Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Харбалаах нэһилиэгэр Исидор Бараахап аатынан уулусса асфальтынан бүрүллээһинин көрдүбүт.
Бэдэрээтчиттэр түргэн тиэмпэлээхтик үлэни түмүктээн эрэллэрин Харбалаах нэһилиэгин баһылыга Константин Данилович бэлиэтээн эттэ.
Уопсайа 675 м. уһуннаах суол асфальтынан бүрүлүннэ. Салгыы суол кытыытынан тратуар ууруута, суол знактарын оҥоруу, күрүөлээһин, разметкалары оҥоруу үлэтэ бара турар.
Былырыын И.Н. Барахов 125 сылын көрсө Саха Өрөспүүбүлүкэтин суол-иис, тыраанспар министиэристибэтин конкуруһун түмүгүнэн суолу оҥорууга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлээһин көрүллүбүтэ.
Исидор Барахов аатынан уулусса саҥа асфальтаммыт суолун бу сыл балаҕан ыйын 26 күнүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыахпыт.
#СтроительствоДорог
#ВерхневилюйскийУлус
t.iss.one/ValeriNikolaev

Өрөспүүбүлүкэтээҕи "Обеспечение качественным жильем 2024-2025" бырагыраамма иһинэн үлэлиир СӨ тутууга министиэристибэтин "Развитие и освоение территорий в целях жилищного строительства" бырайыагын чэрчитинэн ыытыллар субсидия конкуруһун отборугар Үөһээ Бүлүү улууһа талыллан Үөдүгэй уонна Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэригэр саҥа микрорайоннарга газ уонна уот ситимин тардарга эбии үбүлээһини ылары ситистибит.
Ол курдук, кэлэр 2025 сылга Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэр "Речная" микрорайоҥҥа үс Саха Сирин Президиэннэрин М.Е. Николаев, В.А. Штыров, Е.А. Борисов ааттарынан уулуссаларга газ холбоноругар 21 мөл. 122 тыһ солкуобай, Үөдүгэй нэһилиэгэр "Молодежнай" микрорайоҥҥа уот ситимэ тардылларыгар 5 мөл. 812 тыһ. солкуобай үбүлэнэрин ситистибит.
Санатан этэр буоллахха, эрдэ Үөдүгэй нэһилиэгэр уулууссалар суолларын оҥорууга СӨ суол-иис, тыраанспар министиэристибэтин өйөбүлүнэн 7 мөл. 246 тыһ. солкуобай үбүлэммитэ. Эрдэ ыытыллыбыт СӨ тутууга министиэристибэ конкуруһугар кыттан "Молодежнай" микрорайоҥҥа гааһы киллэрээһиҥҥэ 9 мөл. 115 тыһ. солкуобай үбүлэнэрин ситиспиппит. Билигин эбии уот тардыллааһыныгар үп көрүллэн Үөдүгэй нэһилиэгэ олорорго бары өттүнэн хааччыллыбыт, үчүгэй усулуобуйалаах тыа сирэ буоларыгар элбэх үлэ ыытылынна.
Ону таһынан быйыл, Балаҕаннаах нэһилиэгэр "Табыйыыс" микрорайоҥҥа гааһы киллэриигэ 17 мөл. 187 тыһ. солкуобай үп көрүллүбүтэ.
Бу курдук салгыы өрөспүүбүлүкэ ыытар бырагырааммаларыгар ситиһиилээхтик кыттан саҥа сирдэри кэҥэтэргэ, элбэтэргэ кэлэр сылларга үлэ тиһэҕэ быһыллыбакка ыытыллыаҕа.
#ОсвоениеНовыхМикрорайонов

Forwarded from ️МР "Верхневилюйский район" - admvervil
Торжественное открытие новой школы на 165 мест в с. Ботулу Верхневилюйского улуса
Село Ботулу Верхневилюйского улуса стало свидетелем долгожданного события — торжественного открытия новой школы на 165 мест. Строительство образовательного учреждения было осуществлено за счет бюджета улуса и направлено на улучшение условий обучения для местных детей. В новой Ботулинской школе учатся 89 учащихся.
Двухэтажное здание школы оснащено современным оборудованием и материально-техническим обеспечением, что позволит обеспечить высокий уровень образования и комфортные условия для обучения.
На мероприятии присутствовали Министр образования и науки РС(Я) Нюргуна Афанасьевна Соколова, Глава Верхневилюйского улуса Валерий Валерьевич Николаев, депутаты Госсобрания Ил (Тумэн) РС(Я) Владимир Семенович Поскачин и Федот Сергеевич Филиппов, а также руководитель управления образования Верхневилюйского улуса Юрий Васильевич Кынатов.
Среди почетных гостей были и именитые выпускники Ботулинской школы: генеральный директор компании Камелек Ольга Григорьевна Григорьева, руководитель Управления по охране объектов культурного наследия Республики Саха (Якутия) Николай Афанасьевич Макаров и депутат улусного Совета, доктор исторических наук Никита Деевич Архипов.
Глава Верхневилюйского улуса Валерий Валерьевич Николаев поздравил коллектив и учеников Ботулинской средней школы с новосельем и 105-летие любимой школы. В честь праздника от муниципального района "Верхневилюйский улус" был вручен сертификат на сумму 105 тысяч рублей.
Открытие новой школы — это не только важный шаг к улучшению образовательной инфраструктуры региона, но и символ заботы о будущем подрастающего поколения.
#НоваяШкола
#СтроительствоШкол
#БотулинскаяСОШ
#ВерхневилюйскийУлус
Пресс-служба Администрации МР "Верхневилюйский улус (район)"

Боотулуу оскуолатын арыллыытын үөрүүлээх сиэрин-туомун кэннэ Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын дьиэтигэр улуус оскуолаларын дириэктэрдэрин кытта үөрэх таһымын ырытыыга сүбэ мунньахха кыттыыны ыллым.
Мунньаҕы СӨ үөрэҕэрии уонна наука миниистирэ Нюргуна Афанасьевна Соколова иилээн-саҕалаан ыытта. Сүбэ мунньахха Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕэрии салалтатын салайааччыта Юрий Васильевич Кынатов ГИА-ҕа уонна ЕГЭ-ҕэ бэлэмнэнии хаачыстыбатын үрдэтиигэ дакылааты аахта. Хомойуох иһин, ЕГЭ-ны туттарбат оҕо сыллата элбии турар, онтон сылтаан үрдүк үөрэххэ киирэр оҕо ахсаана аҕыйыыр. Холобура, быйыл 2024 сылга 15 оскуолаттан биир да оҕо үрдүк үөрэххэ киирбэтэх.
СӨ үөрэҕэрии уонна наука миниистирэ Нюргуна Афанасьевна мунньахха бары кыһалҕалаах боппуруостары көтөҕөн болҕомтотун уурда. Хас биирди оҕо дьылҕатыгар учуутал улахан оруолу оонньуурун чуолаан эттэ. Агро хайысхалаах оскуолар дириэктэрдэригэр оскуола иһинэн оҕолору үлэҕэ үөрэтэр, тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыарар, иитии үлэтин ыытар бырагырааммалары оҥорорго болҕомто ууруохха наадатын туһаайда.
Мунньах түмүгэр улууспут үөрэҕин таһымын үрдэтиигэ элбэх түмсүүлээх, сыралаах, эппиэтинэстээх үлэни ыытарга үөрэх кыһатын салайааччыларыгар сорук туруорулунна.
Үөрэх баар - бараммат баай! Оҕолорбут инникилээх, улууспут кэскиллээх буоларын туһугар үөрэх салаата күүстээх буолуохтаах.
Санатан этэр буоллахха, быйыл Үөһээ Бүлүү улууһугар 4 иккилии хостоох бары өттүнэн хааччыллыылаах (благоустроеннай) служебнай квартиралары ыларбытын ситиспиппит. Бу квартиралар тустаах исписэлиистэргэ, ол эбэтэр, учууталларга, быраастарга тирэх буолуохтара. Билигин улуус үрдүнэн 48 учуутал миэстэтэ аһаҕас. Үөрэхпит таһымын таһаарарга, бастатан туран, тустаах учууталлары үлэҕэ ыҥыран угуйуохтаахпыт. Бу кыһалҕаны быһаарарга улуус үрдүнэн служебнай квартиралар баар буолуохтаахтар.
Үөһээ Бүлүү улууһун салалтата үөрэх таһымын үрдэтиигэ болҕомтону уурабыт, биир кэлим үлэни ыытабыт.
#МинистерствоОбразованияРСЯ
#НюргунаСоколова
#ВерхневилюйскийУлус
#Образование

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Үөһээ Бүлүү улууһугар соҕотох үүт аһы оҥорон таһаарар "Верхневилюский" ХЭТ комбинат үлэлиир.
Комбинат 17 көрүҥ үүт аһы, 4 көрүҥ барыанньаны, 3 көрүҥ сиробу оҥорон таһааран нэһилиэнньэни сибиэһэй бородууксуйаннан хааччыйар.
"Верхневилюйский" ХЭТ комбинат бородууксуйата "Төрүт ас" диэн бэлиэннэн олохтоох маҕаһыыннарга атыыланар.
Күннэтэ комбинатка 50-70 киилэ ынах арыыта, 15-30 киилэ иэдьэгэй, 150-350 лиитэрэ быырпах, 350-400 киилэ суорат, 100-200 киилэ йогурт, 80-100 киилэ сүөгэй, 70-130 киилэ үүт оҥоһуллан тахсар.
Комбинат 2024 сыл балаҕан ыйын 21 күнүн туругунан оҥорон таһаарда (Скобка иһигэр 2023 сыл алтынньы 1 күнүн көрдөрүүтэ):
- Ынах арыыта - 2,78 тонна (0,9 тонна),
- Үүт - 17,59 тонна (17,69 тонна)
- Сүөгэй - 16 тонна (13,76 тонна)
- Йогурт - 12,17 тонна (9,58 тонна)
- Суорат - 54,37 тонна (44,35 тонна)
- Быырпах - 11,71 тонна (16,91 тонна)
- Иэдьэгэй - 1,11 тонна (0,36 тонна).
Былырыын 2023 сыл балаҕан ыйын 18 күнүгэр 2194 тонна үүт хантыраагынан комбинатка туттарыллыбыт эбит буоллаҕына, быйыл 2024 сыл балаҕан ыйын 19 күнүн туругунан 939,51 тонна үүт тутулунна.
#Молокозавод
#Үүт
#СельскоеХозяйство

Күндү Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо!
Бүгүн, балаҕан ыйын 25 күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи дойдулаахтары кытта көрсүһүү күнүн чэрчитинэн улуус салалтатын бэрэстэбиитэллэригэр киирэн бэйэҕит ыйытыыларгытын, этиилэргитин үллэстиэххитин сөп.
Бүгүн күнүс 14:00 чаастан киэһээ 18:00 чааска диэри улуус дьаһалтатын дьиэтигэр, 2 этээскэ, приемнуур хабыныатка кэтэһэбин.
#ПриемГраждан
#ВерхневилюйскийУлус
t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн, балаҕан ыйын 25 күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи дойдулаахтары кытта көрсүһүү күнүн чэрчитинэн улуус салалтатын бэрэстэбиитэллэригэр киирэн бэйэҕит ыйытыыларгытын, этиилэргитин үллэстиэххитин сөп.
Бүгүн күнүс 14:00 чаастан киэһээ 18:00 чааска диэри улуус дьаһалтатын дьиэтигэр, 2 этээскэ, приемнуур хабыныатка кэтэһэбин.
#ПриемГраждан
#ВерхневилюйскийУлус
t.iss.one/ValeriNikolaev
Forwarded from ️МР "Верхневилюйский район" - admvervil
Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбыннаһын күнүгэр анаммыт Үөһээ Бүлүү улууһун Сэбиэтин уонна муниципальнай тэриллиилэр депутаттарын бастакы Спартакаидалара ыытылынна.
Спартакиада "Үс Хоһуун" спорткомплекска 7 спорт көрүҥүгэр ыытылынна.
Депутаттар дуобакка, шахматка, булдьанан ытыыга, дартска, городкига, корнходка, эстафетаҕа күөн күрэхтэстилэр.
Спартакиада кыттыылаахтарын икки бөлөххө арааран дьүүллүүр сүбэ түмүгү таһаарда.
Бастакы бөлөххө: Улуус Сэбиэтэ, Үөһээ Бүлүү, Кэнтик, Мэйик, Нам, Хоро күрэхтэстилэр.
7 көрүҥҥэ тыҥааһыннаах киирсии кэнниттэн ким бочуоттаах 1, 2, 3 миэстэ буолбутун дьүүллүүр сүбэ иһитиннэрдэ.
Ол курдук, бастакы бөлөххө үһүс бочуоттаах миэстэни ылла Мэйик нэһилиэгэ, иккис миэстэҕэ таҕыста Хоро нэһилиэгэ, кыайыылаах үрдүк аатын сүктэ Нам нэһилиэгэ.
Иккис бөлөххө кыайда Оҥхой нэһилиэгэ.
Спартакиада үрдүк таһымнаахтык ыытыллан, дьон-сэргэ биһирэбилин ылла. Инникитин сыл аайы ыытыллар былааннаах
#СпартакиадаДепутатов
#ВерхневилюйскийУлус
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

Бүгүн, балаҕан ыйын 28 күнүгэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин тутууга миниистирин бастакы солбуйааччы Евгений Егорович Үөһээ Бүлүү улууһугар үлэ сырыытынан кэлэн тутуу графигыттан хаалан иһэр эбийиэктэрбитин көрдө.
Бастатан туран Харбалаах нэһилиэгэр тутулла турар Исидор Барахов аатын сүгэр култуура киинигэр тутуу үлэтэ түмүктүүр түһүмэҕэр кэлэн, үлэ тиэмпэлээхтик баран иһэрин билистэ.
Салгыы Үөһээ Бүлүүгэ тутулла турар оҕо поликлиникатын (оҕо эмтэнэр корпуһун), "Универсальный зал спортивных единоборств" тутуутун уонна "Хаарбах дьиэттэн көһүү" национальнай бырайыак чэрчитинэн Ленина 61 аадырыска тутулла турар элбэх квартиралаах дьиэ тутуутун бэрибиэркэлээтэ.
Тутааччылар бу 3 эбийиэккэ үлэһит илии тиийбэккэ үлэ тиэмпэтиттэн хаалыы баарын бэлиэтээн эттилэр.
Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин эбийиэктэрин көрөн баран Кэнтик нэһилиэгэр тахсан элбэх хайысхалаах култуура киинин (многофункциональный центр) капитальнай өрөмүөнэ хайдах баран иһэрин билистэ. Свая түһэрэр техника ирбэт тоҥу хаһарыгар хаста да алдьанан, үлэҕэ ыарахаттары көрсөн тутуу тиэмпэтэ бытаарбытын бэдэрээтчиттэр этиннилэр.
Былаан быһыытынан "Универсальный зал единоборств", элбэх квартиралаах дьиэ тутуулара уонна Кэнтик нэһилиэгин култуура киинин өрөмүөннээһин быйылгы сыл бүтүөр диэри түмүктэниэхтээхтэр. Ол эрэн, үлэһит илии тиийбэккэ үлэ тиэмпэтэ графиктан хаалан иһэр.
Евгений Егорович эбийиэктэри кытта билсэн баран үлэһит күүһү элбэтэн, тутуу тиэмпэтин түргэтэтэргэ сорудахтаата.
#Строительство

Бүгүн алтынньы 1 күнүгэр Аан дойду үрдүнэн Аҕам саастаах киhи күнүн бэлиэтиибит.
Күндү Үөһээ Бүлүү улууһун аҕам саастаах дьонун-сэргэтин бэлиэ бырааһынньыгынан итиитик-истиҥник "Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон дьаһалтатын аатыттан эҕэрдэлиибин!
Арассыыйаҕа 1992 сыллаахха Үрдүкү Сэбиэт президиумугар «Аҕам саастаах дьон кыһалҕата» диэн уурааҕынан бу бырааһынньык тэриллибитэ. Бу ураты суолталаах күн биһиги аҕа саастаах кырдьаҕастарбытыгар төрөөбүт улуускут сайдыытыгар сүҥкэн кылааккыт, эстибэт эрчимҥит уонна бэриниилээх үлэҕит иһин истиҥник махтанабыт.
Аҕам саастаах киһи күнүгэр анаммыт "Көхтөөх уһун үйэлэнии" Декада биһиги улууспутугар бүгүҥҥү күнтэн саҕаланна. Декада чэрчитинэн саастаах көлүөнэҕэ аналлаах араас тэрээһиннэр, акциялар улууспут үрдүнэн ыытыллыахтара.
Аҕам саастаах дьоммутугар чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, бигэ туругу, уhун дьоллоох үйэни баҕарабыт! Эhиги олоххутугар дьоллоох түгэннэр, саҥа үөрүүлэр үксүү турдуннар! Чугас дьоҥҥут тапталынан угуттанан, сэргэхтик олоруҥ!
Эҕэрдэни кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев.
#ДеньПожилогоЧеловека

Хоро-Чаллыр-Бүлүү өрүс переправатын сырыытынан федеральнай суолу көннөрүүгэ 2 автогрейдер үлэлиир.
Бу күннэргэ "Вилюй" федеральнай суол уһун ардахтар кэннэ алдьанан, айан массыыналара элбэх кыһалҕалары көрүстүлэр.
Үллэрээ күн, алтынньы 1-кы күнүгэр "РИК Автодор" суол-иис оҥорор тэрилтэ погрузчига суолу чөлүгэр түһэрии, бытыллыбыт массыыналарга көмөнү оҥоруу үлэтин саҕалаабыта.
Бүгүн суолу көннөрүүгэ 2 автогрейдер тиийэн үлэлиир. Билигин сиигирбит, нүөлсүллүбүт грунту туора анньан, кыра массыыналар сырыыларыгар сөп гына суолу бэлэмниэхтэрэ.
Салгыы переправа сабылларыгар, кыстыкка бэлэмнэнии үлэтин: грунту бөҕөргөтүү, суолу тэҥнээһин үлэтэ былааннанар.
Санатан этэр буоллахха, "Вилюй" федеральнай суол капитальнай өрөмүөнүн чэрчитинэн быйыл Бүлүү куоратыттан Чыбыыда үрэх муостатыгар диэри асфальт суол уурулунна. Эһиилги сылтан Чыбыыда үрэх муостатыттан Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр диэри суол оҥоһуутун күүтэбит.
#РемонтАвтодорог