📰📰📰
⭕ Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэхтээһин систиэмэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, өрөспүүбүлүкэ Ытык сүбэтин бочуоттаах кырдьаҕаһа, 44 сыл педстажтаах учууталлар Учууталлара, Слепцовтар педагогическай династияларын баһылыга, Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Матрена Семеновна Гоголева сүүс сааһын томточчу туолла.
⭕ Матрена Семеновна эдэр сааһа Аҕа дойду Улуу сэриитин ыар сылларыгар ааспыта. Кини сэрии саҕаланыан биир сыл иннинэ Дьокуускайдааҕы педучилищеҕа үөрэнэ киирбит эбит, онон 1941-42 үөрэх дьылыгар иккис куурустан үөрэҕиттэн тохтоон, дойдутугар төннөн тахсан, райОНО сорудаҕынан Хороҕо алын сүһүөх кылаас учууталынан үлэтин саҕалаабыт, онтон салгыы Тандаҕа уонна олоҕун 42 сылын билиҥҥинэн Г.В. Егоров аатынан Мүрү 1 №-дээх орто оскуолатыгар учууталлаабыта.
⭕ Кэргэнинээн – сэрии бэтэрээнэ, эмиэ 43 сыл педстажтаах Алексей Николаевич Слепцовтуун түөрт оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэрэ. Кинилэр бары үөрэхтээх, үлэһит дьон, Швейцарияҕа тиийэ олороллор. Онон Матрена Семеновна билигин 40-тан тахса сиэн, хос, хос-хос сиэн тапталлаах эбэтэ.
⭕ Сүүс сааһын туолбут ытык кырдьаҕас сэрии сылларыгар төһөлөөх эрэйи-муҥу, аччыктааһыны, тоҥууну-хатыыны көрсүбүтүн санаан кэлэн уйадыйар. Манна бэлиэтээн эттэххэ, Матрена Семеновна оройуон киинигэр буолбут бастакы Кыайыы ыһыаҕын кыттыылааҕа, оччолорго 23 саастаах эдэркээн кыыс салама ыйыы турара Иркутскайдааҕы киинэ-хроника устуудьуйата устубут документальнай киинэтигэр хабыллыбыт эбит.
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#үйэсаас
#ытыксаас
#улуусдьоносэргэтэ
https://www.instagram.com/p/CYu7KNpoAx8LKnPxYM8P3OW5rpnM_oqGDc6l_M0/?utm_medium=share_sheet