Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22.1K photos
4.36K videos
9 files
3.87K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#бырабыыталыстыбаотчуота #Тамалакаан

Тамалакаан нэһилиэгин баһылыга Петр Иванов
Федеральнай трассаҕа олороллорун быһыытынан, трассаҕа видеокамера туруоруста. Быйыл ааһан иһэр массыыналар икки сылгыны түҥнэри көппүттэрин бэлиэтээн эттэ.

Рейсовай автобуһу туруоруста.

Аптека тэриллэрэ кыаллыа дуо диэтэ.

46 учаастактаах микрорайоннаахпыт. Газификациятыгар экспертизатын аһарда сылдьабыт. Эбии харчы көрүллүө дуо диэн ыйыталаста

Кулууппутугар кинопроектор көрдүүбүт. Икки этээстээх таас кулууп дьиэтин туруорсабыт, уочаракка үһүс сылдьабыт диэтэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#бырабыыталыстыбаотчуота #Тамалакаан

Нэһилиэккэ аптеканы тэрийии туһунан ыйытыкка
"Бу сылга аптеканы арыйыы приоритет быһыытынан тыа нэһилиэктэригэр арыллыаҕа", - диэтэ СӨ доруобуйатын харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Сергин.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#бырабыыталыстыбаотчуота. #Тамалакаан

"Дойдубут Бэрэсидьиэнэ В. В. Путин көҕүлээһининэн, "Малым городам и селам" диэн бырагырааманан, Саха сиригэр 56 автобуһу ыллыбыт.
Үөһээ Бүлүүгэ олунньу 19 күнүгэр диэри 3 автобус кэлиэхтээх. Улуус дьаһалтата биэрбит сайаапкатынан автобустар "Үөһээ Бүлүү - Харбалаах", "Үөһээ Бүлүү - Дүллүкү" хайысханан сылдьыахтара" , - диэтэ Саха өрөспүүбүлүкэтин транспорын уонна суол хаҺаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#Бырабыыталыстыбаотчуота
#Харбалаах

Харбалаах нэһилиэгин баһылыга Константин Данилович Николай Прокопьевичка олохтоохтор ааттарыттан махтанан туран "Хас биирдии салайааччыга улуу киһибит Исидор Барахов сырдык мөссүөнэ ыйанан турарыгар баҕарабын", - диэн портретын бэлэх уунна уонна үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарда.

@uoheebuluu
#Бырабыыталыстыбаотчуота
#Ороһу

Ороһу сынньалаҥ киинин дириэктэрэ Анна Артуровна оҕо сахалыы бырагырааманан оскуолаларга үөрэниэхтээҕин туруоруста.

Маныаха Николай Прокопьевич бу кыһалҕа сытыытык турарын бэлиэтээтэ. Үөрэх управлениета, министиэристибэтэ элбэхтик кэпсэтэн, толкуйдаан, араас кэмпириэнсийэлэри ыытан биир санааҕа кэлиэххэ сөбүн ыйда.
#Бырабыыталыстыбаотчуота
#Ороһу

- Норуот педагогикатын музейын салайааччыта Раиса Васильева музей тутуутун туруоруста.

- Олохтоох Валентин Лебедкин баһаарынай чааска штат көрүллэрин көрдөстө

- СВО кыттыылаахтарыгар көмө харчыны анааһыны, льготалары көрөллөрүгэр этиннилэр
#Бырабыыталыстыбаотчуота
#Ороһу #СВО

Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар тустаах көмө бара турарын туһунан гражданскай оборона дьыалаларын миниистирин солбуйааччы Никита Павлов иһитиннэрдэ.

Нэһилиэнньэни кытары биирдиилээн үлэлэһэн, сүппүт байыастары көрдүүргэ, чаастарын хамандыырдарын кытары сибээскэ тахсан ыйыталаһаллар, сураһаллар эбит.

Никита Александрович: "Бэйэ-бэйэбитин харыстабыллаахтык сыһыаннаһыаххайыҥ. Интэриниэт ситимигэр кэлэр провокационнай видеоларга киирэн биэримэҥ, мэнээх тарҕатымаҥ. Кыайыыга эрэллээхпит! - диэтэ.

@uoheebuluu
#бырабыыталыстыбаотчуота #Тамалакаан

Тамалакаан нэһилиэгин баһылыга Прокопий Иванов саҥа микрооройуону гаастааһыҥҥа эбии үп көрүллүө дуо диэн туруорсуутугар СӨ бырамыысыланнаһын уонна геологиятын миниистирин бастакы солбуйааччыта Михаил Кириллин эппиэттээтэ:
- Ити саҥа микрооройуоҥҥа учаастактаах элбэх оҕолоох ыалга уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар судаарыстыбаттан өйөбүллэр оҥоһуллаллар. Бырайыаккытын бүтэрэн, улуустан гаастааһын бырагырааматыгар киллэриигэ сайаапката ыытаарыҥ, - диэтэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#Бырабыыталыстыбаотчуота
#Ороһу

Ороһу орто оскуолатын учуутала Федора Алексеевна Васильева саха оҕотун иитиитигэр санааларын этэн туран уонна Норуот педагогикатын музейа тутулларыгар баҕа санаалаах үп-харчы миниистирин солбуйааччытыгар Николай Прокопьевичка сабыс-саҥа буруолуу сылдьар "Норуот педагогикатыгар тирэҕирэн" кинигэни бэлэх уунна.

@uoheebuluu