УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.5K subscribers
33.7K photos
3.1K videos
10 files
5.74K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

Бүгүн СӨ норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо, 1978-1991 сс. партия райкомун сэкирэтээринэн үлэлээбит партия, үлэ бэтэрээнэ Зинаида Винокурова 80 сааһын бэлиэтиир. Кини туһунан Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө улуус хаһыатыгар анаан сэрии кыттыылаахтарын, тыыл үлэһиттэрин, сэрии кэмин оҕолорун үйэтитэр үлэтин туһунан көрсөн кэпсэппитим, онно киэҥ далааһыннаах үлэтин сөҕөн турардаахпын. Зинаида Дмитриевнаҕа доруобай этэҥҥэ сылдьарыгар, уһун олохтоноругар баҕарабын.

🖊️ Уопс. кэрэсп. Елена Сыроватская Зинаида Винокурованы кытта хаһыаппыт 2020 с. кулун тутар 6 күнүнээҕи 9-с нүөмэригэр тахсыбыт интервьютун хаһыат саайтыгар ааҕыҥ

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#улуусдьоносэргэтэ
#үбүлүөй
https://www.instagram.com/p/COZ6LELMjdG/?igshid=g22larafvrki
📰📰📰

Биһикпин ыйаабыт сирим – Уус Алдан улууһун Баатаҕай нэһилиэгэр Биэттэ Эбэ Халдьаайы эҥэрэ. Сэттэ уонтан тахса сыл анараа өттүгэр Халдьаайыга баар балыыһа дьиэтигэр күн сирин көрбүппүн. Ийэбин кытта оҕолоно сытар Аана Сивцевэ диэн ийэм үөлээннээҕэ: «Кыыскын Мариса диэн ааттаа», – диэн Эрилик Эристиин «Аймалҕанын» Бурхалей Марисатын аатын биэрбит. Хойукка диэри бүрээттии ааттаахпын дии саныыр этим. Кэлин билбитим, Эрилик Эристиин кинигэтин дьоруойдарыгар бэйэтэ толкуйдаан аат биэрэр эбит. Халдьаайыга оҕо сааһым ааспыта.

Баатаҕайтан 1966 сыллаахха оскуола 8-с кылааһын бүтэриэхпиттэн тэйбиппин. Сыл баһыгар-атаҕар «уот ылар» курдук баран кэлэбин. Ол гынан баран киһи сааһырдаҕын аайы төрөөбүт дойдутун, оҕо сааһа ааспыт кырдалын, дьонун-сэргэтин ахтара-саныыра күүһүрэр эбит. Хомойуох иһин, Халдьаайыбыт өтөхсүйэн, дьон-сэргэ олорон ааспыт суола-ииһэ да суох буолан тураахтыыр.

Чугастааҕы дэриэбинэлэргэ Чараҥайга, Эрбэһиҥҥэ олорбут, үлэлээбит дьонноругар үтүө өйдөбүлү оҥорон, хаартыскалаан стела диэни туруорбуттара бэртээхэй. Онтон холобур ылан, биһиги эмиэ хаан-уруу дьоммут ааттарын ааттаан, сөргүтэн, кэлэр кэнчээри ыччаппытыгар кэрэ кэпсээн, үтүө өйдөбүл буоларыгар былааннаах үлэ ыытыллан эрэриттэн үөрэбин.

Бу үтүө дьыалаҕа ылсыбыт эдьиийбитигэр Вера Иннокентьевна Троеваҕа, бырааппытыгар Алексей Яковлевич Готовцевка, үбүнэн көмөлөспүт бары спонсордарга, кыттыыны ыла сылдьар биир дойдулаахтарбар барҕа махтал тылларын аныыбын.

🖊️ Суруналыыс, уопсас. кэрэсп. Мариса Васильева-Готовцева бу ахтыытын толору "МС" хаһыат бэс ыйын 18, 25 күннэринээҕи 24, 25 нүөмэрдэригэр эбэтэр хаһыат мюрюгазета.рф саайтыгар "Актуальное" түһүмэххэ көр

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#алаасахтылҕана
#улуусустуоруйата
#улуусдьоносэргэтэ
https://www.instagram.com/p/CQkmDU4Me0D/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Үгүс хоромньулаах, улахан алдьатыылаах, тугунан да кэмнэммэт кээмэйдээх иэдээн туран, Сахабыт сирин эрэ буолбакка, бүтүн аан дойдуну аймаан ааста...  
Улууспутугар Түүлээх, Бээрийэ, На­йахы, Баа­таҕай баһаардара тураннар, ону умуруорарга үтүмэн элбэх киһи, тиэхиньикэ үлэлээтэ. Бу үлэ хайдах даҕаны болҕомтото суох хаа­лар туһа суох, онон баһаарга утуйар ууларын умнан үлэлээбит дьоммутун "Билиҥҥи кэм дьоруойа" рубрикабытыгар хаһыакка таһааран иһиэхпит.

📌 Баатаҕай ­баһаарыгар бас­­таан утаа биир ты­раах­­тар үлэлээбитэ. Уту­йар уутун умнан үлэ­лээ­бит ­Алексей ПРОТОПОПОВ ту­һу­нан Баатаҕай нэһилиэ­гин ба­һылыга ­Ми­хаил БЕЛОЛЮБСКАЙ: "Лөгөй нэ­­һилиэгин дьаһалтатыгар тырахтарыыһынан үлэлиир Алексей баһаары умуруорууга биир бастакынан көмөҕө кэлбитэ. Баһаары утары охсуһууга тиэ­хиньикэ, булуук үлэтэ саамай туһалаах, онон кини бу үлэҕэ биир тутаах киһинэн буолбута.

📌 Түүннэри-күнүстэри уоту хаа­йар, тутар балаһалары оҥорууга ­ойуур быыһынан элбэх үлэни көрүстэ. Тырахтарыыс быһыытынан харса суоҕун, сатабыллаа­ҕын, тыа баһаарыгар үлэни билэрин-көрөрүн, утуйбакка, сынньаммакка да үлэлээн, тулуурдааҕын көрдөрдө, уот бөһүөлэк диэки тарҕанар кутталын тохтотто".

📌 Оттон хаһыат ­дьоруойа Алексей ­ПРОТОПОПОВ сүр­дээх сэмэй, ­бэйэтин туһунан кэпсэммэт ­ки­һи буолан биэрдэ: "Ба­­һаар бас­такы күннэригэр Баата­ҕай өттүгэр соҕотох этим. Баатаҕай дьоно сүрдээх үлэ­­һит дьон эбит, уоту ута­ры түүннэри-күнүстэри үлэ­лээтилэр. Олортон хаал­сы­­маары үлэлээбитим. 

📌 Ба­һаар буруотугар мааска ­кэтэн көрөҕүн да, олох туһата суох эбит. Баатаҕай дьаһалтата аһынан-үөлүнэн бэркэ хааччыйбыта, миэстэтигэр итии аһылыгы астаан, күҥҥэ үстэ-түөртэ аһатан, онон абыраммыппыт.
Маннык баһаар­дар аны буол­батыннар, кыра эрдэҕинэ саба түһэн умуруо­руохха наада эбит". 

Бу курдук хорсун, дойдуларыгар бэриниилээх дьонноох, түмсүүлээх  буоламмыт, иэннээх иэдээнтэн босхолонон, сайыны быһа күөх халлааны, чаҕылхай күнү көрбөтөх дьон, дьэ, өрө тыынныбыт.

🖊️ Наталья ПОПОВА.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#билиҥҥикэмдьоруойа
#улуусдьоносэргэтэ
#баһаарыутарыүлэ
https://www.instagram.com/p/CTDscLEowQt/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Бу бэргэн этиини үгүспүт билэр эрээри дьиҥ олоххо тутуһан сылдьыыбыт тоҕо эрэ кыаллыбат. Күннээҕи үлэҕэ-хамнаска үтүрүйтэрэн аахайбакка, күнү-дьылы барыыбыт. Ол эрэн биһиги ортобутугар биирдиилээн доруобай буолар, чөл сылдьар туһугар үлэлэһэр, кыһаллар, киһи холобур оҥостуон сөптөөх дьоно бааллар.

Бүгүҥҥү суруйуум дьоруойа – Уус Алдан улууһун Чэриктэйиттэн төрүттээх, тоҕус оҕолоох Николай Дмитриевич Горохов, Татьяна Порфирьевна Алексеева дьиэ кэргэниттэн силис тардар Елизавета Николаевна КИРИЛЛИНА буолар.

Елизавета Николаевна үөрэҕинэн, айылгытынан учуутал киһи. СГУ БГФ 1977 сыллаахха бүтэриэҕиттэн, биолог идэлээх учуутал оҕону, ыччаты үөрэтиигэ-­иитиигэ күн бүгүнүгэр диэри сыралаһан үлэлиир. РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, РФ орто анал профессиональнай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ орто анал профессиональнай үөрэхтээһинин туйгуна, СӨ үөрэҕин систиэмэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, “Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 365 сыла”, “Гражданскай килбиэн” бэлиэлэр хаһаайына, Дьокуускайдаа­ҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар естественнай наукалары үөрэтэр үрдүк категориялаах преподаватель.

Үөрэхтээһиҥҥэ үлэлээбит сылларын устата киһи ис кыаҕын уһугуннарыыга, чөл доруобуйалаах буолууга үөрэх бырагыраамаларын ааптара. Өрүү бэйэтин сайыннара, билиитин дьону кытта үөрүүнэн үллэстэ, сүбэлии-­амалыы сылдьар сырдык санаалаах, эйэҕэс майгылаах Уһуйааччы, Иитээччи, саха Далбар Хотуна.

Кини айылҕаттан бэриһиннэрбит ураты дьоҕурдаах киһи. Бэйэтин ис кыаҕын таба уһугуннаран, дьоҥҥо көмөтө үгүс, массааһынан дьарыктанар, оту-маһы туттан дьаҥтан харыс­танарга үөрэтэр. Бу туохтан саҕаламмытай?

🖊️ Уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн, суруналыыс Елена Сыроватская бу ыстатыйатын толору "МС" хаһыат балаҕан ыйын 10 күнүнээҕи 36-с N-гэр эбэтэр мюрюгазета.рф саайтка "Актуально" түһүмэххэ көр

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#доруобуйасыла
#улуусдьоносэргэтэ
https://www.instagram.com/p/CTn3AbVoMyu/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэхтээһин систиэмэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, өрөспүүбүлүкэ Ытык сүбэтин бочуоттаах кырдьаҕаһа, 44 сыл педстажтаах учууталлар Учууталлара, Слепцовтар педагогическай династияларын баһылыга, Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Матрена Семеновна Гоголева сүүс сааһын томточчу туолла.

Матрена Семеновна эдэр сааһа Аҕа дойду Улуу сэриитин ыар сылларыгар ааспыта. Кини сэрии саҕаланыан биир сыл иннинэ Дьокуускайдааҕы педучилищеҕа үөрэнэ киирбит эбит, онон 1941-42 үөрэх дьылыгар иккис куурустан үөрэҕиттэн тохтоон, дойдутугар төннөн тахсан, райОНО сорудаҕынан Хороҕо алын сүһүөх кылаас учууталынан үлэтин саҕалаабыт, онтон салгыы Тандаҕа уонна олоҕун 42 сылын билиҥҥинэн Г.В. Егоров аатынан Мүрү 1 №-дээх орто оскуолатыгар учууталлаабыта.

Кэргэнинээн – сэрии бэтэрээнэ, эмиэ 43 сыл педстажтаах Алексей Николаевич Слепцовтуун түөрт оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэрэ. Кинилэр бары үөрэхтээх, үлэһит дьон, Швейцарияҕа тиийэ олороллор. Онон Матрена Семеновна билигин 40-тан тахса сиэн, хос, хос-хос сиэн тапталлаах эбэтэ.

Сүүс сааһын туолбут ытык кырдьаҕас сэрии сылларыгар төһөлөөх эрэйи-муҥу, аччыктааһыны, тоҥууну-хатыыны көрсүбүтүн санаан кэлэн уйадыйар. Манна бэлиэтээн эттэххэ, Матрена Семеновна оройуон киинигэр буолбут бастакы Кыайыы ыһыаҕын кыттыылааҕа, оччолорго 23 саастаах эдэркээн кыыс салама ыйыы турара Иркутскайдааҕы киинэ-хроника устуудьуйата устубут документальнай киинэтигэр хабыллыбыт эбит.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#үйэсаас
#ытыксаас
#улуусдьоносэргэтэ
https://www.instagram.com/p/CYu7KNpoAx8LKnPxYM8P3OW5rpnM_oqGDc6l_M0/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Оруобуна икки сыллааҕыта “Мүрү саһарҕата” хаһыакка “Уус Алдан соҕотох блогера Аркадий Охлопков YouTube ханаалыгар суруттарыҥ” диэн суруналыыс Екатерина Захарова ыстатыйата тахсыбыта.

Оччолорго Аркадий Семенович ханаалыгар 150-тан тахса видеолаах, 700-кэ сурутааччылаах эбит буоллаҕына, билигин видеотун ахсаана 380 буолбут, онтон 250 видеота аһаҕас – ким баҕарар көрөр, атынын анаан көҥүлүнэн көрүөххэ сөп. Оттон сурутааччытын ахсаана 1790 киһи буолбут, көрүү уопсай ахсаана 335750-ҥа тэҥнэспит. Онуоха YouTube платформа быраабылатынан, аҕыйаабыта 1000 сурутааччылаах, кэлиҥҥи 12 ый иһигэр 4000 чаас көрүүлээх ханааллаах киһи дохуот аахсыан сөп. Онон Аркадий Семенович ханаалын монетизациялыырга сайаапкалаан, көҥүлү ылбыт.

🔻 Бу туһунан 71 саастаах блогер инстаграмҥа @arkadyohlopkov страницатыгар бэҕэһээ пост таһаарда:

“Монетизация диэҥҥэ суруттарбытым, ол аата аны бэйэм көҥүллээбит видеоларбар реклама биэрэллэр, төһөнөн элбэх реклама биэрэллэр да, миэхэ Америкаттан (ютуб Америка бородууксуйата) харчы ааҕыллан, каартабар түһүөхтээх. Аҕыйах хонугунан (олунньу 25 күнүгэр) ханаалым аһыллыбыта үс сылын туолуохтаах. Киһи сааһыран арыый иллэҥ буоллаҕына, син онон-манан дьарыктанар эбит”.

🔻 Итини таһынан кини: “Кытайтан Fimi X8 SE 2020 диэн дрону сакаастаан ылбытым, 4-5 км ыраахха диэри көтөр, инструкциятыгар 8 км да тиийиэн сөп диэн. Халлаан сылыйдаҕына ону көтүтэн боруобалыам. Ити курдук, ханаалбын интэриэһинэй оҥорон, дьон сэҥээриитин тардар ньымалары толкуйдуубун”, – диэн этэр.

Аркадий Охлопков туһунан хаһыакка тахсыбыт ыстатыйа хаһыаппыт саайтыгар эмиэ тахсыбыта, ссылкатын сторизка көрүҥ.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#улуусдьоносэргэтэ
https://www.instagram.com/p/CaQzVojoy_b/?utm_medium=share_sheet