Улус.Медиа | Новости Якутии
10.7K subscribers
58.6K photos
9.95K videos
27 files
40.1K links
Новости из районов Республики Саха(Якутия) и города Якутска

Ulusmedia
Ulus.Media
@ulusmedia
Улус Медиа

📪 Для связи: @ulusmedia_admin

✉️ Сотрудничество и реклама: +7 914 271‑07‑05

🤖 Бот: @Ulus_Media_bot
Download Telegram
ҮӨҺЭЭ БҮЛҮҮГЭ ТЫА ХАҺААЙЫСТЫБАТЫН ИСПИСЭЛИИСТЭРИГЭР МОТОЦИКЛЛАРЫ ТУТТАРДЫЛАР

Бүгүн киин болуоссакка Үөһээ Бүлүү улууһун бары нэһилиэктэригэр үлэлии сылдьар тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэригэр үлэлэригэр туһаналларыгар анаан, “Үөһээ Бүлүү улууһа” МО дьаһалтатын баһылыга В.С.Поскачин, улуустааҕы депутаттар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Н.Н.Николаев, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта С.И.Иванов үөрүүлээх быһыыга-майгыга мотоцикллары туттардылар.

Урукку өттүгэр тыа хаһаайыстыбатын биригэдьиирдэрэ атынан сылдьан үлэ хаамыытын билсэр, салайар буоллахтарына, аныгы кэм исписэлиистэрэ тимир көлөнөн ходуһаларынан, бааһыналарынан, сайылыктарынан сылдьан үлэни-хамнаһы сүрүннүөхтэрэ.

Маннык өйөбүл, хамсааһын дойду үрдүнэн өссө ханна да суох. Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта С.И.Иванов улуус дьаһалтатын салайааччыларын кытары сүбэлэһэн, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга, өрө көтөҕүүгэ көмөлөөх буолуо диэн бу саҥа сүүрээни киллэрбитэ кэрэхсэбиллээх.

Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэһиттэргэ болҕомто ууруллан, үлэлэригэр – хамнастарыгар төһүү күүс буолуоҕа. Үрүҥ илгэ үрүлүйдүн, үүнүү-быйаҥ үксээтин, хонуу аайы хороҕор муостаах, сыһыы аайы сыспай сиэллээх элбээтин!

#сахапечать #улусмедиа #новости #верхневилюйскийлусу #сельскоехозяйство
В ХОЗЯЙСТВЕ ОЛЕКМИНЧАНИНА ПРИЖИЛИСЬ СВИНЬИ ВЕНГЕРСКОЙ ПОРОДЫ

Многие жители города и Олекминского района уже давно знают о личном подсобном хозяйстве В.Б. Попова, которое расположено под горой на Мелиораторов. Наш корреспондент встретился с хозяином и побеседовал с ним.

– Виталий Борисович, расскажите немного о себе, семье и как вы пришли к этому делу – разведению свиней в Олекминске?

– Я коренной олекминчанин, окончил ОТМЭСХ, затем работал лаборантом и мастером производственного обучения в мастерских техникума, учился в Иркутском сельскохозяйственном институте заочно, перевелся в местный филиал ЯГСХА и закончил его. В 2004 году открыл службу такси «Эльдорадо», в 2013 году организовал станцию технического обслуживания транспортных средств, а с 2016 года начал заниматься свиноводством, благо теоретическую базу постиг в техникуме, институте и филиале сельхозакадемии, занимался самообразованием. Приобрел данный участок за Лесхозом, съездил в Приморский край за породистыми поросятами. Женат, живем недалеко от своего хозяйства, там же находится и станция техобслуживания. Два сына, старшему 23 года, студент, учится в Новосибирске, младшему 12 лет, школьник, учится в Нерюнгри, живет там у бабушки. Сейчас приехал и находится дома с нами. Жена предприниматель, она и ведет дела на станции ТО.

Читайте далее https://ulus.media/2020/06/23/v-hozyajstve-olekminchanina-prizhilis-svini-vengerskoj-porody/.

#новости #сахапечать #улусмедиа #олекминскийулус #сельскоехозяйство
ПО ОЙМЯКОНСКОМУ УЛУСУ ПЛАНИРУЕТСЯ ЗАГОТОВИТЬ 3900 ТОНН ЗЕЛЕНЫХ КОРМОВ

Утверждённый план кормозаготовительной кампании в Оймяконском районе в этом году – 3900 тонн.

По информации начальника Управления сельского хозяйства Павла Сивцева, плановые задания доведены до всех наслегов улуса.

Под руководством главы МО «Оймяконский улус (район)»  Иннокентия Сивцева сформирован оперативный штаб района по кормозаготовке.

На данный момент в хозяйствах наслегов началась сенокосная страда. Но основная часть сенозаготовительной кампании в улусе начнётся с 20 июля.

Как и в прежние годы, на помощь сельчанам в каждом наслеге планируется привлечь мобильные бригады сенокосчиков. Об этом сообщила пресс-служба администрации района.

#сенокос #сельскоехозяйство #оймяконскийулус #коромзаготовка
ТОЙОН АРЫЫГА ХОТУУР ТЫАҺА КУҺУУРДА

Тыа сирин отчут-масчыт дьоно окко киирэн эрэллэр. Хаҥалас улууһугар күнү былдьаһа хотуур тыаһа куһуурда, күөх от тэлгэннэ, отууга отчут чэйэ оргуйда.

Хаҥаластар быйыл 39 тыһыынча туоннаттан тахса сүөһү аһылыгын бэлэмниэхтээхтэр. Итинтэн 33 тыһыынча 140 туонна оту күрүөлүөхтээхтэр, уоннааҕыта сиилэс, сенаж буолуохтаах. Күн бүгүн Улахан Ааҥҥа Михаил Павлов хаһаайыстыбатын звенота Тойон Арыы диэн сиригэр охсон саҕалаата.

Хаһаайыстыба бу сайын 2 тыһ. туонна күөх маассаны бэлэмниэхтээх. “Уопсайынан, саас Өлүөнэ өрө анньан арыылабыт үүнүүлэрин сирбэппит, атын да сирдэр эриэ-дэхси үүннүлэр. Тиэхиньикэ оттугун балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри төлүүр болдьохтоох “Туймаада-Нефть” хампаанньаны кытта сөпсөстүбүт. Сэттэ хаһаайыстыба оннук дьаһанар буолла. Саппаас чааһа баар, ол иһин окко былааммыт 100 бырыһыан туолар ини диэн суоттанабыт.

Бу сайын илин эҥэр улуустар курааҥҥа, аһыҥаҕа оҕустардылар. Билигин сирбитин-уоппутун көрүнэбит. Саппаас пуондаҕа оттуурга былаанныыбыт. Хайыы-үйэ  чурапчылар 1000 туоннаны ыларга үлэстилэр, мэҥэлэр көһөн тахсаары сураспыттара. Онон от ыйын 10 күнүттэн бары хаһаайыстыба оттоон үлүмнэһэн  сүөһү аһылыгын дэлэччи бэлэмнииргэ күүһү-кыаҕы түмүөхпүт”, – диэн Хаҥалас улууһун тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта Вячеслав Владимиров иһитиннэрдэ.

#улусмедиа #сенокос #сельскоехозяйство #хангаласскийрайон
ТУМАТ ЫЧЧАТА ХОТУ СИР УСУЛУОБУЙАТЫГАР КУУРУССА, СИБИИННЬЭ ИИТЭР

Усуйаана улууһун кииниттэн тэйиччи сытар Тумат нэһилиэгиттэн биир үөрүүлээх сонун кэллэ. Нэһилиэк олохтооҕо, эдэр киһи Алексей Горохов кэтэх хаһаайыстыбатыгар тутар икки тыһы сибиинньэтиттэн биирэ төрөөн, 8 сибиинньэ оҕотун биэрэн хаһаайын киһи үөрүүтэ үксээбит. Билигин төрүөх туруга кэминэн.

Алексей Андриянович Горохов төһө да сааһа эдэр буоллар, тыа хаһаайыстыбатын бу салаатыгар ылсан үлэлиир, дьыалатын сайыннарар санаалааҕа хайҕаллаах суол. Бу иннинэ, кини саас  инкубаторынан чоппуускалары таһаартарбытын туһунан сырдаппыппыт. Кини элбэх уопута суох эрээри, онтон иҥнэн турбакка, бэйэтэ тустаах литератураны, кинигэлэри ааҕан,  сибиинньэ, куурусса иитиитин ньыматын туһунан билиитин хаҥатар эбит.

Хоту сиргэ дьиэ сүөһүтүн, көтөрүн иитэр ыарахана биллэр. Аҥаардас  эбии аһылыгы, уотурбаны, комбикорманы атыылаһыы, аҕалтарыы элбэх харчыны-үбү, сыраны-сылбаны эрэйэр. Ол да буоллар  бу салааҕа кыһаллан үлэлээтэххэ сибиинньэ, куурусса түргэнник ситэр,  онон тыа сиригэр сайыннарарга, үлэлииргэ-хамсыырга, эбии дохуот киллэрэр, сибиэһэй аһы-үөлү хааччыйар сөптөөх дьарык буолар.

Алексей бэйэтэ дьаһанан, сөптөөх суолу тутуһан, дьыалата өссө сайда турарыгар ситиһиилэри баҕарабыт. Уонна кини дьарыга нэһилиэгиттэн, оройуонуттан, тустаах тэрилтэлэртэн өйөбүллээх буолуо диэн эрэнэбит.

#улусмедиа #устьянскийулус #тумат #сельскоехозяйство
УУС АЛДАННАР БЫЙЫЛ ОККО ЭРДЭ КИИРДИЛЭР

Быйыл кураан күн-дьыл туран, алаас сирдэр үүнүүлэрин аһыҥаттан куоттаран, Уус Алдан биирдиилээн нэһилиэктэригэр чааһынай хаһаайыстыбалар окко эрдэ киирдилэр.

Өлтөх нэһилиэгэр бу күҥҥэ үс чааһынай хаһаайыстыба от үлэтин саҕалаан, барыта 45 гаа сир охсуллан, 6 туонна от бэлэмнэннэ. Онтон Өнөр нэһилиэгэр бу күннэргэ эмиэ икки чааһынай хаһаайыстыба оттооһуну эрдэ саҕалаан, быйылгы үлэтин ситиһэр былааннаах. Бу хаһаайыстыбалар күрүөлээх сирдэрин аһыҥаттан эрдэ эмтээн бэлэмнэнэн, быйылгы от үлэтигэр тэрээһиннээхтик киирдилэр.

#улусмедиа #сахапечать #устьалданскийулус #сельскоехозяйство
НЬУРБА ДЬИИКИМДЭТИГЭР 98 СААСТААХ КЫРДЬАҔАС ОТ ОХСОР

Социальнай ситимнэргэ аҕам саастаах киһи от охсо сылдьар хаартыскаларын сэргии көрөн, «Ньурба» хаһыат кэрэспэдьиэнэ «Дьиикимдэ нэһилиэгэ” МТ баһылыга Варвара Анатольевна Сухариноваттан  чуолкайдаста, нэһилиэккэ сайыҥҥы күргүөмнээх үлэ туһунан ыйыталаста.

– Үйэтин сааһын тухары “Ньурба” сопхуос Дьиикимдэтээҕи отделениетыгар оробуочайтан саҕалаан, сылгы көрүүтүгэр бостуугунан үлэлээн кэлбит 98 саастаах үлэ, тыыл бэтэрээнэ Дмитрий Иванович Семёнов билигин да дьиэтин уһаайбатын отун хотуурунан охсор, мунньар.
Быйыл Улуу Кыайыы 75 сылынан оройуон бырагырааматыгар хапсан, тыыл бэтэрээнигэр Семенов Д.И. дьиэтин өрөмүөннэтиэхтээхпит.
Дьиикимдэ нэһилиэгэр быйыл бэс ыйыгар ардах өлгөмнүк түһэн уонна эбэҕэ уу халыйан от үүнүүтэ орто көрдөрүүлээх. Нэһилиэкпитигэр кэтэх хаһаайыстыбалаах ыалларбыт – 43, бааһынай хаһаайыстыбаларбыт – 3. Дьиикимдэҕэ уопсайа 385 ынах сүөһү, 331 сылгы баар. Кэтэх хаһаайыстыбалаахтар сорохтор окко киирдилэр,
бааһынай хаһаайыстыбалар окко киирэргэ бэлэмнэнэллэр. Быйыл окко былаан 1000 туонна.

Дьаҥ ыарыытыттан улахан оҕустарыыта суох экономиканы чөлүгэр түһэрэр туһугар дойду Президенэ Владимир Путин ыйааҕар олоҕуран улуус дьаһалтата “Күндээдэ” агрофирматтан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннэрбитигэр социальнай өйөбүл быһыытынан 4 саҥа төрүөх ньирэйдэри ылан биэрдилэр.

Нэһилиэккэ баар эдэр ыччат дьарыктаахтар, дуогабар быһыытынан тутууга уо.д.а. үлэлэргэ үлэлииллэр, – диэн кэпсээтэ Варвара Анатольевна, «Дьиикимдэ нэһилиэгэ” МТ баһылыга.

#нюрбинскийрайон #сенокосчики #сельскоехозяйство #новости #долгожители
ЧУРАПЧЫТТАН ТАНЯ НОВГОРОДОВА: “КУУРУССАЛАР ЭМИЭ ДЬОН КУРДУК ТУСПА МАЙГЫЛААХТАР”

Чурапчы улууһун дьаһалтата  “Дьиэҕэ олор. Дьиэ кэргэн экэниэмикэтинэн дьарыктан” пилотнай бырагырааманы үлэлэтэр. Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын 4 кылааһын выпускнига Таня Новгородова иитэр кууруссаларын туһунан ирэ-хоро кэпсээтэ. Кини төһө даҕаны алын сүһүөх кылааһы саҥардыы бүтэрбитин иһин, улахан киһи курдук боччумнаах, ураты көрүүлэрдээх, сырдык санаалаах кыыс буолан биэрдэ.

“Дьон ааттарынан ааттаталаабытым”

– Билигин төрдүс кылааһы бүтэрдим уонна буойун учуутал Степан Кузьмич Макаров аатынан Чурапчы гимназиятыгар туттарсан киирээри бэлэмнэнэ сылдьабын. Кууруссалары дьонум эрдэ ылан эмиэ иитэллэр этэ. Оттон быйыл биэс кууруссаны ылан көрө сылдьабыт. Маҥнай ийэм аах ыам ыйын бүтүүтэ аҕалбыттара, ол онтон ыла күн бүгүнүгэр диэри бэйэм көрөн сылдьабын. Кууруссаларбын бастаан көрөөт даҕаны кыргыттар ааттарынан ааттаталаабытым, холобура, Беллалаах Клара мэлдьи бииргэ сылдьар дьүөгэлиилэр (үөрэр), Изабелла буоллаҕына түүтэ иҥин үчүгэй буолан, олус кырасыабай, Ванесса түргэн-тарҕан уонна киҥнээх майгылаах (кырбый), оттон Валя барахсан наар туора сылдьар, ардыгар кырбанар. Кууруссалар син биир дьон курдук туспа майгылаах буолаллар эбит, – диэн кэпсиир Таня.

➡️➡️➡️ https://ulus.media/2020/07/07/churapchyttan-tanya-novgorodova-kuurussalar-emie-don-kurduk-tuspa-majgylaahtar/.

#УлусМедиа #Чурапчинскийулус #Сельскоехозяйство
В АБЫЙСКОМ УЛУСЕ ЗАГОТОВЯТ 2186 ТОНН СЕНА

В Абыйском районе план заготовки сена в этом году составляет 2186 тонн. По данным управления сельского хозяйства на сенокосных угодьях рост травы очень низкий.

По плану Абыйский наслег должен заготовить 821 тонн сена, участок Деску – 480, Майорский наслег – 222, Мугурдахский – 410, Уолбутский – 150. На долю сельскохозяйственных кооперативов приходится 500 тонн сена, фермерских хозяйств– 688, личных подсобных хозяйств – 948 и агрошкол – 50. По предварительным данным по заготовке сена участвуют 96 звеньев. Из них механизированных – 5, полумеханизированных – 32, конноручных – 16 и ручных – 43. В сенозаготовке будут участвовать 210 человек.

По информации управления сельского хозяйства о ходе подготовки к сенокосной кампании 2020 года в улусе имеется 5 сельскохозяйственных предприятий (СХПК «Кэнчээри», СХПК «Мугурдах», СХПК «Тирэх», СХПК «Сайдыы», РО КМНЭ «Опора»), 13 крестьянских (фермерских), 103 личных подсобных хозяйств, 3 агрошколы, занимающихся разведением животных. По состоянию на 6 июля на территории улуса поголовье крупного рогатого скота составляет 596 голов, в том числе коров – 225 голов. Лошадей в улусе 881 голов, в том числе кобыл – 554 голов. В районе имеется 60477, 4 га сенокосных угодий, в том числе используемых 28958,4 га, а пастбищ – 80695 га.

По сообщению специалиста сельского хозяйства травостой хуже, чем в прошлом году. Этому способствовала жаркая и сухая погода в начале лета. На сегодняшний день селяне готовы к сенокосной страде на 100 %. Некоторые частники уже переехали в сайылыки и начали подготовительные работы. Как закончатся дожди, в улусе массово приступят к сенокосу. Начнется горячая и ответственная пора сенозаготовки.

#УлусМедиа #новости #заготовкасена #сельскоехозяйство #Абыйскийулус
АММА II ЧАКЫРЫН СИРИГЭР-УОТУГАР КЭЛИИ СҮӨҺҮЛЭР ҮӨРЭНЭН ЭРЭЛЛЭР

II Чакыр нэһилиэгэр үлэлиир «Кэскил» ХЭТ хаһаайыстыбатыгар Смоленскай уобалаһыттан быйыл ыам ыйын саҥатыгар тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин көмөтүнэн уонна улуус салалтатын өйөбүлүнэн кэлбит 100 төбө эдэр сүөһү Тураҥ Үрдүгэр сайылыыллар. 23 бургунас төрөөннөр ыанньыксыттар үүтү ыан эрэллэр.

II Чакыр нэһилиэгэр үлэлии олорор Александр Карманов салайааччылаах «Кэскил» ХЭТ хаһаайыстыбатыгар быйыл ыам ыйын саҥатыгар Смоленскай уобалас Сычевскай оройуонуттан тарҕаммыт 100 төбө ынах сүөһү кэлбитэ.

Норуокка биллэринэн «сычевка» өлгөм үүттээҕинэн, эттээҕинэн, араас усулуобуйаҕа хаппырыыһа суох түргэнник сөп түбэһэринэн биллэр боруода бургунастары бостуук Егор Оконешников Тураҥ Үрдэ сайылыкка мэччитэр. Төрөөбүт ньирэйдэр Чупчаахха сүөһү иитиитигэр үгүс сыратын уурбут уопуттаах үлэһит Ульяна Оконешникова көрүүтүгэр киирэн иһэллэр.

Хас биирдии кэлии сүөһү биригэдьиир Светлана Григорьева уонна ыстаарсай ыанньыксыт Амгарита Кириллина кэтээн көрүүлэригэр сылдьаллар. Эдэр ынахтар үүттэрэ кыралаан эбиллэр. Туспа дойду сиригэр – уотугар сыыйа – баайа үөрэнэн эрэллэр.

«Бүгүҥҥү күҥҥэ диэри 23 бургунас төрөөтө, ньирэйдэрэ төрөлкөйдөр, бары этэҥҥэлэр. Сайын отучча, күһүн  эмиэ итиччэ, салгыы уочаратынан ити курдук төрөөн иһиэхтээхтэр. Төрөөбүт ынахтарбытын анал сиэмэнэн буоһатабыт. Сэттэ ыанньыксыт үллэстэн тутан иһэллэр. Бурдугу сиэтэбит, тото-хана мэччийэллэр. Кэлии ынахтарбыт майгыларынан да сымнаҕастар, эрэйэ суох ыаталлар. Элбэҕи аһыыллар, элбэх үүтү да биэриэхтэрэ диэн кэтэһэбит», – диэн этэр хаһаайыстыба биригэдьиирэ Светлана Григорьева.

@amma_olo5о

#сельскоехозяйство #улусмедиа #новости #Амгинскийрайон #
ОДУНУГА САХА ЫНАҔЫН МААНЫЛААН ИИТЭЛЛЭР

Саха сүөһүтүн анаан-минээн иитэр Горнай улууһун Одуну нэһилиэгин Кылыс сайылыгар сарсыардааҥҥы ыам ортолосто. Манна 108 хороҕор муостаах баарыттан, 32-тэ ыанньык. Күөх мэччирэҥнээх сайылыкка холбоон сүүсчэкэ лиитэрэни ыыллар.

Саха ынаҕа кыра үүттээх диэн мыынар табыллыбат, хойуута бэрт, ыаммытынан бэйэтэ чөчөгөй. «Кылыс» сайылык үрүҥ илгэтэ «Горнай-ас» тэрилтэҕэ утааарыллан, амтаннах ас эгэлгэтэ буолар. Быйыл ыанньыксыттар 10 туонна үүтү туттарыахпыт диэн мас-таас курдук сорук ылыммыттар.

Күн бүгүн сайылыкка биэс киһи түбүгүрэр. Үлэһиттэр бары сүөһүлэрин атаахтата былаастаан көрөллөр. “Саҥарбат эрэ буруйдаахтар, сымнаҕастар, эгэ муостарынан силэйиэхтэрэ дуо. Олус иччимсэхтэр, аны туран бытарҕан тымныыны тулуйаллар, дуона суох аһылыктаахтар, ыарыыга ылларбаттар», –  диэн хайгыыллар. Ынахтарын күһүн эрдэ уоллараллар, муус устартан ыам саҕаланар. Быйыл хаһаайыстыбаҕа туҥуй бургунастары ыан эрэллэр, сорохторо аҕыстыы лиитэрэҕэ тиийэ биэрэллэр.

«Саха ынаҕа» тэрилтэ бу Горнайдааҕы салаатыгар сайылыктарын саҥалыы оҥорон, тулата сэргэхсийбит. Кэҥэс титиик, күрүө-хаһаа, олорор дьиэ-уот тутуллубут. Үчүгэй усулуобуйаны сүөһүлэр кытары билэр курдуктар, сайылыктарыттан соччо ырааппаттар, дал таһыгар сүүнэ оҕус айаатаан лоҥкунатар.

Оттон Горнай улууһа үрэх сирдээх буолан, мас-от эрдэ хагдарыйар, курас тыал курдат ааһар. Оттоммут от онон барыта күөхтүү күрүөлэммэт. Ити иһин ынахтарын эбии аһаталлар, оччоҕуна үүттэрэ өссө хойдор. Уопсайынан даҕаны ынахтан элбэх бородууксуйаны ылыы аһылыгыттан тутулуктаах буоллаҕа.

Бу күннэргэ Горнайтан алта саха ынаҕын Москваҕа ыыттылар. 700 көс усталаах уһун айаны этэҥҥэ аһардыннар диэн үлэһиттэр аал уоту айах тутан, үтүө тылынан алҕаан атаардылар. Саха ынахтара дойду тэбэр сүрэҕэр тиийдэхтэринэ учуонайдар үөрэтиэхтэрэ, киһи аймаҕы уонна атын боруода сүөһүнү харыстыыр генетическэй кыаҕын быһаарыахтара.

#Улусмедиа #Горныйрайон #сельскоехозяйство #коровы #разведениекоров #якутскиекоровы
"ӨЛӨӨН" ХАҺААЙЫСТЫБА БИРИГЭЭДЭЛЭРИГЭР ТАҺАҔАС, ЭБИИ ҮЛЭҺИТ КҮҮС ТИЭРДИЛИННЭ

Бу күннэргэ «Өлөөн» таба иитэр муниципальнай хаһаайыстыба табаһыттарыгар былааннаах вертолетунан көтүү тэриллэн ыытылынна.

Таба иитэр хаһаайыстыба дириэктэрэ Анатолий Егоров дьиэ табатын иитэр түөрт биригээдэ кэлэктиибигэр сылдьан миэстэтигэр таба туругун кытта билсибиттэрин уонна табаһыттар сайаапкаларынан наадалаах ветеринарнай эмтэри, аһы-үөлү уонна эбии үлэһиттэри таһаарбыттарын иһитиннэрдэ.

– Таба иитэр бары биригээдэлэр былааннаах маршруттарынан сайыҥҥы мэччирэҥҥэ тахсан көһөн иһэллэр, табалар туруктара этэҥҥэ, мэччирэҥ да быйыл куһаҕана суох, – диэн кини бэлиэтээтэ.

Маны тэҥэ сайыҥҥы сынньалаҥнарын бириэмэтигэр таба иитэр биригээдэлэргэ көмөҕө, үлэлии 7 Харыйалаах орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ таҕыстылар.

#УлусМедиа #Оленекскийрайон #сельскоехозяйство #олени #разведениеоленей #таба
БҮЛҮҮ УЛУУҺУГАР АҺЫҤАНЫ УТАРЫ КӨДЬҮҮСТЭЭХ ҮЛЭНИ ЫЫТАЛЛАР

Бүлүү улууһугар оттооһун хаамыытын билсэ таарыйа Дьокуускайтан кэлэ сылдьар Саха сиринээҕи ФГБУ «Россельхозцентр» Намнааҕы салаатын салайааччыта Маргарита Григорьевна Габышеваны көрсөн үлэ-хамнас туһунан ыйыталастыбыт. Онуоха кини бу курдук кэпсээтэ:

– Ааспыт нэдиэлэ устата биһиги хас да буолан Бүлүү бөлөх улуустарынан арахсан үлэлээтибит. Мин Бүлүү улууһугар үлэлээтим. Үлэбит сүрүн хайысхата ходуһаҕа оту сиир аһыҥаны утары охсуһуу буолар. Онно анал фитомониторинг ыытыы, чинчийии, эмтээһин үлэлэрэ киирсэр.
Бүлүүгэ аһыҥа үөскүүрүн кэтээн көрүү анал үлэ 2015 сылтан саҕаламмыта. Биһиги дьыл үс кэмин хабан, бастаан саас эрдэ сир харатыгар, сайын ортото (куйааска), күһүн тоҥуу түһэ илигинэ үлэбитинэн улуустарга сылдьабыт. Ол курдук саас аһыҥа сымыыттыыр сирдэрин көрдүүбүт, онно кубышка диэн сымыыттар баар буолаллар, олор ортотунан 1 кв.м. 8 устуукаттан элбиэ суохтаахтар, итилэри анал учуокка ылыллар. Аһыҥа ити кэмтэн I-IV диэри возрастной циклы ааһар.

Биһиги дойдубутугар аһыҥа икки көрүҥэ баара биллэр. Ол курдук үөрүнэн сылдьар (стаднай) уонна биирдиилээн үөскүүр аһыҥалар (стаднайа суох) диэн көрүҥнэр бааллар. Биһиэхэ үксүн иккис көрүҥэ үөскүүр. Кинилэр ордук өр сыллаах оттору сөбүлээн сииллэр. Ол иһин аһыҥа үөскүүрүн эрдэ билэн-көрөн сиргэ түспүт сымыыттара эрдэ улаата-сайда, тэнийэ иликтэринэ хайаан да эмтиир наадалаах.
Биһиги Өкүндү, Чинэкэ, Бөтүҥ, Дьөккөн, Лөкөчөөн киэҥ бааһыналарыгар, ходуһаларыгар сылдьан араас таһымнаах үлэлэри ыыттыбыт. Аһыҥаны эмтииргэ олус туһалаах, дьиҥ-чахчы күүстээх дьайыылаах эмтэринэн «Аккорд», «Тарант» диэн химикаттар буолаллар.

Бу үлэбин ыытарбар улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департамена (салайааччы П.П. Иннокентьев) специалистары биэрэн, массыынанан хааччыйан улаханнык көмөлөстө. Ол иһин кинилэргэ барыларыгар махталым улахан, – диэн түмүктээтэ Маргарита Григорьевна.

#УлусМедиа #Вилюйскийрайон #кузнечики #сельскоехозяйство
В СЕЛЕ ТЕХТЮР КООПЕРАТИВ «ХАХСЫК» РАБОТАЕТ НА ПЕРЕДОВОЙ

В хозяйствах Хангаласского улуса идет активная работа по заготовке кормов и уборке урожая. На сегодняшний день на кормоуборочные работы вышли все хозяйства района. Ход работ находится на постоянном контроле руководства улуса.

На этой неделе начались выездные осмотры хозяйств во главе с заместителем главы района Олегом Иринеевым. Осмотр хода работ начался с кооператива «Хахсык» в с. Техтюр. «Кооператив «Хахсык» под чутким руководством Тамары Осиповой работает с 1994 года и является одним из стабильно развивающихся кооперативов района с громадным опытом. СХПК развивает животноводческую отрасль и сейчас строит коровник на 100 голов. Работа ведется слаженно, планов на обозримое будущее много», – отметил Олег Валерьевич.

В кооперативе также ведется работа по дополнительным кормам: хозяйство в этом году посеяло 100 га однолетних трав для заготовки сенажа, готовятся к зимне-стойловому периоду для КРС и лошадей.

«Основной задачей для хозяйств района сейчас – своевременное завершение кормозаготовки и недопущение потерь при уборке», – подчеркнул заместитель главы и пожелал удачи в работе. Также обговорили возможность участия кооператива в субсидиях. Осмотры хозяйств продолжаются, сообщает пресс-центр МР «Хангаласский улус».

#улусмедиа #новости #хангаласскийулус #сельскоехозяйство
БЫКИ "КЛАДОВОЙ ОЛЕКМЫ" УЛУЧШАТ ГЕНОФОНД ХОЛМОГОРСКОЙ ПОРОДЫ

ООО «Кладовая Олекмы» является уникальным хозяйством в республике – племенным репродуктором КРС холмогорской породы.

Селекционная работа ведется еще с 1981 года, когда в совхоз «Олекминский» зоотехником пришла работать Светлана Слепцова. Вместе с техником – осеменатором Марией Голомаревой на базе Амгино – Олекминской фермы они образовали ядро племенного стада КРС.

Итогом многолетнего и ответственного труда телятников, скотников, специалистов – зоотехников и техников – осеменаторов стала отправка олекминских бычков в Якутск, для улучшения породы.

Это случилось впервые в истории Олекминского района: 4 августа по заказу «Сахаагроплемобъединения» 7 бычков ООО «Кладовая Олекмы» погрузили на баржу судна «Геолог Рожков» и отправили в Якутск. Своих питомцев провожали главные специалисты хозяйства по животноводству Сергей Несмелов, Светлана Слепцова, Мария Голомарева и Мария Янкова. Им дали звучные клички, чтобы бычки и их будущее потомство помнило свои корни: Олекма, Снайпер (в честь Ивана Кульбертинова), Чароит, Соболь.

Бычки на 100% соответствуют холмогорской породе, их отбирали, проверяли генетическую родословную до 4-го колена. Теперь они отправились с важной миссией – повысить продуктивность мясо – молочной породы скота по всей республике.

#улусмедиа #новости #холмогорскаяпорода #сельскоехозяйство #олекминскийрайон #генофонд
В условиях санкций одной из главных отраслей по импортозамещению является сельское хозяйство. Главой Якутии @aisen_nikolaev поставлена задача увеличить производство местной продукции в республике.

На днях провели рабочую встречу по развитию сельского хозяйства. Были руководители предприятий республики, представители лабораторий и научно-исследовательских институтов в области молочной промышленности и животноводства из Якутии и других регионов, которые поделились своим опытом.

Для развития животноводства нам нужно полноценно реализовать так называемые 4 «К». Это кадры, качество (племенная селекционная работа), коровники (здесь очень интересен опыт Баршкирии по строительству быстровозводимых объектов) и самое главное – корма. По последнему пункту мы рассмотрели проект животноводческого комплекса полного цикла на 400 голов и проект комбикормового завода в Мегино-Кангаласском районе.

@tarasenko_av #якутия #сельскоехозяйство