#ИлТүмэҥҥэ
💢 Өспөх баһылыга Лена Свешникова Дмитрий Гороховка анаммыт мунньах үрдүк таһымҥа ааспытын бэлиэтиир
Киин куоракка Олохтоох бэйэни салайыныы бэрэстэбиитэллээх уорганнарын II сийиэһин тэрээһиннэрин чэрчилэринэн кулун тутар 30 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) дьиэтигэр 12-с ыҥырыылаах Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин депутата, III уонна IV ыҥырыылаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) олохтоох бэйэни салайыныы боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстабын үтүөлээх үлэһитэ, Булуҥ улууһун, Өспөх уонна Бөллөт эбэҥки национальнай нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, биир дойдулаахпыт Дмитрий Горохов төрөөбүтэ 75 сылыгар анаан өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһын мунньаҕа норуот депутата, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Жирков салалтатынан ыытылынна.
Бу туһунан төрөөбүт нэһилиэгин баһылыга Лена Свешникова иһитиннэрэр:
– Мунньах кыттыылаахтара Дмитрий Николаевичтыын алтыспыт кэмнэрин, айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр, Ил Түмэҥҥэ үлэлээбит кэминээҕи үлэтин-хамнаһын, ситиһиилэрин, хайыһарынан десаннары тэрийсибитин, сылдьыспытын туһунан, олоҕун онтон да атын кэрчиктэрин үтүө тылынан аҕыннылар. Бүтэһигэр кырыыламмыт алмаас таас курдук араас талааннаах киһибит туһунан документальнай киинэни уһулуохха диэн этии киирбитин мустубут дьон бары сэҥээрдилэр.
Мунньах бырагырааматынан Дмитрий Николаевич Горохов үлэтин, олоҕун көрдөрөр быыстапка турда, ону сэргэ «Дальние и сверхдальние лыжные переходы в Якутии» кинигэ (ред. А.Н. Жирков) сүрэхтэннэ.
Быыстапкаҕа биһиги нэһилиэкпититтэн кинини кытта алтыспыт кэмнэрбитин билиһиннэрэр планшет оҥорон туруордубут, ону сэргэ Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа үөрэнэ сылдьан уруһуйдаабыт хартыыналарын оҕолорун көмөлөрүнэн араамалатан туруордубут.
Бу мунньаҕы тэрийэн ыыппыт норуот депутатыгар, ытыктыыр киһибитигэр Александр Николаевич Жирковка, ыҥырыыны ылынан кэлбит бары кыттыылаахтарга махтанабыт.
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/94219

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үөрэхэйгэтэ
💢 Лөгөй орто оскуолатыгар илин эҥээр бастыҥ эдэр учуутала быһаарыллыаҕа
Муус устар 4-5 күнүгэр Лөгөй орто оскуолатыгар илин эҥээр улуустарын эдэр учууталларын күрэхтэһиитэ үрдүк таһымҥа ыытылла турар. Манна алта улуустан: Мэҥэ Хаҥаластан, Амматтан, Тааттаттан, Чурапчыттан, Уус Майаттан уонна Уус Алдантан – 13 эдэр учуутал кыттыыны ыла сылдьар. Кинилэри түөрт хайысханан 19 эксперт сыаналыыр.
Маҥнайгы күн уруоктары көрүү, мэтэдьиичэскэй сэминээр уонна бөлөҕүнэн бырайыак көмүскээһинэ буолла. Бу улахан күрэхтэһии биһиги оскуолабытыгар ыытылла турара мээнэҕэ буолбатах. Ол курдук былырыыҥҥы үөрэх дьылыгар оскуолабыт историяҕа уонна обществознаниеҕа учуутала Василий Бережнев илин эҥээр улуустарын эдэр учууталларын күрэхтэһиитин кыайыылааҕа буолбута. Онон киниттэн аҕыйах ыйытыыга эппиэттииригэр көрдөстүм.
Салгыы комментарийдарга көр⬇️⬇️⬇️
✍️ Айгыына Бурнашева, Лөгөй орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ
☑️ https://мюрюгазета.рф/article/94237
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Муус устар 4-5 күнүгэр Лөгөй орто оскуолатыгар илин эҥээр улуустарын эдэр учууталларын күрэхтэһиитэ үрдүк таһымҥа ыытылла турар. Манна алта улуустан: Мэҥэ Хаҥаластан, Амматтан, Тааттаттан, Чурапчыттан, Уус Майаттан уонна Уус Алдантан – 13 эдэр учуутал кыттыыны ыла сылдьар. Кинилэри түөрт хайысханан 19 эксперт сыаналыыр.
Маҥнайгы күн уруоктары көрүү, мэтэдьиичэскэй сэминээр уонна бөлөҕүнэн бырайыак көмүскээһинэ буолла. Бу улахан күрэхтэһии биһиги оскуолабытыгар ыытылла турара мээнэҕэ буолбатах. Ол курдук былырыыҥҥы үөрэх дьылыгар оскуолабыт историяҕа уонна обществознаниеҕа учуутала Василий Бережнев илин эҥээр улуустарын эдэр учууталларын күрэхтэһиитин кыайыылааҕа буолбута. Онон киниттэн аҕыйах ыйытыыга эппиэттииригэр көрдөстүм.
Салгыы комментарийдарга көр⬇️⬇️⬇️
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүҥҥүттэн Уус Алдан улууһун "Мүрү саһарҕата" хаһыатын иһинэн оҕолорго анаан икки ыйга биирдэ тахсар "Үрүйэчээн" хаһыаппыт Вконтакте социальнай ситимҥэ страницаланна
Хаһыат бастакы нүөмэрэ олунньуга бэчээттэнэн тарҕаммыта, оттон иккис нүөмэрэ муус устар 21 күнүгэр тарҕанара былааннанна. Хомойуох иһин, хаһыат иэнэ кыра, оҕолортон киирэр суруктары барыларын хаһыакка батарар кыахпыт суох, онон Вконтакте социальнай ситимҥэ тута таһааран иһиэххэ диэн быһаардыбыт.
Бу страница интэриэһинэй буоларыгар, улууспут оҕолорун түмэригэр бары үлэлэһиэххэйиҥ диэн ыҥырабыт. Эһигиттэн сонуннары, интэриэһинэй суруйуулары, тэттик кэпсээннэри, хоһооннору, видеолары, хаартыскалары күүтэбит, улууспут оскуолаларын пресс-кииннэрэ көхтөөхтүк кыттыһыахтара диэн эрэнэбит.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үрүйэчээн
Илин эҥээр улуустарын эдэр учууталларын 2023 сыллааҕы күрэхтэһиитэ Кэптэнигэ Лөгөй орто оскуолатыгар буола турар. Барыта 6 улуустан 13 кыттааччы икки күн устата биэс көрүҥҥэ бэйэлэрин тургутуһаллар.
Күрэхтэһии туһунан Лөгөй орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Айгыына Бурнашева сырдатыыларын “Үрүйэчээҥҥэ” аах
⬇️⬇️⬇️
Лөгөй орто оскуолатыгар илин эҥээр бастыҥ эдэр учуутала быһаарыллыаҕа👇
https://vk.com/wall-219778198_3
Эдэр учууталлар күрэхтэһии туһунан санааларын үллэстэллэр👇
https://vk.com/wall-219778198_4
Үөрэнээччилэр эдэр учууталлар уруоктарын сыаналаатылар👇
https://vk.com/wall-219778198_5
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Илин эҥээр улуустарын эдэр учууталларын 2023 сыллааҕы күрэхтэһиитэ Кэптэнигэ Лөгөй орто оскуолатыгар буола турар. Барыта 6 улуустан 13 кыттааччы икки күн устата биэс көрүҥҥэ бэйэлэрин тургутуһаллар.
Күрэхтэһии туһунан Лөгөй орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Айгыына Бурнашева сырдатыыларын “Үрүйэчээҥҥэ” аах
⬇️⬇️⬇️
Лөгөй орто оскуолатыгар илин эҥээр бастыҥ эдэр учуутала быһаарыллыаҕа
https://vk.com/wall-219778198_3
Эдэр учууталлар күрэхтэһии туһунан санааларын үллэстэллэр
https://vk.com/wall-219778198_4
Үөрэнээччилэр эдэр учууталлар уруоктарын сыаналаатылар
https://vk.com/wall-219778198_5
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
VK
Үрүйэчээн
VK is the largest European social network with more than 100 million active users. Our goal is to keep old friends, ex-classmates, neighbors and colleagues in touch.