Улус.Медиа | Новости Якутии
10.7K subscribers
58.6K photos
9.96K videos
27 files
40.1K links
Новости из районов Республики Саха(Якутия) и города Якутска

Ulusmedia
Ulus.Media
@ulusmedia
Улус Медиа

📪 Для связи: @ulusmedia_admin

✉️ Сотрудничество и реклама: +7 914 271‑07‑05

🤖 Бот: @Ulus_Media_bot
Download Telegram
БҮЛҮҮТЭЭҔИ ПЕДКОЛЛЕДЖЫ 29 ВЫПУСКНИК КЫҺЫЛ ДИПЛОМУНАН БҮТЭРДЭ

Быйыл Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай колледж 193 эдэр киһини такайан таһаарда. Кинилэртэн 29-һа кыһыл дипломунан үөрэҕин түмүктээтэ.

Студенныыр күйгүөрдээх сыллар биллибэккэ устан, Бүлүү педагогическай колледжын аанын сабар, үлэ-хамнас үөһүгэр оройунан түһэр кэм саҕаланан эдэр дьон биир курдук үөрэллэр, эмиэ даҕаны долгуйаллар. Орто анал идэни баһылаабыттарын туоһулуур диплому тутуу умнуллубат.

Надежда Андреева  студент үрдүк аатын сүгүөҕүттэн туйгуннук үөрэммит. Бэйэтэ саха гимназиятыттан ситиһиилээхтик кынаттанан  үөрэммит оскуолатыгар бу күһүн тиийэн оҕолору уһуйуоҕа. Кини эбии үөрэхтээһин педагогун  быһыытынан оҕо дьоҕурун сайыннарыыга сонун көрүүлэрдээх.

Оттон эдэр ыал Андреевтар Бүлүү колледжыгар дьоллорун түстээбиттэр. Альбина 1-кы кууруска Мэҥэ Хаҥаластан кэлбитэ, олоҕун аргыһа Айастаан Үөһээ Бүлүүттэн туттарсыбыта. Эдэр дьон көрсө түһээт, харахтарынан хайҕаһан  кэскил тэринэн, колледж уопсай дьиэтигэр олорбуттара. Билигин диплом ылан үлэлии бараары сылдьаллар. Ол иннинэ тапталлаах кыһаларыгар махтанан туран, үтүө үгэһи салҕаатылар. Эдэр дьон  бары ааттарын-суолларын, ымыы санааларын суруйан, чып курдук сиргэ кистээн кэбистилэр. Бу  кэлэр көлүөнэ студент аймахха илдьиттэрин кэлин хостоон таһааран көрүөхтэрэ, ааспыт, кэлэр кэми ситимниэхтэрэ.

Оттон олох тэтиминэн орто үөрэх кыһата саҥа суолга үктэнэр. Ол курдук Бүлүү техникумун кытта холбоһон, кэлэр үөрэх дьылыттан Бүлүүтээҕи профессиональнай-педагогическай колледж буолар. Саҥа сүүрээн эдэр дьоҥҥо өссө кыаҕы түстүөҕэ. Холобура, учуутал идэтин баһылыахтаах ыччат өссө эбии оробуочай идэни сатыыр буолуоҕа, оттон урукку техникумҥа үөрэнэ сылдьар оҕолор колледж 17 айар студиятыгар, куруһуогар дьарыктаныаҕа.

Билигин Бүлүү кыһата абитуриеннартан докумуоннары тутар. Кэлэр үөрэх дьылыгар 325 миэстэ көрүллэн турар.

#сахапечать #новости #улусмедиа #вилюйскийрайон
БҮЛҮҮГЭ СӨТҮӨЛҮҮР СИРИ ОҤОРДУЛАР

Бүлүү куоратын Оруктаах күөлүгэр бу күннэргэ оҕо-аймах, улахан да дьон кылгас сайын куйаас күннэрин баттаһа сөтүөлүү, сынньана кэлэллэрэ элбээтэ. Тоҕо диэтэххэ, манна билиҥҥи ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир бэртээхэй пляж баар буолла.

Оруктаах ыраас уулаах күөлүгэр сөтүөлүүр сири оҥорорго элбэх тэрээһин үлэлэр ыытылыннылар. ГИМС, МЧС, Роспотребнадзор уо.д.а. туһааннаах тэрилтэлэртэн көҥүл ылан, күөл уутун анаалыстатан, анныгар баар өстүөкүлэ үлтүркэйдэрин водолазтарынан ыраастатан, дьоҥҥо табыгастаах усулуобуйаны тэрийэргэ элбэх үлэ барбыта тута харахха быраҕыллар.

20-чэ массыына ыраас кумах таһыллан кутуллубутун устудьуоннар тутар этэрээттэрэ тарҕатыы үлэтин көхтөөхтүк ылсыбыт. Онон бары бииргэ түмсэн, манна элбэх тэрилтэ күүс-көмө буолбутун сөтүөлүүр сири оҥорууну тэрийбит, үлэни көҕүлээн ыыппыт Бүлүү куорат дьаһалтатын баһылыга Н.В.Афанасьев тоһоҕолоон бэлиэтиир.

Ити курдук Оруктаахха күн аайы оҕолор астына сөтүөлээн, сибиэһэй салгыҥҥа дуоһуйа оонньоон-көрүлээн, сайыҥҥы күннэри доруобуйаларыгар туһалаахтык атаараллар. Сөтүөлүүр сир чөл олох территориятынан биллэриллэн, бөҕү-сыыһы мээнэ хаалларбат туһугар анал урналар туруоруллубуттар.

– Оҕолорбун кытта бу саҥа пляжка сынньана, сөтүөлүү кэллибит. Барыта олус үчүгэй эбит, оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох, астыннылар аҕай, – диэн кылгастык санаатын үллэһиннэ эдэр төрөппүт Иван Иванов.

Оруктаах күөлүгэр сөтүөлүүр сири оҥорууга куорат дьаһалтатын Степан Федоров салайааччылаах физкултуураҕа уонна спорка салалтатын үлэһиттэрэ төһүү күүс буолбуттарын бэлиэтиир тоҕоостоох.

Бүлүү куорат дьаһалтата билиҥҥи кэмҥэ коронавирус дьаҥа баарынан сибээстээн сөптөөх дистанцияны уонна атын да хааччахтыыр миэрэлэри, бэрээдэги кытаанахтык тутуһан сылдьалларыгар олохтоохтору ыҥырар.

#Улусмедиа #Вилюйскийрайон #купание #пляж #лето
БҮЛҮҮ УЛУУҺУГАР АҺЫҤАНЫ УТАРЫ КӨДЬҮҮСТЭЭХ ҮЛЭНИ ЫЫТАЛЛАР

Бүлүү улууһугар оттооһун хаамыытын билсэ таарыйа Дьокуускайтан кэлэ сылдьар Саха сиринээҕи ФГБУ «Россельхозцентр» Намнааҕы салаатын салайааччыта Маргарита Григорьевна Габышеваны көрсөн үлэ-хамнас туһунан ыйыталастыбыт. Онуоха кини бу курдук кэпсээтэ:

– Ааспыт нэдиэлэ устата биһиги хас да буолан Бүлүү бөлөх улуустарынан арахсан үлэлээтибит. Мин Бүлүү улууһугар үлэлээтим. Үлэбит сүрүн хайысхата ходуһаҕа оту сиир аһыҥаны утары охсуһуу буолар. Онно анал фитомониторинг ыытыы, чинчийии, эмтээһин үлэлэрэ киирсэр.
Бүлүүгэ аһыҥа үөскүүрүн кэтээн көрүү анал үлэ 2015 сылтан саҕаламмыта. Биһиги дьыл үс кэмин хабан, бастаан саас эрдэ сир харатыгар, сайын ортото (куйааска), күһүн тоҥуу түһэ илигинэ үлэбитинэн улуустарга сылдьабыт. Ол курдук саас аһыҥа сымыыттыыр сирдэрин көрдүүбүт, онно кубышка диэн сымыыттар баар буолаллар, олор ортотунан 1 кв.м. 8 устуукаттан элбиэ суохтаахтар, итилэри анал учуокка ылыллар. Аһыҥа ити кэмтэн I-IV диэри возрастной циклы ааһар.

Биһиги дойдубутугар аһыҥа икки көрүҥэ баара биллэр. Ол курдук үөрүнэн сылдьар (стаднай) уонна биирдиилээн үөскүүр аһыҥалар (стаднайа суох) диэн көрүҥнэр бааллар. Биһиэхэ үксүн иккис көрүҥэ үөскүүр. Кинилэр ордук өр сыллаах оттору сөбүлээн сииллэр. Ол иһин аһыҥа үөскүүрүн эрдэ билэн-көрөн сиргэ түспүт сымыыттара эрдэ улаата-сайда, тэнийэ иликтэринэ хайаан да эмтиир наадалаах.
Биһиги Өкүндү, Чинэкэ, Бөтүҥ, Дьөккөн, Лөкөчөөн киэҥ бааһыналарыгар, ходуһаларыгар сылдьан араас таһымнаах үлэлэри ыыттыбыт. Аһыҥаны эмтииргэ олус туһалаах, дьиҥ-чахчы күүстээх дьайыылаах эмтэринэн «Аккорд», «Тарант» диэн химикаттар буолаллар.

Бу үлэбин ыытарбар улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департамена (салайааччы П.П. Иннокентьев) специалистары биэрэн, массыынанан хааччыйан улаханнык көмөлөстө. Ол иһин кинилэргэ барыларыгар махталым улахан, – диэн түмүктээтэ Маргарита Григорьевна.

#УлусМедиа #Вилюйскийрайон #кузнечики #сельскоехозяйство
БҮЛҮҮ КУОРАТЫГАР САҤА МУРАЛ ИСТОРИЯ КЭРЭҺИТЭ БУОЛУОҔА

Бүлүү куорат саҥа кварталыгар, Мир уулуссатын 108 г №-дээх уопсай дьиэтин биир улахан эркинигэр үс этээс тухары үрдүктээх, ураты ис хоһоонноох саҥа мурал баар буолла.

Бу искусство эйгэтин биир дьикти көрүҥүн ааптарынан бүлүүлэр биир дойдулаахтара, Саха народнай поэта Иван Михайлович Гоголев – Кындыл кыыһа, Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын кылаабынай худуоһунньуга Лена Гоголева буолар.

Кини оҥорбут эскиһинэн уонна үп-харчы көмөтүнэн Кэт Марсден сырдык аатыгар анаммыт муралы Дьокуускайтан худуоһунньуктар Григорьев Александр Васильевич уонна Туйаара Степановна аҕыс күн устата оҥорон, уруһуйдаан бүтэрдилэр.

1892 сыллаахха Англия хорсун санаалаах сиэстэрэтэ Кэт Марсден «проказа» курдук ыарахан ыарыыттан дьону быыһыыр туһугар «кучукта» диэн үүнээйини көрдөөн, уһун унньуктаах, сылаалаах айаны аахсыбакка, Бүлүүгэ тиийэ кэлэ сылдьыбытыгар анаан бу мурал күн сирин көрдө.

Мурал аһыллыытыгар Бүлүү куорат дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Татьяна Мосова үлэлээбит худуоһунньуктарга Махтал суруктары туттарда. Онтон худуоһунньук Александр Григорьев Бүлүү куорат дьаһалтатыгар үлэлиир, олорор усулуобуйаларын үчүгэйдик тэрийбиттэрин иһин уонна остолобуой үлэһиттэригэр, улахан күүс-көмө буолбут крановщик Виктор Морозка махталын биллэрдэ.

Бу оҥоһуллубут улахан үлэ ордук оҕо аймахха уонна эдэр ыччакка төрөөбүт дойдутун историятын билэллэригэр уонна искусство кэрэ эйгэтин таба өйдүүллэригэр күүс-көмө буолуоҕа диэн худуоһунньуктар бэйэлэрин санааларын эттилэр.

#улусмедиа #новости #вилюйскийрайон #мурал #художники #кэтмарсден