УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.5K subscribers
33.7K photos
3.1K videos
10 files
5.75K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#илтүмэҥҥэ

Александр Жирков: «Оҕо төрөөбүт тылынан иитиллэр, үөрэнэр эйгэтэ тэриллиэхтээх»

Ити туһунан бэрт сэргэх дьүүллэһии Саҥа дьыллааҕы сынньалаҥтан киирээт, тохсунньу 12 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ, Саха парламенын бастакы вице-спикерэ Александр Жирков тэрийбит мунньаҕар буолла.

Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/86223
#ИлТүмэҥҥэ

💢 Клавдия Васильева үс кинигэтэ Ил Түмэҥҥэ сүрэхтэннэ

Уус Алдан улууһун настаабынньык-педагога, үрдүк категориялаах иитээччи, РСФСР үөрэхтээһинин туйгуна, учууталлар Учууталлара, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Арассыыйа суруналыыстарын Сойуустарын чилиэнэ Клавдия Васильева уонна кини уһуйбут иитээччилэрэ Наталья Сивцева уонна Саргылаана Готовцева кыра саастаах оҕолорго анаммыт кинигэлэрин сүрэхтэниитэ Ил Түмэн сэбиэтин мунньаҕын саалатыгар Педагог уонна уһуйааччы сылыгар ананан ыытылынна.

Клавдия Васильева суруналыыс быһыытынан оҕо сахалыы сөпкө суруйар, саҥарар уонна сиэр-майгы өттүнэн сайдарыгар аналлаах бэчээккэ таһаарыы сэдэҕин, иитии-үөрэтии эйгэтигэр аналлаах литература хайаан да наадалааҕын этэр.

Кини ити кыһалҕаны туоратыыга айымньылаахтык ылсан үлэлээтэ. Кини уопсайа 13 кинигэ ааптара. Оттон быйыл бэчээттэнэн тахсыбыт “Айылҕа азбуката” диэн сиэдэрэй ойуулаах-бичиктээх, тэттик кэпсээннэрдээх кинигэтин тыла-өһө оҕоҕо тиийимтиэтинэн умсугутуулаах. “Толкуйдуу үөрэнэбит” кинигэтэ төрөппүт, иитээччи оҕолордуун бииргэ үлэлииллэригэр анаммыт. Кинигэ 6-7 саастаах оҕо тарбаҕын былчыҥын, тылын, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарарга анаммыт. Үһүс “Толкуйдатар таайбараҥнар” кинигэтигэр таайбараҥ арааһа төрөөбүт тыл баайын, араас тыл суолтатын билэргэ туһуламмыт.

✍️ Наталья Попова

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/93470

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ИлТүмэҥҥэ

💢 Өспөх баһылыга Лена Свешникова Дмитрий Гороховка анаммыт мунньах үрдүк таһымҥа ааспытын бэлиэтиир

Киин куоракка Олохтоох бэйэни салайыныы бэрэстэбиитэллээх уорганнарын II сийиэһин тэрээһиннэрин чэрчилэринэн кулун тутар 30 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) дьиэтигэр 12-с ыҥырыылаах Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин депутата, III уонна IV ыҥырыылаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) олохтоох бэйэни салайыныы боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстабын үтүөлээх үлэһитэ, Булуҥ улууһун, Өспөх уонна Бөллөт эбэҥки национальнай нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, биир дойдулаахпыт Дмитрий Горохов төрөөбүтэ 75 сылыгар анаан өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһын мунньаҕа норуот депутата, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Жирков салалтатынан ыытылынна.

Бу туһунан төрөөбүт нэһилиэгин баһылыга Лена Свешникова иһитиннэрэр:

– Мунньах кыттыылаахтара Дмитрий Николаевичтыын алтыспыт кэмнэрин, айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр, Ил Түмэҥҥэ үлэлээбит кэминээҕи үлэтин-хамнаһын, ситиһиилэрин, хайыһарынан десаннары тэрийсибитин, сылдьыспытын туһунан, олоҕун онтон да атын кэрчиктэрин үтүө тылынан аҕыннылар. Бүтэһигэр кырыыламмыт алмаас таас курдук араас талааннаах киһибит туһунан документальнай киинэни уһулуохха диэн этии киирбитин мустубут дьон бары сэҥээрдилэр.

Мунньах бырагырааматынан Дмитрий Николаевич Горохов үлэтин, олоҕун көрдөрөр быыстапка турда, ону сэргэ «Дальние и сверхдальние лыжные переходы в Якутии» кинигэ (ред. А.Н. Жирков) сүрэхтэннэ.

Быыстапкаҕа биһиги нэһилиэкпититтэн кинини кытта алтыспыт кэмнэрбитин билиһиннэрэр планшет оҥорон туруордубут, ону сэргэ Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа үөрэнэ сылдьан уруһуйдаабыт хартыыналарын оҕолорун көмөлөрүнэн араамалатан туруордубут.

Бу мунньаҕы тэрийэн ыыппыт норуот депутатыгар, ытыктыыр киһибитигэр Александр Николаевич Жирковка, ыҥырыыны ылынан кэлбит бары кыттыылаахтарга махтанабыт.


☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/94219
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ИлТүмэҥҥэ

Александр Жирков Уус Алдан улууһун салалтатын кытта көрүстэ

Балаҕан ыйын 15 күнүгэр Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Жирков 2013-2023 сс. Уус Алдан улууһун салалтатын – баһылык Алексей Федотовы, улуус баһылыгын бастакы солбу­йааччынан үлэлээбит Петр Сивцевы, баһылык солбуйааччытын Семен Бурнашеву кытта көрүстэ. Ил Түмэҥ­ҥэ буолбут көрсүһүүгэ Александр Николаевич кинилэргэ төрөөбүт-үөскээбит улуустарын сайдыытын, дьон-сэргэ олоҕо тупсарын туһугар уһун кэмҥэ бииргэ үлэлэрин иһин махталын тириэртэ уонна инникитин даҕаны олохторугар, үлэ­лэригэр саҥа ситиһиилэри баҕарда.

Салгыы балаҕан ыйын 17 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ Александр Жирков Уус Алдан улууһун дьаһалтатын саҥа талыллыбыт баһылыгын Василий Аммосовы кытта көрүстэ. Александр Николаевич Василий Ивановиһы Уус Алдан улууһун салалтатын баһылыгынан талыллыбытынан истиҥник эҕэрдэлээтэ уонна саҥа үлэтигэр ситиһиилэри баҕарда.

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/aleksandr-zhirkov-uus-aldan-uluuhun-salaltatyn-kytta-keryste/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM