэ. Докумуоҥҥа бэрэссэдээтэл Андрей Тарасенко илии баттаата.

Грант ылыыта куонкурус бэрээдэгинэн барар. Хамыыһыйа көрүүтүгэр сайаапканы кытта докумуоннары туттарыллар: сайаапка, пааспар, бааһынай хаһаайыстыбаны тэринии туһунан сөбүлэҥ, бизнес-план, презентация... барыта 18 пуун баар.

Сыаналааһын баалынан барар. Критерийдары карточкаларга көр.

#минсельхозрся #семейнаяферма #тыасирэ #агробизнес #якутия
Forwarded from "Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр" (Полина Николаева)
Кулун тутар 23-24 күннэригэр, “Семейная ферма” дьиэ кэргэнинэн ферма тэриммиттэргэ грант биэриитигэр программа куонкурса буолар. Минсельхоз тэрийэн ыытар.
Быйыл 67 сайаапка киирдэ. Уопсай суумата – 126,5 мөл солк. Бизнес-былаан муҥутуур суумата – 15 мөл солк.

Быйыл Үөһээ Халыматтан, Дьааҥыттан тиийэ бааллар.

“Семейная ферма” – федеральнай программа, В.В. Путин көҕүлээбит 12 национальнай бырайыагыттан биирэ.

“Буоларын курдук, сайаапка биэрээччи элбэх. Тыа сиригэр үлэлэринэн бэйэлэрин көрдөрбүт бөдөҥ хаһаайыстыбалар бааллар. Кинилэри сэргэ саҥа тэриммит дьоҕус фермалар эмиэ киирсэллэр. Быйылгы бэрээдэккэ уларыйыылар бааллар. Ол курдук, урукку өттүгэр хайаан да 3 үлэһити ылыахтаах эбит буоллаҕына, билигин бизнес-былааныгар суруллар суума 10 мөл. солк. – 1 үлэһити ылар. Итиэннэ Арктика олохтооҕо эбии 10 баалы сурунар”, - диэн иһитиннэрдилэр минсельхозка.

Программа 2012 сылтан үлэлиир, уопсайа 261 КФХ грант ылла, уопсай суума 1,4 млрд солк.

#минсельхозрся #нацпроектпутина #семейнаяферма #агрогрант
Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыа хаhаайыстыбатын миниистирин солбуйааччыны Афанасьев Николай Степановиһы кытта көрүстүбүт.

Көрсүһүүгэ Үөһээ Бүлүү улууһугар кормопроизводство бырагыраамма үлэтин, сылгы баазаларын тутуутун уонна тыа хаһаайыстыбатын өйүүргэ көрүллэр көмө саҥа механизымын - техникаларынан хааччыйааһыны былааннастыбыт.
Ону таһынан үүт туттарааһын былаанын, онтон да атын тыа хаһаайыстыбатын тыын боппуруостарын быһаарарга сыаллары-соруктары туруордубут.

#ТыаХаһаайыстыбата
#МинсельхозРСЯ
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev