Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.36K videos
9 files
3.87K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#Бырабыыталыстыбаотчуота
#Нам

Ситэриилээх былаас отчуоттуур үһүс бөлөҕө Быракаан, Туобуйа, Өргүөт нэһилиэктэригэр үлэлээн, иккис күнүгэр Нам нэһилиэгэр кэллэ
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#Бырабыыталыстыбаотчуота
#Нам

Отчуот Модун Арассыыйа уонна Саха сирин гииминиттэн саҕаланна.
#отчуот

#Нам
Намнар саҥа оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн наадатын ирдэһэн, эрдэ сурук ыыппыттар. Санатан этэр буоллахха, оскуола саҥа эрээри, туппут бэдэрээччит мөлтөҕүттэн, билигин улахан өрөмүөнү эрэйэр. Оскуола үлэҕэ киирбитэ өйүүн 5 сылын туолар.

Отчуот бөлөҕө докумуону барытын ситэрэн, кулун тутар 15 күнүгэр диэри тиксэриэхтэрин наадатын ыйда. Өрөмүөн үлэтэ федеральнай бырагыраамаҕа киирэн, үбүлээһинэ федеральнай хааһынаттан, итиэннэ улуус өттүттэн эмиэ ирдэнэрин эттилэр.

Тустаах докумуоннары кылгас кэм иһигэр тиксэрэллэригэр ыксаттылар.

Хаартыскаҕа: оскуола дириэктэрэ Надежда Алексеева.
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#Нам

Улуустааҕы кырдьаҕастар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Уйбаан Чыычаахап оскуола тоҕо тымныытын, итиэннэ өрөмүөн үлэтэ булгуччу барыахтааҕын, Үөрэх министиэристибэтэ бу кыһалҕаҕа быһаччы кыттыахтааҕын этиннэ.
#Нам

Оҕо саад сэбиэдиссэйэ Айталина Ильина саҥа оҕо саад тутуутун уочарата түргэтииригэр көрдөстө.

Сайыҥҥы дааннайынан оҕо саад тутуута 136 миэстэҕэ турар.
#отчуот

#Нам
Нам нэһилиэгин олохтооҕо Спартак Кардашевскай:
- Саҥа балбаах туһунан сокуону
-Бырасыака солооһунун
-Бултуур сир
-Биэ төбөтүгэр көрүллэр харчы кээмэйэ
- Атыырга тоҕо харчы көрүллүбэтин
- Урукку курдук оттуур звенолар тоҕо тэриллэн үлэлээбэттэрин ыйытта.
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#Нам

Олохтоох почта дьиэтэ тымныытынан сабыллар кутталлаах. Икки нэһилиэк тутаах тэрилтэтэ суох хаалара олохтоохтору долгутар.

Муҥутуур тымныыларга дьиэ температурата +10, сорох хосторго -20 кыраадыска тиийэ тымныйбыт.

Эппиэт: Почта тэрилтэтэ федеральнай таһымнаах, салалталаах бөдөҥ тэрилтэ буоларынан, барыта үөһэттэн быһаарыллар.

2023 сылга Саха сиригэр 8 отделение саҥардыллыахтаах, ол иһигэр Уус-Мая, Өлүөхүмэ, Сунтаар улуустара хапсыбыттар.

Тустаах үлэ бэйэ өттүттэн барыан наада диэн тоһоҕолоон эттилэр.

Отчуот манан түмүктэннэ, мунньахха 87 киһи кытынна👍🏻
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#нам #тыасирэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгэ хараҥаҕа үөһэттэн көстүүтэ🤩

Нэһилиэккэ сырдатыы үлэтэ күүскэ барбыта көстөр👍🏻⚡️

Никита Никифоров устуута 🎥

“Үөһээ Бүлүү" хаһыата.
@ulusmedia
@uoheebuluu
#баһылыкотчуота
#Нам

Нам нэһилиэгэр улуус дьаһалтатын ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуоттуур мунньаҕа саҕаланна.

Нам нэһилиэгин дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Лилия Васильева биэрэги бөҕөргөтүү үлэтин туруоруста. Биэрэкпит сиҥнэ турар, нэһилиэгинэн ууга барар кутталлаахпыт диэтэ.

40 - тан тахса сылгылаах Спартак Кардашевскай биэ төбөтүгэр ааспыт сылга көрүллүбүт сууманы чуолкайдаста.
Бэйэтэ атыыласпыт пресс- подборщигын улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департамена возмещайдыан сөп дуо диэн ыйыталаста.

Намнар барыта 22 киһи мунньахха кыттыыны ыллылар. Түмүккэ, улуус дьаһалтатын үлэтин-- хамнаһын биһириибит диэтилэр.

Бу кэпсэтиилэр тустарынан хаһыаппыт кэлэр нүөмэригэр ааҕаарыҥ диэн санатабыт

" Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#Бырабыыталыстыбаотчуота
#Нам

СӨ Экономикатын миниистирэ Петр Попов салайааччылаах Саха өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын ситэриилээх былааһын отчуота Нам нэһилиэгэр үлэтин салҕыыр.

Үөһээ Бүлүү улууһун өрүс уҥуор нэһилиэктэригэр күөх төлөн хаһан киириэҕин Нам олохтоохторо интэриэһиргээн ыйыттылар. "Сахатранснефтегаз" тэрилтэ 12 нэһилиэги гаастыырга бырайыактааһыныгар 229 мөлүйүөн суумалаах үлэтин саҕалаата. 2024-2025 сылларга бырайыактааһын үлэтэ барар. 2026-2027 сылтан күөх төлөн тардыытын үлэтэ былааҥҥа турар"-диэн хоруй этилиннэ.

«Моя Якутия в XXI веке» үтүө дьыала өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын чэрчитинэн 150 миэстэлээх култуура дьиэтин тутуута хаһан түмүктэниэҕин ыйыттылар.

Почта тэрилтэтэ ититиитин төлүүр кыаҕа суоҕунан, ааспыт сылтан сабыллан турар. Онон намнар Почта тэрилтэтигэр дьиэ булан, үлэни оннугар түһэрэри наадалааҕынан ааҕаллар.

"Хаарбах дьиэттэн көһөрүү" бырагыраама чэрчитинэн 12 кыбартыыралаах мас уопсай дьиэ тутуутун үлэтэ хаһан саҕалыаҕын сурастылар.

Нам нэһилиэгин биэрэгин бөҕөргөтүү үлэтэ тыын кыһалҕа буоларын этиннилэр. Бөҕөргөтүү үлэтигэр Экология министиэристибэтигэр сайаапка быһыытынан киирбитин, онуоха улуус өттүттэн үлэ күүскэ барыахтааҕын эттилэр.

Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо, бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Уйбаан Чыычаахап Бырабыыталыстыба үлэтин-хамнаһын туйгунунан сыаналаата, итиэннэ Министиэристибэлэр үлэһиттэрин сааһа эдэримсийбитин астына бэлиэтээтэ.

Үөрүүлээх быһыыга-майгыга  Тутуу уонна олох-дьаһах бэлиитикэтин департаменын салайааччытын солбуйааччы Марианна Соловьева Нам нэһилиэгин биэстэн элбэх оҕолоох икки ыалыгар олорор усулуобуйаларын тупсаралларыгар сэртипикээт туттарбыта - тустаахтарга соһуччу үөрүү, күндү бэлэх буолла. Элбэх оҕолоох ийэлэри  Мария Романовна Григорьеваны уонна Татьяна Геннадьевна Карташованы олохтоохтор ытыс дохсун тыаһынан уруйдаатылар.

Намнар Бырабыыталыстыба ыытар үлэтин-хамнаһын биһирээтилэр, үлэлэрэ үтүө түмүктээҕин бэлиэтээтилэр👍🏻

Сиһилии "Үөһээ Бүлүү" хаһыакка ааҕыҥ🗞️🗞️🗞️

@ulusmedia
@uoheebuluu
Администрация МР "Верхневилюйский улус (район)" и КСЭК "Эйгэ" вручили 9 ящиков и 8 мешков продуктов питания в помощь пострадавшим от паводка в Намском районе.

Благодарим всех кто, не оставаясь в стороне, помогает жителям подтопленных наслегов.

Айыы киһитэ аһыныгар, күн киһитэ көсмүскэс✊️

#Верхневилюйск
#Нам

t.iss.one/AryyaanaMikhaylova