📰📰📰
⭕ Улуус дьаһалтатын суһал ыстаабыгар ыам ыйын 18 күнүгэр уочараттаах мунньах буолла. Онно улууска COVID-19 хамсык ыарыыны утары вакцинация хампаанньатын күүһүрдүү туһунан тэрээһин үлэни ыытары дьүүллэстилэр. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
⭕ Бастатан туран, улуус сиригэр-уотугар үлэлиир тэрилтэлэр салайааччылара бука бары ыам ыйын 20 күнүгэр диэри вакцинацияны ылыахтаах уонна ылбыт үлэһиттэри испииһэктээн, электроннай көрүҥүнэн [email protected] аадырыска уталыппакка ыыталларыгар этилиннэ.
⭕ Иккиһинэн, нэһилиэктэр баһылыктарыгар үлэлээбэт уонна дьиэҕэ олорор дьону эмиэ итинник арааран, испииһэктииллэригэр сорудахтаатылар. Ону таһынан хас биирдии нэһилиэнньэлээх пууҥҥа ыам ыйын 20 күнүттэн саҕалаан анал дьаһал тахсыар диэри вакцинацияны оҥорорго анаан эбии биирдии хоһу аныылларыгар этилиннэ. Онуоха Лөгөй, Байаҕантай, Бэрт Ууһун, Суотту, Дүпсүн, Курбуһах нэһилиэктэрин баһылыктарыгар иккилии хоһу хааччыйаллара ирдэнэр.
⭕ Үсүһүнэн, олохтоох нэһилиэнньэҕэ вакцинация туһунан сырдатар-иһитиннэрэр үлэни күүһүрдэргэ быһаарыы ылыннылар. I Өспөх, Өлтөх, Дүпсүн нэһилиэктэрин баһылыктарыгар бэйэни хааччахтааһыҥҥа хабыллыбыт дьону хонтуруоллууру күүһүрдэргэ эттилэр.
⭕ Ону сэргэ, уопсайынан, ыарыы тарҕаныытын бопсорго үлэни күүһүрдэргэ, баар балаһыанньаны тута суһал ыстаапка биллэрэн иһэргэ диэн ирдээтилэр.
⭕ Роспотребнадзор уонна ИДьМ улуустааҕы салаалара бэйэни хааччахтаан олорор гражданнары хонтуруоллуурга нэһилиэктэринэн кыттыгас рейдэлэри ыыталларыгар этилиннэ.
⭕ Ыам ыйын 20 күнүттэн анал дьаһал тахсыар диэри Мүрү нэһилиэгэр “Кэнчээри” эбии үөрэхтээһин киинин дьиэтигэр, Олоҥхо дьиэтигэр уонна Мындаабатааҕы сынньалаҥ киинин дьиэтигэр вакцинация пууннара тэриллиэхтэрэ.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#COVID19
#вакцинация
#коронавирус
#доруобуйахарыстыла
#суһалыстаапиһитиннэрэр
https://www.instagram.com/p/CPCU_ZCs0o-/?utm_medium=share_sheet

Instagram