УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.46K subscribers
33.3K photos
3.05K videos
10 files
5.71K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#үөрэхэйгэтэ

Наталья Павлова уруһуй учууталларын Бүтүн Россиятааҕы бастакы форумнарыгар кытынна

Сэтинньи 17-18 куннэригэр Санкт-Петербург куоракка А.И. Герцен аатынан Российскай педагогическай университекка уруһуй учууталларын Бүтүн Россиятааҕы бастакы форума ыытылынна. Форум сыалынан-соругунан уруһуй учууталларын идэлэринэн сайдалларыгар сөптөөх эйгэни тэрийии,саҥа ньымалары туттуу, айар-тутар дьоҕурдара сайдалларыгар саҥа сүүрээннэри толкуйдааһын уонна киллэрии, үөрэх атын хайысхаларын уруһуйу кытта ситимнээһин буолар. Бу форумҥа Россия араас муннуктарыттан барыта 400 учуутал кыттыыны ылла. Саха сириттэн 7 учуутал барбыта, олор истэригэр Мүрү 1 №-дээх орто оскуолатыттан Наталья Павлова баран кэллэ. Кини форумҥа кыттыытын туһунан бу курдук кэпсээтэ

Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/82025

✍️ Мария Аммосова, уопсас. кэрэсп.
#үөрэхэйгэтэ

Улуустан 36 үөрэнээччи Ил Дархан Харыйатыгар кыттыаҕа

"Бүгүн улуус 29 оскуолатыттан 36 активист, үөрэхтэригэр туйгун, спортсмен оҕолор өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын Харыйатыгар кытта айаннаатылар", – диэн үөрэх улуустааҕы управлениетыттан иһитиннэрдилэр.

Саҥа дьыллааҕы тэрээһин ахсынньы 22 күнүттэн 25 күнүгэр диэри ыытыллар. Быйыл Оҕо гражданскай форумугар, араас култуурнай тэрээһиннэргэ, биллиилээх дьону кытта көрсүһүүлэргэ уонна ахсынньы 24 күнүгэр Саха циркэтин дьиэтигэр Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыгар сылдьыахтара.

@murusahargata
#үөрэхэйгэтэ

💢 Учуутал аатын үйэтитэр олимпиада 13-с төгүлүн ыытылынна

Мүрү 1 №-дээх орто оскуолатын алын сүһүөх кылаастарын учууталларын холбоһуга оскуолаҕа өр сылларга алын сүһүөх кылаас учууталынан үлэлээбит педагогическай үлэ, тыыл бэтэрээнэ Варвара Троева (1935-2002) аатын үйэтитэр сыаллаах төрөөбүт тыл уонна литэрэтиирэ олимпиадатын 2010 сылтан тэрийэн ыытар. Оскуола алын сүһүөх кылаастарын учууталларын "Росток" мэтэдьиичэскэй холбоһугун салайааччыта Дилия Ефремова олунньу 21 күнүгэр ыытыллыбыт олимпиада туһунан маннык сэһэргээтэ.

– Бэҕэһээ олимпиаданы 13-с төгүлүн тэрийэн ыыттыбыт. Бэлэмигэр оскуола салалтата, педагогтар, мэтэдьиичэскэй холбоһук учууталлара бары көмөлөөммүт тэрээһинэ табылынна. Олимпиада аһыллыытыгар оскуола дириэктэрэ Игорь Сивцев уонна В.М. Троева төрөппүт кыыһа – С.С. Васильев аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ справочнай-библиографическай салаатын кыл.библиограба Любовь Копырина тыл этэн олимпиадаҕа кытта кэлбит оҕолору, кинилэр учууталларын эҕэрдэлээтилэр. Любовь Дмитриевна ийэтин Варвара Михайловна туһунан туруоруллубут быыстапка сүнньүнэн хомоҕой тылынан кэпсээтэ, учуутал, ийэ быһыытынан сырдаппытын сэргии иһиттибит.

Төрөөбүт тыл уонна литэрэтиирэ улуустааҕы олимпиадаҕа улуус 19 оскуолатыттан 117 оҕо кыттыыны ылла.

Кыайыылаахтар ааттарын комментарийга көр👍


✍️ Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.

https://мюрюгазета.рф/article/90941
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үөрэхэйгэтэ

💬 Уһун Күөл орто оскуолатын маҥнайгы кылааһын үөрэнээччилэрэ "Дьоһуннааҕы кэпсэтии" сахалыы уруоктарга олус сөбүлээн үөрэнэллэр, "Кэскил" хаһыат "Дьоһуннааҕы кэпсэтии" балаһатыгар тахсар олус баай, туһалаах интерактивнай матырыйаалларын хото көрөллөр, туһаналлар.

Патриотическай тыын өйдөбүлэ саҥа уһуктан эрэр кырачаан дьонугар Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүгэр аналлаах "Дьоһуннааҕы кэпсэтии" олус сэргэх, туһалаах буолбутун бэлиэтээтибит. Бэрт олохтоох, сэргэх кылаас чааһа ааспытыттан астынныбыт.

Кылаас салайааччыта Арассыыйа Федерациятын үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, 1-кы Өспөх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Зинаида Иванова баай ис хоһоонноох, ураты мэтиэдьикэлээх уруоктардаах. Онон төрөппүттэр хас биирдии оҕо психологиятын таба таайан, оҕону араас өттүттэн иитэн, киһи киһитэ оҥорон таһаарар учууталбытыгар махталбыт муҥура суох диэн тиэрдэллэр.

Дьоһуннаах маҥнайгы кылаас үөрэнээччилэрэ Сахабыт сирин олохтоохторугар сырдык ыраас халлааны, иллээх-эйэлээх олоҕу, чэгиэн доруобуйаны баҕара хаалаллар.

@murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үөрэхэйгэтэ

💢 Араатар уолаттар күөн күрэстэрэ сыллата сайдар

В.В. Алексеев аатынан Тойон Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларыгар уол оҕо саныыр санаатын үс омук тылынан: сахалыы, нууччалыы, английскайдыы – сайа этэригэр уонна бэйэтин үөлээннээхтэрин кытта бодоруһа улаатарыгар туһаайыллар “Словом победишь!” араатар уолаттар куонкурустара улууска алтыс, өрөспүүбүлүкэҕэ үһүс төгүлүн үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.
Быйылгы куонкуруска Кэбээйи, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Үөһээ Бүлүү, Хаҥалас, Чурапчы улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан барыта 95 уол тэйиччиттэн кытынна.

✍️ Наталья Бурцева, Мария Жиркова, Тойон Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын саха тылыгар уонна литературатыгар учууталлара

☑️ t.iss.one/murusahargata
@ulusmedia

https://мюрюгазета.рф/article/92881
#үөрэхэйгэтэ

💢 Эдэр чинчийээччи Александр Турантаев ситиһиилэрэ улахаттар

Кулун тутар 24 күнүгэр «Россия – мин историям» историческай пааркаҕа Наука күнүгэр аналлаах улахан тэрээһин буолан ааста. Быйылгы кэмпириэнсийэҕэ бастакы түһүмэххэ 400-тэн тахса кыттааччыттан сүүмэрдэнэн 223 эдэр чинчийээччи иккис түһүмэххэ таҕыста. Олор истэригэр Уһун Күөл орто оскуолатыттан 5-с кылаас туйгун үөрэнээччитэ Александр Турантаев “Науки юношей питают” научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ 5-8 кылаастар икки ардыларыгар 2-с миэстэ буолары ситистэ.

Маны тэҥэ Александр “Первые шаги к науке” Бүтүн Россиятааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ тэйиччиттэн түһүмэххэ муҥутуур кыайыылааҕынан ааттанан, иккис түһүмэххэ Москва куоракка “Космос” конгресс-кииҥҥэ ыҥырыллан, босхо путевканы тутта. Ону таһынан эдэр чинчийээччи үлэтэ кэмпириэнсийэ научнай хомуурунньугар босхо бэчээттэниэҕэ.
Александрга, салайааччыларыгар Зинаида Ивановаҕа, Наталья Турантаеваҕа эҕэрдэ!

☑️ https://vk.com/wall-203871656_3777

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үөрэхэйгэтэ

💢 Улуус түмэлигэр – Афанасьевтарга аналлаах ааҕыылар

XIX үйэҕэ уонна XIX – XX үйэлэр кирбиилэригэр улуус историятыгар биллэр суолу-ииһи хаалларбыт, улуус сайдыытыгар ураты миэстэни ылар Дүпсүн улууһун үөрэхтээх бас-көс дьоно Афанасьевтарга, чуолаан Алексей Петрович Афанасьев төрөөбүтэ 180, кини уола Петр Алексеевич Афанасьев – Бөтүрүүсэ кулуба төрөөбүтэ 155 сылларыгар, аналлаах үөрэнээччилэр ортолоругар улуустааҕы I музей ааҕыылара Сэһэн Ардьакыап аатынан улуус историятын, кыраайы үөрэтэр музей (дириэктэр Дь. Заболоцкай) тэрийиитинэн сааскы уһун өрөбүл кэмигэр ыытылынна.

Ааҕыылары саҕалыах иннинэ музей научнай сотруднига, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Зоя Белолюбская Афанасьевтарга аналлаах истиэндэ матырыйаалларынан тэттик эрээри дириҥ ис хоһоонноох бэсиэдэни оҥордо. Ол кэннэ үс секциянан ааҕыылар саҕаланнылар. Мантан салгыы секциялар үлэлэрин түмүгүнэн миэстэлэспит үлэлэри билиһиннэрэбин.

✍️ Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/93902

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үөрэхэйгэтэ

💢 Лөгөй орто оскуолатыгар илин эҥээр бастыҥ эдэр учуутала быһаарыллыаҕа

Муус устар 4-5 күнүгэр Лөгөй орто оскуолатыгар илин эҥээр улуустарын эдэр учууталларын күрэхтэһиитэ үрдүк таһымҥа ыытылла турар. Манна алта улуустан: Мэҥэ Хаҥаластан, Амматтан, Тааттаттан, Чурапчыттан, Уус Майаттан уонна Уус Алдантан – 13 эдэр учуутал кыттыыны ыла сылдьар. Кинилэри түөрт хайысханан 19 эксперт сыаналыыр.

Маҥнайгы күн уруоктары көрүү, мэтэдьиичэскэй сэминээр уонна бөлөҕүнэн бырайыак көмүскээһинэ буолла. Бу улахан күрэхтэһии биһиги оскуолабытыгар ыытылла турара мээнэҕэ буолбатах. Ол курдук былырыыҥҥы үөрэх дьылыгар оскуолабыт историяҕа уонна обществознаниеҕа учуутала Василий Бережнев илин эҥээр улуустарын эдэр учууталларын күрэхтэһиитин кыайыылааҕа буолбута. Онон киниттэн аҕыйах ыйытыыга эппиэттииригэр көрдөстүм.

Салгыы комментарийдарга көр⬇️⬇️⬇️

✍️ Айгыына Бурнашева, Лөгөй орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ

☑️ https://мюрюгазета.рф/article/94237

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үөрэхэйгэтэ

💢 Илин эҥээр улуустарга бастыҥ эдэр учууталынан Чурапчы Бахсытыттан Туяра Попова ааттанна

Бүгүн илин эҥээр улуустар эдэр учууталларын күрэхтэһиитин түмүктүүр күнүгэр "Маастар кылаас" уонна "Педагогическай сэбиэт" диэн түһүмэхтэр буоллулар. Маастар кылааска учууталлар бэйэлэрин үлэлэрин саамай сүрүн сүмэтин-сүөгэйин билиһиннэрдилэр.

"Педсэбиэт" түһүмэххэ күрэхтэһээччилэр үөрэх хаачыстыбатын хайдах үрдэтэр туһунан кэпсэттилэр, санааларын үллэһиннилэр. Бары билиҥҥи кэмҥэ саамай тоҕоостоох тиэмэлэри таарыйдылар, чахчы оҕо инники кэскилин туһугар ис дууһаларыттан "ыалдьалларын" көрдөрдүлэр. Бүтэһиккэ "төгүрүк остуол" ыытыллан, эдэр учууталлар дьүүллүүр сүбэни кытары күрэхтэһиини ырыттылар, сүбэ-ама ыллылар, саҥа санаалар сонун идеялар этилиннилэр.

Икки күннээх эрийсиилээх тургутуһуу түмүгүнэн хас биирдии циклгэ кыайыылаахтар быһаарылыннылар:

- "Үөрэнээччилэр биһирэбиллэрэ" анал аат кыайыылааҕынан Алексей Попов (Чурапчы улууһун Г.Д. Протодьяконов аат. Алаҕар орто оскуолатын биологияҕа уонна химияҕа учуутала) буолла;

- "Естественнэй-политехническай цикл бастыҥ учуутала"Анжелика Попова (Мэҥэ Хаҥалас улууһун И.Г. Тимофеев аат. Майатааҕы лицей математикаҕа учуутала);

- "Общественнай цикл бастыҥ учуутала"Туяра Попова (Чурапчы улууһун Д.Г. Барашков аат. Бахсы орто оскуолатын историяҕа уонна обществознаниеҕа учуутала);

- "Гуманитарнай цикл бастыҥ учуутала" – Людмила Лыткина (Уус Алдан улууһун Г.В.Егоров аат. Мүрү 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала);

- "Алын сүһүөх кылаас бастыҥ учуутала" – Саргылана Пешкова (Амма улууһун Амма орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала).

Оттон илин эҥээр бастыҥ эдэр учууталларын түмпүт күрэхтэһиигэ муҥутуур кыайыылаах үрдүк аатын Чурапчы улууһун Д.Г. Барашков аатынан Бахсы орто оскуолатын историяҕа уонна обществознаниеҕа учуутала Туяра Попова сүктэ.

✍️ Айгыына Бурнашева, Лөгөй орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ

☑️ https://vk.com/wall-219778198_6

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үөрэхэйгэтэ

Аммаҕа "Илин эҥээр – хаачыстыба сирэ" диэн илин эҥээрдээҕи форумҥа педагогтар үөрэхтээһин туһунан федеральнай сокуону олоххо киллэрэргэ үөрэнээччилэри судаарыстыбаннай түмүктүүр аттестацияҕа бэлэмнээһин былаанын дьүүллэстилэр. Барыта 120 педагог кэлэн үөрэх хаачыстыбатын тупсарыыга анаан үлэлээтилэр. Форум былаһааккаларыгар Ил Дархан туруорбут соруктарын быһаарыыга дэлэгээттэр тус бэйэлэригэр сонун арыйыылары оҥоһуннулар, туһалааҕы ылыннылар, кэскиллээх бырайыактары, сэргэх саҥа үлэлэри көрдүлэр-иһиттилэр.

Уус Алдан дэлэгээттэрэ форумҥа үөрэнээччилэри судаарыстыбаннай түмүктүүр аттестацияҕа бэлэмнииргэ туһуламмыт бырайыактарын билиһиннэрдилэр. Сүбэ мунньах кыттыылаахтара бу боппуруоска улахан болҕомтону уурулларын бэлиэтээтилэр. Маныаха сөптөөх усулуобуйа тэриллэрэ, эксээмэн туттарыытыгар үөрэтэр учууталлар улахан оруоллаахтарын эттилэр.

Улуус баһылыга бастыҥ педагогтары сыл аайы наҕараадалыыра, нэһилиэккэ эдэр исписэлиистэргэ олорор дьиэлэрин төлөһөллөрө, чэпчэтиилээх төлөбүрүнэн туһаналларыгар кыаҕы биэрэллэрэ үөрэх хаачыстыбатыгар эмиэ биллэр.

"Улаатыы үктэллэрэ" күрэс буолар, Эдэр педагог" оскуолата үлэлиир, педагогтар десаннарын көмөтүнэн бастыҥ учууталлар ыраах сытар нэһилиэктэргэ тиийэллэр, уруоктары, семинардары ыыталлар, улууска ыытыллар "Бастыҥ кылаас", "Бастыҥ оҕо тэрилтэтэ" күрэстэр чэрчилэринэн оскуола оҕолоругар анаммыт идэҕэ туһаайар куурустарга айаннарын төлүүллэр. Үөрэнээччилэр Бүтүн Арассыыйатааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэстэргэ кытталлар, оттон учууталлар идэ таһымын үрдэтэр куурустары ааһаллар.

Куораттан тыа оскуолатыгар биир эдэр учуонай үлэлии тахсарга быһаарыммыта киһини үөрдэр, тоҕо диэтэххэ, оскуолаҕа талааннаах, үтүө суобастаах учууталлар көмөлөрүнэн биһиги инникибит түстэнэр.

✍️ Нина Перфильева

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/94347

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үөрэхэйгэтэ

💢 Оҕолорбут дойдуларын Арассыыйа таһымыгар ааттаттылар

Московскай уобалас Реутов куоратыгар, муус устар 3-5 күннэригэр, бүтүн Арассыыйатааҕы эдэр чинчийээччилэр “Инникигэ хардыы” научнай-практическай XXI конференциялара буолан ааста.

Манна биһиги улууспутуттан В.В. Алексеев аатынан Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын 5 “а” кылааһын үөрэнээччитэ Айтал Готовцев уонна Н.Н. Окоемов аатынан Курбуһах орто оскуолатын үөрэнээччиитэ Лилиана Местникова ситиһиилээхтик кытыннылар.

Ол курдук Лилиана Курбуһах нэһилиэгин фронтовик-учууталларын туһунан дакылаатынан I степеннээх дипломунан наҕараадаланна. Айтал “Кубик Рубика – спорт и тренажер для ума” дакылаатынан (сал. математика учуутала Р.П. Петрова) кыттан, III степеннээх дипломунан бэлиэтэннэ.

Улууспут оҕолоро билиилэрин-көрүүлэрин киэҥ киэлигэ билиһиннэрэн, биир дойдулаахтарын үйэтитэн кэлбиттэринэн киэн туттабыт. Өссө да айар аартыктара арыллан истин, ситиһиилэрэ үксээтин.

✍️ Ольга Шепелева

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үөрэхэйгэтэ

💢 Аан дойдутааҕы Доруобуйа күнэ бэлиэтэннэ

Мүрү нэһилиэгин "Кэскил" оҕо тэрилтэтигэр сарсыардааҥы үлэ сэрээккэнэн саҕаланна.

Оҕолор, үлэһиттэр эрчимнээх хамсаныылары оҥордубут. Күннэтэ маннык хамсанан, чэгиэн-чэбдик буоларбыт бэйэбититтэн тутулуктааҕын өйдөөтүбүт.
Доруобуйаҕа аналлаах быыстапка турда, киэҥ сэҥээриини ылла.

Иитээччилэр оҕолорго доруобай буолуу, күннээҕи режимы тутуһуу, сөпкө аһыыр туһунан киэҥ ис хоһоонноох бэсиэдэлэри ыыттылар.
"Күнчээн" бөлөххө иитээччи Елизавета Черкашина "Оҕуруот битэмииннэрэ" диэн аралдьытыы ыытта.

Күн иккис аҥаарыгар төрөппүттэргэ улуустааҕы социальнай-психологическай киин психологтара кэлэн тренинг ыыттылар, психологическай доруобуйа туһунан кэпсээтилэр, тест ыыттылар. Онон бу күн олус туһалаахтык ааста.

Бэйэ туругун кыра эрдэхтэн харыстаннахха эрэ, чэгиэн-чэбдик буолабыт диэн хас биирдии оҕоҕо иитии-үөрэтии былааннаахтык ыытыллыахтаах.
Бары доруобай буолуоҕуҥ, чөл олоҕу тутуһуоҕуҥ
!

Нарыйаана Егорова, методист

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
#үөрэхэйгэтэ

💢 Тумул бөһүөлэгэр оскуола-саад көмүс сыбаайата түстэ

Инвестиционнай бырагыраама чэрчитинэн сотору кэминэн саҥа дьиэ дьэндэйэрин эрэнэ күүтэр олохтоохтор мустан, бу үөрүүлээх түгэни бары бииргэ бэлиэтээтилэр, үллэһиннилэр.

Эбийиэги "Адгезия" ХЭТ (директор Ариан Габышев) тутан киллэрэрэ былааннанар.

✍️🎥 Ольга Шепелева

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үөрэхэйгэтэ

💢 Вика Бурнашева уруһуйга дьоһун ситиһиилэннэ

Мүрү 1 № орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Вика Бурнашева, быйыл Бороҕоннооҕу оҕо искусствотын оскуолатыгар уруһуй кылааһыгар үөрэнэ киирбитэ. Вика уруһуй искусствотын кытта саҥа билистэр да, номнуо дьоһун ситиһиилэннэ.
Ол курдук сылын аайы ыытыллар Сунтаардааҕы оҕо искусствотын оскуолатын «Грани мастерства» өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадатыгар тэйиччиттэн кыттан, уруһуйга 2 миэстэни ылбыта. Онтон сааскы каникул кэмигэр ыытыллыбыт Л.А. Ким аатынан Дьокуускайдааҕы оҕо уруһуй оскуолатын олимпиадатыгар ситиһиилээхтик кыттан, 15 баалы ылбыта.

Бу кэннэ салгыы СӨ архитектордарын сойууһун, оҕо Дьокуускайдааҕы архитектура уонна дизайн оскуолатын, ХИФУ ИТИ кафедрата уонна Дьокуускайдааҕы П.П. Романов аатынан уруһуй коллеһын холбоһуктаах V декадатын чэрчитинэн, уһун олоруу уонна тэйиччиттэн күрэхтэһии көрүҥүн кэнниттэн, бастакы түмсүү олимпиадатыгар кытынна.

Бу күрэс түмүгүнэн Вика композицияҕа 3 миэстэни ылары ситистэ👍👏 Бу саҥа үөрэнэн эрэр оҕоҕо үрдүк ситиһиилэр диэн бэлиэтиибин.

Архитектура уонна дизайн олимпиадатыгар өрөспүүбүлүкэбит 10 араас улууһуттан 180 оскуола үөрэнээччитэ күөн көрүстэ. Бу күрэс оҕолор архитектура уонна дизайн үөрэҕэр туттарсан киирэллэригэр олук буолар
👏👏👏

Онон үөрэнээччибэр Викаҕа өссө да инникитин ситиһиилэр кэлэ туралларыгар баҕа санаабын тиэрдэбин.

✍️ Розалия Сыроватская,
Бороҕоннооҕу оҕо искусствотын оскуолатын уч
уутала

☑️ https://vk.com/wall-219778198_13

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үөрэхэйгэтэ

Кэптэнигэ историк учуутал Федор Говоров сырдык кэриэһигэр олимпиада 10 оскуолаттан оҕолору түмтэ

Бэҕэһээ Лөгөй орто оскуолатын баазатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна Федор Говоров кэриэһигэр история уонна обществознание биридимиэттэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с аһаҕас, улуустааҕы 5-с интегрированнай олимпиада ыытылынна. Манна барыта 10 оскуолаттан 67 үөрэнээччи кыттыыны ылла.

Олимпиада муҥутуур кыайыылаахтарынан Өнөр орто оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Александр Ушницкай (уч. Лена Дьяконова), Лөгөй орто оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Кристина Готовцева (уч. Василий Бережнев), эмиэ бу оскуола 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Алина Ноговицына (уч. Алексей Бережнев), Уһун Күөл орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Виолетта Копырина (уч. Маргарита Мартынова) буоллулар.

"Бастыҥ обществовед” номинация кыайыылааҕынан 8-9 кылаастарга - Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Володя Горохов (уч. Дьулустаан Николаев), “Бастыҥ историк” номинацияҕа Лөгөй орто оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Кристина Готовцева ааттаннылар.

Үрдүкү кылаастарга “Бастыҥ обществоведынан” Лөгөй орто оскуолатыттан Алина Ноговицына ааттанна, оттон "Бастыҥ историк" аатын Уһун Күөл орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Моника Куприяноваҕа анаатылар (уч. Маргарита Егорова).

Оттон көһө сылдьар анал куубак хаһаайынынан быйыл Лөгөй орто оскуолатын хамаандата буолла.

Кэптэнини иккис дойдута оҥостон Лөгөй орто оскуолатыгар, Саха Бельгийскэй гимназияҕа таһаарыылаахтык үлэлээбит, үгүс оҕоҕо билиини иҥэрбит учуутал Курбуһахтан төрүттээх Федор Ефимович Говоров сырдык аатын, кини кэриэһин үйэтитиигэ үлэлэһэр оскуолатын кэлэктиибигэр кини аймахтара барҕа махталларын тиэрдэллэр.

☑️Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/94986

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#үөрэхэйгэтэ

💢 "Тук, тук, ПРОФЕССИЯ!" үгүс оҕону түмтэ

Ыам ыйын 11-18 күннэригэр улуустааҕы "Тук, тук, ПРОФЕССИЯ!" улуустааҕы II чөмпүйэнээт ыытылла турар.
Күрэхтэһиигэ 6-13 саастаах уһуйаан иитиллээччилэрэ уонна оскуола оҕолоро 19 компетенцияҕа кытталлар.

Оҕо кыра сааһыттан идэҕэ туһаайылларыгар төһүү күүһүнэн буолар чөмпүйэнээт үгүс оҕону түмтэ. Манна парикмахер, повар, столяр, музей дьыалаларыгар, робототехникаҕа, литератураны ааҕыыга, уруһуйга уонна да атын көрүҥнэргэ оҕолор бэйэлэрин кыахтарын тургуталлар.

Эдэр профессионалларга ситиһиини баҕарабыт👍👏

Ольга Шепелева

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#үөрэхэйгэтэ

💠 Үөрэнээччилэр сайыҥҥы спартакиадаларыгар 333 үөрэнээччи күөн көрсөр

ССРС физическэй култуураҕа туйгуна, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, успуорт бэтэрээнэ Иван Кондратьев аатынан Уус Алдан улууһун үөрэнээччилэрин сайыҥҥы спартакиадатыгар улууспут 19 оскуолатыттан 333 сымса, күүстээх, кыахтаах-уохтаах оҕолоро күөн көрсө түмүстүлэр.
Бу спартакиада түмүгүнэн улуус сүүмэрдэммит хамаандата "Спортивные якутяне" өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиадаҕа күрэхтэһиэхтэрэ.

📹 Ольга Шепелева

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#үөрэхэйгэтэ

А.Н. Жирков аатынан Бэйдиҥэ орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, үлэһиттэрэ Судаарыстыбаннас күнүгэр 🌱🌳🌲 субуотунньукка түмүстүлэр💪👏👍

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үөрэхэйгэтэ

Уолаттар гимназияларыттан Өктөмҥө «Якутия, вперед!» форсайт-сессияҕа кытынныбыт

Тойон Мүрүтээҕи В.В. Алексеев аатынан уолаттар гимназияларын делегацията Михаил Ефимович Николаев дойдутугар Хаҥалас улууһун Өктөм сиригэр Николаев Ситимин оскуолаларын кытта тэрээһиҥҥэ кытынна.

Балаҕан ыйын 25-26 күннэригэр «Уолан» гимназия 6 үөрэнээччитэ уонна дириэктэр Федор Татаринов, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Уолан Колодезников уонна дириэктэри иитэр үлэҕэ итиэннэ оҕо уопсастыбаннай түмсүүтүгэр сүбэһитэ Айыы Куо Троева «Якутия, вперед!» форсайт-сессияҕа кыттыыны ыллылар.

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/uolattar-gimnaziyalaryttan-ektemne-yakutiya-vpered-forsajt-sessiya5a-kytynnybyt/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үөрэхэйгэтэ

«Өркөн» кииҥҥэ медиакоммуникацияны сайыннарар кабинет аһылынна

Бүгүн Бороҕоҥҥо “Өркөн” оҕону эбии үерээхтээһин киинигэр саҥа «МедиаЛаб» диэн медиакоммуникацияны сайыннарар кабинет арыллыыта буолла. Бу кабинетка медиа өттүгэр, ол эбэтэр анимация, монтаж, звукозапись, мультик оҥорон таһаарыы, хаартыскаҕа түһэриигэ барытыгар үөрэниэххэ уонна сайдыахха сөп.

Медиалабораторияҕа эбии үөрэхтээһин киинин коллективын бырайыага бу сайын “Инносфера 2023” грантовай куонкуруска кыайбытын түмүгүнэн араас аныгылыы саҥа элбэх оборудование кэлбит. МедиаЛаб быйылгы үөрэх дьылыгар “Медиашкола” саҥа үөрэх программатынан үлэлиир былааннаах, ол курдук бу программа алта интенсивынан “Медиажурналистика”, “Графическай дизайн”, “Анимация”, “Киинэ оҥоруута”, “ТВ уонна радио”, “Социальнай ситимнэр” сылы эргиччи улуус оскуолаларыттан, нэһилиэктэртэн ким баҕалаах кэлэн үөрэниэн сөп.

МедиаЛаб үөрүүлээх арыллыытыгар улуус дьаһалтатыттан, управлениелартан салайааччылар, ону таһынан видеосибээһинэн СӨ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах фондатын салайааччыта Владимир Егоров, “Юные якутяне” республикатааҕы ресурснай киин начальнигын солбуйааччы Данил Жирков кыттыыны ыллылар. МедиаЛаб иитиллээччилэрэ сатабылларын кэлбит ыалдьыттарга көрдөрдүлэр, кэпсээтилэр.

Билиҥҥи кэмҥэ медиакоммуникативнай сатабыллар наадалаахтар, оҕо инники идэтин буларыгар маннык кабинеттар, куруһуоктар күүс-көмө буолуохтара диэн эрэнэбит.

✍️ Ньургуйаана Гуляева, Чараҥ орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ “Өркөн” оҕону эбии үөрэхтээһин пресс-киинэ

🏃 https://мюрюгазета.рф/erken-kiinne-mediakommunikacziyany-sajynnarar-kabinet-ahylynna/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM