Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Өрөспүүбүлүкэтээҕи "Обеспечение качественным жильем 2024-2025" бырагыраамма иһинэн үлэлиир СӨ тутууга министиэристибэтин "Развитие и освоение территорий в целях жилищного строительства" бырайыагын чэрчитинэн ыытыллар субсидия конкуруһун отборугар Үөһээ Бүлүү улууһа талыллан Үөдүгэй уонна Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэригэр саҥа микрорайоннарга газ уонна уот ситимин тардарга эбии үбүлээһини ылары ситистибит.

Ол курдук, кэлэр 2025 сылга Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэр "Речная" микрорайоҥҥа үс Саха Сирин Президиэннэрин М.Е. Николаев, В.А. Штыров, Е.А. Борисов ааттарынан уулуссаларга газ холбоноругар 21 мөл. 122 тыһ солкуобай, Үөдүгэй нэһилиэгэр "Молодежнай" микрорайоҥҥа уот ситимэ тардылларыгар 5 мөл. 812 тыһ. солкуобай үбүлэнэрин ситистибит.

Санатан этэр буоллахха, эрдэ Үөдүгэй нэһилиэгэр уулууссалар суолларын оҥорууга СӨ суол-иис, тыраанспар министиэристибэтин өйөбүлүнэн 7 мөл. 246 тыһ. солкуобай үбүлэммитэ. Эрдэ ыытыллыбыт СӨ тутууга министиэристибэ конкуруһугар кыттан "Молодежнай" микрорайоҥҥа гааһы киллэрээһиҥҥэ 9 мөл. 115 тыһ. солкуобай үбүлэнэрин ситиспиппит. Билигин эбии уот тардыллааһыныгар үп көрүллэн Үөдүгэй нэһилиэгэ олорорго бары өттүнэн хааччыллыбыт, үчүгэй усулуобуйалаах тыа сирэ буоларыгар элбэх үлэ ыытылынна.

Ону таһынан быйыл, Балаҕаннаах нэһилиэгэр "Табыйыыс" микрорайоҥҥа гааһы киллэриигэ 17 мөл. 187 тыһ. солкуобай үп көрүллүбүтэ.

Бу курдук салгыы өрөспүүбүлүкэ ыытар бырагырааммаларыгар ситиһиилээхтик кыттан саҥа сирдэри кэҥэтэргэ, элбэтэргэ кэлэр сылларга үлэ тиһэҕэ быһыллыбакка ыытыллыаҕа.

#ОсвоениеНовыхМикрорайонов
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev