Улус.Медиа | Новости Якутии
10.7K subscribers
58.6K photos
9.96K videos
27 files
40.1K links
Новости из районов Республики Саха(Якутия) и города Якутска

Ulusmedia
Ulus.Media
@ulusmedia
Улус Медиа

📪 Для связи: @ulusmedia_admin

✉️ Сотрудничество и реклама: +7 914 271‑07‑05

🤖 Бот: @Ulus_Media_bot
Download Telegram
ОДУНУГА САХА ЫНАҔЫН МААНЫЛААН ИИТЭЛЛЭР

Саха сүөһүтүн анаан-минээн иитэр Горнай улууһун Одуну нэһилиэгин Кылыс сайылыгар сарсыардааҥҥы ыам ортолосто. Манна 108 хороҕор муостаах баарыттан, 32-тэ ыанньык. Күөх мэччирэҥнээх сайылыкка холбоон сүүсчэкэ лиитэрэни ыыллар.

Саха ынаҕа кыра үүттээх диэн мыынар табыллыбат, хойуута бэрт, ыаммытынан бэйэтэ чөчөгөй. «Кылыс» сайылык үрүҥ илгэтэ «Горнай-ас» тэрилтэҕэ утааарыллан, амтаннах ас эгэлгэтэ буолар. Быйыл ыанньыксыттар 10 туонна үүтү туттарыахпыт диэн мас-таас курдук сорук ылыммыттар.

Күн бүгүн сайылыкка биэс киһи түбүгүрэр. Үлэһиттэр бары сүөһүлэрин атаахтата былаастаан көрөллөр. “Саҥарбат эрэ буруйдаахтар, сымнаҕастар, эгэ муостарынан силэйиэхтэрэ дуо. Олус иччимсэхтэр, аны туран бытарҕан тымныыны тулуйаллар, дуона суох аһылыктаахтар, ыарыыга ылларбаттар», –  диэн хайгыыллар. Ынахтарын күһүн эрдэ уоллараллар, муус устартан ыам саҕаланар. Быйыл хаһаайыстыбаҕа туҥуй бургунастары ыан эрэллэр, сорохторо аҕыстыы лиитэрэҕэ тиийэ биэрэллэр.

«Саха ынаҕа» тэрилтэ бу Горнайдааҕы салаатыгар сайылыктарын саҥалыы оҥорон, тулата сэргэхсийбит. Кэҥэс титиик, күрүө-хаһаа, олорор дьиэ-уот тутуллубут. Үчүгэй усулуобуйаны сүөһүлэр кытары билэр курдуктар, сайылыктарыттан соччо ырааппаттар, дал таһыгар сүүнэ оҕус айаатаан лоҥкунатар.

Оттон Горнай улууһа үрэх сирдээх буолан, мас-от эрдэ хагдарыйар, курас тыал курдат ааһар. Оттоммут от онон барыта күөхтүү күрүөлэммэт. Ити иһин ынахтарын эбии аһаталлар, оччоҕуна үүттэрэ өссө хойдор. Уопсайынан даҕаны ынахтан элбэх бородууксуйаны ылыы аһылыгыттан тутулуктаах буоллаҕа.

Бу күннэргэ Горнайтан алта саха ынаҕын Москваҕа ыыттылар. 700 көс усталаах уһун айаны этэҥҥэ аһардыннар диэн үлэһиттэр аал уоту айах тутан, үтүө тылынан алҕаан атаардылар. Саха ынахтара дойду тэбэр сүрэҕэр тиийдэхтэринэ учуонайдар үөрэтиэхтэрэ, киһи аймаҕы уонна атын боруода сүөһүнү харыстыыр генетическэй кыаҕын быһаарыахтара.

#Улусмедиа #Горныйрайон #сельскоехозяйство #коровы #разведениекоров #якутскиекоровы